Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

46. Бөрө Бөтүҥ. (Нам Бөтүҥэ)

Бөтүҥ  диэн былыргы сахарал билиитигэр Түҥ  тайҕа дьоно диэн суолталаах.

Бөт  - бөө - түҥ - өтүҥ диэн хас да өйдөбүллээх.  Түҥ тайҕаҕа өтөн киирэн тохтоон олохсуй,  диэн суолталаах.

Түҥ  тыа суостаах суодаллаах Бөө, бый дойду.  Оннук киһи мээнэ-мэнээк олорбот түҥ  тыаларыгар олорор, сылдьар биистэр  ааттара Бөтүҥ диэн.

Ойуурга  ыраатан өтөн, онно бөтөн, ол аата, тохтоон,  олохсуйа сатыыр биис уустар. Удьуордара  Бөрө. Бөрө майгытын, сиэрин тутуһаллар.  Бөрө олоҕо эмиэ бөтүҥ майгылаах. Бөтүҥнэр  эмиэ түҥ тыаҕа дугуйданаллар.

Бөтүҥнэр  олорбут нэһилиэктэрэ да оннук. Куруук  кырыыба, тайҕа диэкки олохтоохтор.  Бөрөнү төһө да аһат - ойууртан хараҕа  арахпат. Ол сиэринэн. Олорбут нэһилиэктэрин  аллараа суруйуллуо.

Бөрө  Бөтүҥнэр сэттэлэр. Сураҕын иһиттэххэ  2006 сыл сайын Амма Бөтүҥүгэр мустан ыһыах  ыспыттар үһү.

Сүрүн  Бөтүҥнэр Хатанга, Анаабыр, Өлөөн Эдьигээн,  улуустарыгар бааллар.

Саамай  элбэх бөтүҥнэр Нам улууһугар бааллар.

Быстах  Бөтүҥ Аммаҕа, алын Бүлүүгэ бааллар.

Бөрө  Бөтүҥнэр бүгүн кус-хоро биистэрэбит  дэнэллэр. Сахаҕа сыһыана суох төрүттээхтэрин  этэллэр.

Биһиги  испитигэр ону сөпсөспөппүт.

Сэттэ  Бөтүҥнэргэ билиҥҥиннэн Нам улууһугар  биэс Бөтүҥ баара биллэр: Бөтүҥ, Көбөкөн,  Түбэ, Арбын, Фрунзе нэһилиэктэрэ. Кырыы  нэһилиэктэр.

Маны  таһынан биир Бөтүҥ Амма улууһугар баар.  Намнартан тахсыбыт.  Амма Бөтүҥэ уонна  Алтан нэһилиэгин сороҕо. Алтаннар моорук  биистэрэ. Бөтүҥүттэ үрэх тардыытынан  бөтүҥнээхтэр.

Амма  Бөтүҥнэрэ Нам Бөтүҥүттэн арахсан  Наахаралары кытта кыргыһан сир  таһаарыммыттар.

Сорохтор  Амма Бөтүҥнэрэ Айаан суолунан Үт сириттэн  Уус-Майаннан Аммаҕа киирбиттэрэ, дииллэр.

Чопчута  Амгын, (Амгунь руск.) диэн сиртэн кэлбиппит,  дииллэр. Ол иһин Амма диэн саха тылын  Амгын, амга диэн хоролуу ааттыыбыт, диэн  буолар. Инньэ диэн Амма хоролоругар  кыттыһа сатыыллар. Нам Бөтүҥнэрэ  буолбатахпыт, диэхтэрин баҕараллар.

Бүлүүлэр  кэпсээммит буоллаҕына итинтэн атын.

Биһиги  билэрбитинэн Бөрө Бөтүҥнэр Бүлүү Хоту  Анаабыр аартыгынан Намҥа тиийэ кэлбиттэр.  Өспөх, Дьэһиэй, Хадан Хатыҥы сириттэн  кэлбиттэрин билэбит. Элиэнэҕэ Бүлүү  өрүс түһэр төрдүнэн “Түөрт уон арыыннан”  киирэн Кулугу уонна сыалдьа намнарын  аллараа хоту өттүгэр түһүүлэммиттэр.  Билигин да онно бааллар.

Биир  Бөтүҥ нэһилиэгэ Алын Бүлүүгэ баар. Балар  17-с үйэҕэ Амма Бөтүҥүттэн көһөн кэлбит  дьон олохтообуттар. Үһүйээн быһыытынан  өссө биир эрэ Бөтүҥ диэн оҕонньор диэн  кэлбит. Сир көҥүллэтэн олохсуйбут. Ол  чиэһигэр эмиэ ааттаммыт курдук.

Биир  Бөтүҥ Өлүөхүмэ улууһугар баара. Эстибит  үһү. Атын нэһилиэктэргэ суураллан  сүттэҕэ.

Бөтүҥ  улахан нэһилиэктэрэ Анаабырга, Өлөөн  улууһугар, Эдьигээн-Бүлүү быыһыгар,  Үгүлээт, Бэстээх, Эдьигээн куорат бэйэтэ.  Ити барыта Бөрө Бөтүҥнэр төрдүлэрэ.  Кинилэр Хадан-хатыҥылары, Модуттары,  бииргэ, сэргэ олорбуттар.

(И.  Гурвич. Культура северных якутов  оленеводов, 1977, изд. “Наука” кинигэҕэ  карталанан үс Бөтүҥ нэһилиэктэрэ сурулла  сылдьар. Онно 1897 сыллааҕы Эридьиэскэ  суруллубут Бөтүҥнэр ахсааннара баар.  Сэргиир дьон ылан ааҕыаххытын сөп.)

Анаабыр,  Өлөөн, Эдьигээн улуустарын Хадан-хатыҥылары  кытары Бөрө-Бөтүҥнэр олохтообуттара.  Ити улуустар төрүттэрэ үксүлэрэ бөрө  бөтүҥнэр.

Бу  Бөтүҥнэр Анаабыр аартык айаҕынан киирэн  Дьэһиэйтэн Элиэнэ Эдьигээнигэр диэри  олохсуйбуттарын былыргы олорбут  нэһилиэктэрэ ырылыччы көрдөрө сытар.  Онно бутуур суох. Кинилэри сэргэ Анаабыр,  Өлөөн диэкки Хадан-хатыгыннар эрэ  бааллар. Хадан-хатылылар сорохторо  Чурапчыга бааллар. Хадаар Хадаттар  биистэрэ.

Бөтүҥнэри  Бүлүү Өспөҕүн сахалара диэхпин баҕарабын  даҕаны сатамматтаах. Бөтүҥнэр бэйэлэрэ  олуйа сыталлар.

Амма  Бөтүҥнэрэ бэйэлэрэ: “Биһиги Бөрө  Бөтүҥнэр төрүттэрбит Амгын кус-хоролоро.  Биһиги кытай төрүттээхпит. Сахаҕа  сыһыаммыт суох”, диэн умайыктаналлар.

Эдьигээн,  Анаабыр, Өлөөн бөтүҥнэрэ биһиги  тоҥустарбыт сахаҕа олох сыһыаммыт суох,  дииллэр. Оттон үөрэтэн көрбүт чинчийээччилэр  И. Гурвичтан, Ксенофонтовка тиийэ  бөтүҥнэри сахалар дииллэр. Биһиги, эмиэ,  Бөрө Бөтүҥнэр сахалар этэ, диибит.

Маны  быһаарабыт.

Кус-хоролор  диэн көтөр кынаттаах, хороҕор муостаах  хоро кыыллар, ол-бу үөн-күрдьэҕэ, күлгэри,  сараһын төрүттээх куттаах соҕуруу  биистэр ааттара.

Тыһы  тыймыыттыҥы, ол аата (-) минус уот имиттэн  тардыылаах куттаахтар. (Нууччалыы  электрон, диэбит курдук.)

Онтон  Саха аһыылаах удьуора. Аһыылаах  кыыллартан, сылгыттан эҥин тардар. Атыыр  (+) имнээх уоттан тардыылаах. (Нууччалыы  протон, диэбит курдук.)

Киһи  билэринэн бөтүҥнэр төрдүлэрэ бөрө эмиэ аһыылаах кыыл этэ, бэҕэһээҥҥитэ. Бүгүн  уларыйан кус-хоро көтөр кынаттааҕа  буолбута буолуо.

Бөрө  Бөтүҥнэр Кус-хоролорбут диэн бөрөнү  кус ахсааныгар киллэрэллэр. Ийэ кыылбыт  - Бөрө диэн кус-хоро көтөрө, диэн.

Хайдах  эрэ сатамньыта суох. Уонна баран: “Саха  буолбатахпыт хоролорбут,” дии турар  дьону туох диэххиний?

Баҕар,  бөрө диэн көтөр дуу, харамай дуу баарын  билбэппит буолуо.

Дьэ,  буолан эрдин эрэ.

Бөрөнү  кус-хоро диэхпин санаам буолбата.  Сатаммата. Онон Бөтүҥнэри Саха бииһигэр  киллэрилиннэ. Туораттан көрдөхпүнэ  Бөрө бөтүҥнэр тыһытыйа сатыыллара  элбээбит. Саха буолалларыттан сааталлар  быһыылаах, диэн санаа охсуллар. Бэйэлэрэ  кэлин быһаарсыахтара. Саха тыһытыйыыта  бара турар.

Бөрө  Бөтүҥнэр сүдү дьонноро:

Таллан  Бүрэ-Сивцев Ефрем Степанович - суруйааччы,  (Бөтүҥ, 20 үйэ.)

Иван  Никитич Бетюнский - суруйааччы, (Бөтүҥ,  20 үйэ.)

Екатерина  Иванова - норуот ырыаһыта, (Бөтүҥ, 20 үйэ.)

Бу  бары Бүлүү Анаабыр айаҕынан көһөн кэлбит  Бөтүҥнэр дьонноро.


Бөрө  Бөртө. (Бортэ, руск.)


Бөртө  - сахарал билиитигэр бөрө-бэрт диэн икки  тылтан турар. Бөрө бэрдэ.

Бу  эмиэ ыһыллан хаалбыт биис ууһа. Биһиэхэ  2-с Үөдүгэйдэргэ Бөртө аҕатын ууһа диэн  баара. Холобур, Кэнтиккэ.

Уонна  баран, бу дьон, Үөдүгэйдэр буолбатахтар.  Кэнтик үөдүгэй бииһин ууһа. Кинилэри  Өлүөхүмэттэн былыр  кэлбиттэр, диэн  Боччоомо уола Халыана диэн оҕонньор  кэпсиирэ.

Иһиллэринэн  Бөрө Бөртөлөр Өлүөхүмэҕэ бааллар.  Олортон быста сылдьар аҕа ууһа буолуо.

Арҕаа  Хаҥаласка, Улахан-Ааҥҥа, Уулаах Ааҥҥа  Бөрө Бөртөлөр  баар сурахтара иһиллэр.

Бөртө  манан эрэ түмүктэммэт. Бөртө бииһэ бэрт  улахан биис ууһа ыһыллыбыт. Балары  ырытыы наада.

Ол  аайы Бөрө Бөртөлөр, Бөтүҥнэр курдук,  кус-хоролорбут диэбэттэр. Сахаларбыт,  дэһэллэр. Кус икки бөрө икки ардын  араараллар быһыылаах. Бөртөлөрү үөрэтии  наада. Кэрийиэххэ наада.


Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-08-18)
Views: 2396 | Comments: 1 | Rating: 1.0/1 |
Total comments: 1
1 Сэмэн Уола  
Дьэ киьини итэ5этиэх курдук суруйбуккут. Ол эрэн устуоруйа чахчыларын токурутуунан дьарыктанар эбиккит. Ноо субу суруйуунан ИГНОБЕЛЬ бириэмийэтин лауреата диэн урдук соло кеьутэр.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 8
Ыалдьыттар (гостей): 8
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024