Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

47. Маалтааны, Малдьаҕар, Мэлдьэхси.

Бары  биир биис ууһуттан уруулуу сэргэ  төрүттээхтэр.

Маалтааны  - ис хоһооно үс тылтан турар.  Ма+алта+аан=Маалтаан.

Маа-ийэ  эмиий. Атын суолтата: оҕо ийэтин аһаары  ыҥырар саҥата. Элбэх кыылга баар. Киһиэхэ  эмиэ: Мэммээ диэн. Онтон: Мама диэн тыл  тахсан сылдьар.

Алта  - алта ахсаан. Алтыһар майгы.

Аан  - киһи бу дойдуга төрөөн кэлэр аана.  Ийэҕэ баар.

Саҥарыллыыта  бииргэ этиллэр. Маалтааны диэн буолар.  Сахаралтан билиҥҥи туттуллар тылга  Алта Ийэ ууһа диэн. Маалтааныга баран  Маалтааны алта нэһилиэктэрэ олорбут  сирдэрин көрүөххүтүн сөп. Билигин Горнай  улуус диэн буолан турар. Сорҕолоро Арҕаа  Хаҥаласка киирэн холбоһон тураллар.

Аҕа  уонна Ийэ ууһунан олоруу урааҥхайга  былыргыттан баар дьыала. Сах үйэтин  саҕанааҕы сири икки аҥыы үллэрии сиэрин  тутуһуу. Сир булууһун майгытынан. (+)  плюс уонна (-) минус диэн сиэри тутуһуу.

Биис  ууһа олорор сиринэн икки аҥыы арахсар.  Хоту өрүтэ куруук (+) плюс буолар. Аҕа  ууһунан олорор. Соҕуруу өттө куруук (-)  минус буолар. Ийэ ууһунан олорор. Ураанхай  майгыта диэн.

Холобур.  Атамай хоту сытар. Батамай соҕуруулата  олорор. Атамай - аҕа  ууһа. Батамай - ийэ  ууһа. Ньурбаҕачына - ньурба-аҕа-чына,  аҕа ууһа. Оттон Ньурбаҕаанчына -  ньурба-аҕа-аан-чына, ийэ ууһунан олорор.

Ити  курдук. Хоту эҥээр диэкки куруук атыыр  (+) буолар. Соҕуруу эҥээр куруук тыһытыйар  (-) буолар. Ити майгы оонньооһун-көрүлээһин  буолбатах. Сир иччитин имсэтин иилиир  ыйааҕын тутуһуу буолар. Иилиир, (лир,  руск.) ыйаах сири бүтүннүү иилии-саҕалыы  сылдьар. Ону киһи кэһиэ суохтаах. Куомпас  ыйааҕа, аныгылыы эттэххэ. Хотуну-соҕурууну  куруук ыйа сылдьар.

Икки  уруулуу биис уустара. Маалтаанылар Ийэ  ууһунан олорбут биистэр. Малдьаҕардар  мэлдьи аҕа ууһунан олорбуттар.

Мэлдьэхси  малдьаҕартан арахсан Мэҥэ-хаҥалас уонна  Чурапчы сиригэр баран олохсуйбут.

Бу  икки биис уустара билиҥҥи арҕаа хаҥалас  сиригэр хайа үрдүгэр ыаллаһа олорбуттар.  Биирдэрэ Маалта үрэх тардыытыгар, атына  онтон соҕуруулата.

Маалтааны  сирэ билигин Горнай диэн буолан турар.  Маалта - Ма-алта диэн өйдөбүллээх. Маа  диэн ийэ диэн суолталаах. Мал-дьаҕардар  уруулара. Биир биис уустара. Алта  Маалтааны.

Дьоно  сэргэтэ Арҕаа Хаҥалас хочотугар көһөн  киирэн Маалтааны сирэ дьонунан мытайан,  мытаахсыйан мытаах буолбут. Кэлин оннун  булан билиҥҥэ диэри бааллар. Маалтаанылар  сорохторо аҥаар эҥээрдэрэ Аҥаар эҥээр,  (Ангара) өрүскэ бааллара иһиллэр. Бүлүү  быстар баһа. Онтон атахтаһан тардар  аҥаардас өрүс.  Иньэ-сай салаата. Онно  Бүлүү баһыгар Маалталар олохторо баар.  Өлүөнэ баһыгар. Сурулла сылдьар. Ситэ  үөрэтиллэ илик.

Маалта  күн сиригэр хара баһаам элбэх. Бары Ийэ  уустара.

Малдьаҕар  - Былыргы сахарал билиитигэр үс тылтан  турар өйдөбүл. Мэлдьи+аҕа+аар=Мэлдьи-аҕа-аар.  Саҥарыллыытыгар барыта бииргэ этиллэр:  Малдьаҕар.

Мэлдьи  - куруук, кургуом диэн.

Аҕа  - тээтэ.

Аар  - таҥара. Сахаралтан аныгы тылга  толкуйдахха Таҥараттан ыйаахтаах мэлдьи  баар аҕа ууһа диэн буолар. Ис хоһоонун  аан-олоҕо Мэҥэ-хаҥалас диэни майгылыыр.

Малдьаҕардар  үстэр. Мэлдьи Аҕа ууһунан олорбуттар.  Сорох Малдьаҕардар Бүлүүгэ сүнньүгэр  Ньурбаҕа Улуу Саамай кэмигэр түспүттэр.  Ньурбаҕа Малдьаҕар нэһилиэктэрэ бааллар.  Атын малдьаҕардар бары Арҕаа Хаҥаласка  бааллар. Үс дуу, түөрт дуу малдьаҕар.  Наадыйбыт киһи Хаҥаласка баран булуталыан  сөп.

Мэлдьэхси  - сахарал билиитигэр икки тылтан турар.

Мэлдьэх  + си = Мэлдьэхси.

Мэлдьэх  - мэлдьэһии, кубулуйуу, букатыннаахтык  уларыйыы.

Си  - мээнэ сылдьыы. “Си сылдьыы”. Туора,  туспа араҕан барыы.

Мэлдьэхсилэр  малдьаҕартан араҕан, арҕаа хаҥаластан  Өлүөнэ өрүһүн туораан Дьаархан  нөөрүктээйитин анараа өттүгэр  олохсуйбуттар. (Мэҥэннэн уонна  Чурапчыннан.)

Ыаллыы  олорор дьаархантан төрүттээх дьон,  дьаархан бииһиттэн арахсан Нөөрүктээйи  уонна наахара саҥа аат ылынан туспа  биис ууһа буолбуттарын истэн, биһиги  да биис ууспутуттан араҕан Малдьаҕар  буолан бүттэхпит дии. Уратыйан, атын  дьоннуун суураллан биис ууспутун  мэлдьэһэн бардахпыт, диэн Малдьаҕар  мэлдьэхситэ диэн ааттаммыттар. Малдьаҕар  буолалларын мэлдьэһэн барбыттар. Ол  сөп. Туспа баран атын биис уустарын  кытта суураллан уларыйдахтара дии.  Эр-ойох буолан ылсыһан-бэрсиһэн малдьаҕар  буолаллара тохтоон барар.

Малдьаҕартан  төрүттээх мэлдьэхсилэр билигин  Мэҥэ-хаҥаласка уонна Чурапчыга бааллар.  Баран көрүөххүтүн сөп. Алта Мэлдьэхси  баара иһиллэр.

Баран  кэрийтэлээн көрдүҥ да булуталыыгын.

Кэнники  да тэрээһин суруктарга бааллар. Дьон  билэр.

Маалтааны,  Малдьаҕар, Мэлдьэхси сүдү дьоно:

Семен  Петрович Данилов - суруйааччы, (Маалтааны,  20 үйэ.)

Софрон  Петрович Данилов - суруйааччы. (Маалтааны.  20 үйэ.)


Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-08-19)
Views: 2062 | Comments: 1 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024