Ньурба уонна чына. (Нурбаган, руск.) Ньурба-аҕа, ньурба-хаан - Биир биис ууһа аҕа уонна ийэ ууһунан ааттаныылара. Ньурбаҕа - аҕа ууһунан ааттаныы. Сахарал билиитигэр үс тыл холбоспута. Ньуур+баҕа+ аҕа=Ньуурбаҕааҕа. Саҥарыллыытыгар барыта бииргэ этиллэр Ньурбаҕа. Хоһуласпыт дорҕооннор сиэһэллэр. Ньуур - таһымы көрдөрөр дэхси. Холобур. Сир Ийэҕэ икки ньуур баар. Биир сир ньуура. Биир уу ньуура. Уу ньуура диэн. (Уровень моря.) Иккис ньуур - сир ньуура диэн. (Уровень суши.) Уу ньуура - уу үөһээ долгунура сытар дэхси ньуур таһыма. Арал сиринэн, маар, байҕал, далай орто таһымынан суоттанар. Уу ньуур таһымын аллараа өттүгэр сытар уу аллар уу диэн аатырар. Уу ньуурун үөһээ өттүгэр баар уу Самыыр уу диэн ааттанар. Халлаантан түһэр уу. Аллан тахсар алын уу көрүҥэ элбэх. Ыылаах уу, сүллүү уу, чүөмпэ уу, эйим уу, сүлбэ уу, дьүүктэ уу, тарыҥ уу, сыккыс уу, сиҥэ уу. Үөһээ халлаан уута: хаар-самыыр, чаан, ардах, паар, туман, сиик. Сир ньуура уу ньурба таһымыттан суоттанар. Үскэ араҕар. Алын алаас арал таһыма - Алаан диэн буолар. Томтор, булгунньах, эниэ, кургаан, булуук, муустаах сирдэр - булгаар диэн буолар. Таас хайа үрдэ - Чочу, чучунаа, чинэки сир таһымнара диэн буолаллар. Уу таһымыттан ааҕан Алын, Орто, Үөһээ диэн ааттыыллар. Холобур.
Үс Бүлүү.
Алын Бүлүү. (Киирэллэр: 1, 2, Чочулар. Алын Бүлүү куората, Халбаакы. Тылгыны, Күүлэттэр, Үгүлээт, Өкүндү Тааһаҕарга диэри.) Орто Бүлүү. (Киирэллэр: Тааһаҕар, Хампа, Тоҕус, Кыһыл Сыыр, Дьөккөн, Лөкөчөөн, Илбэҥээ, Хаҕын, Кыргыдай, Мукучу, Мастаах, Бороҕон, Лүүчүн эҥин.) Үөһээ Бүлүү. Билигин баар улууһунан. Былыр Ньурба, Сунтаар бииргэ киирсэллэр этэ. Арахсыахтарын иннэ. Ити алын, орто, үөһээ диэннэр уу ньурбатыттан төһө үөһэ сир ньуура сытарынан ааттанар. Уу таһымын ньууругар саамай чугас Алын Бүлүү, онтон Горнай улуус хайатын арҕаа налыытыгар түөлбэлээн олорор Орто Бүлүү. Алын Бүлүүттэн үөһээ сытар. Оттон Үөһээ Бүлүү сүүрүгү өксөйө үөһээ сытара биллэр. Киһи икки ньуурдаах. Бииргэһэ Ньуур диэн. Үөһээ таһым. Киһи сирэйин чөл таһыма. Баттах үүнэр сирин кытыылаан баран киһи сирэйин ньуурун аата. Орто ньурба таһым. Курданар таһым. Киһини алын уонна үөһээ өттүн араарар. Ньуур+баҕа өттүлэр арахсыылара. Ньуур - сирэй, төбө таһыма. Баҕа - атаҕыҥ баҕыһыгар тиийэ аллараа баҕарар баҕалаах өттүҥ. Биитэр аллараа өттүҥ - саары өттүҥ, үөһээ өттүҥ - көҥүллэх өттүҥ. Бу икки арахсыыны киһи этигэр-сиинигэр убаҕас хаана оҥорор. Хаан оннук эргиирин таһымын аата: Ньурбаҕа, Ньурба-хаан диэн. Эр киһи уонна дьахтар өйдөбүллэринэн. Киһи этигэр-сиинигэр баар сирэ - самыы таһыгар. Эмэһэҥ үрдүгэр хоҥхочок уҥуоҕуҥ ласпата: Ньурбаҕа таһыма диэн буолар. Курданаргар. Ону кытары сирэй чөлүгэр ньуур диэн баар. Хаан икки аҥыы арахсар. Орто таһыма Ньурба диэн ааттанар. Хаан убуур, хойдор, бөлүөҕэр, субайырар, билигирэр, суотуйар. Ону оҥорор хаан дьоҕура ньурба-хаан диэн ааттанар. Ньурба хааҥҥа икки таһымнаах. Ону тутуһан ньурба-хаан биистэрэ эмиэ икки аҥыы арахсаллар. Ийэ уонна Аҕа өттүнэн. Аҕата - Ньурба+аҕа диэн. Ийэ өттүнэн - ньурба+хаан=Ньурба-хаан. Саҥарыллыытыгар холбуу бииргэ этиллэр: Ньурбакаан диэн буолар.
Чына Чочулар - биис ууһун аата. Олорбут сирэ Чына түбэтэ. Сиинэҕэ баран көрүөххүтүн сөп. Сахарал билиитигэр үөһээ халлаан ахсыс хаттаҕаһын арҕаа халлааныгар олорор Чыҥыс-хаан таҥара киһиэхэ киһи чыынын биэрбитэ үһү. Онто илиитигэр Ылгын Чыҥыйа буолан кэлэн түспүт. Уонна киһини түөрт атахтаахтан ураты икки атахтаах гыммыт. Чынаҕар, чинэки майгыны, чинэрийэр майгыны биэрбит. Чына диэн халлаан бөрөтүн аата. Таҥаралар тардыылара. Чына киһиэхэ дьон (gen, ген, руск.) биэрбит. Дьоно киһиттэн киһиэхэ бэриллэр. Хаан устун. Дьон олоҕун салгыыр. Дьонуҥ ханна баалларый? Хааныҥ дьоно эттигэр бааллар. Бэйэлэрэ буолбатах кудаһын куодтара. Оҕоҕо бэриллэр. 99 удьуор дьонуҥ куодуттан биир эрэ киһини оҕо батан, майгыннаан төрүүр. Удьуор дьонуҥ хааныҥ устун кэлэн оҕоҕо удьуордаан хатыланнахтара ол. Кими баппыккын билэриҥ - дьолуҥ. Удьуордаабыт киһиҥ олоҕун, майгытын, сиэрин, сигилитин, туох талааннааҕын, хайдах олорбутун билэр буоллаххына - эн онон олоххор салайтараҕын. Мунан мээнэ сылдьыбаккын. Дьылҕаҕын билэҕин. Ол улуу. Киһи кыылтан уратыта Чыната буолар. Чынайан икки атахха сылдьыыта киһи кыылтан уратыйар чыына-хаана буолар. Түөрт атахтаах кыыл чинэрийэр, чугуйар диэни билбэт. Эһэ да, тайах да, куобах да туһахха тоҕооһон иҥиннилэр да иннилэрин эрэ диэкки бара сатыыллар. Чинэрийэн төттөрү барбаттар. Онон туһахха иҥнэн өлөн хаалаллар. Оттон киһи кыылтан уратыта чугуйар уонна чинэрийэр. Ону чинэйэн тура сылдьар майгыта биэрэр. Инньэ гынан киһи биир чыынынан кыылтан ордук. Чына бииһин ууһа иккиэлэр. Чочу уонна чына диэннэр. Уопсай ааттара: сахарал билиитигэр: Чыын+икки диэн. Саҥарыллыытыгар икки тыл бииргэ этиллэр. Чинэки диэн буолар. Чочу уонна чына биис уустара. Чочута аҕа ууһунан ааттара. Хайа үөһэ тааска олохтоох дьону чочу дииллэр. Чучунаа диэн буолар. Хайа киһитэ диэн. Чечня диэн тыл ол тобоҕо сылдьар. Хайдах онно тиийбитэй? диэн ыйыт. Эппиэтэ судургу. Чэчиэннэр дьиҥнээх ааттара нохой ньохчу биистэрэ диэн. Моҥул татаардар сэриилээн ыла сылдьыбыттара. Түүркүйэҕэ киллэрбиттэрэ. Бэркэ-хаан диэн ыраахтааҕы баар этэ. Саха төрүттээх киһи. Кини өссө чэчиэннэргэ ислам итэҕэлин киллэрбитэ. Ол Түүркүйэ саҕанааҕы вайнахтар ааттара Чучунаа, (Чечня) диэн. Ол Түүркүйэ кэминээҕи аат ол эҥээргэ элбэх. Алаан, (Осетия), Булгаар, ( Татаар). Чочулар тааһы чочуйан мэҥэ таас бөҕөнү оҥорбут дьон. Ол мэҥэ таастар бары эр киһи чуччата киэптээх буолар. Килтэгэн да тааһа буоллун, киһи мэҥэтэ да, хайгыа мэҥэтэ да буоллун. Оҕону киһи-аймах Чуччалаах өттө чочуйар-ньочуйар. Сыччыыйдаах өттө чинэйэн баран, чинэрийэн тиэрэ түһэн баран чуччалаахха сытан биэрэр. Онон чучча чыыннаах буолар. Ол чыынынан сыччыыйга тойон. Чына диэнэ ийэ ууһунан ааттара. Чына диэн халлаан бөрөтө. Ыйы эҥин ыйыстан сордуур. Ый көстүбэт кэмнэрин аата. Чочу диэн аҕа ууһунан ааттара. Чуччалаах өттө.
|