Чочу-кэйбэлэ (койбалы, руск.)
Чына түбэтигэр олорбут Чачы, чочу бииһин уустара. Сахарал билиитигэр Кэйбэлэ диэн икки тыл. Кэй-туоратыы, кэйии. Билэ-аймах-билэ дьон диэн. Саҥарыллыыта: Кэйбэлэ диэн бииргэ этиллэр. Тоҕо кэйсибиттэрин арахсыбыттарын билбит суох. Кылгастык: биис ууһуттан кэйиллэн араҕан кэбэлийэн барбыт дьон биир ааттара. Наахара диэбит курдук. Чочулартан абааһы көрүллэн барбыт арахпыт дьон аата кэйбэлэ диэн буолар. Бу эмиэ арахсыы майгыта. Өскө наахара диэн бэйэтэ күүһүнэн иирсэн араҕыы көрүҥэ. Арахсар дьон бэйэлэрэ туулайан араҕаллар. Оттон кэйбэлэ диэн биис ууһа бэйэтэ абааһы көрөн кэйэн араарар. Араҕар дьон баҕарбатахтарын үүрдүнэн үүрүллэн барбыт дьон аата. Кэйбэлэ чочулара кэйиллэн баран кэбэлийэн тиийэн Кэбээйи буолан олороллор. Чачы биистэрин уустарабыт дэнэллэр. Кэйбэлэ, (койбальцы, руск.) хайа баҕарар сурукка остуоруйаҕа кэпсэнэр баар. Сири-Сибиири тилийэ. Оннугу көрдөххүтүнэ хайа эрэ биис ууһуттан кэйиллэн үүрүллүбүт биис уустара эбит, диэн өйдүүр наада. Чачы, чочу биирдэр. Таас дьоно диэн. Кэйбэлэттэн төрүттээх хас да нэһилиэк баар дииллэр. Сэргиир дьон Чына үрэх Кэйбэлэтигэр уонна кэбээйигэ баран көрүөхтэрин сөп. Дьиэлэрэ-уоттара турар. «Кэдэрги майгылаах Кэбээйилэр» диэн баар. Кэйбэлэ бэлиэлэрэ билиҥҥэ диэри ахтылла сылдьар. Чочулар уонна чинэкилэр Алын Бүлүүгэ Улуу Саамай кэмигэр түспүттэр. Сорҕолоро Өлүөнэни туораан Элиэнэҕэ Аммаҕа олоҕурбуттар. Чымнаайы уонна Чычымах диэн нэһилиэктэр бааллар. Сорох чочулар билигин Кэбээйи улууһугар бааллар. Оннук тарҕаммыттар. Сэргиир дьон баран Бүлүүттэн, Амматтан, Кэбээйиттэн булуоххутун сөп. (Чачыгыр Таас ойуунтан саҕалаан, А. Кулаковскайга, Т. Сметанинҥа тиийэ бары Бүлүүттэн тардыылаах Чочу бииһин уустара. Аммаҕа, Кэбээйигэ кэбэлийэн тиийэн олохсуйбут чочулар сыдьааннара. Боотур ууһугар сыстыбыттар. Былыр Нам тааттатын Дьохсоот Дьохсоҕотторун кытары Сиинэҕэ, Чынаҕа сэргэ, бииргэ олорбуттар. Онон сыдьааннаан Чычымахтар уонна Чымнаайылар Боотурдарга сыстыбыттар.) Ньурба-хааннар уонна Чочу Чыналар икки уруулуу холбоспут биис уустара. Ньурба хааннар Чинэкилэри кытары холбоһон Ньурбаҕаанчына, ньурбаҕачына диэн ааттанан Сиинэ тааһыгар олорбуттар. Ньурбаҕаанчыналар ийэ ууһунан. Ньурбаҕачыналар аҕа ууһунан. Аан Чыналар ийэ ууһунан. Чочулар - аҕа ууһунан. Ньурба-хааннар Бүлүүгэ Ньурба түбэтигэр көһөн тиийэн олоҕурбуттар. Бордоҥнору кытары. Саалтааны, Омолдоон, Таркаайы, Дьэргэстэй, Марха улууһа эҥин диэннэр. Сунтаарга Ньурба-хааннар Түбэйдэр. Сорох ньурбахааннар билигин Горнай улууһугар бааллар. Чинэкилэр эмиэ Чыбыыданы батан чочу биистэрин кытары Алын Бүлүү улууһугар олохсуйбуттар. Сиинэ Ньурбаҕатыгар уонна Чынаҕа билигин киһи суох. Иччитэхтэр. Мархалар эмиэ ньурба-хааннар. Ньурбаҕалар аҕа уустарыттан биирдэстэрэ. Бордоҥнору кытары сэргэ олорбуттар. Мархалар уонна бордоҥнор бииргэ Ньурбаҕа көһөн түспүттэр. Бордоҥнор Ботомоойуну батан билиҥҥи Элгээйи, Бордоҥ уонна Ньурба түбэтигэр түһэн олоҕурбуттар. Сорохторо Мархалары кытары Тоҥуо үрэҕи бата түһэн Марха өрүһү бата олохсуйбуттар. Бордоҥнор Мархалары ааһа баран Маалыкайга түһүүлэммиттэр. Сирдэрин аатынан мархалар, маар дьоно диэн ааттаналлар. Марха талах, диэн талах көрүҥэ. Маарга, марҕаат муоҕар үүнэр. Талах түргэнник үүнэр. Ону кэрэһэлээн түргэнник ууһуубут диэн суолтаҕа туттан өрүскэ эҥин Марха диэн ааты иҥэрэллэр. Ньурба-мархалар үс аҥыы арахсыбыттар. Сорох мархалар Өлүөнэҕэ көһөн Дьокуускай кытыытыгар олороллор. Улахан уонна кыра Марха диэн. Билигин куорат кытыыта буолан турар. Сорҕолоро Саталары кытары Өлүөнэ уҥуор тахсыбыттара үһү. Онно Дьаҥхаада, (Төхтүр) буолан олороллор. Сорох Марха Бүлүүгэ Ньурбаҕа көһөн Ньурба Мархата буолан олорор. Уруккута Марха улууһа диэн улуус этэ. Үөһээ Бүлүүттэн арахпыта. Сорох Мархалар Өлүөхүмэҕэ Элиэнэҕэ түһэн олороллор.
Чочулар,
ньурбахааннар, мархалар, кэйбэлэлэр
сүдү
дьонноро
Ньырбакаан
эмээхсин, Тыгын ойоҕо (Номоххо сылдьар.
Орто үйэлэр.)
Чиряев
Гаврил Иосифович - Саха салайааччыта
(Чочу, 20 үйэ.)
Прокопьев
Юрий Николаевич - Саха салайааччыта
(Марха, 20 үйэ.)
Амма
Аччыгыйа -Николай Егорович Мординов
(Чычымах, 20 үйэ.)
Авксентий
Егорович Мординов - бөлүһүөк (Чычымах,
20 үйэ.)
Алексей
Елисеевич Кулаковскай - Өксөкүлээх
(Чычымах, 20 үйэ.)
Тимофей
Егорович Сметанин - суруйааччы (Кэбээйи,
20 үйэ.)
|