Сата
Сата - сахарал билиитигэр сверх-проводник диэн. Былыр Сах үйэтин саҕана хайа баҕарар эттик сатата толору эбитэ үһү. Анараа да диэкки аһарар, бэтэрээ да диэкки аһарар. Ол кэмнэргэ таас сатата баһылаан турбут. Ол иһин Сах үйэтин Таас үйэтэ диэн ааттыыллар. Билиҥҥи Тоҥ үйэҕэ эттик аһарар дьоҕура аҥаардас, (полупроводник). Эттик биир эрэ өттүгэр аһарар. Төттөрү өттүгэр аһарбат. Тоҥ үйэҕэ аас, тымныы салгын түһэн эттик сатата сатарыйан хаалбыт. Таас киэбирбитэ тохтообут. Туос ама буолбут. Оччотооҕу сата күүһүн бэйэҥ сыаналаан көр. Таас сататын тобоҕо көмпүүтэр буолар. Ону көрөн киһи сөҕөр. Ити билигин таас сатата уурайбыта ырааппытын кэнниттэн. Былыр сата кэмигэр ити хайдах буолуой? Киһи сатаан санаабат аба-хомуһуна буолуо. Аһарымтыатынан тааһы тимир солбуйбут. Аныгы Тоҥ үйэ онон Тимир үйэтэ диэн ааттанар. Киһи этэ-сиинэ эмиэ үөһэттэн кэлэр кут майгытын аһарар дьоҕурдаах. Ол дьоҕурдаах улахан дьон бэйэлэрин Саталар диэн ааттыыллар. Саталар Чаптар курдук Уус удьуордар. Кыһалаах тимир уустара. Марха маардарын сэргэлэһэ Сата бииһин ууһа диэн уустар биистэрин уустара олорбуттар. Саамай кэмигэр саталар икки аҥыы арахсан биирдэрэ Туймаадаҕа киирэн Һатай (Жатай) диэн сиргэ олоҕурбуттар. Сорҕолоро ханан эрэ уҥуор тарҕаммыттар. Холобур: Билиҥҥи Төхтүр. Дьаҥхаада диэн этэ. Дьөҥкүүдэ диэн Ньурбаҕа Сата хаҥаластар түбэлэрэ баар. Орто Бүлүүгэ Тоҕус бииһин кытта кыттыһан Дьоҥкуода диэн саталар олохторо баар. Саталар биир салаалара Бүлүүгэ Ньурба хаҥалаһын таһыгар Сата хайатыгар нэһилиэк буолан олорбуттара. Ол сөп. Саталар хаҥаластар салаалара биис уус. Былыр Саталар Ньурбаттан Сунтаарга тахсан Садын улууһа диэни төрүттээбиттэрэ. Саталар төрүттээбиттэрин иһин Сатын, саҥарыллыыта: Садын. Билигин Сүлдьүкээр диэн буолан хаалбыта. Сунтаар улууһун түбэтигэр Саталар олохтообут сирдэрэ өссө манныктар бааллар. Ойууһут (эстибит сурахтааҕа), Хордоҕой (аны Бүлүүчээн буолбута.) Мэйик (эстибитэ), Таас үрэх, Туой Хайа (ГЭС муоратын анныгар тимирбитэ), Арыылаах (Новый буолбута.). Сунтаар ити эҥээрэ Саталартан уонна Нөөрүктээйилэртэн төрүттээх. Саталар хаста да көһөн тахсыбыттар. Биир тахсыы бас-көс киһитэ: Чокуур-уус диэн. Чокуур аҕатын ууһа билигин да баара буолуо. Биир бас-көс киһилэрэ: Луук-уус уола Лыыкка-уус диэн. Лыыккыннар, (Лыткиннар) бааллара буолуо. Хордоҕой нэһилиэгин олохтообуттара биллэр. Биир биллэр уус Байбал-уус диэн. Олортон Павловтар барбыттар. “Саха-мебель” тойоно Павлов Владимир Гаврильевич ол Байбал-уустан тардыы утумнаах удьуордаах. Ити архыып дөкүмүөннэригэр сурулла сылдьар. Сэргиир киһи К. Уткинтан баран сиһилии көрүөн, ыйдарыан сөп буолуо.
Сата сүдү дьонноро. Сата Эмээхсин - номох ааттааҕа. Дорҕоон-уус - кыһалаах тимир ууһа. (Сата, орто үйэлэр.) Саахтаах-уус - кыһалаах тимир ууһа. (Сата, орто үйэлэр.) Луук-уус - кыһалаах тимир ууһа. (Сата, орто үйэлэр.) Ныһыр-уус - кыһалаах тимир ууһа. (Сата, орто үйэлэр.) Нокоорко-уус - кыһалаах тимир ууһа. (Сата, орто үйэлэр.) Тараҕай-уус - кыһалаах тимир ууһа. (Сата, Чап, 19 үйэ.) Сыраан-уус - кыһалаах тимир ууһа. (Сата, 20 үйэ.) Бөллүр-уус - кыһалаах тимир ууһа. (Сата, 20 үйэ.) Чыычаах-уус - көмүс ууһа. (Сата, Оҥхой, 20 үйэ.) Уонна да атыттар. Элбэхтэр. Бары тимир төрдүгэр турбут уустар.
|