Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

51. Атамай уонна Батамай, Баатаҕай (Отымай, Батямать, руск.)

Атамай  уонна Батамай, Баатаҕай  (Отымай, Батямать, руск.)

Бу  үс уруулуу биис уустара. Атамай диэн  аҕа ууһунан олорооччулара. Батамай диэн  ийэ ууһунан олорооччулар.

Атамай  - сахарал билиитигэр үс тыл сылдьар.  Ат+ам+ай=Атамай.

Ат  - эр киһиэхэ үөскүүр оҕо уллурук сиэмэтэ.  Тыһы да атыыр да буола илик. Арахса илик  кэмэ. Ийэтин иһигэр кыыс-уол буола  араҕар. Онуоха диэри уллурук Ат майгы  ахсааныгар сылдьар.

Ам  - дьахтар аманаҕын сыччыыйа. Эр киһи  сэбин ам гынан ыйыстар сирэ. Ат сиэмэни  ам гынан иһигэр уктан буоһуур аһай  сымыыта.

Ай  -айыы. Ис хоһооно сэб сыччыыйга ай диэн.  Киһи үөскүүр дьыалатын ньымата. Сапсыы  ньымата. Киһилии, аҕалыы ньыма. Сытааран  сапсыы. Атамай нууччалыыта Отымай,  Отымать диэн. (Отец и мать).

Батамай  - батямать, диэн нууччалыы. Батя и мать  мантан тахсар. Кыыл сапсыыта. Оҕус-ынах,  ыт, бөрө сапсар ньымата.

Атамай  - аҕа ууһунан ааттара.

Батамай  - ийэ ууһунан ааттара.

Атамайдар  үстэр.

Саамай  кэмигэр Атамайдар хоту Кэбээйигэ Луҥха  үрэххэ түһүүлэммиттэр. Намҥа Үрүҥ Күөлгэ  бааллара иһиллэр.

Батамайдар  соҕуруу түһэн Элиэнэҕэ киирбиттэр.  Буотамаҕа эмиэ батамайдар олохторо.  Сорҕолоро Намҥа Батамаайы (Фрунзе)  нэһилиэгэр бааллара иһиллэр. Бөрө  Бөтүҥнэри кытары сэргэ, кыттыһа.

Биир  салаалара дьаарханнары кытта Ботомоойуга  хаалбыттар. Бүлүүгэ киирбиттэр. Билигин   ботомоойулар Бүлүүгэ Күндээдэ диэн  нэһилиэккэ Ньурбаҕа тобохторо бааллар.  Бордоҥнору, дьаархаттары кытары  олороллор.


Баатаҕай.


Бат-аҕа-ай  - аҕа уустара. Батамайдар аҥаардара.  Арахсан баран ааттаммыттар. Туспа биис  ууһа буолбуттар. Баатаҕай элбээн турар.  Дьааҥыга тиийэ.

Баатаҕайдар  Намтан тахсан Тараҕаннан тарҕанан  Уус-Аллаҥҥа Баатаҕай нэһилиэгэ буолан  Өспөх сахаларын сэргэ олороллор.

Биир  кэпсээнинэн Дьааҥы Баатаҕайдара Дьааҥы  хайатын уҥуордаан Уус Аллаҥҥа олохсуйбуттар  диэн буолар.

Атын  кэпсээнинэн Баатаҕайдар Дьааҥы хайатыттан  уу түспүтүн кэннэ түһэн сорохторо  Дьааҥыга, сорохторо Уус-Аллаҥҥа, сорохторо  Намҥа олоҕурбуттар диэн эмиэ баар.

Хайата  кырдьыгын билбит суох.

Дьааҥы  Баатаҕайдара Дьуһаал бииһин уустара.  Туспа биирдиилээн арахса сылдьыбыт  дьон төрүттээхтэр үһү. Оччоҕо Батамайдар,  Атамайдар хотуттан төрүттээх буолан  тахсаллар. Үөрэтиллэ илик.


Илбэҥээ,  Аһыма.(Ашина, ашима, руск.)


Бу  былыргыттан биллэр биис уустара. Аһыылаах  удьуордара.

Илбэҥээ  диэн ыт кыыл сылдьар эрдэҕинээҕи аата.  Дьиикэй эрдэҕинэ.

Онтон  айылҕатын уларытан киһиэхэ иитийэх  дьиэ кыыла буолбут. Онтон ыла аата  уларыйбыт. Ыт диэн ааттаммыт.

Айылҕатын  уларытан айылҕа кыылыттан дьиэ кыыла  буолбутун иһин ыт аата үөҕүүгэ барбыт.

Айыллыбыт  аналы кэһиини киһи хаһан да бырастыы  гыммат. Сахаҕа барыта айылҕатынан  буолуохтаах.

Илбэҥээлэр  Нохой бииһин уустара. Нууччалыы ногай диэн. Сахалыы Нохоо диэн. Таҥараларын  аата Нохой уонна Норолуйа куо.

Саамай  тарҕаммыт биис ууһун тобоҕо. Ногай диэн Арассыыйа соҕуруу өттө барыта. Бүтүн  Хапхаас бүтүннүү кэриэтэ.

Аһыма  - нууччалыыта омуктуута: Ашима, Ашина,  Homo, (homosapiens), диэн. Бөрө төрүттээх аһыылаах  удьуора.

Билигин  бу биистэртэн үс нэһилиэк баар. Биирэ  Илбэҥээ, Баппаҕаайы үрэҕэр турар. Уонна  Аһыма. Түгэнэ үрэх тардыытыгар турар.  Орто сурт - Аһыма икки Баппаҕаайы икки  ардыгар турар нэһилиэк.


Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-09-01)
Views: 2146 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 8
Ыалдьыттар (гостей): 8
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024