Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

52. Өргүөттэр

Өргүөттэр

Өргүөт  диэн биллэр аат. Бу дьон хоро төрүттээхтэр.  Өргүөт сэп диэн - быһыллыбыт сэп аата,  биитэр өргүөт диэн хайа сыырын орто  чээрэтигэр олохтоох дьон ааттара. Хайа  өрө тахсар сирэйин орто таһыма Өргүөт сир диэн ааттанар. Өргүөт аатын илдьэ  сылдьар хас да нэһилиэк баар.

Үөһээ  Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгэ, сорохторо  Саамай кэмигэр аллараа түһэн Орто  Бүлүүгэ түспүттэр. Лөкөчөөн диэн лөкө  туспа Өргүөт нэһилиэгэ баар. Сорохторо  Тоҕус бииһигэр кыттыһан Тоҕус  нэһилиэктэригэр суураллыбыттар. Өргүөт  диэн аҕа ууһунан ааттаныы. Бу дьон Тоҕус  бииһин ууһун кытары туох эрэ ситимнээхтэр.  Ону үөрэтии наада. Бииргэ, сэргэ  сылдьаллар, олороллор. Тоҕус диэн  өргүөттэр Ийэ уустара дуу, диэҕи  баҕарыллар.


Тоҕус  бииһэ, Дьөккөн (Дьөппөн)


Тоҕус  бииһэ диэн кэпсииллэринэн 9-с төгүл  тоҕолоох тоҕой сэлэ олохтоох, Туоҕа-баатыр  баһылыктаах Тоҕус бииһэ диэн буолар.

Билигин  баарынан Орто Бүлүү улууһун сүрүн бииһин  ууһа. Билигин түөрт улахан нэһилиэк  Тоҕуска киирэр. Тоҕус, Тааһаҕар, Хаҕын,  Кыргыдай. Ону таһынан урукку утумнар  2-с Күүлэткэ (Быстах Тааһаҕардар),  Балаҕаччы, Арыылаах, (Хампа), билигин  Кэбээйи буолан турар Мастаахтарга,  Лүүчүҥҥэ, Мукучуларга тиийэ барара үһү.

Ити  барыта Орто Бүлүү түбэлэрэ этэ. Билигин  Кэбээйилэр. Былыргы кииннэрэ Билиҥҥи  Тоҕус, уруккутунан Тоҕой нэһилиэгэ этэ.  Арааһа Бүлүү өрүс тоҕойугар турарын  иһин буолуо. Үрэх тоҕото эмиэ тоҕус  ахсаанынан тоҕолуур.

Билигин  Саха биистэрин барыларын Хоротутан  тыһытыта сатыыр идэ баар буолта ыраатта.  Ол сиэргэ Багдарыын Сүлбэ Тоҕус бииһин  тоҥустута сатыыр. Мончуураҕа, Кытайга  илдьэ сатыыр майгылаах суруйуулары  суруйар.

А. Кривошапкин Тоҕустары Индияттан  кэлбиттэрэ диэн суруйуулаах.

Сорохтор  Тоҕус оҕустартан Орто Азияттан кэлбиттэр  диэн суруйаллар.

Саха  диэн суох, барыта хоро киэнэ диэн дом  билигин хотон турар.

Тоҕус  диэн сахарал билитигэр Ытык ахсаан. 3;  9; 7; диэн. Тыһы-хоро ахсааныгар 9 - дьиибэ  диэн. Ону ылан нууччалыы диво-девятое  диэн тутта сылдьаллар.

Ону  тутуһан былыргы сахалар атыыр 3 ахсаанынан  үксүүллэр. Аҕа киэнэ. Аҕа үс ахсаана  өбүс диэҥҥэ баар. Дьахтарыҥ тоҕус  ахсаанынан торолуйар. Аҕа-ийэ-оҕо,  (дьикти, дьиибэ, дьээбэ, 3 төгүл 3,) диэнинэн.  9 ахсаанынан торолуйа тоҕуоруйаллар, 7  ахсаанынан сэтэрииллэр.

Тоҕус  бииһэ онтон ааттаммыт биис ууһа.

Тоҕустар  Саха сиригэр Орто Бүлүүннэн уонна  Кэбээйиннэн эрэ бүппэтэхтэрэ буолуо.  Маны ырытар киһи булан ылыа этэ.


Дьөккөн,  (Дьөппөн).


Дьөккөннөр  икки аҥыы хайдаллар.

Биирэ  Дьөккөн, иккиһэ Дьөппөн диэн. Хайалара  аҕа ууһа, хайалара ийэ ууһа буолалларын  этэр кыах суох. Биир биис ууһа ийэ уонна  аҕа ууһунан арахсан ааттаныыта быһыылаах.

Икки  Дьөккөнү холбуу аахтахха 6 дьөккөн,  дьөппөн баар.

Бу  туспа биис ууһа. Бүлүү Дьөккөннөрө Туоҕа  баатыры кытары ситимнээхтэрин истэр  этибит. Буолан баран Тоҕус бииһигэр  киирбэттэр. Онон туспа биис уустара.

Сахарал  билиитигэр Дьар-көн уонна дьар-бөт диэн  майгылар бааллар.

Киһи  этигэр-сиинигэр Дьөрбөн диэн киһи  төбөтүгэр дьулайын оҥоһуута. Киһи  дьулайын уонна икки хараҕын, кулгааҕын  ситимэ. Дьөрбөччү көрөн туруу диэн тугу  эрэ болҕомтону ууран туһаайан одуулааһын.  Хараҕы кэҥэтэ-кэҥэтэ. Дьулай дьөрбөнө  сибэкки дьөрбөтүн курдук буолар. Тэрэйэр.  Салаа-салаа араҕар.

Дьөркөн  диэн киһи төбөтүн дьулайыттан саҕалаан  түөһүн уонна иһин, хоҥкучаҕын холбоон  самаҕын туорайыгар диэри биир көнө  өркөн майгыны  ситимнээн оҥорор үүдэһин  аата. Эт сааһын быыһынан. Киһи баһа,  түөһэ, агдата, иһэ, хоҥкучаҕа, ахтата  барыта биир өрө көнө ситимнээх буолан  тыыннаах. Оннук үөһэттэн аллараа биир  көнө ситими оҥорор үүдэһиннэр үстэр.  Сис тоноҕоһо. Кутуруктан төбө тиэмэтигэр  диэри биир систиэмэни  оҥорор. Көнө  сүрүн. Киһи үрүҥ сүрүнэ. Сүнньэ. Сис  тоноҕоһун иһинэн барар. Уонна Дьөркөнө.  Киһи этин сааһын быыһынан барар.

Бу  майгы киһи этигэр-сиинигэр эрэ туттуллар  буолбатах.

Дьулай  оҥоһуутун курдук тутуллаах айылҕа  үүнээйитигэр эмиэ туттуллар. Холобур.  Сибэкки. Дьөркөнө диэн умнаһын быыһынан  барар сааһа Дьөркөнө диэн ааттанар.  Үөһэ тэрэйэр болчуохата Дьөрбөтө диэн  ааттанар.

Дьөркөнүнэн  дьар таһыллар. Дьар - бактерия диэн  нууччалыыта. Киһи этигэр-сиинигэр  туһалаах бактерия. Ыарыы бактерията -   дьай диэн ааттанар. Хара дьай диэн  эбиилээх буолар.

Дьөрбөтүгэр  тиийэн дьар бөтөр. Барар сирэ бүтэр.  Оройо буолар.

Дьөркөн  уонна Дьөрбөн диэн сахарал тыллара.  Саҥарыллыытыгар бииргэ үргүлдьү этиллэр:  Дьөккөн, дьөппөн. Дьөккөттөр уонна  дьөппөттөр диэн буолар.

Алта  Дьөккөн баара үһү. Биирдэрэ Орто Бүлүүгэ  баар. Икки Дьөппөн Арҕаа Хаҥаласка баар.  Хачыкаат эмиэ, дьөккөттөргө киирсэр.  Нөмүгү сорҕото, эмиэ, Дьөппөннөр үһүлэр,  диэн баар. Мэҥэ Хаҥаласка баар. Хаптаҕай  нэһилиэгэ.

Дьөккөттөр  элбэхтэр. Дьөркөн ууһа Дьаархан бииһин  ууһун салаалара диэҕи баҕарыллар да  кыайан бу сырыыга ырытыллыбата.

Бата  сылдьан ырытыахха наада. Оччоҕо биллиэ  этэ.

Биитэр  Дьөккөттөр бэйэлэрэ биис уустарын  туһунан суруйан таһаараллара наадалаах.  Дьарыктанар баар эрэ, суох эрэ.


Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-09-01)
Views: 1945 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 6
Ыалдьыттар (гостей): 6
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024