Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

53. Солоҕоон, Согдо, Сэттэ Сортуол

Солоҕоон,  Согдо, Сэттэ Сортуол

Солоҕоттор  уонна солоҕооннор тустарынан үһүйээн  элбэх.

Бу  биис ууһа эмиэ урааҥхай сиэринэн икки аҥыы арахсар. Биирэ солоҕот, иккиһэ  солоҕоон диэн. Ньурба-хааннар икки аҥыы  арахсалларын курдук. Ньурбаҕачына уонна  Ньурбаҕаанчына диэннэргэ. Бу икки тыл  хайата сөбүн туһунан мөккүөр баар.  Ньурбаҕачына дуу, Ньурбаҕаанчына дуу?  Солоҕот дуу, Солоҕоон дуу?

Бары  сөптөр. Уустугурдар наадата суох Олоххо  уонна сахарал билиитигэр барыта судургу  буолар. Ньурбаҕачына диэн Аҕа ууһунан  ааттааһын. Оттон Ийэ ууһунан Ньурбаҕаанчына  диэн буолар. Аҕа ууһунан - солоҕот,  солоҕоттор диэн буолар. Ийэ ууһунан -  солоҕоон, солоҕооннор диэн буолар.

Холобур.

Ньурба+аҕа+чына=Ньурбаҕачына.

Ньурба+аҕа+аан+чына=Ньурбаҕаанчына.

Маны  уустугурдар уонна мөккүһэр кус-хоро  төрүттээхтэргэ баар буолуон сөп. Ону  да билбэттэрэ бэрдиттэн. Сахаралы  ундаардыыр саха мөккүспэт дьыалата.  Сахарал билиитигэр баартан эрэ тахсыллар.  Суоҕу сураһыллыбат. Тыл урууната -  тулхадыйбат. Уларыйбат. Уонна онтон  туораныллыбат.

Солоҕооннор  иккиэлэр. Солоҕоттор хастар да. Үөһээ  Бүлүүгэ Туобуйа уонна Өргүөт эҥээригэр  бааллар. Туобуйа нэһилиэк аҥаара солоҕон.

Ньурба,  Өлөөн, Үөһээ Бүлүү быыһыгар Соллокуутунан  эҥин олорбуттар. Түүкээн уонна Түҥ өрүс  икки ардыгар. Ээйик диэн нэһилиэк баар.

Алын  Бүлүү уонна Эдьигээн икки ардыгар  солоҕоттор бааллара.

Бүлүү  баһыгар эмиэ солоҕоттор бааллар.

Солоҕоон  уонна солоҕот бииһэ аатын төрдө манныктан.

Бу  булчут биис уустара. Былыр булт харыс  тылынан саҥаран быһаарсар үһүлэр. Булт  тыла диэн харыс тыл баар этэ. Булчуттар  тыаҕа тахсан баран ол тылынан кэпсэтэллэрэ.  Көннөрү киһи өйдөөбөт. Байанай таҥаралаах  биистэр.

Бу  дьон тайҕа олохтоохторо. Сайын ортотугар  тайҕаны уоттаан баһаары ыытан өртөөн  кэбиһэллэрэ. Ол кэннэ үс сыл буолан  баран кэлэн көрөн бараллар. Уот сиэбит  күлэ солоҕуран, буор буолан ача анньар.  Кыыл-сүөл булт-алт онно мустар. Оттуур  лаҥхата суох сир тахсар.

Онно  солоҕоттор көһөн күккүрээн кэлэн баар  буолаллар. Солох диэн умайбыт сир күлүн  аата.

Күлү  оргутан сүөһү модьуунун эҥин эмтииллэр.  Солоҕоттор өрт дьоно. Өрдү бата сылдьан  тайҕаҕа олохтоох булчуттар.

Билигин  икки солоҕоон нэһилиэктэрэ Горнай  улууһугар бааллар. Атыттар атын биис  уустарыгар суураллан сүппүттэр. Кэпсээҥҥэ  эрэ бааллар.

Өрдү  батыы Бүлүү сүнньүгэр хара баһаам.  Билиҥҥэ диэри. Булчуттарга олус биллэр  уонна туттуллар дьыала. Онон саха барыта  хайа эрэ өттүнэн солоҕотторго сыһыаннаах.  Өрт ыытар идэлээх.


Согдолор.


Согдо  диэн былыргы сахарал билиитигэр туспа  оторуйан араҕыы, диэн суолталаах. Киһи  киһиттэн төрөөн түһэр. Оҕо дьонугар  сыста сылдьар. Туспа бара илик кэмэ.  Онтон сиппитин кэннэ туспа араҕан барар.  Хас биирдии киһи бу сиргэ  соҕотох  согдоллон турар уонна сылдьар. Бэйэтэ  бэйэтигэр. (Автономность, руск.)

Сорохтор  үөрдэриттэн огдолуйан тэйэн баран  хаалаллар. Оннук огдолуйбут дьоннор  огдуо (чуолаан дьахтарга), дьуһаал (эр  киһиэхэ туттуллар. Холобур. Эллэй  Бүлүүттэн огдолуйан дьуһаал соҕотох  согдо киһи кэлэн Туймааданы булбут.)

Дьахтар эрэ өлөн соҕотох хааллаҕына огдуо,  огдообо диэн буолар. Огдуо, Огдооччуйа  диэн аат баар. Нууччалар итини эмиэ  уларыппакка вдова диэн туһана сылдьаллар.

Орто  дойдуттан огдолуйуу диэн өлүүнү кытары  ааттыыллар. Киһи бу сиргэ соҕотох  согдолуйа сылдьар. Ол аата согдо диэн  буолар. Онтун оһороору үөр-сүлүк тэринэр.  Үөр иһигэр согдо соҕотох майгы син биир  баар. Хас биирдии киһи туспа.

Согдолор  эмиэ ыһыллан хаалбыт биис. Төрүттэрэ  “тыал буолбуттар” бырах барбыттар,  суураллан сүппүттэр ахсааннарыгар  киирэр.

Согдо  бииһин ууһун туһунан истии элбэх. Атын  ааттара Өргүөттэр диэннэр. Согдолор  сорҕолоро Үөһээ Бүлүү Өргүөтүгэр  бааллар. Билигин олор быыстарыгар  суураллан согдолор суох буолбуттар.  Ааттара эрэ хаалбыт. Сураҕа былыргы  улахан саха бииһин ууһа. Муус буһук  үллүүтүгэр соҕуруу куотан сир таһаарына  бырах барбыттар. Согдуойап диэн  араспаанньа баара. Аны иһиллибэт.

Атын  сиргэ бардахха Согдиана диэн Орто  Аас-ийэттэн саҕалаан тарҕана сытар  былыргы импиэрийэ үөскээн сылдьыбыта.  Узбектар аҥаардара согдо бииһин ууһа.  Муус буһук үллүүтүгэр “ тыал буолан”  тиийэн тэрийбит Улуу Ил буолуо. Согдо  диэн сурукка ахса биллибэт элбэх.


Сэттэ  сортуол.

Согдолор  ыһыллан бураллан симэлийбит буоллахтарына  Сортуоллар билиҥҥэ диэри бааллар. Бэрт  элбэх биис эбитэ үһү. Сэттэ сортуол  диэн. Сортуол диэн сахарал билиитигэр  икки тылтан турар.

Сор+туол.

Сорунан  туолбут биис ууһабыт диэн. Моорук диэбит  курдук. Итинник ааттаныы сахаҕа элбэх.  Харыс ааттардаах, харыс тыллаах үгүс.  Сортуол диэн харыс тыл.

Былыргы  сахаларга куоттарыныы сэтэ диэн туспа  өлөр өлүүттэн куоттарынар майгы баара.  Сортон-муҥтан, өлүүттэн-сүтүүттэн  көмүскэнэн куоттарынан, абааһыттан  куоттарынан бэйэлэрин уонна дьоннорун,  оҕолорун араас куһаҕан, соххор-доҕолоҥ  аатынан ааттыыллара. Дьүлэй, Доҕолоҥ,  Хараҕа суох, Хоноһо эҥин диэн. Оччоҕуна  абааһы бэйэм киһим эбит диэн тумна  хаамыа диэн муннаран, куоттаран. Дьол+туол  диэн ааттыан оннугар саха харыстаан  сор+туол диэн ааттыыр. Сор туолбут дьоно  диэн сор тумна хааман, дьол тосхойдун  диэн куоттарыммыт майгылара.

Билигин  тобохторо Орто Бүлүүгэ уонна Кэбээйигэ  Луҥха үрэҕин бата бааллар. Бу дьон Сэттэ  Сортуол диэн ааттарын билиҥҥэ диэри  тута сылдьаллар. Сортуоллар сорохторо  Үөһээ Бүлүүгэ бааллар. Сортоловтар  диэн буола сылдьаллар. Төрдүлэрэ  Өргүөттэн тардаллар, сураҕа.

Сураҕа  эмиэ бэрт улахан биис ууһа эбитэ үһү.  Бурятияҕа - сартол диэн биис ууһа эмиэ  баар. Муус буһуктан куотан эмиэ кыргыс  биистэрэ буолан соҕуруу түһэн атын  омуктарга суураллан сүттэхтэрэ. Узбектар  улахан аҥаардара сортуоллар.

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-09-01)
Views: 2111 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024