Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

54. Боотулу, Өспөх, Уйгур

Боотулу, Өспөх,  Уйгур.

Боотулуулар  төрдүлэрэ, Арҕаа Ырай дьоно. Билиҥҥитинэн  Красноярскай кыраай, Бүлүү баһын былыргы  аата Арҕаа Ырай диэн.

Арҕаа  Ырайтан соҕуруу билиҥҥи Красноярскай  кыраай түбэтэ былыргы аата Бырааскай  диэн этэ. Билигин да Братск диэн ааттанан  баар. Бырааскайтан хотулата Арҕаа Ырай  диэн.

Онтон  хоту биир түбэтэ Туруу-хаан диэн.

Турухаантан  хоту өттө Хадан Хатыҥы диэн. Хадан  ураанхайдар сирдэрэ. Билигин сороҕо  Катанга диэн ааттанан турар.

Боотулуу  диэн Ийэ уустара.

Боотур  диэн эр киһи өйдөбүлэ. Эр киһи сэбэ  кыыһыран тымтан туран кэлэр дьоҕура  Бөө-туруу диэн ааттанара. Саҥарыллыытынан  Боотур диэн.

Боотур  майгы Баатыр майгыга кубулуйар. Сайдан  тахсар. Сэб турдаҕына хайаан да батыахтаах  уонна тыырыахтаах, ырыахтаах, ыырданыахтаах.

Баттыһыны  батыы, сабыы аата.

Тыыр  - суолун хайытыыта.

Ыыр-бас  билиилээх түбэлээх, дьахтардаах  буолуохтаах.

Ыр-сэп  хайдах куруук тура сылдьыаҕай? Тыһыны  батта да сүөккэнэн ырар.

Боотур  утары тыһы өйдөбүлэ баар. Боотулуу диэн.

Бөө-тулуй  диэн икки тыл холбоспута. Эр киһи сэбэ  боотурҕаан туран батарын тыһы бэйэтигэр  батарыахтаах уонна уорун-кылынын  тулуйуохтаах. Тыһы оннук аналлаах.  Оччоҕо эрэ оҕо төрөөн улуу майгы буолар.  Ол аналын аата: Улуу буолуу иһин Бөө-тулуй  диэн. Саҥарыллыыта бииргэ барар: Боотулуу.

(Бөө+тулуй+улуу  =Боотулуу).

Ити  майгы ыал им-бэлиэтигэр эмиэ баар.

Тиэргэн  хабыллар-хаба ортотугар Сэргэ турар. Эр  киһи сэбин аҕа бэлиэтэ. Боотур майгы.  (Сэргэ кэлии киһиэхэ: “Аккын манна баай,  сэрииҥ сэбин манна ыйаан хааллар. Ол  кэннэ дьиэҕэ ил-эйэ тутуурдаах киир!”  диэн этэр. Инньэ гымматаххына ыал  аҕатыттан боотурҕааһыны көрсүөххүн  сөп.

Сэргэни  ии күрүө тулалыыр. Ол ыал ийэтин сэбин  бэлиэтэ. Ийэ сэп ии буолар. Тиэргэн күрүө  эмиэ ии.

Адыгыраан  турар тоһоҕото мутукча түүтүн суота.

Бу  аҕа-сэргэ хотуна, дьиэни-уоту иилээн  олоробун, диэн ийэ бэлиэ.

Итинник  күрүө аата Боотулуу күрүө диэн. Онон  Боотулуу Ийэ ууһа. Ыал ийэтэ эрин  уорун-кылынын тулуйан олордоҕуна эрэ  ыал буолар. Бүлүү диэкки өйдөбүл өрүү  оннук.

Боотулуу  биистэрэ элбэхтэр. Билигин Үөһээ Бүлүүгэ,  Ньурбаҕа, Арҕаа Хаҥаласка, Киллэмҥэ  бааллара биллэр. Быракаан уонна Боотулуу,  Хорула, Чуукаар диэн нэһилиэктэр бааллар.  Чурапчыга Бахсы Тойоно Баатылыы  төрүттээҕэ иһиллэр. Баатылы киһитэ  Бахсы, Бахсы уола Адымай, Адымай уола  Сөрүөс, Сөрүөс уола Чөчөгөөйөп (Куһаҕан  оҕонньор), Чөчөгөөйөп уола Дьэллэни кинээс Бахсы тойоно. (Сэһэн Боло. Сүдү  төрүттэрбит олохторуттан. Бичик. 2002. 44  сирэй.).

Хас  да күрүөн киһи Аммаҕа баран олоҕурбут.  Хас да нэһилиэк Боотулууттан төрүттээҕэ  иһиллэр. Чопчу билэрбит Сулҕаччы  нэһилиэгэ. Боотулуулар олохторо. Сулҕаччы  нэһилиэгэр боотулууларга хоролор  кыттыспыттар.

Үт  Айаан (Уус-Майаннан Үт аартыга)  суолунан  киирбит Үт хоролоро. Сураҕа Амгын,  (Амгунь) диэккиттэн кэлбиттэр. Аммаҕа  Амгын хоро хааннара эмиэ үстэр. Сулҕаччы  1-хоро, Соморсун-2-с хоро. Абаҕа - 3-с хоро.

Амма  диэн сахарал билиитигэр дьахтар сыччыыйа  уонна маатката холбоһор сирин аата.  Маннык: 8 = Х. Бу аллараа өттө Ам - Ма үөһээ  өттө.

Ам - дьахтар  аманаҕын биир ааттааҕа.

Ма - оҕо  үөскүүр киэлитэ. Ам - эр киһи сэбин ыйыстар  сирэ. Ам-гын диэн ыйыһын, сиэ диэн. Ма - диэн  икки суолталаах. Мэ, диэн биэрэр сирэ.  Ма диэн үүт киирбит эмиийин аата. Онон  Кыыс Аммата диэн буолар.

Амма  диэн саха тылын тоҕо үгүстэр Амга диэн  ааттыылларый? диэн муодарҕааһын баар.  Эппиэтэ судургу.

Амгын  хоролоро Аммаҕа бааллар. Үс хоро  нэһилиэгэ. Сулҕаччы сорҕото. Абаҕа уонна  Соморсун. Балар Амманы хоротутан Амга,  Амгын, дииллэрэ.

Өссө  Мооруктар эмиэ Амма хоролорун кытары  биир суолунан кэлбит курдуктар. Омоҕой  дьоно дуу? Кыайан ырытыллыбата.

Хоролор  нэһилиэктэригэр хоролуу ааты буолбакка  сахалыы ааты ылыылара бу хойукку дьыала.  Сахатыйбыттарын бэлиэтэ. Сулҕаччы,  Абаҕа, Соморсун диэн, нэһилиэктэр хойукку  сахалыы ааттара дииллэр.

Үксэ  киһи аатынан барыы баар үһү. Биһиги ис  дьиҥмит, төрдүбүт хоро. Ону уларытар  кыах суох,  - диэн этэллэр. Амма хоролоро  этэллэрэ ылыннарыылаах уонна баар  чахчы. Бэйэни билинии улахан дьыала  дууһаҕа. Баар баарынан, суох суоҕунан.


Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-09-01)
Views: 2341 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024