|
57. Хадан Хатыҥы уонна Хадан Хатылы. (Кидань, руск.)
Хадан Хатыҥы уонна Хадан Хатылы. (Кидань, руск.)
Саха биир саамай элбэх бииһин ууһа. Бырах баран сүппүттэр. Хадан- ураанхай диэн ааттара. Оннук ааттаах Чыҥыс-хаан сэриитигэр сүдү атамаан баар этэ. Сүбэтэй диэн өссө абытай киһи баара үһү. Ол хадан-урааҥхай киһитэ эбитэ, дииллэр. Сүбэтэй уоллаах. Уолун аата: Хадан-урааҥхай диэн. Кытайы соҕуруу өттүнэн эргийэн сэриилээн ылбыт Чыҥыс-хаан сэриитин атамаана киһи. Хаданнар соҕуруу баран хайдах буолбуттарын туһунан кэпсээн кинигэҕэ элбэх. Нууччалыы кидань диэн ааттыыллар. Кытайга, Мончуураҕа киирэн биэрэн эстибит сурахтаахтар. Билигин сыттара да суох буолла. Суураллан хаалбыттар. Кинилэр тустарынан ханна баҕарар булан ааҕыахха сөп. Биир кэмҥэ дьаархаттары кытта кыттыһан Дьаархадан, (Ярхаданцы) диэн биис буола сылдьыбыттара. Хадаар хаданнар икки аҥы арахсаллар. Хадан-хатыҥы, хадан-хатылы диэннэргэ. Сахарал билиитигэр Хатылы диэн тыл суолтата хас даҕаны. Икки тыл холбоспута: Хат - повтор, ылыы-брать, завоевать. Киһи бу дойдуга оҕотугар хатыланар. Дьүһүн кубулуйар. Дьахтар эр киһиттэн оҕо сиэмэтин ылан буоһаан хат буолар. Төрүүр. Онтон эмиэ ылар. Хат оҕо төрүүр. Оннук хас да хатылана турар. Ол аайы киһи-аймах элбээн ыыра кэҥээн иһэр. Аҕа-ийэ хаста да хатыланнахтара ол. Ол аата Хатылы майгы диэн ааттанар. Сиргэ-уокка, олоххо-дьаһахха эмиэ оннук. Бэйэҥ төрүт бас билэр сириҥ тас өттүнэн атын сири холбонуу Хат-ылыы диэн ааттанар. Хат-хат сирдэнэҕин. Инньэ гынан эн аатыҥ хас сир аайы хатылана турар. Онно тиийбитиҥ хатылы, манна кэлбитиҥ хатылы эмиэ хатыланар. Ханна да бар барыта хатылы. Чурапчыттан - Алаһыайга - Өлөөҥҥө - Сунтаарга - Красноярскайга-Кытайга - Индияҕа, Ираҥҥа тиийэ барытыгар Хатылы хатылана турар. Кинигэлэри аах, сирдэри кэрий барыта оннук. Хатылы өйдөбүл хос туспа суолталаах. Сири холбонорго, сэриилииргэ анал боотурдары тэрийэллэр. Олор туһаайыы аайы баран атын сири холбоноллор. Сири хат ылыы хас да ньымалаах. Сэриилээн, сири көҥүл өттүнэн быстаран, биитэр, уруурҕаһан, олохсуйан. Сэриилээн сири ыларга аналлаах боотур дьон аата Хатылы Боотурдар диэн буолаллар. Хаданнар, дьаархаттары кытары кыттыһан хат-хат сир бөҕөнү сэриилээн ылбыттара. Тохтообокко. 905 сылтан 1240-с сылларга диэри хаданнар Кытайы, Орто Азияны сэриилээн ылан хам баттаан олорбуттара биллэр. Маҥалайдара туолбакка сир бөҕөнү сэриилээн ылыылара кинилэри үчүгэйгэ тиэрдибэтэҕэ. Кытай, мончуура ыйыстыбыта. Билигин хаданнар да, дьаарханнар да сыттара да суох. “Хадаар хадаттар” ааттара итинник. Хандаҕай майгы арахпатах дьоно. Хандаҕай диэн киһи тылыгар киирбэт, бэйэтин киэнин кэлиилии кэбэ турар майгы аата. Туохха барытыгар хадаардаһан көрөн баран араҕар дьон. Хатылылары баран көр. Бары оннуктар. Хатылы боотурдара Дьохсоҕон боотурдарыттан атыттар. Төрүт сирдэригэр Бүлүү бастата ыаллыы сэргэ олоро сылдьыбыт биистэр. Дьаархаттары кытта. Билиҥҥи Саха сиригэр баар хадаттар икки аҥыы арахсаллар. Хадан Хатыҥы уонна Хадан Хатылы. Былыр Красноярскай кыраай хоту өттө бүтүннүү Хадан сирэ эбитэ үһү. Өлүөнэ сиригэр Хаданнар олорбут сирдэрэ Бүлүү баһа. Чуона түбэтэ эҥин. Бүлүү баһын хоту эҥээрэ бүтүнүү кэриэтэ Хадан сирэ. Хадан хатыҥылар билигин да онно олороллор. (Хатанга, Катанга диэн ааттанан.) Хатыҥы диэн тыл ханна да барбакка олоҕор олоруу диэн суолталаах Хатыҥылар дойдуларыгар хаалаллар. Хатылылар сэрии тэринэн атын сиргэ сэриилэһэ бараллар. Хаалбыт хатыҥылар дойдуларыгар олороллор. Хаданнар икки аҥыы арахсыылара итинтэн тахсар. Хадан хатыҥы дьиэни-уоту көрөн дойдутугар хаалар. “Хатыҥ дьылҕа хаайыыта” диэн ааттыыллар. Хатылы боотурдар хаттаан сир ыла, холбоно тэлэһийэ бараллар. Барыта судургу. Анаабырдар Хадан Хатыҥы бииһигэр киирсэллэр. Хаданнар тобохторо. Билигин эбээнимсийэллэр. Тоҕотун билбэтибит. Хаданнар сорҕолоро Сунтаарга бааллар. Хадан нэһилиэгэ буолан олороллор. Ити Хадан Хатыҥылар. Төрүт сирдэрэ Чуона. Бүлүү баһынааҕы салаата. Онон Красноярскайга барар суол баар. Маны таһынан Орто Халыма диэкки Алаһыайга Хатылы бииһин ууһа олорор. Орто Халымалар Хатылы буоланнар сахалар. Хадан Хатылылар буоллаҕына, арҕааттан Бүлүү Чуонатыттан Туобуйа аартыгынан Өлүөнэҕэ киирэн билигин Чурапчы улууһугар алта Хатылы нэһилиэгэ буолан олороллор. Чурапчыга кэлэн кыргыһан туран сир таһаарыммыттар. Бүлүү баһыттан Чуона өрүстэн Красноярскай кыраай ыпсыытыттан Чурапчыга кэлбиттэр. Хатылы киһитэ С. Попов матырыйаалынан: “Хатылинский Чуанский бродячий род” диэн архыып дөкүмүөнүгэр киирбиттэр. Чуона Хатылытын быралгы уустара диэн сахалыыта. Ол иһин хадан биистэрэ Сунтаарга, Хатангаҕа, Анаабырга, Алаһыайга бааллар. Алта Хатылыга киирэллэр: Кытаанах, Арыылаах - 1-кы Хатылы, Болтоҥо - 2-с Хатылы, Төлөй Дириҥэ, Түөйэ, Хадаар сороҕо - 3-с Хатылы, Хатылы, Мырыла - 4-с Хатылы, Чурапчы киинин нэһилиэгинэн, Хондуннан 5-6 Хатылылар үөскүү сылдьыбыттар. (С. Ф. Попов этиитинэн.)
Хадан Хатылылар Сүдү дьонноро.
Улуу Кудаҥса - номох киһитэ. (Хатылы, Орто үйэлэр.) Дорогуунап Ньукулай - номох киһитэ. (Хатылы, 19 үйэ.) Семен Андреевич Новгородов - Саха бичигэ, (Хатылы, 20 үйэ.) Субуруускай Николай Дмитриевич - (Хатылы, 20 үйэ.) Далан - Василий Семенович Яковлев - суруйааччы (Хатылы, 20 үйэ.) Башарин Георгий Прокопьевич - учуонай, (Хатылы, 20 үйэ.) Сэһэн Боло - Дмитрий Дьячковскай - этнограф, (Хатылы, 20 үйэ.) Эрилик Эристиин - суруйааччы, (Хатылы, 20 үйэ.) Болот Боотур - Василий Соловьев - суруйааччы, (Хатылы, 20 үйэ.) Бу төрдүлэрэ бары Бүлүү Чуонатыттан тардыылаах дьоннор.
|
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-11-18)
|
Views: 2009 | Comments: 2
| Rating: 0.0/0 |
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 16 Ыалдьыттар (гостей): 16 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|