Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

58. Дьирикинэй, (самоеды, руск.)
Дьирикинэй, (самоеды, руск.)

Дьирикинэй сахарал билиитигэр суолтата биир эрэ. Дьирики диэн Моҕотой аата. Бу биис ууһа тигиилээх сирэйдээхтэр ахсааннарыгар киирсэр. Үөһээ Бүлүү, Сунтаар, Ньурба түбэтигэр олоро сылдьыбыттара биллэр.
Бүтэһик дьирикинэй 1930-с сыллардаахха суох буолбута үһү.
Бу дьирикинэйдэри сахалартан уратылар атын биис уустара диэн дом дьоҥҥо-сэргэҕэ сылдьар.
Биллэринэн дьирикинэй диэн ыыс аат. Баттахтарын сүүстэриттэн саҕалаан үс суһуох гына өрөн түһэрэллэрэ үһү. Онтулара баттах сиигэ буолан куйахалара маҥхайан көстөр үһү. Моҕотой көхсүгэр баар үс эриэнин курдук. Ол онтон дьирикинэй диэн ааты биэрбиттэр.
Иккис ааттара “тигиилээх сирэйдээхтэр”, (татуированные лица, руск.) диэн. Атын омуктарын быһаарар ааттаахтара биллибэт. Ол омуктарынан  саха буолалларын этэр. Нганасаннар, эҥин дииллэр да тоҕо эрэ тыл-өс суох.
Дьирикинэйдэр көннөрү дьону кытта уратылаһыылара манныкка сытар.
Саха былыргы итэҕэлэ ойууннааһын икки аҥыы арахсар этэ.
Биирдэрэ идэмэрдээх итэҕэл, иккиһэ алы итэҕэл диэннэргэ.
Идэмэр - таҥараҕа тыынар тыыннааҕы толук туттуу,  (жертвоприношение).
Идэмэр туттуу икки суол көрүҥнээх этэ.
Киһини идэмэр туттуу, уонна сүөһүнү-сылгыны-табаны идэмэр туттуу. Куочай кэрэҕэ гынан оҥоруу. Онтон тахсан былыргы итэҕэл икки аҥыы хайдар. Киһи толуктаах уонна сүөһүнү, сылгыны толук туттан алы гыныы.
Киһини идэмэр туттуу - итэҕэллиин, сиэрдиин-туомнуун сүөһүнү толук туттардааҕар ураты уонна атын. Ол биллэр.
Киһини идэмэр туттуу түҥ былыр үөскээбитэ үһү.
Хоччурҕаан үөскээбит дьыала буолбатах. Кыһалҕа кыһайан үөскээбитэ үһү. Сах үйэтин саҕана. Сах үйэтэ уларыйыыта Муор Уу Буһуга онтон Муус буһук үллүүтүгэр Тоҥ үйэ олоҕуруутугар киһи-аймах хаан уларыппыт.
Һүҥ-хаан, (сүҥ-хаан) диэн киһи хаанын күөх эттигэ Сах үйэтин саҕана баһылаан сылдьыбыт. Киһи тымыра билигин даҕаны көҕөрөн көстөр. Ол онтон тардан “күөх түүрдэр” (голубые тюрки, голубая кровь, руск.) диэн өйдөбүл баара үһү. “Һахалар һүҥ-хаан сиэннэрэбит” диэн билиҥҥэ диэри билэллэр.
Һүҥ-хааннаах саха биистэрэ былыр хун, хунну, гун, hun, huns, диэн ааттанан билиҥҥэ диэри биллэллэр.
Сах үйэтинээҕи Һүҥ-хаан Тоҥ үйэҕэ үктэниитигэр саҥа үйэҕэ кыайан эппиэттэбэт буолан уларыйбыт. Хаан кыһыл кыа эттигэ кыайбыт. Кыайыылаах кыһыл кыа эттик хааҥҥа хоппутунан Кыа-хаан буолбут. Онтон бэттэх киһи-аймах барыта кыһыл өҥнөөх кыа-хааннаах.
Һүҥ-хаан кыа-хааҥҥа уларыйыыта сахаҕа бэйэтэ сыалай туспа остуоруйа. Хайдах уларыйбытын туһунан сэһэн үгүс, кэпсээн элбэх.
Сүмэтэ маннык. Тоҥ үйэ кэлбитигэр Һүҥ-хаан киһи этин-сиинин кыайан хааччыйбат буолбут. Онон сахалар өлөн киирэн барбыттар. Ойуун кыырдаран таҥараттан ыйыппыттар. Ону таҥара дьахтар аманын ыйбыт. Итиннэ баар быыһанар суолгут, диэн. Ону кытары көтөрү ыйбыт.
Онтон бэттэх, таҥараҕа кыыс оҕону 12 сааһыгар диэри иитэн баран, толук туттан, аманын быһан ылан сиир буолбуттар. Ол сиэрэ-туома суруллубута хара баһаам. Инньэ гынан өлүүттэн өрүһүммүттэр. Кыа-хааны эттэригэр-сииннэригэр оҥостубуттар.
Ол үрдүнэн оккураҥнааһын син биир элбэх үһү. Ону көтөр хаанын иһэрдэн уонна аҕаан туруорар үһүлэр. Инньэ гынан сүҥ-хааны - кыа-хааҥҥа кубулутан аныгы Тоҥ үйэҕэ сөп түбэһэр гыммыттара үһү.
Ол майгыта сылдьар ити идэмэрдээх итэҕэл киһини толук туттар сиэрэ.
Кыа-хаан баар буолтун кэннэ кыа-хааны күүс өттүнэн киһи-аймахха барытыгар соҥнооһун барбыт. Онтон ыла Һүҥ-хааннаахтар баһылааһыннара тохтообут. Кыа-хааннаахтар солбуйбуттар.
Кыа-хааны киһи-аймахха тарҕатар туһугар, хаан уларытар инниттэн саҥа тутул үөскээн сылдьыбыта. Ол тутул аата: Кыа-хаан-аат диэн. Кыа-хаан аатыттан аан дойду үрдүнэн хампаанньа барбыта.
Кыа-хаан-аат майгыта туспа өйдөбүл буолбута. Бииргэ саҥарылыннаҕына: Хаҕанаат, (каганат, руск.) диэн буолар.
Кыа-хааннаах киһи ыраахтааҕы буолар буолбута.
Ыраахтааҕы солотун да аата: Кыа-хаан, (каган, руск.) диэн.
Ити суруллубута. “Читай и насмехайся” диэн кинигэбитигэр баар. Сэргээбит булан ааҕыан сөп.
Уонна баран маны киһи барыта билэр. Дьирикинэйдэр идэмэрдээх итэҕэллэрин быһаарыыга эрэ ахтан аһарабыт. Киһини сиэһин туохтан үөскээбитэй? диэн сиэргэ.
Онон саха былыргы итэҕэлэ икки аҥыы араҕар. Биирэ сүөһү толуктаах. Атына киһи толуктаах. Арахсыы төрдө итиннэ сытар.
Бу итэҕэллэр бэйэ-бэйэлэрин абааһы көрсөллөр этэ. Ол биллэр.
Дьирикинэйдэр билигин суохтар. Үөһээ Бүлүүгэ, Сунтаарга, Ньурбаҕа бааллара, суураллан симэлийбиттэрэ. Бүтэһик Дьирикинэй 20-с үйэ 30-сыллардааҕар киирэн холкуоска холбоспута биллэр. Киһини толук туттуу наадата ааспыта. Наада суох - суолта суох. Оннук буолла да ааспыкка сүтэр.
Дьирикинэйдэр тустарынан туспа ырытыы үлэ наада.
Ол туһуттан хомуйуу, хасыһыы барыахтаах.
Ол биһиэхэ бу сырыыга кыайтарбат суол.

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-11-18)
Views: 3001 | Comments: 2 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 1
1 файа  
ейдеебетум(

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 25
Ыалдьыттар (гостей): 25
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024