Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

59. Бордоҥ
Буор куттаах, Бордоҥкуй таҥаралаах, буор күөстээх бороҥ урааҥхай бордоҥ бииһин ууһа, диэн буолар.
Өскө дьаархаттар уу дьоно буоллахтарына, бордоҥнор ол утарыта дьоннор. Бордоҥнор буор дьоно.
Сылдьалларын туххары ууну түһэрэн буору таһаара сатыыр идэлээх дьон. Буор булгунньах дьонноро.
Сир иччилээх. Буор эмиэ иччилээх. буор иччитин аата Бордоҥкуй диэн үһү.
Бордоҥнор үҥэр иччилэрэ Бордоҥкуй.
Биис уустара таҥаралара ураты-ураты буолар. Таҥара элбэх. Иччи эмиэ элбэх. Сир дьонун быһыытынан сахалар иччигэ эмиэ сүгүрүйэллэр. Таҥараны кытта сэргэ. Олортон биис ууһа хайаларын өрө тутара бэйэтин үтүө көҥүлэ. Ол биис ууһа хантан тардыылааҕыттан, туоҕу ытык оҥосторунан тутулуктаах.
Аҕыйах холобуру аҕаллахха маннык.
Дьаархаттар ордук өрө тутар иччилэрэ - Уукун. Уу иччитэ.
Дьаарханнар уу дьоно. Ууну батыһа олохсуйаллар. Им-бэлиэлэрэ да оннук. “Туу, туһах, илим”. Дьаархаттары буорга булкуйуом диэн саараама. Ууттан күннэрэ тахсар.
Бордоҥнор иччилэрэ - Бордоҥкуй. Буор иччитэ. Ууну хорон буорун таһаара сылдьар идэлээх дьон. Кэрийэн көр. Ханна бордоҥ олордо даҕаны күөлү, элгээни түһэрэн уу аннынааҕы буору таһааран онно олоҕурар.
Сунтаарга Элгээйи сыһыылара диэн бааллар. Ити барыта урут элгээннэр этилэр. Бордоҥнор ону көрө охсон, ол элгээннэри өрүскэ түһэрэ охсон хара буорун таһааран сыһыы, ходуһа гынан Элгээйи элгээн түгэҕин буора диэн аат быһан билигин да Бордоҥ нэһилиэгэ буолан олороллор.
Ньурбаҕа кэл. Ньурба диэн аҥаардас ньуур буолан көстөр күөл баара үһү. Бордоҥнор ону өрүскэ түһэрэн хара буорун таһааран олохсуйан кэбиспиттэрэ. Ньурба диэн аатын хаалларбыттара. Уу ньуура буолбакка буор ньуура буолбута. Билигин бордоҥнор онно ньурба буолан олороллор.
Аны Ньурбаҕа Марха баһын диэкки Маалыкайга бар. Онно эмиэ күөллэри түһэртээн Бордоҥнор буолан олороллор.
Ханна бордоҥ баар да ууттан буорун таһааран онно олохсуйан олоруоҕа.
Аны бу бордоҥноруҥ күөсчүттэр. Ол аата туой иһити охсоллор. Бордооһун майгы диэн ааттанара. Буору иилээһин-саҕалааһын диэн. Туой ханна баарый - бордоҥ онно баар.
Бордоҥкуй иччилээх бордоҥнор оннуктар.
Маннык майгылаах соҕус Чүүттэр диэн бааллара үһү.
Дьаархан - уу киһитэ. Бордоҥ - буор киһитэ. Чүүт - бадараан киһитэ. Чүүттэр бадарааны куурдан, бадараан быыһыгар олох олороллор. Бадарааны куурдубут сирдэрэ Чүүйэ сир диэн ааттанар. Уратылара диэн буору-ууну тэҥҥэ соҕус көрөллөр. Бордоҥнор ууну суох гына түһэрэллэр.
Дьаархаттар ууга барбыт сир  булаллар. Чүүттэр маар, бырыы олохтоохторо.
Солоҕоттор - солох күл дьоно.
Үөдүгэйдэр - тимир дьоно. Тимир иччитин аата - Тимирдьин диэн.
Итинник бара турар. Хайа биис хайа иччини тутуһарын бэйэтэ билэр.
Бордоҥнор улахан биис ууһа.
Ньурба-хааннары, мархалары, намнары, дьаархаттары, үөдүгэйдэри  кытары сэргэ Туобуйа суолун сиригэр олорбуттара биллэр.
Улуу Саамай кэмигэр бары Бүлүүгэ көһөн түспүттэр. Кэмпэндээйиннэн барбыттар Сунтаарга тиийэн олохсуйбуттар. 1-кы, 2-с Бордоҥ нэһилиэктэрэ Сунтаарга тигинээн-таҕынаан олороллор.
Ботомоойуну батан түспүт Бордоҥнор Ньурба улууһугар бааллар. Ньурбаҕа үс бордоҥ баар. Хас даҕаны нэһилиэк.
Быстах бордоҥнор элбэхтэр. Үөһээ, алын Бүлүүгэ бааллар. Балар аҕа ууһунан сылдьаллар.
Бүлүү сүнньүттэн ураты атын улуустарга Бордоҥнор бааллара иһиллибэт.
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-11-18)
Views: 1897 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 3
Ыалдьыттар (гостей): 3
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024