Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

60. Майаат, (Майя, руск.)
Аламай Күн айыы.  Күн аата. Сахарал билиитигэр күн дьиҥнээх аата Аламай диэн ааттанар.
Ала-умай диэн икки тыл сылдьар. Күн умайа турар майгыта. Ала-тала эстэн умайар. Ол эстии сырдыгы тиһигин быспакка ыһа турар. Аламай күн айыы умайа, ымайа турар майгытын өрө тутуу сахаларга былыргаттан баар.
Былыр күн айыы Умай таҥаратыгар үҥүү-сүктүү оҥорор үһүлэр. Умай таҥараны өрө тутан үҥэ-сүктэ Саха биистэрэ баччаҕа диэри кэллэхпит.
Онтубут билиҥҥэ диэри көстөр. Үөһээ халлааҥҥа Күн умайан күлүмнээн сырдыгын Аар-саарга мэйдии ыһар. Ол сырдык Сир Ийэҕэ кут буолан кутар, сүр буолан сүүрэр. Онтон киһи, кыыл-сүөл, айылҕа баар буолар.
Сахалар Күн айыы оҕолоробут. Күҥҥэ сүгүрүйэбит. Күн сырдыга сиргэ түһэн мэйдэниитин Маай диэн ааттыыбыт. Онно сөп түбэһэр ыйдаахпыт аата Ыам ыйа. Саас күн сырдыга сир устун төттөрү таары мэйдэнэн сири сылытан, айылҕа тыллыытын, олох салҕаныытын сыл аайы саҥаттан түстүүр. Аламай майа Ыам оҥорор. Айылҕа ыыр, балык ыыр, киһи сүүлэр, сылгы сүүлэр, кыыл төрүүр үөскүүр. Май - Ыам биир тыл уҥа-хаҥас түспүтэ. Ити кэмҥэ сайы-лык сиэрэ-туома. Май таҥараҕа сүгүрүйүү, салама ыйааһын буолар.
Аал уокка ас кээһэбит. Тойон Эһэбитин аһатан кини нөҥүө Май таҥараны эмиэ уруйдуубут.
Умай таҥара чиэһигэр Маайа, Майаҕатта эҥин диэн ааттары оҕолорго биэртэлиибит.
Итиниик сиэрдээх Аламай Күҥҥэ сүгүрүйүү итэҕэлин өрө туппут биис уустара бааллара. Олор ааттара: Майаат диэн.
Сахаҕа Умай таҥара итэҕэллээх майааттар элбэхтик үһүйээҥҥэ ахтыллаллар. Саха барыта хайа эрэ өттүнэн бары майааттарбыт. Аламай Күҥҥэ, Аал уокка итэҕэйбэт суох.
Мэҥэ-Хаҥаластар былыргы тайааннара Майаттан - Майаҕа диэ-ри диэн олоҕура сылдьыбыта баар. Мэҥэ Майатыттан - Уус Майаҕа диэри. Амма кэлин үөскээбит улуус. Урут Боотуру кытары Мэҥэ Хаҥалас этэ.
Уус Майа Элиэнэ тардыытын баһырар оройо.
Майааттар диэн Дьирикинэйдэр курдук, итэҕэл салаалара. Дьиҥнээх боруода биис ууһа буолбатах. Сахалар буолан баран, итэҕэл салаа сиэхтэрэ, (секта, руск.) эбитэ үһү. Ол сөп. Киһи боруоданнан эрэ арахпат. Итэҕэлинэн эмиэ наардана н араас, сон сиэҕин курдук, сиэхтэнэр. Былыр да, аны да оннук.
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-11-18)
Views: 2246 | Comments: 3 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 1
1 Сэмэн Уола  
Ааспыт кэм устуоруйатын, онкулун отой керен турбут курдук суруйа сатыыргытыгар биир бэйэм себулэспэппин. Сах-уеден танараларгытын саха ыраас ыскаатырыттан киэр гынын.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 24
Ыалдьыттар (гостей): 24
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024