Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

61. Дьуһаал, Бэйдиҥэ, быстах, күөбүргэн өйдөбүллэрэ.
Дьуһаал, (юссаль, руск.) - биирдиилээн ыалынан уонна аҕа ууһунан тарҕаныы уонна олохсуйуу аата.
Дьуһаал - соҕотох мээнэ сылдьар диэн суолталаах.
Холобур.
Күһүн тайах сүүлүгэр атыыр тыһыны көрдөөн хаамар. Бырах хаамар.
Оннук атыыр тайах тыһы тайаҕы була илик буоллаҕына дьуһаал тайах диэн ааттанар.
Тыһыны булан хаайса сылдьар буоллаҕына хаайсыы тайаҕа диэн буолар. Хотторон баран хааһыыны тулалаан сылдьар тайах элээн тайах диэн. Тайах уопсайынан үөрдүспэт кыыл. Дьуһаал сылдьарын ордорор.
Биирдиилээн дьон былыр оннук тарҕанан олохсуйбуттара элбэх. Онтон үөскээбит дьон дьуһаал бииһин уустара диэн ааттаналлар.
Онон сүрүн киип үөртэн арахсан туспа баран, атын сиргэ харах таһаарынан олоҕурбут аҕа уустара Дьуһааллар диэн ааттаналлар. Оннук элбэх.  Элбэхтик ырытар наада суох.
Холобур.
Үөһээ Дьааҥыга. Дуулаҕа Дьуһаал диэн нэһилиэк баара. Билигин “Дулҕалаах” дииллэр быһыылаах. Дьиҥэ, “Дуулаҕалаах” диэн.
Ити былыргы Дуулаҕа диэн саха биис ууһун тобохторо. Дьуһаал баран тарҕанан хаалбыттар. Уу үйэтин кэмигэр Дьааҥы хайатыгар куотан тахсан  тыыннаах хаалбыттара иһиллэр.
Ол сөп. Уу үйэтигэр Бүлүүгэ Туобуйа хайата, Чуона чочута, Арҕаа Эбэлээх хайата, Сунтаар хайата, Хоту Дьааҥы хайата, Илин Сунтаар хайата куотан быыһанан олорор сир буолбуттара чуолкай. Саха тобоҕо хаалбыта онно дугуйданан олордоҕо.
Дуулаҕа өйдөбүлү быһаарыы.
Дуулаҕа - бухатыыр, боотур киһи тимир бэргэһэтин аата. Нууччалыыта Богатырский шлем диэн буолар.
Дуулаҕа - иккис суолтата, күүстээх-уохтаах, идэтийбит, анал үөрэҕи барбыт, тургутууну ааспыт боотуру ааттыыллар. Былыр боотурга уһуйан үөрэтэн баран тургутан көрөллөр үһү. Ол кэннэ боотур буолбут бэлиэтин бэргэһэлээн дуулаҕа кэтэрдэр үһүлэр.
Былыр оннук. Ойох ылаары гыннаххына бэргэһэлииллэр, соло ыллаххына, ыраахтааҕы буолаары гыннаххына бэргэһэлииллэр.
Боотур, Бухатыыр да буолар буоллаххына бэргэһэлииллэр. Былыр тойону бэргэһэтиттэн көрөн билэллэр.
Дуулаҕа бэргэһэни былыр мээнэ киһи кэппэт. Суолдьут-хоһуун, буойун  дуулаҕа бэргэһэтэ суох буолар.
Боотур буоллаҕына биирдэ эрэ дуулаҕа кэтэр кыахтанар. Онон былыр тойону араараллар. Чыын-хаан бэлиэтэ.
Дуулаҕа бииһин ууһа хоту Дьааҥыннан, Өлөөнүнэн, билиҥҥи Красноярскай кыраай хоту өттүнэн, Дьэһиэйинэн Турухаанынан тарҕанан олорбуттар. Өспөх сахаларын уонна Бөтүҥнэри, Хадан Хатыҥыттары кытта бииргэ уонна сэргэ.
Нууччалар Саха сириттэн Красноярскай кыраайы арааралларыгар Дуулаҕалары: “Эһиги саха буолбатаххыт, эһиги туспа омуктаргыт, ааккыт мантан инньэ Долган буоллун,” диэн сурукка киллэрэн, туспа арааран Красноярскай кыраайы быһа анньан ылан туспа оҥорбуттара. Ити соторутааҥҥы дьыала.
Онон Дуулаҕа бииһин ууһа Долган буолан хаалбыта. Пааспарт дөкүмүөнүгэр “Саха” диэн суруктаах буолар этилэр. Көрбүт дьыалам.  Омуктара буоллаҕына Долган диэн. Чэ, итинник дьаабы. Дьаа-бы элбэх. Барытын сырсан ырытар кыах суох.
Бүлүү өрүс хоту эҥээр хайаларыгар Өлөөн, Анаабыр, Хатыҥы, Дьэһиэй хайаларыгар Уу Буһук саҕаттан үс-түөрт улахан саха бииһин ууһа олорбут.
Олор ааттара: Хадан Хатыҥы, Бөрө Бөтүҥ, Баатаҕай, Дуулаҕа.
Ити саха бииһин уустара билиҥҥи Өлөөн, Анаабыр, Дьааҥы, Булуҥ буолан олороллор.
Баатаҕай - Саха биис ууһа. Сахарал билиитигэр: Бат-атах-аҕа-ай диэн хас да өйдөбүл холбоспута буолар. Атаҕы батыһан, аҕа саҥа сиргэ, саҥа олоҕу  ай, диэн суолталаах.
Дьуһаал соҕотоҕун бырах баран араҕар буоллаҕына, Баатаҕайдар тутуспутунан сылдьаллар. Мээнэ арахсыбаттар.Ол иһин кинилэр барыылара нэһилиэгинэн буолар. Аа-дьуо, наллаан сыҕарыйан баа-таҕайдаан сир уларыталлар.
Дьааҥыга Саха биистэрин икки ардыларыгар 200 сыл анараа өттүгэр Хатыҥыттан, Ямалтан - Лаамы муоратыгар диэри таба үүрүүтүн саҕанааҕы тоҥус күөбүргэннэрэ бааллар. Күөбүргэн диэни тоҥустутан Кэбэргэн диэн ааттыыллар.
Хаданнар, Бөтүҥнэр, Дуулаҕалар билигин да Бүлүүгэ, Сунтаарга, Ньурбаҕа, Өлөөҥҥө, Анаабырга, Дьэһиэйгэ бааллар дойдуларыгар олороллор.
Сорохторо Дьааҥыга Дьуһааллар, Баатаҕайдар буолан олороллор.
Сорохторо Нам улууһугар хочоҕо түһэн олороллор.
Холобур. Биэс Бөрө Бөтүҥ нэһилиэгэ. Хадан Хатылылар Чурапчыга бааллар.
Бэйдиҥэ - сахарал билиитигэр маннык. Бэйдиэ-иҥ диэн икки тыл холбоспута. Дьонуттан бэйдиэмнээн туспа тэйиччи баран олохсуйбут дьон аата. Холобур. Уус-Аллан Түмэт нэһилиэгэр киирсэр Өнөр, 1-Өспөх, 2-Өспөх, Түүлээх, Бээрийэ сорҕото, Бэйдиҥэ нэһилиэгэ. Түмэт нэһилиэктэрэ утум-ситим олороллор. Оттон Бэйдиҥэ нэһилиэгэ дьонуттан ойдон атын сиргэ баар. Сүрүн үөрүттэн тэйиччи баран бэйдиэлээн тиийэн олоҕурбут. Бэйдиҥэ диэн ити аата. Ыччаттарга анаан ахтыллар.
Быстах - сүрүн киип үөрдэриттэн быстан арахсан атын дойдуга тиийэн быстах кэмҥэ олохсуйуу аата быстахтааһын диэн. Быстах баран бараннар атын сиргэ олохсуйар дьоннор эмиэ бааллара үһү. Быстах аҕатын уустара диэн нэһилиэк аайы бааллара. Билигин умнуллан хаалла.
Күөбүргэн - Быстахтар олохсуйар буоллахтарына, өлбүгэ сир ыланнар кэлбит нэһилиэктэригэр харах таһаарынан олохсуйаллар. Күө-бүрээччи ыал буола сатыыллар. Өрө тахсан киэбирии, байыы-тайыы диэкки тускуллаах олоҕу тэринии күөбүргэн диэн ааттанар. Киэп-үргэн диэн икки тыл сылдьар. Киһилии киэби онтон-мантан үргээн харах таһааран ыла сатаан муҥнана сылдьар дьон аата. Кинилэр саҥа сиргэ кэлэн баран олохтоох дьону кытары тэҥнэһэ сатыыр баҕалаахтар. Эбэ сатыыр майгы. Күөбүргэн аҕатын уустара нэһилиэк аайы бааллар.
Холобур. Үөһээ Бүлүү Кэнтигэр. Күөбүргээйи, аҕатын ууһа диэн күөл иһин түбэтигэр хаҥаластар быстахтара олохсуйан билиҥҥэ диэри бааллар. Күөбүргээйилэр диэн ааттаналлар.
Иккис холобур. Былыр Хатыҥыттан таба үүрбүттэр. Онно айаннарын суолугар түһэргэннэри хаалларбыттар. Олор элбэх сыл атын сиргэ күөбүргэннээн олорбуттар. Таба ааһарыгар тохтоон тыын ылар сирдэр. Олор олохсуйан үргүлдьү хаалбыт сирдэрэ элбэхтэр.  Тоҥустар сатаан ааттаабакка бэйэлэрин диэкки иэҕэн Кэбэргэн дииллэр. Кэбэргэнэ аҕа уустара билигин сир-сир аайы бааллар.
Үһүс холобур. Мухтуйа улууһугар (Ленский) Наахаралар күөбүргэннэрэ диэннэр бааллар. Күөбүргэн аҕа уустара буолан билиҥҥэ диэри бааллар үһү.
(Т. Легантьева этэринэн: “Биһиги күөбүргэннэрбит.”)

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-11-18)
Views: 2065 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 5
Ыалдьыттар (гостей): 5
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024