Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

62. Үс Хоро

Үс Хоро. (Кус-хоролор.)

Киһи-аймах таҥара тобуруотун бичигэр сөп түбэһэн икки аҥыы арахсар.
Эр киһи имсэтин тобуруота (+) бул-уус, атын аата Саха диэн буолар.
Дьахтар имсэтин тобуруота (-) мыын-уус, атын аата Хоро диэн.
Туох барыта итинэн сиэрдээн икки аҥыы араҕар. Киһи-аймах эмиэ икки. Киһи уонна аймах диэннэргэ. Эр киһи - киһи. Дьахтар буоллаҕына-аймах. Киһи аймаҕын быһыытынан дьахтар айыл-лыбыт.

Үс Хоро хаан, (Уч Курыкаан, руск.)

Сир соҕурууҥҥу эҥээрин бииһин уустара Хоролор диэн буолаллар. Тыһы имсэлээх куттаахтар. Үөн-күрдьэҕэ, сараһын харамай, көтөр-сүүрэр тардыылаах дууһалаахтар. Суор, (Свар, Zoar,) таҥаралаахтар. Халлааҥҥа Хоро таҥараттан тардыылаахтар.
Хоролор дьахтар хотуннаах буолаллар. Былыргыта олохторун сиэрдэрэ сахаттан уратылаах. Саха ыалынан олорор.
Хоролорго былыр сорох дьахтар элбэх эрдээх буолар. Уонча эр киһи биир ойохтоох буолаллар. Тибиэккэ билиҥҥэ диэри оннук укулаат баарын ТВ-гэ көрөн турабын.
Сороҕор холуонньанан олороллоро. Дьахтар-эр киһи тус-туспа. Дьахтар бөлөҕө Амаһаан, Амаһаанньыйа, (Амазония, руск.), Абаһаанньа, (Абиссиния) диэн ааттанар.
Сахарал билиитигэр: Абас-дьахтар сыччыыйа, уон-десять. ийэ-ия. Уон төрүүр ийэ диэн бөлөх.
Эр киһи бөлөҕө - холуонньа. Хол-эр киһи сэбин биир аата. Холлор сирэ. Уон-десять. Уон эр киһи сэбэ диэн.
Оннук бөлөҕүнэн кус-хоролор олорбуттара үһү урут. Ыал диэни билиммэккэ.
Ону хотуттан аҕа биистэрэ сотору-сотору кэлэн бастарын быһан, кырган көҕүрэтэн бараллара үһү.
Тыһы хоро наһаа элбиирэ куһаҕан, атыыр саханы хоттоҕуна олох эстиитэ буолар. Ол иһин наһаа үөдүппэттэр. Онон саха майгытынан Ыал буолууну, соҕуруу күүстэринэн киллэрбиттэрэ үһү.
 Хара биистэри киһититэ сатааннар. Онтон ыла хоролор ыал сиэринэн олороллор. Билигин син биир ыһыллан эрэллэр. Дьахтар,-дьахтары, эр дьон - эр дьону кытары таптаһалларын уурата иликтэр. Өссө билигин най бардылар. Аҥаардас ыал буолуу көҥүллэннэ. Дьахтар-дьахтары, эр киһи - эр киһини кытары ыал буолуулара.
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-12-06)
Views: 2010 | Comments: 1 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024