Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

63. Үс саха

Үс Саха

Үс Саха  диэн хоту эргимтэ атыыр имсэлээх, аҕа ууһунан олорор биистэр ааттара. Ийэ уустара эмиэ бааллар.
Холобур. Эр киһи хас да ойохтонор. Бастакы ойоҕо ыйаахтаах ойох диэн ааттанар. Ону таһынан дьахтар баҕатынан Одьулуун ойох диэн иккис-үһүс ойохтоох буолар. Бу ойохтор хоро биистэриттэн уратыта биир дьиэҕэ симиллибэттэр. Тус-туспа алааска дойдуга олороллор. Саха харам санаата суох. Онон биир дьиэҕэ харам диэни харайбат. Сахаҕа сатаммат. Оннук туспа алааска олорор одьу-луун ойохтон дьон-сэргэ төрөөн тарҕыыр. Ол дьон ийэ ууһунан аахсыллан бараллар. Бэйэлэрэ талалларынан. Оттон ыйаахтаах ойох-тон аҕа ууһа тарҕыыр.
Саха аһыылаах удьуора. Бөрө, ыт, куоска, хахай, баабыр, сылгы эҥин куттаах буолар. Халлааҥҥа Саха таҥараттан тардыылаах, Сэб таҥараттан сэбилэммит, Сэт таҥараттан сэтиилэммит, Сэл таҥараттан сэлэлээбит бастакы уонна сүрүн биис ууһа.
Үс Саха аҕа ууһа хоту уонна Үс Хоро ийэ ууһа сир соҕуруу эргимтэ олохтоохторо.
Компас сир имсэтин ыйан көрдөрөр. Хоту өттө атыыр. Уот имсэтэ (+). Онно Уот Кудулу байҕал оройо баар.
Соҕуруу сир имсэтэ тыһы. Уу имсэтэ. Сир икки аҥыы имсэтин (плюс-минус) тобуруо бэлиэтин тутуһан биис уустара Үс Саха уонна Үс Хоро диэннэргэ таҥараттан араарыллан айыллыбыт. Бу тулхадыйбат ыйаах. Айылҕаҕа эмиэ итинник.
Үс Саха атыыр Ур имсэтэ таҥараттан кэлэн сиргэ түспүт. Ол гынаатын кытары кинини утары сирдээҕи тыһы Аан имсэ утары туруна охсор. Ити Ийэ сир таҥараттан бичигэ.
Ыйааһын хараҕа диэн тулхадыйбат таҥара уурааҕа баар. Ол уураах таҥара тутулуттан тахсар. Биир өттүгэр Күн айыы, атын өттүгэр Тэбиэн Ый, ортотугар Ийэ сир. Күн имсэтэ саха. Ол аата (+). Ый имсэтэ хоро. Ол аата (-). Бу таҥара ыйааҕа Этэҥ ыйааҕа диэн ааттанар.
Аҕа - Күн Айыы оҕото. Ийэ - Ый кыыһа. Ыйданар.
Үс Саха таҥараттан кэлии. Үс Хоро сирдээҕи майгы.
Өкүмүлээтэр (+), (-) курдук.
Үс сахаҕа ыйааһын бэскитин толороору Үс Хоро диэн дьон аҥаардаах харамай бииһэ араабы буолан айыллыбыт.
Үс Саха уонна Үс хоро икки ардыларыгар атаан-мөҥүөн киирсиитэ  буолар. Ол атаан-мөҥүөн олоҕу оҥорор. Иннин диэкки хамсатар.
Үс Саха уонна Үс Хоро ыйааһынын бэскитин алтыһыыта 1/3 буолуохтаах. Аан дойду 2/3 уу. 1/3 буор сир. Онтон тахсан Саха таҥараттан кэлии атыыр быһыытынан бар-дьон 1/3 ылар. Хоро тыһы быһыы буоларынан Ийэ сиргэ хотор. 2/3 ылар. Бу хайаан да тутуһуллуохтаах этэҥ.
Ол аата: Саха ахсааныттан Хоро ахсаана икки төгүл эрэ ордуохтаах. Оччоҕуна эрэ ыйааһын этэҥэ кэһиллибэт.
Билигин ити Этэҥ ыйааҕа кэһилиннэ. Хоту Үс саха бииһэ 200-чэ муҥ (миллион) киһи буоллаҕына, Соҕуруу Хоро биистэрэ 5,5 миллиард кэриҥэ.
Үс сахаттан хоролор отучча төгүл ордуктар. Хоролор ааһа бииһээн таҥара Этэҥ ыйааҕа кэһилиннэ.
Былыр өбүгэлэрбит Этэҥи бас быһан тэҥнээн биэрэллэрэ үһү. Сахалар хотуттан соҕуруу тиийэн хоролору кырган, бастарын быһан кэлэллэрэ үһү. Бииһээбит сирдэригэр тэлиэгэни кытта тэҥнээн.
Ол таҥара ыйааҕа диэн хоролор утарсыбат үһүлэр. (Бич божий, диэн аат быһаллара). Бас быһыытыгар хоролор уочарат бөҕө буолар үһүлэр. Бас быһар сахаҕа: “Эн илиигиттэн ытыгыланарым таҥараҕа тиксэрим суота”, диэн буолара үһү. Ити билигин иһиттэххэ олуона курдук. Урут таҥара ыйааҕа диэн тулхадыйбат сокуон быһыытынан буолара.
Кэм кэрдии уларыйар. Аныгы тыһы итэҕэллэр таҥара дьиҥнээх ыйаахтарын билиммэттэр. Таҥараҕа буолбакка ол-бу киһиэхэ үҥэллэр. Христос, Мухаммед, Будда, Иуда диэннэргэ.
Дьахтар эр киһи нөҥүө таҥараҕа тиксэр. Айыыга кыттар. Ол кэриэтэ тыһы кус-хоролор ити ааттаммыт эр дьон нөҥүө таҥараны кытары билсэллэр.
Саха уонна Хоро атааныгар-мөҥүөнүгэр, киирсиитигэр хотуу-лаах суох буолуохтаах. Биир кэм бара туруохтаах. Ол баарын туххары олох баар. Атаан-мөҥүөн уурайда да - олох эстэр.
Сирдээҕи Хоро тыһы таҥара Саха атыырын хотто да сиртэн үүрэр. Таҥаратыгар төттөрү утаарар. Сирдээҕи майгы бэйэтэ эрэ сиргэ хаалыан баҕарар. Ону баара (-) минус сирдээҕи майгы таҥараҕа наадата суох. Сирдээҕи майгы сиргэ, таҥара киэнэ таҥараҕа.
Таҥара ыйааҕа суох - тыыннаах олох сиргэ хаампат.
Тыһы атыыры хотон сиртэн үүрэ сатыыр кэмэ буола турар.
Эр киһи сыаната түһэн солбуллара эрэ хаалла.
Эр киһини солбуйаары тыһы хоролор бэйэлэрин күлүктэрин (клон) диэни буоһатан оҥоро сатыы сылдьаллар. Дьахтар бэйэтин күлүгүн бэйэтэ буоһатан төрүүр буоллаҕына эр киһи наадата суох буолар.
Оччоҕо Хоролор Сахалары сиртэн “һай” диэн кээһэллэр. Таҥараҕытыгар төннүҥ, диэн буолар.
Онтулара баара, таҥара ыйаахтаах уот суох буоллаҕына, олох иитээйи уоҕа бүтэр. Олорон хаалар. Олорбут өкүмүлээтэр уот биэрбэт. Атыыр аккаас буолар.
Хоролор, соҕуруу баппакка тыһы имсэлэрин туппутунан хоту саха эҥээригэр тоҕо анньан киирэллэр.
Саха имсэни хоротутан, атыыр имсэни тыһытытан бараллар.
Соҕурууҥҥу итии майгыны Хоту Тоҥ сиргэ аҕалан ириэрэн киирэн бараллар. Хотугу булуус сылыйан ирэн киирэн барар. Хал-лаан булкуллар. Билгэҕэ бэриммэт майгылар буолан бараллар. Булуус ириитэ улааттаҕын аайы сир туруу бараана түөрэҥнээн барар. Бэстилиэнэй тыһыынча буоллаҕа ол.
Кус-Хоролортон төрүттээх биис уустар Саха сиригэр кэлиилэрэ былыр баар. Хоро-табаны, хороҕор муостааҕы кытта кэлбиттэр.
Үс аартыгынан үһүөннэринэн киирбиттэр.
Билигин Сахалары кус-хоро төрүттээх дьон баһылаан олороллор. Саха сирин саха төрүттээх баһылаабатаҕа ыраатта.
(Партия 1-кы сэкиритээрдэрин ааҕан көрөөр. Бары хоро төрүттээх буолуохтара. Билиҥҥи Ыстыырапка, Акыымапка диэри куучча.)
Хоролор Саха сиригэр кэлбит дьон. Хоролор билигин баһылаан олороллор. Хоролор диэн сахалар. Саха төрүттэрэ дииллэр.
Оччоҕо (+) уонна (-) иккиэн биир буолан тахсаллар.
Дьахтар да эр да киһи биирдэр диэн буолар.
Дьахтар уонна эр киһи арахсыыта була сатаан арахсыы. Таҥара сыыһа айбыт, диэн буоларыгар тиийэр. Сатаммат.
Саха хаһан да Хоро буолуо суоҕа.
Дьахтар хаһан да эр киһи буолуо суоҕа.
Луо-кытай да, сараһын-араабы, харамай хара-саарыл, (негр) хаһан да ураанхай да, угур да, уруоп да саха буолуохтара суоҕа.
Саха уонна Хоро утары-таарылар. Атыыр уонна тыһы. Атыыр эргиирэ күнү батыһа барар. Күн эргиирин тутуһар. Тыһы эргиирэ күн эргиирин утары сир эргииринэн барар.
Кинилэр утарсыыларыгар, атааннарыгар олох тутуллан турар. Хоро уонна Саха биирдэр диэн Таҥара атаан-мөҥүөн ыйааҕын утарыы. Баламат.
Саха хоту дойдуга хаһан да кэлии буолуо суоҕа. Саха сиригэр хоту эҥээргэ кэлэн сахатыйбыт хоролор хоро төрүттэрин хаһан да ыһыктыахтара суоҕа. Удьуор көппөт.
Сахаларбыт дии сылдьан хоро төрүттээхтэр саханы самнара сатыы сылдьыахтара. Улуустаһыы төрдө Саха-Хоро диэн арахсыыга сытар.
Улуу Хоро оҕонньор этиитэ билиҥҥэ диэри күүстээх:
“Саха эстиитэ бииһээбит хоролортон буолуоҕа,” диэн.
Кытаанах этии. Ол буола турар. Саха Хороҕо кыаҕын ылларан эрэр. Тыһытыйыы кытаанаҕа.
Уонна баран сахалар этиилэрэ баар:
“Хоро Саханы эһиитэ - бэстилиэнэй тыһыынчаны аҕалыаҕа,” диэн.
Сахата суох - Хоро суох. (+) суох (-) суох.
Кус-хоролор  Саханы эһэн үөрүүлэрэ итинник кыра хобдохтоох буолуоҕа. Ол хобдох аата: Бэстилиэнэй тыһыынча диэн.
Биллэринэн саха сиригэр улуу саамайданыы кэмигэр кэлбит хоролор манныктар.
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-12-06)
Views: 2156 | Comments: 1 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024