|
64. Сэттэ Байаҕантай
Саха сиригэр кус-хоро төрүттээх биистэрСэттэ БайаҕантайАллан өрүс Кириэс-халдьаайы Улуу Хоро аартыгынан киирбит Байаҕантай биис ууһа. Монголия Хайран диэн сириттэн Баягуу бииһиттэн төрүттээхпит, диэн кэпсииллэр. Бастакы Байаҕантайга Тандаҕа мусуой дьиэтигэр төрдүлэрэ уустара оҥоһуллан көрдөрүүгэ турар. Сахарал билиитигэр Байаҕантай диэн аат хас да тылтан турар. Баяҕуу - биис ууһун төрүт аата. Ону Саха сиригэр кэлэн баран уларытыыта суох хаалларбыттар. Былыргы ааттара. Саха сиригэр кэлэн баран Баяҕуу диэҥҥэ икки тылы эбэн биэрбиттэр. Аан уонна таай диэннэри. Аан - киһи ийэтиттэн төрөөн түһэр аана. Орто дойдуга кэлэр аан ийэҕэ баар. Таай - ийэ өттүнэн урууларыҥ ааттара. Таайдар диэн буолаллар. Баяҕуур Саха сиригэр кэлэн баран ааттаныылара: Баяҕуу+аан+таай диэн. Саҥарыллыыта: Байаҕантай. Барыта бииргэ этиллэр. Ис-хоһооно: Баяҕуу ийэ өттүнэн таайдар. Хоро төрүт-тээхтэр. Сэттэ Байаҕантай бииһин ууһа буолан олорбуттара. Түмүллэн олорор нэһилиэктэрэ манныктар. Уус-Аллан Тандата 1-кы Байаҕантай. Тиит Арыы сорҕото Тиит Арыыттан кэлбит хаҥаластартан уратыта. Таатта Баайаҕата, Уолбата, Ытык күөл 3-с Байаҕантай. Мэҥэ-Аллан, Кириэс-Халдьаайы, Таастаах, Саһыл, 4-с Байаҕантай. Өймөкөөҥҥө Үчүгэй, Томтор, Төрүт уонна Муома Хонуута 5-6-7-с Байаҕантайдар. Манна кыра сыыһа-халты баар буолуон сөп. Сүнньүнэн сөбө буолуо. Тааттаҕа Байаҕантайдарга Нам-таатталара ол аата Боробултан арҕаа өттө Намтан төрүттээх буолалларынан киирбэттэр. Уонна Хара Аллан киирбэт. Хара Алланнар, эмиэ, намнар. Дэбидиргэ киирбэт. Дэбдиргэлэр улуу хоро сыдьааннара үһү, диэн сэһэн баар. Сэттэ Байаҕантай былыргыта Томпоннон, Тааттаннан, Өймөкөөнүнэн тайаан сытар биир улахан улуус этэ. Байаҕантайдар Сахалар Ил тэрээһиннэригэр киирбэтэхтэрэ. Саха Тыгынын кытары кыргыһа олорбуттара. Сахалары кытары кыргыс туһунан үһүйээн элбэх. Тыгын дьонун Кээрэкээн баһылыктаах Дьохсоҕоттору икки төгүл кыайан Байаҕантайдар олох сахаларга бэриммэккэ олорбуттара. Билигин даҕаны онтулара тылларыгар сылдьар. Холобур. Саха татаар тыллаах биис ууһа. Хоролор хоролуу тыллаахтар. Кэлии хоролор сахалары татаардар диэн ааттыыллара. Туох эмит түргэнник куоттаҕына билиҥҥэ диэри: “Татаар барыытынан барда,” диэн сомоҕо домохтоохтор. Ис хоһооно: кыайтаран, куттанан түргэнник куотта диэн суотугар. Ыраахтааҕы кэмигэр Байаҕантай улууһа киэҥник тарҕаан сытара. Ону Сэбиэскэй кэмҥэ суох оҥорбуттар. Байаҕантайдары кытары былыргыттан удьуор аахсыылаах хаҥаластар үрүө-тараа туппуттар, ыспыттар. Байаҕантайдары түөрт аҥыы туппуттара. Ыһан санааларын сиппиттэрэ.
|
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-12-06)
|
Views: 2420 | Comments: 2
| Rating: 0.0/0 |
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 12 Ыалдьыттар (гостей): 12 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|