Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

65. Бырааскай

Бырааскай

Бырааскай Хоролор. (Братские, руск.) Улуу Хоро аартыгынан Аллан өрүһүнэн киирэн кэлбит дьон. Сураҕа билиҥҥи Бырааскай, (Братск, Красноярскай кыраай) уонна Таайдьыт, (Тайшет) диэккиттэн тардыылаахтара үһү. Улуу Хоро сыдьааннара.
Бырааскай диэн бэрт былыргыттан туттуллар тыл. Сахарал билиитигэр быралыйбыт диэн суолтаҕа туттуллар. Уруулуу буолан баран тэйэн төрөөбүт түөлбэттэн арахсыы аата.
Быра - ыраатыы. Аас - тымныы, ааһыы. Хай - хай. Тымныыттан куотан быра ыраах сири хай диэн. Өссө биир суолтата. Сахаттан быралыйан тымныйбыт айылгылаахтар диэн. Сой-уоттар.
Быралыйыы хас да таһымнаах. Бастаан киһи төрөөбүт сириттэн быралыйар. Быралгы диэн ааттанар.
Онтон салгыы ыраатан быраҕырар. Оннук ыраах тэйиини бырах диэн ааттанар. Төрөөбүт сирин быраҕар. Бырах, (варяг, руск. Тоҥ, сойуот.)
Дьыллар-кэмнэр аастахтарын аайы бырах барбыттар суоллара сойор. Сурах да иһиллибэт буолар. Оннук буобут биис ууустарын: сой-уус, биитэр сой-уот диэн ааттыыллар. Ириэнэх саха буолартан араҕан тоҥ уустар диэкки сыҕарыйыы. Ириэнэхтэрэ сойон барар. Тымныы куттаах буолан тыймыытырыы барар.
Оннук сой-уус буолан тоҥ биистэргэ суураллыбыт сахалар тоҥнор диэн ааттаналлар. Оннук омук билигин хара баһаам.
Дэлэҕэ, ириэнэх куттаах саха күн сиригэр соҕотоҕун хаалыахпыт дуо? Саха хоротуйуута, тоҥ-ууска кубулуйуута итинник таһымнарынан  барар.
Бырааскай хоролор саха сиригэр кэлэн баран сүрүннээн киин улуустарга тарҕаммыттар. Маны туспа ырытыахха наада.
Холобур.
Чурапчы улууһугар Бырааскай төрүттээх Барашков диэн араспаанньалаах аҕа уустара баарын истэбит.
Ону кытары Сылаҥ нэһилиэгэ бырааскай төрүттээх диэн сурах баара. Сылаҥ диэн сахарал билиитигэр  сыыллар, сыыллаҥхай-дыыр харамайдар уопсай ааттара.
Холобур. Эриэн үөн, моҕой. Бу бэрт былыргы өйдөбүл. Соҕуруу моҕой итэҕэллээх уонна төрүттээх бэрт элбэх биис уустара бааллара үһү. Киинэҕэ эҥин элбэхтик көстөллөр. Сахаҕа итинник төрүт суох. Барыта сиэмэх кыыл.
Туспа бырааскай хоролор төбүрүөннээн олорор сирдэрэ баарын билбэтим. Баҕар баар буолуо. Бырааскай диэн өйдөбүл былыргы олоххо элбэхтик туттулла сылдьыбыт. Серошевскай кытары ахтар.
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-12-06)
Views: 1979 | Comments: 1 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 6
Ыалдьыттар (гостей): 6
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024