Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

66. Дьуорту-хоролор

Дьуорту-хоролор

Дьуорту, (йорту, ойрат, руск.) Сахалыы Дьуорту хорото. Уус Аллаҥҥа баар. Билигин Суотту диэн буолан турар. Дьуортулар элбэхтэр. Билигин ааттарын илдьэ хаалбыт Дьуорту (Суотту), Дьуорту хорото, Курбуһах дьуорту, Бороҕон-дьуортулар диэннэр бааллар.
Сахалары кытта кыттыспыт ааттара: Бороҕон-Дьуорту диэн.
Бороҕон диэн сахалыы: Уҥа эҥээр диэн. Киһи уҥа өттө. Өрүс уҥа өттө бороҕон диэн ааттанар. Сөбө-бороҕон диэн эр киһи кырдьыга. Уҥа өрүт эр киһи киэнэ.  Бороохтуйар бороҕон өттүҥ. Хаҥас өрүт дьахтар өттө. Дьэгин сылаабай өттүҥ.
Дьуорту диэн хоролор ааттара. Нууччалыы: йорту, ойрат диэн.
Киэҥник ылар буоллахха билигин Уус-Аллаҥҥа баар Лөгөй бииһин ууһа барыта. Сыҥаахтан саҕалаан, Сүүрдээх Дүпсүҥҥэ тиийэ бары Дьуорту Хоро төрүттээхтэр ахсааннарыгар киирэллэр.
Дьуорту хоролор ахсааннарыгар Түмэт биэс нэһилиэгэ киирбэт. Олор: Өнөр, икки Өспөх, Түүлээх, Бээрийэ сороҕо, Ьэйдиҥэ сороҕо.
Ону сэргэ: Бэрт ууһа киирбэт. Сыырдаах диэкки нэһилиэктэр. Байаҕантайдар киирбэттэр. Төрдүлэрэ итинник.
Уус Аллан улууһа дьонун-сэргэтин төрдүнэн-ууһунан хааһы да саламаат дойду. Мээнэ-мээнээк киһи дэмин туппат. Буккуур элбэх. Онон биһиги сүнньүнэн Уус-Аллаҥҥа биллэр үс улахан биис ууһа баарын этэбит.
Дьуорту хоролоро, Байаҕантай хоролоро, биллэн турар, Бороҕон, өспөх сахалара.
Көһөн кэлэн баран сахаларга суураллан Дьуортуларын туһунан ааттара эрэ хаалбыт.
Улуу Хоро сыдьааннара. Лөгөй баһылыктаах эрдэхтэринэ нууччалар кэлбиттэрэ. Онуоха диэри Эллэйи кытары эҥин уруурҕаһан сахалары кытары саҥа чугасаһан эрэр кэмнэрэ этэ.
Дьуорту Хоролоро Саха Тыгын Ил тутулугар  киирбэтэхтэрэ. Тыгыны уонна Байаҕантайдары кытары кыргыһа олорбуттара биллэр. Үһүйээн ол туһунан элбэх.
Нууччалар кэлбиттэригэр Дьуортулар Сахалар диэкки буолбакка Нууччаларга халбарыс гынан биэрбиттэр. Нууччалар Элиэнэ сахаларын холбоноллоругар, сэриилииллэригэр тирэх буолбуттар. Ол чахчы.
Ол иһин нууччалар дьуортуларга тирэнэн бастакы остуруоктарын Суоттуга туппуттара биллэр. Онтон Дьокуускайга буолбут.
Буолбуту аны кэлэн уларыппаккын. Баар баарынан, суох суоҕунан.

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-12-06)
Views: 1936 | Comments: 1 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 3
Ыалдьыттар (гостей): 3
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024