Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

67. Үт, Айаан аартыгынан кэлбит хоролор

Үт, Айаан аартыгынан кэлбит хоролор

Амма сиригэр Улуу Саамай кэмигэр Амгын, (Амгунь) хоролоро диэннэр Айаан аартыгынан киирбиттэр. Биллэринэн, Аммаҕа үс хоро нэһилиэгэ баар. Сулҕаччы -1-кы хоро. Абаҕа - 2-с хоро. Соморсун - 3-с хоро. Ахсааныгар баҕар сыыһалаах буолуо. Маны таһынан Алтан-Моорук эмиэ Хоро төрүттээх курдук. Мэҥэ-Хаҥаласка тиийэ. Омоҕойдор сорохторо курдуктар.
Соҕуруу Амгын төрүттээх хоролор соҕуруу Айаан айаҕынан киирэн сахалар быыстарыгар олоҕурбуттар.
Оччолорго да, кэлии дьону сахалар атаҕыргаталлар эбит. Сири сахаларга биэрэллэр. Хоролорго биэрбэттэр. Онон хоролор сахаларга сыһыннахтарына эрэ саха ахсааныгар киирэн сирдэнэллэр эбит.
Үөһээ Бүлүү Боотулуутуттан кэлбит сахалар Сулҕаччыны олохтообуттар. Кэлээт сир ыйдаран ылбыттар. Чурапчы диэкки салгыы тахсан Салҕаччы нэһилиэк олохтообуттар. Бу түбэҕэ мээнэ сирэ суох сылдьар хоролор Боотулууларга кыттыспыттар. Онон Бооту-луулар хоролорунан салҕаммыттар. Боотулуулары салҕааччы хоролор боотулуулартан элбэхтэрэ үһү.
Боотур улууһа  Аммалартан арахсалларыгар Салҕаччы нэһилиэгин былдьаһан сирин-уотун суллаан, суйдаан киирэн барбыттар. Салҕаччы сирэ-уота сулланан кыччаан, кыараан Сулламмыт сир-дээх Сулҕаччы буолбут. Сир былдьаһыга Сулҕаччы уонна Чурапчы икки ардыгар билиҥҥэ диэри умуллубакка бара турар үһү. Чурапчылар Салҕаччы сириттэн салҕаммыттар, сулҕаччылар сирдэрин суллаппыттар.
Сорохтор күүс өттүнэн, кыргыһан сири былдьаһан ылаллар эбит.
Холобур. Бөрө Бөтүҥнэр Намтан Аммаҕа тахсан баран Наахаралартан икки-үс төгүллээн кыргыһан сир ылан билигин Аммаҕа Бөтүҥ нэһилиэгэ баар.
Бастаан наахаралары кытары уруурҕаһан дьахтар бөҕөнү ойох ылан сыста сатаабыттар. Онтулара табыллыбатах. Наахаралар сир биэрбэт үһүлэр. Онтон кыргыһан сир таһаарыммыттар.
Аммаҕа кэлбит хоролор атааны-мөҥүөнү сөбүлээбэккэ сорохторо кэлэн баран дойдуларыгар төннүбүттэр. Соморсуннар, сураҕа, бу хойукка диэри туох эмит буолла да, дойдуларыгар күрээри оҥостор сурахтара иһиллэр этэ.

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-12-06)
Views: 1910 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 2
Ыалдьыттар (гостей): 2
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024