Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

68. Бүлүү Туобуйа аартыгынан Аанньааҕынан киирбит Хоролор

Бүлүү Туобуйа аартыгынан Аанньааҕынан киирбит Хоролор

Хоролор кэлиилэрэ Улуу Хоро аартыгынан эрэ буолбакка Бүлүү Туобуйа аартыгынан эмиэ кэлбиттэр. Бүлүү сүнньүгэр хоролор бааллар. Киин улуустартан уратыта диэн Бүлүү хоролоро улуус аайы тутуһан бэйэлэрэ туспа бүөмнээн олорор сирдээхтэр. Киин улуустарга тумаланан, туматыйан суураллыы элбэх.
Бүлүү сүнньүгэр оннук буолбатах. Хоролор билиҥҥэ диэри үксүгэр кэлимсэ олороллор. Сахатыйан бүппүттэрэ ыраатта. Буолан баран; “Удьуор көппөт.” Хантан төрүттээххин, ол тардар.
Сунтаар кус-хоролоро.
Кус-хоролор диэн ааттаналлар. Кутан көтөр им-бэлиэлээхтэр. Чөллөй олорор сирдэрэ: Элгээйи-хорото, Күүкэй-хорото, Кутан-хорото. (Күүкэй Күндэйэ хаҥаластарыгар кыттыспыт. Күндэйэ хоро аҥаардаах хаҥалас.)
Үөһээ Бүлүү кус-хоролоро.
Күнээҕи хорото. 1-кы хоро. Сунтаар Кутана-хоротугар киирсэрэ. Үөһээ Бүлүүгэ хоролор Сунтаар диэккиттэн кэлбиттэрэ биллэр. Кииннэрэ Кутана Хорото эбитэ үһү.
Иккис хоро. Билигин Оҥхой диэн буолан турар.  
3-с хоро. Чиллэ, Сис мэйигин хорото. Ыһыллан сорҕото Мэйик диэн буолан турар.
Ньурба хоролоро.
Ньурбаҕа хоролор бааллар. Үөдэй, Торбуох-Чиллэ хорото. Чаппаҥда, Убайаан, Ньурбачаан, Дьиикимдэ, Хорула, (сороҕо дьаархан).
Ньурбаҕа хоролор сахалары кытары булкуһа олорон хаалбыттара элбэх. Киин улуустар курдук. Ол иһин киэҥ Ньурба диэн буолар. Дьалхааннаах дойду.
Алын Бүлүү хоролоро.
Алын уонна орто Бүлүүлэргэ хоролор эмиэ Ньурба курдук булкуһан хаалбыттар. Чөллөй олорон ааттаммыт сирдэрэ Өкүндү, Лөкөчөөн (өргүөт нэһилиэгэр киирэр. Үөһээ Бүлүү Өргүөтүн кытары биирдэр.) Үгүлээт (Үгүлээккэ биир аҕа ууһа тоҥус баарын истэр этим. Чорду диэн. Чордулар диэн Бөтүҥ аҕатын ууһа. Дьиҥэр, тоҥустарга туох да сыһыана суохтар. Ону Чордулар эбээннэр этэ, диэннэр Үгүлээттэр эбээн буолбуттара иһиллэр. Кэлин Чордулар  чордонон суох буолбуттар. Уоннааҕы Үгүлээт аҕа уустара Үөдүгэй Кэнтигин, Ороһу дьаарханнара  арахсан наахара буолбуттара. Уонна хадан хатыҥы кыбытыктаахтар.) Хоро буолан тыһытыйа сатыы сылдьар Саханы туох диэххиний? Киһи ким буоларын талара бэйэтин үтүө көҥүлэ. Урут оннук буолбатах этэ. Хайа омукка төрүүрүн киһи талбат.
Өлүөхүмэ Хорото.
Өлүөхүмэҕэ хоро элбэх. Манна холобурга эрэ аҕалабыт. Өлүөхүмэттэн Үөһээ Бүлүүгэ кэлэр Туобуйа суолун кытыытыгар баар Хоро нэһилиэгэ. Ону кытары хоро-таба дьоно - эбэҥкилэр.

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2008-12-06)
Views: 2256 | Comments: 1 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024