Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

69. Тоҥус-мончуура хоролор

Тоҥус-мончуура хоролор

Хоро - халлааҥҥа таҥара аата. Саха таҥарыны охсуһан хоппута үһү. Имсэтин тобуруота (-). Соҕурууҥҥу эҥээр бүүс-бүтүннүү Хоро эҥээрэ.
Хоро таҥара кыылларыгар Хоро муостаах барыта киирэр.
Хороҕор муостаах сүөһү, таба, тайах эҥин. Ити хоту дойду кыыллара буолбатах. Саха кыылларыттан Муус буһук кэмигэр кыыл барыта кэриэтэ өлбүт. Аһыылаахтар эрэ хаалбыттар. Ол иһигэр сылгы.
Былыр Саха сиригэр баар муостаах кыыллар бары өлбүттэр. Муус Буһук илдьэ барбыт. Ол кыыллар хороҕор муостаах дэммэттэр. Ураа муостаах дэнэллэр. Ураа муос уонна хороҕор муостаахтар атын-атын тардыылаахтар. Ону булкуйбат наада.
Таба дьиҥнээх аата: Хоро-таба диэн. Тоҥустуу Хоро диэн. Саха сирин төрүт кыыла буолбатах. Саха сиригэр кэлии кыыл. Ол иһин хоро.
Хоро-табаны көрөөччү дьон хоро-мончууралар диэн ааттаналлара.
Билигин эбээн-эбэҥки буоллулар. Туора барыы, бырах сылдьыы, быраҥалар диэн тылбаастаах. Ол аата Мончуураттан сүрүн киип үөрдэриттэн араҕан, кыылы батыһан бырах, быралгы, бырадьаак, туора барбыт дьон диэн суолталаах.
Саха сиригэр урут саха суох этэ. Тоҥус-хоролор бааллар этэ. Ону соҕуруу Улуу Хоро сириттэн кэлбит сахалар Тоҥус хоролору үүртэлээбиттэрэ” диэн баар.
Сахалар диэн соҕуруу хоро сириттэн кэлбит хоролор үһү. (!?)
Итинник өйдөбүлү соҥнууллар. Бу таҥнары дом. Саха хаһан да хоро буолуо суоҕа. Саха эр киһи. Хоро - дьахтар. Эр киһи хаһан да дьахтар буолбат. (+) уонна (-) курдук. Хоро - соҕуруу эҥээр. Саха - хоту эҥээр.
Хоро табалаах тоҥус-мончуура хорото дьиҥнээх Саха сирин сахата диэн буолар. (!!?)
Мончуура хаһан даҕаны саха буолбатаҕа. Мончуура - Хоро. (Көр. Корея -  Манчжурия сороҕо. Корея - Хори, кори диэн аат сылдьар.) Хоро буоллаҕына хайдах саха буолуой?
Сатаммат.
Саха диэн Ийэ сир хоту эҥээрин аата. Илин саҕахтан арҕаа саҕахха диэри. Сир хоту эҥээрин илин өттө ураанхай-сах диэннэр. Сир хоту эҥээрин арҕаалата-хоту өттө Угур-сах диэн. Сир хоту эҥээрин арҕаа орто өттө Ур-уоп-сах диэн буолар. Үс Саха диэн буолла.
Саха сиригэр сахалар олороллор. Ол сөп. Урааҥхай-сах өттүгэр Босхо бастаах бороҥ урааҥхай-саха биистэрэ олороллор. Угур-сах өттүгэр Түөнэ Моҥул угур-саха биистэрэ олороллор. Ур-уоп өттүгэр Саар уруоп-саха биистэрэ олороллор. Үс Саха - ур-уустар диэн ааттаналлар. Үһүөн холбоон уруусах диэн буолаллар.
Үс Саха кута-сүрэ аһыылаах кыыл, сылгы буолар.
Итэҕэллэрэ: Аҕа Өһүк (Ата-өзүк, тюрк. Отче-язык, руск.)
Хоро диэн Ийэ сир соҕуруу эҥээрин аата. Илин саҕахтан арҕаа саҕахха диэри. Сир соҕуруу эҥээрин илин өттө Нүкэн-хоро диэн ааттанар. Сир соҕуруу эҥээрин орто арҕаа өттө Аан-араабы-хоро диэн ааттанар. Сир соҕуруу эҥээрин соҕуруу өттө Үөдэн түгэҕэ диэн ааттанар. Үс Хоро буолла.
Сир соҕуруу эҥээрин биистэрэ Үс Хоро-хаан, (Уч Курыкаан, руск.) диэн ааттаналлар. Хоро сиригэр хоролор олороллор. Ол сөп. Хоролор үс аҥыы хайдаллар.
Илин өттүгэр Хормуста таҥаралаах, (хоро муостаахтар, кэрбээччи, сылаҥ, луо куттаахтар киирэллэр). Үс Нүкэн хоролоро бааллар. Хоро муостаах-таба дьоно тоҥустар, Хороҕор муостаах сүөһү дьоно хоролор, кэрбээччи, көтөр куттаах кэриэй-хоро, (Корея-хори диэн тыл сылдьар.) луо, сылаҥ, күлгэри куттаах кытай биистэрэ бары, сылгы, хой-хоро куттаах аныгы монгуол-бурут биистэрэ  киирсэллэр.
Улуу Хоро сирин арҕаалата хоту эҥээригэр Хоро-аан биистэрэ олороллор. (Ааттара муҥура суох элбэх. Хороссан, Хорутан, хоро-аан, хорезм, хурит, хорват, хорутан, руск.) Балар үксүгэр оҕус, сараһын, көтөр кус-хоро куттаахтар. Биир холбуур тыллаахтар. Аан диэн. Аан - ийэ аана. Дьахтар сэбэ. Киһи төрөөн түһэр аана. Бары античнай дойдулар диэн ааттаналлар. Аан-уустар.
Улуу Хоро сирин соҕуруу эҥээрэ Үөдэн түгэҕэ диэн ааттанар. Үөдэн - дьахтар сэбин бастакы аата. Манна эмиэ сараһын, күлгэри, үөн-күрдьэҕэ куттаах таай хоро-биистэр олороллор. Индия, Пакистан, Вьетнам, Таиланд эҥин. (Сарацины, руск.) Үс Хоро-хаан биистэрэ итинниктэр.
Сир һаарын хоту эҥээрэ Саха таҥараҕа тиксибит. Онон аата Саха.
Сир һаарын соҕуруу эҥээрэ Хоро таҥараҕа тиксибит. Онон аата Хоро.
Саха буоларыҥ, Хоро буоларыҥ олорор сиргиттэн, үөскээбит тардыыгыттан тутулуктаах.
Хоту олорор буоллаххына - саха, ур буолаҕын.
Соҕуруу олорор буоллаххына - хоро, аан буолаҕын.
Тоҥустар толору ааттара Хоро-табалаах тоҥус-мончуур хоро биис диэн.  
Ааттара бэйэтэ ыйа сылдьар. Хоро-таба хоту эҥээргэ кэлбит кыыл. Сах үйэтин саҕанааҕы ураа-туора муостаах таба Муус Буһукка эстибитин кэннэ солбуйбута. Ону киһи бары билэр. Хоро муостаах хоро кыыла буолара чопчу.
Тоҥус диэн аныгы Тоҥ үйэ киһитэ. Былыргы Сах үйэ киһитэ диэн буолбатах. Мончуура диэн үөскээбит олорбут сирдэрэ. Нууччалыы Манчжурия диэн. Билиҥҥи Кытай илин өттө. Амур өрүс соҕуруу эҥээрэ. Манчжурия хайдах Саха сирэ буолуоҕай? Буолбат. Саха сирэ Амур бэтэрээ өттө Үт өттө - Хоро.
Уонна хайаан, хоро-таба тоҥус-хоро саха буолуой?
Таах, лахсыыр. Хоро муостаах Хормустаа хоролоро төрүт саха этилэр, диэн, эмиэ, куба лахсыыр. Дьахтары эр киһи диэбит курдук. Оннук буолбат.
Маны хайа баҕарар сурукка ааҕан булуохха сөп. Тоҥус сахабын диэн хаһан да саҥарыа суоҕа.
Соҕурууттан төрүттээҕин билэр. Онтун иһигэр тута сылдьар.
Удьуор хаһан да көппөт. Өрүү хааҥҥар баар.
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2009-01-20)
Views: 2387 | Comments: 2 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 2
2 Адриана  
Отлично написано.

1 Орлов  
Вероятно на это и было расчитано

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 1
Ыалдьыттар (гостей): 1
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024