Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

70. Хоро-тайаан (Хори-дайн, Хоридой) уонна Тоҥус-мончууралар

Хоро-тайаан (Хори-дайн, Хоридой) уонна Тоҥус-мончууралар

Тоҥустар тустарынан маннык үһүйээн баар.
1974 сыллаахха Тохсунньу ый бүтүүтүгэр кыһыҥҥы уһун өрөбүлбэр дьиэбэр бараары, Иркутскай куорат пуордугар киирдим. Ньурбаҕа көтөр билиэттээхпин. Онтум Ньурбаҕа тымныы тумана буолан хаайтарыы буолла.
Икки хоннубут. Онно төттөрү-таары тэйбэҥнии сылдьан Үөһээ Бүлүүгэ күтүөт буолан олорор Тыа хаһаайыстыбатын салалтатыгар суоппардыыр сахалыы билбэт тоҥус уолун көрүстүм.
- Дорообо.
- Дорообо. Хантан иһэҕиний?
- Дьиэбэр Красноярскай кыраай Өкүндүтүгэр бара сырыттым. Онтон кэлэн иһэбин. Хаайтара сылдьабын.
- Мин эмиэ, Үөһээ Бүлүүгэ бара сатыы сылдьабын.
Оннук нууччалыы-сахалыы балкыһан ону-маны кэпсэттибит. Киһим Эбэҥкибин. Сахалыы саҥа билэн эрэбин. Эбэҥкилии билэбин, эҥин диир.
Онно-манна баран хаамыталыы түһэн баран кэлбитим киһим таһыгар биир киһи олорбут. Тугу эрэ кэпсэтэ-кэпсэтэ күлсүү-салсыы буолаллар.
Чугаһаан истибитим атын омук тылынан кэпсэтэ олороллор. Үөрбүттэрэ сүрдээх. Мин мэһэйдээбэккэ истэн турдум. Эбэҥкилэр эбит. Эбэҥкилии кэпсэтэллэрин сэрэйдим. Ахтыспыттара бэрдин иһин, миэстэбиттэн туруорбатым, баран табахтаан эҥин кэллим. Уһуннук сырыттым.
Кэлбитим. Дьонум хамсаабатахтар. Кэпсэтии бөҕө.
Хайдах хаама сылдьыахпыный? Тиийэн, бу, мин миэстэбэр олорбуккун, диэтим. Онно хап-сабар туран биэрдэ. Баран таһаҕаһын аҕалла. Ол үрдүгэр олорон кэбистэ. Билистибит. Киммин эрэ диэтэ. Кытайдыҥы араспаанньаны ааттаата. Хайа эрэ наука кандидатабын, диэтэ. Аатын саныы сатыыбын да умнан кэбиспиппин.
Хаайтара сытар дьон тугу гыныахпытый? Ыаһахтаһан кэпсэтии бөҕө буоллубут. Онно бүтүн олохпор билбэтэх, түһээн да баттаппатах тоҥустар тустарынан кэпсээни истибитим. Киһибит сахалыы ыт да диэни билбэт. Нууччалыы кэпсэттибит.
“Амуртан төрүттээхпин. Владивостокка олоробун үлэлиибин. Доктор  диссертациятын суруйа сылдьабын. Онно матырыйаал хомуйабын. Икки-хас сылынан көмүскүөхтээппин.”
- Хантан иһэҕиний?
- Сибиири барытын эргийэн иһэбин. Тоҥустар былыргы үһүйээннэрин суолун батыһабын. Билигин Саха сиригэр барабын, диэн буолла.
- Бу Өкүндү эбэҥкитин көрсөн үөрдүм. Кэпсэтэ олоробут.
- Хайа, ол, өйдөһөҕүт дуо?
Дьоннорум эбэҥкилии кэпсэтэн сардырҕатыһан бардылар. Хардырҕаччы кэпсэтэллэр. Мунаарыы ханан да көстүбэт. Өйдөһүү кытаанаҕа эбит.
- Мин Амуртан сылдьабын. Бу киһи Бүлүү баһыттан сылдьар. Бэйэбит тылбытынан маньчжурдуу кэпсэтэбит, тылбытыгар туох да ураты суох.
- Эһиги Маньчжурияҕа Саха сириттэн хаһан эрэ бардаххыт, диэтим.
Киһим өһүргэннэ. Сырайа “мордьос” гына түстэ.
Оннук буолбатах. Маннааҕы эбэҥкилэр Манчжурияттан манна кэлбиттэрэ. Дьэ уонна кэпсээтэ. Онто маннык:
Туох эрэ диэн былыргы үһүйээннээх этэ. Олоҥхо дуу, тойук дуу курдук хоһоонунан суруллубут. “Хоридайн” диэн ааттыыр этэ. Манна барыта сурулла сылдьар. Ону үөрэтэбин.
“Хоридайн”, “Хорайн” диэн хоро-таба орто үйэлэргэ Хоро таҥара ыйааҕынан тайаан сытар ыырын уларыппыт. Соҕурууттан хоту кэлбит. Хоро-таба тайаан сытар сирин уларытыыта Хоро-тайаан, “Хоридайн” диэн ааттанар.
Хоро-таба диэн биллэр. Тайаан - диэн ареал миграции диэн. Оттон “Хорайн” диэн сахалыыта “Хоро айан” диэн буолар. Хоро таба тайаан сытар сирин уларытарыгар айаннаан уларытар. Ол хоро-таба айана диэн буолбакка туох буолуой.
Кыыл тайаан сытар сирдээх буолар. Таба тайаана туспа. Тайах тайаан сылдьар сирэ туспа. Киис киэнэ эмиэ оннук. Куобах тайаана олох ураты. Барыта тус-туспа. Ол өйдөнөр.
Кыыл ол тайаанын иһигэр төттөрү-таары мэйдэнэ сылдьар ыырдаах. Ону сахалыы Мэйиидэ диэн ааттанар. Мэй уонна идэ диэн икки тыл сылдьар.
Холобур. Таба саас аллара үрэх төрдүгэр түһэр. Күһүн үөһэ тахсар.
Хоро-таба тайаанын уларытыыта орто үйэлэргэ буолбут. Онно хоро-таба айана “Хоро-айан” диэн 15-16-с үйэ саҕаланыытыгар. Бастаан илин Мончуураттан хоҥнубут.
Хоро-таба баһылыга атыыр таба буолбат. Үөрү хоро-таба диэн тыһы таба сирдиир. Оннук хоро-таба биир эмэ буолар түбэҕэ. Таба бары ол табаны батыһар. Маныы сылдьар. Ол иһин хоро-таба диэн ааттанар.
Таба Ийэ ууһа. Хоролуу. Тыһы таба сирдьиттээх. Биир оннук таба тайааны уларытар сорудаҕы таҥараттан ылбыт уонна айаны саҕалаабыт.
Инньэ гынаатын кытта таба барыта хоро табаны батыһан барбыт.
Хоро таба бастаан илинтэн тус арҕаа түспүт. Инньэ гынан Мончуураттан хоту Монголунан, Бүрээттэринэн, Алтайынан, Туваннан инньэ Ураал хайатыгар тиийэн анньыбыт.
Сити кэмҥэ уоптара; Мончууралар Монгуоллары сэриилээн ылан бэйэлэригэр холбоноллор. 300 сыл кэриҥэ хам баттаан олоролор. Ити хоридайн кэмэ. Ол 16-с үйэ.
Тоҥустар, кыыл айаннаата диэн табаларын сырсыы буолбут. Тохтообут сирин аайы түһэргэн түһэрэн дьон хаалларан, сорох сирдэргэ таабыр тэрийэн дьон хааллартыы-хааллартыы Хоро-табаларын батыһан хоро-айанын айаннаан  Ураалга тиийбиттэр.
Онно тиийэн Хоро-таба тохтообут. Табалар арҕаа диэкки хайыһан салгыны сытыргыыр үһүлэр. Ол Ураал анараа өттүгэр лабыкта үүммэт. Онон сирин сытын атыҥыраан турбуттар.
Хоро табаны тулалаан сылдьыбыттар. Хоро-таба хамсаабакка бэрт уһуннук турбут.
- Таҥара суол биэрэ илик, ол иһин турар, диэн ойууннара көрүүлэммит.
Дьэ, оччоҕо таҥараттан көрдөһөн Хоро эргииринэн хоро-таба уҥаттан-хаҥас диэкки бардын, Ураалтан соҕуруу диэкки түстүн, диэн Улуу Хороҕо сиэр-туом оҥорбуттар. Оччоҕуна сотору дьиэлэригэр Мончуураҕа эргийэн тиийиэх баҕалаах үһүлэр.
Биир сарсыарда туран көрбүттэрэ хоро-таба соҕуруу халлаан  диэккиттэн сыт ыла турар үһү. Ону хамнаары гынна диэн кэтэспиттэр. Хоро-таба баһын булкуйан иҥиэттэн баран хаҥастан-уҥа эргийэн хотуну сымарҕаабыт да тус хоту түһүнэн кэбиспит.
- Оо, хоро-таба Хоро эргииринэн барбата. Хаҥастан-уҥа Саха эргииринэн барда. Биһигини тус-хоту ыарахан эбээн дьылҕалыыр буолла.
Эбээн - туора барыы диэн. Тоҥус тылыгар оннук. Ол аата сүрүн үөртэн араҕан бырах, быстан-ойдон барыы диэн. Хоро-Мончуураттан араҕан хоту Саха сиригэр олорор кытаанах ыйаах тоҥустарга тирээбитин билбиттэр.
Хоробут уурайан эбээн дьылҕаланан сахатыйар буоллубут. Ийэ Кыылбыт биһигини сахатытта, диэн ытаспыттар үһү.
Кыыллара Ураал хайатынан Хотугу Муустаах байҕалга аҕыйахта үктээн тиийбит. Онтон сорох таба араҕан Финляндия диэкки түспүт.
Хоро-таба Муустаах байҕалы кыйа аны тус илин түспүт. Үс Улуу Эбэлэри (Обь, Енисей, Лена) туораан туох баар сис хайалары туора өттүнэн быһа көтөн Лаамы байҕалыгар тиийбит. (Охотскай муораҕа). Онтон соҕуруу түһэн Күн эргииринэн айаанынан, Үт сиринэн Мончууратыгар төттөрү тиийэн тайаанын эргиирин түмүктээбит. “Хоридайн” ону кэпсиир үһү.
Бу кэпсиир киһи карталаах этэ. Онно хоро-таба тайаанын хоро-айана ойуулана сылдьара. Онно хаалбыт нэһилиэктэр, мончуура-тоҥус биистэрин олохторун барытын бэлиэтээн илдьэ сылдьара. Элбэҕи кэпсээбитэ. Арҕаа баар тоҥустар атын омуктарга суураллан тылларын билбэт буолбуттарын. Сорохторо эрэ билэрин, Мончуураттан тардыылаахтарын билэллэрин, табаны кытары кэлбиттэрин этэллэрин туһунан кэпсээбитэ.
- Олору кэрийэ сылдьабын. Билигин Ньурбаҕа баран иһэбин. Онно баар тоҥус суолун ырытыам. Бэйэм бу бэлиэтээн сылдьабын ханнык нэһилиэктэр тоҥустуу ааттаахтарын, диэн көрдөрбүтэ. Онно Ньурба улууһугар Убайааны, Ньурбачааны, Чаппаҥданы бэлиэтэнэ сылдьарын өйдүүбүн. Билиҥҥим буоллар сиһилии көрүөм этэ. Оччотооҕуга - наада суох. Суолга хаайтаран олорон сэлэһии. Бириэмэни ыытаары.
- Хоридайн суола Бүлүүннэн барар, диэбитэ. Тоҥустар суолларын батан кэрийэн, бу, үһүс сырыым. Аны биирдэ Чукотка, Магадан диэкки бара сылдьыам, диэннээх этэ.
Оччотооҕуга наадыйбат уонна билбэт буолан ааххайыллыбатаҕа.
Кэлин итини майгылыыр кэпсээни Курбуһах Окоёмовкатыттан сылдьар Окоёмов диэн “Тыла суохтар уопсастыбаларыгар” кулуупка режиссер киһи баар этэ. Оонньуулары тыла суохтарга анаан туруорар киһи этэ.
Ол киһи “Хоридайны” майгылыыр кэпсээннээх этэ, эмиэ.
“Окоёмовка” нэһилиэгин төрдүн ууһун туһунан кэпсии олорон.
- Биһиги төрдүбүт тоҥус түһэргэнэ. “Халлаан уолаттара” диэн ааттанар төрүттэрдээхпит. Табаннан Курбуһахха, халлаантан түспүт курдук, биирдэ баар буола түспүттэрэ үһү.
Онно Тоҥус суола диэн ааттаан тоҥустар Улуу Саамай кэмигэр Бүлүүннэн кэлбиттэрин, Аллан айаҕынан өрө тахсан Курбуһахха тиийбиттэрин.
Курбуһахтан икки-үс аҥыы араҕан, сорохторо Бүлүү диэкки төннүбүттэрин, сорохторо Дьааҥы хайатынан Сунтаар хайатын нөҥүө илин Лаамы муоратын диэкки барбыттарын, сорохторо Алланы өрө батан Учурунан дойдуларын быспыттарын кэпсээбитэ. Онтон хаалбыттар биһиги Окоёмовтар төрүттэрбит, диэбитэ.
Онно Иркутскайга 1974 с. кэпсээбит мончуура кэпсээнин кытары 1991 сыллаахха Окоёмов кэпсээнэ сөп түбэһэр, этэ. Ону сөҕө санаабытым. Тоҥустан төрүттээх сахатыйан да баран төрдүн ыһыктыбат эбит, диэн.
Удьуор көппөт” сахалар этиилэрэ. Удьуоргун талбаккын.
Инньэ гынан саамыланан, саамайданан аан дойдуну барытын эргийэн баран, хоро-табалаах саамай мончуура тоҥустара хойутаан Элиэнэ сирин булбуттар. Арҕааттан түһэн киирбиттэр. Бүлүүнү бата.
Саха хоротуйар, хоро сахатыйбат” диэн эмиэ дом баар.
Атыыр түргэнник тыһытыйар, тыһы хаһан да атыыр буолбат.
Хас уон үйэ сахатыйбыт тоҥустар дойдуларын Мончуураны билиҥҥэ диэри дууһаларыгар ахта сылдьаллар. Ааспат ахтылҕан истэригэр олорор. Киһи киинигэр кирдьик баар.
Ханна да буоллун тоҥус-мончуура Ийэ дойдутуттан ийэ-кыылын батыһан эбэҥки, эбээн буолан бырах, быстах, туора барбытын абата дууһатыгар баар.
Уонна баран, Мончуура бииһэ кырдаайы курдук, элбэх этэ да, барытын Кытай ыйыстыбыта. Билигин Мончуура умнуллан сыта да суох буолла.
Үрүллүбүт хабах тэстэр.” Мончууралар орто үйэлэргэ ааһа буолбуттар. Кытайы, Индияны, Монголияны барыларын сэрилээн ылбыттара. Табаны батыһан сири-сибиири бараабыттара.
Ыһыллыбыт ыйытыктанар, тарҕаабыт таабырыннанар”. Таҥара ыйааҕа.
Ыһыллан хаалбыт симэлийэр. Тарҕанан хаалбыт суураллар. Ол кырдьык.
Мончууралар остуоруйаларын ким да үөрэппэт. Мончууралар Кытайы кытай гыммыт биис уустара.
Тоҕо Мончуура остуоруйата оҕону үөрэтэр үөрэххэ суоҕуй?
Ол төрүөтэ Кытай тойоно Мао-Цзя-Дун уонна И. Сталин кэпсэтиилэригэр сытар үһү. Кытайдар И. Сталинтан көрдөспүттэр. Мончуура остуоруйатын үөрэппэккэ Кытай Народнай Республикатын остуоруйата диэн ааттаан үөрэтэргэ.
Тоҕо?
Биһиги Мончууралары кытта былыр-былыргаттан сэрии бөҕө буолабыт дии. Ону хайдах сотобут?
Мончуура остуоруйатын үөрэтии Улуу Кытай омугун остуоруйата суох гынар. Улуу Кытай омуга кулут омук буолара көстөн тахсар. Мончуура омуга баһылык буолара биллэн кэлэр. Ол дьиҥнээх уонна кырдьык.
Уонна баран, Кытайы омук быһыытынан түһэрэр кырдьык. Кытайы буор сырайдыыр. Ол Кытай кэнчээри ыччатын хомуньуустуу иитиигэ омсолоох, диэн буолбут.
Мончуура остуоруйатын Кытай омугун остуоруйатын нөҥүө үөрэтиэххэ диэн буолбут. Оннук ньыманы туттан Кытай Мончууралар остуоруйаларын “Ам” гынан ыйыстан кэбиспитэ. Кытай тыһы сэбэ оннооҕор буолуоҕу ыйыстан “Ам” гыммыта.
Билигин ыйыт дьонтон. Мончуура остуоруйатын туһунан. Билэр баарын саарбахтыыбын.
Кытайы ыйыт. Бары билэллэр.
Остуоруйаҕа Кытай кулут омук курдук көстүбэт. Кытай тойон омук курдук көстөр. Ол оннугар Улуу Мончуура ханна да суох. Кытай соттуга буолан көстөр. Мончуура туһунан Кытай тылын нөҥүө билэҕин.
Хор, оннук. Хоро итинник. Дьахтар дьаабыта, тыһы тыыхайа. “Бытыылката суох быһаарыллыбат дьыала”. Хааһы да саламаат.
Саха сиригэр хороҕор муостаах хоро-таба тоҥустара, ынах-сүөһү хоролоро кэлиилэригэр сахалары кытары кыргыс үйэтэ буолбута.
“Кыргыс үйэтин саҕана” диэн уос домоҕо баар.
Тоҥустары кытта кыргыһыы туһунан үһүйээн элбэх. Батары сааллыбыт охторун ырбата соторутааҥҥа диэри баара. Ити орто үйэлэргэ буолбута.
Тоҥустары кытары кыргыһы кыыл, хоро-таба, сылгы, ынах-сүөһү бэйэлэрэ тохтоппуттара.
Таба үөнү-көйүүрү, күлүмэни тулуйбат. Онон аллараа арал сиртэн куотан хайа үөһэ чыыстайга тахсан биэрбит.
Аллараа алаарга, аралга, алааска  сылгы-сүөһү хаалбыт. Ол тоҥус уонна саха олоҕун арааран үллэрэн биэрбит.
Тоҥус үөһэ үрэх бастарын  батан табатын көрөн олорор. Саха аралга олорор. Таҥара кыыла барахсан, оннук. Оннооҕор кыргыһы тохтотор. Онтон атын кыргыс тохтуо биллибэт этэ.
Онтон бэттэх үрэх баһыгар таҕыстыҥ да “тоҥустуйуу” диэн буолар.
Үрэх төрдүгэр аллараа алаар аралыгар киирдэххинэ “дойду сиргэ” сахатыйыы диэн буолар.
Билбэтим тоҕотун? Тоҥус-мончуур “Хоридайн” уонна “хорайн” хоро таба тайаанын уонна айанын туһунан сэһэнигэр муҥура суох итэҕэйэбин. Итиннэ кыларыйар кырдьык сылдьар.
Билиҥҥи үөрэхтээхтэр дойҕохторун ахсарбаппын. Онно үксэ сымыйа. Кус-хоро билиитин куба-лахсыыра.

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2009-01-20)
Views: 3381 | Comments: 2 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 2
2 Beran  
А что есть еще на подобную тему интересного?

1 Fenya  
Лучше и не бывает

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 94
Ыалдьыттар (гостей): 94
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024