|
72. Хоро-табаны кытары кэлбит хоро биистэр
Хоро-табаны кытары кэлбит хоро биистэрБилигин баарынан. а/ Тоҥус-мончуура солоҥ бииһин уустара: Эбээн, эбэҥки. (Эбээн, эбэҥки - биир суолталаах. Сүрүн үөртэн быстан туспа, бырах, туора барыы диэн. Бу дьон төрүттэрэ Мончууралар. Былыргы сахалыы ааттара тоҥус-мончуур диэн.) Хас да аҥыы хайдаллар. Ойуур эҥээрэ - эбэҥки диэн ааттанар. Байҕал эҥээрэ - эбээн диэн. Лаамы байҕал эбээннэрэ - ламыҥха, ломуут диэн ааттаахтар. Билигин да үөрэххэ Тунгусо-манчжурия диэн сылдьар. Манна туох да мөккүөр тахсыан сатаммат. Амур өрүс анараа, соҕуруу эҥээрэ тунгусо-манчжурия диэн ааттанара, былыр. б/ Юкагир - былыргы сахалыы ааттара Дьураах бииһин ууһа. Эмиэрикэ эҥээрин быстахтара. Төрдүлэрин онтон көрдөөн булуохтарын сөбө буолуо. Дьураах диэн Юраки диэн индиэйэс бииһин ууһун быстаҕа буолуон сөп буолуо. Эмиэрикэҕэ дьураахтар суох буола эстибиттэр. в/ Саамайдар, самадьылар. (Саами, самодийцы, руск.) Хотугу эҥээргэ урут суох биис уустара. Хоро-табаны кытары кэлбиттэр. Таба дьонноро эмиэ. Улуу саамай саҕана көһөн баар буолбуттар. Сорохторо урааҥхай аҥаардаахтар. Угур-моҥул бииһигэр киирсэллэр. г/ Чукча-хоро. (Чукчи, руск.) Таба баайдаахтар, уонна Ыт көлөлөөхтөр диэннэргэ арахсар этилэр. Чукчалар Эмиэрикэ хоролорун быстахтара. Кинилэри сэргэ телеуттар эҥин диэн кыра эмиэрикэ быстахтара бааллар. д/ Үт солоҥ биистэрэ. Аҕыйах ахсааннаах былыргы мончууралар тобохторо бааллар. Амур өрүскэ. (Нанай, бирар, гольд, орочон, ольча орочи, ороки, негда, самагир, килэ, аси эҥин диэннэр. Таба дьоно сүрүннээн итинниктэр. Саха сиригэр кэлбит хоро-таба дьоно баччааҥҥа диэри сүгүн сахатыйбакка сылдьаллар. Сахалыы билэллэр уонна баран солоҥ хоро буолалларын ыһыкта иликтэр. Инньэ гынан Сир иччитин кытары утары харсаах майгы үөскээн сылдьар. Тоҥустар Эбэҥки дьылҕаларын абааһы көрөллөр. Быстан-ойдон туора сылдьалларыттан санааргыыллар. Ол иһин кинилэр истэригэр былыргы мончуура саҕанааҕы олохторун ахтар майгы истэригэр ытыы сылдьар. Саха сиригэр бэйэлэрин хоролуу олохторун сиэрин тарҕата сатыыр майгылара уурайбат. Саха сиригэр хоро майгытын киллэрэн тарҕата сатааһын Сир Иччитин майгытын утары барыы буолар. Онон харсаах бөҕө. Биир өттүнэн өйдөнүллэр. Таба дьоно эстиэхтэрин баҕарбаттар. Итини этэллэр: Хоро хаһан да сахатыйбат диэн. Хоро-таба дьоно тайаан сытар сирдэрэ таба ханна баар да үксүгэр бааллар. Табаны батыһа сылдьар дьон. Сүрүннээн Эбээннэр - Муустаах байҕал, Лаамы кытыытынан, Илин Сунтаар хайаларынан олороллор. Ойуур табатын дьоно эбэҥкилэр; Өлүөхүмэҕэ, Бүлүү баһыгар, Аллан баһыгар, аҕыйах түһэргэн Анаабырга, Өлөөҥҥө, Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, Дьааҥыга бааллар. Манна этиэххэ наада. Табаһыт ураанхайдар эмиэ бааллар. Табаһыт Урааҥхай элбэх. Саха сириттэн саҕалаан инньэ Хакассия, Тува, Тофалария, Алтайга тиийэ. Ол төрдө биллибэт. Саха Уу кэминээҕи табата былыр эстибит. Муостарын булаллар. Онтулара улахана сүрдээх. Саха табата хоро-табаттан төһө эмит улахан эбит. Ол табаны Сах үйэтигэр көлүнэ сылдьыбыттара эбитэ дуу, хоро-таба кэлбитин кэннэ көлүммүттэрэ дуу? Кыайан үөрэтиллэ илик.
|
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan (2009-01-20)
|
Views: 3196 | Comments: 3
| Rating: 0.0/0 |
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 25 Ыалдьыттар (гостей): 25 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|