Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

73. Ааһыйа түмүк
Үс Саха. Үс араастан турар. Үс арааса баар. (Раса, руск.) Сир хоту эҥээрин Өһүк дьоно. Ону кэрийэ сылдьан көрдүҥ да булаҕын. Киһи-хара, Киһи-аймах диэнтэн Киһи өттө.
Үс Саха араас араасалара наастартан тураллар. Омуктар наастаһыыларыттан. Омуктар наастаһыылара наассыйа, (нация, руск.) диэн ааттанар. Арааса наассыйалартан турар.
Наассыйа омуктартан  турар. (Омук - омжа, омужа, руск.)
Омук биис уустарыттан турар. (Биис уус - пиздоузы, руск.)
Биис уустар билиэмэ билэ дьонуттан тураллар. (Билиэмэ - племя, руск.)
Билиэмэлэр Түмэттэртэн тураллар. (Түмэт, тумат - тьма, тумэт, руск.)
Түмэттэр Күрүөннэргэ, күрүөхтэргэ арахсаллар. (Курень, руск.)
Күрүөннэр күрүөх-аймах аҕа уустартан тураллар.
Аҕа уустар ыаллартан тураллар.
Ыал аҕаттан-ийэттэн, оҕолортон турар.
Бу майгылар тиллэн чөллөрүгэр түстэхтэринэ олох олоҕун булуоҕа.
Маассабай суураллыы суох буолуоҕа.
(+) уонна (-) биир буолан симэлийиитэ тохтуоҕа.
Үс Саха уонна Үс Хоро арахсыытын хаттаан сөргүтэн биэрии, күөртээһин, айылҕатын сиэрин булларыы соруга турар.
Плюс-минус эттиктэри ыраатыннаран, тэйитэн биэрии олоххо тардыһыыны күүһүрдэр.
Үс Саха уонна Үс Хоро икки ардыгар атаан-мөҥүөн суох буоллаҕына олох эстэр.
Үс Саха - сахатыгар, Үс Хоро - хоротугар буолара ирдэнэр.
Сахалыы эстиитэ - эр киһи эстиитигэр тиэрдэр.
Хоролуу хотуута - хоруоптаныыга тиэрдэр.
Элбэх куолута суох сахалар итини биирдэ этэн кэбиһэллэр.
“Алдьанар абаһыттан, өлөр өбүһүттэн”.
Олох алдьаныыта хоро-дьахтар дьахтар майгыта баһылааһыныттан. Саха-эр киһи майгытын үтүөх-батаах анньыыттан саҕаланар.
Абас өбүһү абааһы көрүүтүгэр тиэрдэр.
Абас өбүһү солбуйар майгыны көрдөөһүнэ саҕаланар.
Таҥара айар майгытыттан аккаастаныыга тиэрдэр.
Онон билигин “клон” диэн ааттаан дьахтар бэйэтин күлүгүн буоһатан төрөтө сатааһыны оҥоро сатыыллар.
Ол табылыннаҕына эр киһитэ суох төрөөһүн сиргэ баар буо-луохтаах. Оччоҕуна дьахтар эр киһиэхэ наадыйбат буолар.
Эр киһини хоро-дьахтар төттөрү халлааннарыгар “һай” диэн үүрэн кэбиһэр. Эр киһи сиргэ наадата суох буолар. Ону оҥосто сатаан бөҕө буола сатыы сылдьаллар. Үп-харчы бөҕөнү кутуу бара турар.
Ити, баҕар, кинилэр санааларыгар сөп буолуо. Уонна баран кып-кыра “хобдох” баар итиннэ. Ол хобдох маннык:
“Таҥара ыйааҕа суох, сир үрдүгэр туох да хаампат”. !!!
Итинник саха өһүн хоһооно баар. Киһи санаатынан айыллан  оҥоһуллубут тыыннаах эйгэ суох.
Киһи таҥара буолбатах. !!!
Таҥара “далыгар” күрүөһүлээн киирэ сатааһын Хара-аньыы.
“Таҥара мастаммыкка дылы” диэн майгы.
Өбүһэ суох - олох суох. Солбуйар майгы эмиэ суох. Таҥара биэрбэтэх уонна биэрбэт. Өбүһү мэлдьэһии өбүстэн өлүү буоллаҕа ол.
“Өбүгэ өбүһүнэн, абаҕа абаһынан”.!!!
Таҥара ыйааҕа итинник сиэрдээх. Тулхадыйбат. Сорунума даҕаны.
Өбүгэ бу дойдуга салҕанан бара туруута өбүһүнэн эрэ кэлэр.
Абаҕа майгы абаһынан кэлэр.
Абаҕа - дьиҥнээх буолбатах диэн суолталаах.
Холобур.
Киһи диэн, ис дьиҥ искэ олорор кут-сүр уотун аата. Ол аата киһи.
Киһи - эр киһи киэнэ. Эр киһи сэбинэн бэриллэр.
Оттон эт-сиин - киһиэхэ абаҕа майгы. Кут-сүр суу уйата, дьиэ-тэ буолар. Кут-сүр эттэн-сиинтэн тахсан барда да эт-сиин өлүк буолар. Киргэ-бөххө кубулуйар. Бураллар. Эт-сиин киһи абастан ылбыт сирдээҕи абаҕа майгыта буолар.
Эт-сиин майгыта куту-сүрү хоттоҕуна тыыннаах буолуу уурайарыгар тиэрдэр. Кут-сүр саллан салыйан киирэн барар. Таҥаратын дойдутугар төттөрү төннүөн санаталыыр. Ол бэлиэтэ бэйэҕэ тии-йинии элбээһинэ, илэ чахчыны арыгы дьаарыгар уккуйан умна, илэ дьиҥтэн тэйэ сатааһын буолар.
Эт-сиин куту-сүрү хаһан да солбуйбат. Буорга булкуллан манна хаалар.
Бу этиилэри быдьар дии санаамаҥ. Сахарал билиитэ итинник. Тыыннаах олох саҕаланар сиригэр тиэрдэ турар. Киһи сэбигэр.
Ону хайыаҥый?
Атын сиртэн кэлбит бу сиргэ суох. Бары онтон кэлбиппит.
Бүлүү сүнньүн биис уустарын туһунан кылгастык итинник. Сыыһа-халты баар буолуо. Иһигэр киирдэххэ хааһыта элбэх. Бу сүнньүнэн куолу.
Сөбүлэспэт дьон бэйэлэрин көрүүлэрин туспа кинигэ гынан дьоҥҥо-сэргэҕэ таһаардыннар. Үтүө көҥүллэрэ. ааҕар киһиэхэ талыы баар буолуохтаах. Бэйэтэ талбалыаҕа. Ол үчүгэй.

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan1 (2009-10-09)
Views: 2586 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 5
Ыалдьыттар (гостей): 5
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024