|
74. Үс үөдүгэй бииһэ
Үс Үөдүгэй бииһин ууһа былыр Намана таһыгар Нам бииһин сэргэ уонна Дьаархаттардыын ыаллыы бииргэ олорбуттар. Улуу Саамай кэмигэр Үс Үөдүгэйдэр эмиэ хас да аҥыы арахпыттар. Биһиги Үөдүгэй тардыылаахпыт. Үөдүгэйи туспа суруйабыт. Киһи хаһан баҕарар бэйэмсэх. Ол сиэринэн. Саамай кэмигэр: Үөдүгэй сүрүн биистэрэ Бүлүүгэ түспүттэр. Билиҥҥи Үөһээ Бүлүү улууһун сүрүн бииһин ууһа Үс Үөдүгэй. Үөдүгэйдэр Үөһээ Бүлүү түбэтигэр үс төгүллээн кэлэн олохсуйбуттара биллэр. Үөһэттэн түһэн хочо сири булбуттар. Бастакы кэлиилэр Кэнтик сиригэр Тайма Татаар, (Эллэйдээх аҕалара), Күһэҥэй, Дьоонуга, Эллэй эҥин кэминээҕи, Ньургуһун уонна Лоокуут саҕанааҕы үөдүгэйдэр Кэнтик нэһилиэгэр түһэн олорбуттара биллэр. Үһүйээннэр, сэһэннэрэ аныаха диэри баар. Эр соҕотох Эллэйи, “Ньургуһуну уонна Лоокууту” киһи бары билэр. Иккис көһөн түһүү кэлин соҕус буолбут. Нууччалар кэлиилэрин кытары утаа-сабаа. Онно көһөн кэлбиттэр Наакааннар (билиҥҥи Далыр нэһилиэгин дьоно), Чаптар, Күҥкүлэр (билиҥҥи улуус киинэ, Кэнтик сороҕо), ону сэргэ Үһүс Үөдүгэйдэр сорохторо, ( билиҥҥи Үрэннэр, Дүллүкү нэһилиэгэ). Улуу Саамай көһүүтүгэр сорох үөдүгэйдэр Өлүөнэҕэ Намнары кытары киирэн Эҥсиэлигэ олоҕурбуттар. Олор Тыгыны кытары, уонна нууччалары кытары сатаспакка утары туран кыргыһан баран кэлин үрүө-тараа барбыттар. Үөдүгэйдэр Бүлүүгэ үһүс кэлиилэрэ буолбут. Үһүс кэлии аата Ороһу кэлии диэн. Өссө ортолоругар дьаархаттар кытта кэлсибиттэр. Ороһу кэлии Үөдүгэйдэр билиҥҥи Ороһу нэһилиэгэр олохсуйбуттар. Онон Ороһулар Үөдүгэй аҥаардаахтар. Ороһуга кыайан баппатахтар. Ханна барыахтарай? Үөһээ Бүлүүгэ дьонноругар 2-с Үөдүгэйгэ тиийбиттэрин Кэнтиккэ Чаптар сир биэрэн сорохторун олохтообуттар. Олортон билиҥҥэ диэри Энэлгэн аҕатын ууһа диэн Кэнтиккэ баар. Сити кэмнэргэ Кэнтик нэһилиэгэр Дьаархаттар кэлэн Бүлүү өрүһү кыйа олохсуйбуттар. Дьаархан оҕонньор уолаттарынаан Долгун, Дыйаҥы, Дьүөлэкээн эҥин диэннэрдиин. Кэнтик нэһилиэгин 1/3 билиҥҥэ диэри дьаархаттар буолаллар. Кэлин Кэнтиккэ холбоспуттара. Кэнтиккэ кыайан батан олохсуйбатах дьоннору, аны 1-кы Үөдүгэйгэ (Далыр) тахсыбыттарыгар Далырдар, эмиэ, сир биэрэн олохтообуттар. Далырга билиҥҥэ диэри Күүлэт диэн нэһилиэк баар. Онтон салгыы Сургуулукка уһук кыраай диэҥҥэ олоҕурбуттар. Ааһа баран Үчүгэй үрэх диэнинэн Түҥҥэ тахсан Тылгыны нэһилиэгин, өссө ааһа баран, Алын Бүлүүгэ Үс Күүлэт нэһилиэктэрин олохтообуттар. (1-кы Күүлэт, 2-с Күүлэт, Үгүлээт). Онон ити алын Бүлүү нэһилиэктэрэ бары Үөдүгэй уонна Дьаархан аҥаардаах нэһилиэктэр буолаллар. 2-с Күүлэккэ Тоҕус бииһин ууһуттан Тааһаҕартан тахсан кытта олохсуйан кыттыспыттар. Билиҥҥэ диэри Тоҕус Тааһаҕарын быстахтара 2-с Күүлэккэ бааллар. Үс Күүлэт урут Үөдүгэй улууһа дэнэн сылдьыбыта. Ол биллэр. Билигин Алын Бүлүү улууһугар Тылгыны, үс Күүлэттэр киирсэллэр. Кэнтик дьаарханнарыттан Долгун, Дьүөлэкээн диэннэр Сургуулукка баран олохсуйан билигин Долгуннар, Дьүөлэкээттэр аҕа уустара диэн бааллар. Намтан арахсыыга Үөдүгэй биир салаата туспа Дьааҥыннан Хоту тахсан Аллайыаха улууһун олохтообут. “Суол бастаабыт” диэн бас-көс киһилээх. Түөрт уоллааҕа үһү. Аллайыаха улууһугар билиҥҥэ диэри Үөдүгэй нэһилиэгэ баар. Ол туһунан Аллайыахалар улуус остуоруйатыгар суруйбуттар. Сэргээбит булан ааҕыан сөп. Аллайыаха сахалара онон Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхтэр. Биллэринэн Үөдүгэйдэр тарҕаныылара итинник. Биллибэтинэн элбэх буолуо. Туспа ырытыы наада.
|
Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan1 (2009-10-09)
|
Views: 3047
| Rating: 0.0/0 |
|
|
|
Ааҕыылар |
Баар бары (online): 26 Ыалдьыттар (гостей): 26 Кыттааччылар (пользователей): 0 |
|