Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

75. Үөдүгэй хаан тардыыта

Чаптар  тоҕус хаан анараа өттүгэр Үөдүгэй бииһин уустара. Чаптар 9 хаан буоллахтарына Үөдүгэйдэр  онтон итэҕэһэ суох буолаллара чуолкай.
  Үөдүгэй  диэн Татаар Тайма орто уола диэн баар. Үөдүгэй бииһин ууһа кини аатын сүгэ  сылдьар. Онон биис ууһа үөскүөр диэри элбэх сүһүөх хаан тумаламмыта буолуо.
  Үһүйээн  быһыытынан Татаар Тайма Үс Бүлүү төрдө  киһи. Ол туһунан үһүйээн элбэх. Сэһэн Боло Бүлүүтээҕи хомуурдарыгар сурулла  сылдьаллар. Бэчээттэнэ илик. Тыл институтун архыыбыгар барыта сытар. Сэргээбит  баран ааҕыан, үөрэтиэн сөп.
  Тайма  Татаар кыһалаах тимир ууһа.
  Тайма  Татаар тоҕус уоллааҕа үһү. Ол уолаттартан барбыт дьоннор  ааттара Күһэҥэй, Дьоонуга, Дьоргуодай, Үөдүгэй,  Күрэнчэ, Оҕуһар, Үрэн, Үҥкээбил, Эллэй эҥин диэбит курдук ааттардаахтар. Мантан  хаһа ханна барта биллибэт. Биһиги билэрбит Үөдүгэй бииһин ууһа Татаар Тайматтан  тардар.
  Кэнтиккэ  Татаарка, Үөдүгэй олоҕо диэн өтөхтөр билиҥҥэ диэри бааллар. Дьоонуга диэн сир  баар. Өтөхтөөх. Дьоркуодай күөлэ диэн алаас баар. Күрэнчэ диэн Тойокуга  олорбута биллэр. Үрэн диэн хаалбыт нэһилиэк баар. Оҕуһар олоҕо диэн өтөх баар.  Баай Күһэҥэй олоҕо диэн Баалыкай диэн сиргэ баар.
  Аат быһыытынан  олох сахалыы ааттар. Холобур.
  Күһэҥэй - күһэҥэ диэн киһи көхсүн  хараҕа. Күүс оҥоһуллар сирэ. Киһи түөһүн тылыгар илин өттүгэр Күҥэһэ диэн. Күннээх  буолар. Оттон көхсүн диэкки өттүгэр Күһэҥэ диэн. (Бу аат арҕаа дойдуларга  Кюсюнга диэн аатынан биллэр.) Өтөҕө Баалыкай.
  Дьоонуга - дьон киһитэ диэн. (Арҕаа  омуктарга Дьамуга диэн буолан хаалар.) Өтөҕө Дьоонуга.
  Дьоргуодай - киһи этигэр-сиинигэр  уот аата. Киһини хаамтарар-сиимтэрэр, хамнатар, хамаандалыыр уот аата  Дьоргу-уот диэн буолар. Дьоргу-уот-ай диэн. Сылдьар ыыры кэҥэт,  хаамтар-сиимтэр, туттар-хаптар диэн. (Арҕаа омуктарга Джиргуодай диэн буолан  хаалар.) Өтөҕө Дьоргуодай күөлэ. Соҕуруу эҥээригэр ойуур иһигэр баар өтөҕө.
  Нам - эр киһи сэбэ намылыйа  сылдьар нам-нум кэмэ. Наманаҕа олорбут. Онтон Намнар, Таатталар, Үөһээ Бүлүү  намнара тардаллар.
  Үөдүгэй - үөдүйүү төрдө. (Арҕаа  нуучча сиригэр Едигей, адыгей, диэн буолан хаалар.) Лүҥкэрик уонна илин  атырдьах икки ардыгар Үөдүгэй өтөҕө баар. Хаһыс Үөдүгэй олорбута биллибэт.
  1,2,3-с  Үөдүгэйдэр Үөһээ Бүлүү сис бииһэ буолаллар. Кинилэртэн тардыылаах Алын Бүлүүгэ үс  Күүлэт, Үөдүгэй улууһа диэн ааттана сылдьыбыта. Аҕа ууһунан Энэлгэн ууһа диэн  ааттаналлара. Сорохторо Кэнтиккэ Энэлгэн аҕатын ууһа буолан бааллар.
  Үөдүгэйдэр  Намана баһыгар Дьаархаттары уонна Намнары кытары ыаллыы олорбуттар. Билигин да  онтуларын ыһыкта иликтэр. Бииргэ уонна сэргэ түһүүлэнэн олороллор.
  Күрэнчэ - хаан күрэниитэ. Хаан күрэнэн,  араҕан уруу-аймах тарҕатааччы. Күрүөх дьону элбэтээччи. (Арҕаа омуктарга  Куремсы диэн буолан хаалар.) Олорбут сирэ Өргүөт. Кэнтиктэн Тойокуга тахсыбыт.
  Оҕуһар - оҕус-аар диэн. Таҥара оҕуһа  диэн. Бу ойуун үһү. (Арҕаа Агузар диэн буолан хаалар.) Оҕуһар ойуун диэн аат  элбэх. Кэнники Оҕуһар ойуун олорбут сирэ Кэнтик Балаҕаннааҕа.
  Үҥкээбил - таҥараҕа үҥэн билээччи.  Үрэн. Дүллүкүгэ 3-с Үөдүгэй буолан олороллор.
  Үрэн - бытыга үүммэт киһи  аата. Түүтэ үрүөхтэнэн суох буолан хаалбыт. Бириэйдэммиттээҕэр ордук. Төрдө да  хаалбатах. Үрэн утарыта Сахыл диэн өйдөбүл  баар. Бар бытык уонна тараҕай киһи. Онон урааҥхай саха эр дьоно былыр Үрэн (түү  үүммэт) уонна сахыл (түү үүнэр) дьонугар арахсаллара үһү. Үрүөх диэн тирии түүтүн  сулуйан, кыһыйан суох оҥорор тээбирин баар. Тимир тиистээх төгүрүк уонна  уктаах.
  Дүллүкү - билиҥҥэннэн бикини, плавки  диэбит курдук дьахтар саамай чараас сыалдьатын аата. Билигин нэһилиэк аата  буолан турар. Дүллүкү диэн.  Урут  Сыалдьа-Нама диэн этэ.
  (Намнар  Үрэннэри кытары уруурҕаспыттар. Кыыстарын эргэ биэрбиттэр. Онно биир күөллээх  алааһы кыыстарыгар энньэ гынан биэрбиттэр. Былыр дьахтарга сир бэриллибэт. Эр  киһиэхэ эрэ бэриллэр. Ону Үрэннэр дьахтар сылдьатын кытта кэлбит алаас диэн күлүү  гынан: “Дүллүкү” диэн ааттаабыттар. Дьахтар   Сыалдьатын-нама диэн сымнатан хойукка диэри ааттанар этэ. Дьахтар хас да  хос сыалдьаны кэтэр былыр. Тас сыалдьатын аата кыабака-сыалдьа, дэнэр. Түүн кыыс буоллаҕына чуорааннаах эҥин  буолар. Онтон симэх-сыалдьа диэн  кэлэр. Оһуордаах, оҕуруолаах сыалдьа. Онтон саамай чараас дүллүкү-сыалдьа диэн кэлэр. Дуу - дьахтар икки диэн  ахсаанын аата. Үллүк - сабыы аата. Суорҕан үллүк, хаар  сиргэ үллүк. Иккис сабыы диэн аат. Билигин турууһук диэн.)
  Эллэй - тимир балтаһыта, тимири  эллээччи аата. Былыргы уустар ааттара. Болгуону уһааран баран сойо охсуон  иннинэ эллииллэр, онно туттуулаах балтаһыт наада. Оннук балтаһыт Эллэй диэн  ааттанар.
  Тоҥуо үрэх  төрдүгэр кэлэн олорон баран аҕатын Тайма Татаары кытары Элиэнэҕэ барбыт. Олоҕо  Татаарка Харыйалаах күөлүн уҥуор. Остобунай кыыһа өлбүт сирэ.
  Биир  истииннэн Татаар Тайма көрүүлэнэн куччугуй тохсус уолун Эллэй  дьылҕатын ааҕан баран, тус илин Элиэнэҕэ уолун  илдьэ барбыт. Туобуйа суолунан айаннаан иһэн Элиэнэҕэ тиийиэх үс хонук  хаалбытын кэннэ аара Маалтааны сиригэр өлбүтүн уола Эллэй араҥастаан харайбыт.
  Татаар  тыл урууна суругун илдьэ кэлэн иһэн сүтэрэн кэбиспит.
  Сиинэннэн  Эркээнигэ түһэн баран болуот охсон аллараа устан Туймааданы булбут.
  Ол  устан кэлэриттэн бэттэх Эллэй туһунан үһүйээн элбэх. Туймаадаҕа кэлэн Эллэй Үс  саха төрдө буолбут. Онон Эллэй-эһэбит, Омоҕой-хоро төрүппүт диэн буолар. Онтон  бэтэрээ өттүн сахалар билэллэр.
  “Эллэй  эһэбит саҕаттан” диэн куруук этиллэр.
  Хоро  уонна Саха холбоһуутун кэмиттэн баара-суоҕа 737 сыл ааста. 13-с үйэҕэ буолбут  быһыы. Ол иннинэ Элиэнэҕэ саҥа олохсуйуу кэмэ. Муус буһук ириитэ. Киһи олорор  буолуута. Муор Уута Хотугу байҕалга түһүүтэ. Муор уута үллүүтүн кэмиттэн кэлбит  Муус буһук төһө сыл турбута чопчута суох. Хотугу Муустаах байҕал анныгар туох  тимирбитэ эмиэ биллибэт. Билиҥҥи Хотугу Муустаах муора анныгар былыргы Сах үйэтин  саҕанааҕы Арҕаа эҥээр тимирбитэ үһү диэн үһүйээҥҥэ баар.
  Үөһээ  ааттаммыт ааттар бары аан дойду үрдүнэн тарҕаммыт ааттар. Хотуттан-арҕааттан  барытыттан булаҕын. Онно мунар наада суох.
  Саха  сирэ аан дойду саҕаланар сирэ. Хотугу булуус килбэйэр киинэ. Сир сыантыра. Өйү-санааны  барытын арҕааттан кэлбитэ дииллэр, арҕааҥҥы уонна соҕуруу эҥээри сир киинэ оҥоро  сатыыллар. Ити барыта сымыйа. Арҕаа - өлүү суола. Соҕуруу - суоҕуруу хайысхата.  Илин - кэскил суола. Күн тахсар. Хотуттан туох барыта саҕаланар, ааҕыллар.
  Тугу да  дьаабылаатыннар. Бастакы билии, төрүт майгы куруук хоту Саха эҥээргэ буола  туруоҕа. Уонна ол ыһыктыллыа суоҕа. Таҥара айыыта оннук.
  Эр соҕотох  Эллэй Бүлүүттэн Туймаадаҕа кэлбититтэн бэтэрээ остуоруйа син биллэр. Кини  анараа өттө хабыс-хараҥа. Ол сөп.
  Муус буһук  бастакы ириитэ Иньэ-сай өрүскэ буолбут. Аныгы Енисей. Онтон Илин өрүскэ Элиэнэҕэ  буолбут. Онон Оччотооҕу кэм туруу сирэ Туруу-хаан. Утары тылбааһа - Столица  диэн. Эргинэр сирэ Маҥхааһай (Мангазея). Бүлүү эҥээрэ. Саха Кырдьыга онно  сытар.
  Кырдьык  сороҕо кэлин кэлбит Кус-хоро биистэригэр баар. Уонна баран ол кырдьык Саха  кырдьыга буолбатах. Хоро кырдьыга. Хоролор ол кырдьыгы өрө тута сатыыллар. Тоҥус-хоролору  өрө туталлар. Ол сымыйата биллэр.
  Сир Ийэ  айылҕатын, таҥара бичигэр сөп түбэспэт. “Тоҥус киһи буолбатах. Тоҥус - хара”  итинник таҥара домо сахаҕа баар. Ол сахарал билиититтэн тахсар: “Киһи-хара”. Киһи  диэнэ хотугу эҥээр киһитэ. Оттон соҕуруу эҥээр дьоно бары: “Хара” диэн ахсааҥҥа  киирсэллэр.
  “Дьахтар  - киһи буолбатах” диэн таҥара домо баар. “Киһи-аймах” диэн өйдөбүлгэ: Киһи - эр  киһи. Дьахтар - аймах. Киһи аймаҕа. Ол сымыйа буолбатах. Хоролор бары хараҥаттан  тардаллар. Сырдыкка сыһыаннара суох. Амтыын Кириэс дьонноро. Абааһы-киһи аҥаардаах  биистэр.
  Уонна  баран таҥара табата тыһыта суох буолбат. Күҥҥэ Ый ыйааһына баар буоллаҕына сатанар.
  Онон  дьахтары да, эр киһини да биир ситимниир. Кинилэр - дьоннор.
  Хоролор  киһи ахсааныгар киирбэттэр. Оттон Дьон ахсаанын толороллор.
  Дьоҥҥэ  сэргэлэһэллэр. Ол иһин Дьон-сэргэ диэн буолар. Хоро сэргэ сылдьара көҥүл. Уонна  баран бэйэтин түбэтигэр.
  Хоро-тыһы  атыыры баһылыа суохтаах. Хоро таһыы муҥутуо суохтаах.
  Хорҕомнооһун  сиргэ хоромньуну аҕалар. Кыайан оспот хоромньу хоргуйууга, хоруоптаныыга  тиэрдэр. Ол суолу тутуһуллуо суохтаах.
  Иэдээн  буолар. Иэдээн - Үөдэн тардыыта. Үөдэн - дьахтар сэбэ. Тыһы баһылааһына.

Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan1 (2009-10-09)
Views: 3163 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 4
Ыалдьыттар (гостей): 4
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024