Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Норуот эмчиттэрэ [6]
Оһуохай [5]
Итэҕэл [27]
Саха биис уустара [150]
М.Тумус, П. Тараҕай, И. Сулус, В. Майаһа "Саха биис уустара" кинигэ
Олоҥхо [6]
Ыһыах [2]
Сиэр-туом [2]
Ойууннааһын [0]
Айыы үөрэҕэ [17]
Main » Articles » Итэҕэл » Саха биис уустара

76. Үөдүгэй ис хоһооно

Манна  хас да сахарал өйдөбүлүн быһаарабыт.
    Үөдүгэй - үөһээ суруллубутун  курдук судургу киһи үөдүйүүтүн оҥорор майгы. Оттон сахарал билиитинэн ырытар  буоллахха кыра уратылардаах.
  Үөдүгэй  - эр киһиэхэ таҥара ыйбыт ыйааҕа. Ис хоһооно судургу: Үөдэҥҥэ-ук-ай-эй. Үөдэн, үөдэй  дьахтар сэбэ. Ук - угаҕын, ай - айаҕын. Үөдэҥҥэ уган ай, атын майгы бу дойдуга  “эй”, ол аата суох, диэн таҥара ыйааҕа. Атыны көрдүү да сатаама. Үөдүгэй эрэ  майгыннан айаҕын.
  Ити таҥара  ыйааҕа. Ону тута сылдьар сахарал өйдөбүлэ.
  Бу  майгы эр киһиэхэ айылгы буолан бэриллибит. Туох да үөрэтии наадата суох.  Бэриллэ сылдьар. Эккэ-сииҥҥэ баар.
  Бу  майгы киһи айыллар, киһи - киһи буолар айылгыта. Ону баарды гынан биис ууһа  ааттаммыт. Эр киһи аата. Эр киһи киэнэ. Үөдүйүү саҕата уонна сахата эр киһиэхэ  баар. Ол аата киһини, олоҕу саҕар сиэмэтэ. Ол сиэмэни сиргэ кутан кэбистэххэ киһи  буолан тахсыбат. Сиэмэ үөскээһининэн эр киһи үөдүйүүгэ кыттыһыыта бүтэр. Онтон  уратытын таҥара биэрбэтэх. “Эй”, диэбит. Онон ай - эйдээх буолбут.
  Үөдэй -  Үөдүйүү аҥаарын дьахтар илдьэ сылдьар. Ол аата Үөдэй диэн.
  Үөдэй - дьахтар илдьэ сылдьар  айылгыта дьахтар үөдэнигэр баар. Ол аата сэбигэр. Дьахтар-аймах саамай улуу  дьыалата.
  Үөдүй-ай-эй  диэн үс тыл сылдьар. Үөдүй - сыччыый нөҥүө төрөөһүн. Ай-айар майгы. Эй - таҥара  аккаастааһына. Дьахтар төрөөбүтүн кэннэ оҕо туспа барар. Ийэттэн араҕан туспа  киһи буолар. Ийэ көҕүрээн үксэтэр майгыта төрөөһүнүнэн бүтэр. Оҕо атын бэйэтин  олоҕун олорон киирэн барар.
  Үөдэй  аатын илдьэ сылдьар Ийэ уустара сахаҕа элбэхтэр. Бу эмиэ үөдүйүүнү этэр майгы  буолан баран, Ийэ ууһун киэнэ. Үөдүгэй - Аҕа ууһун майгыта. Утары-таарылар.  Айылҕаҕа туох барыта оннук. Үөдэйдэр Үөдүгэй ханна баар даҕаны ол таһыгар  бааллар. Кинилэртэн ырааппаттар. Намҥа үөдүгэйдэр баар буола сылдьыбыттара,  онно Үөдэй ийэтин ууһа баар. Билигин нэһилиэк баар. Үөһээ Бүлүүгэ үс үөдүгэй  баар. Ньурба икки Үөһээ Бүлүү икки ардыгар Үөдэй нэһилиэгэ баар. Былыр  кинилэргэ Кус-хоролор кэлэн кыттыспыттар. Кэлин хоролор холкуостары холбооттооһуҥҥа  туспа барыыларыгар Үөдэй нэһилиэгин дьоно хоронон көҕүрээн хаалбыта. Билигин да  кыра нэһилиэк баар.
  Игидэй - сахарал билиитигэр:  иик-үөдэй диэн өйдөбүл холбоһон оҥорбут өйдөбүлэ. Киһи - ис-иик, биитэр иһик  (киһи, таҥнары аах) майгы буолар. Ис-иик киһини үөдүтэр. Иик-үөдэй бииргэ саҥарыллыыта:  Игидэй диэн буолар. Өссө биир өйдөбүлэ: Үөдэй ийэ уустарын тарҕаныыта. Үөдэй  ииктэрэ, иккис үөдэй диэн суолталаах. Билигин Игидэй Намтан тиийэн Тааттаҕа  баар. Нам Үөдэйин иигэ - Иик-үөдэй, саҥарыыта: Игидэй. Ол сөп.
  Таатта  былыр Нам-тааттата диэн ааттанар этэ, былыр. Игидэй Нам Үөдэйин быстаҕа буолар.
  Одуну - былыргы сахарал  билиитигэр: Одун-уунуу диэн өйдөбүл. Одун-хаан диэн айыы таҥара аата. 9-с  хаттыгастаах халлаан 8-с хаттыгаһар олохтоох биэс айыылартан биирдэстэрэ.  “Одун-хаан оҥоһуута” диэн ыйаах ол таҥараттан.
  Былыр  дьахтар сыччыыйын оҥоһуутун “Одун быһыыта”, “Үөдэн”, “Үөдэн түгэҕэ”, (Одина  пизда, пизида, один, одиново дно, дон, билиҥҥи нууччалыы: одинов вырез диэн  ааттыыллара үһү. Нууччалар бэйэлэрин тыллара суох. Аныгы тыллара барыта уларсык  тыл. Былыргыта барыта сахарал Тат-Аар тылыттан тахсар. Аныгы тылларын төрдө  кытары. Ол сөп. Уруу-саха, (урусак, русак, руск.) биистэрэ этэ, былыр. Үс сахаттан  биир салаата. Атынымсыйа сатыыллар да ханна да барыахтара суоҕа.
  Быһыы  диэн хайа анньыы. Ыарыыны утары оҕолорго быһыы оҥороллор. Ол кэриэтэ. Быһа  анньыы. Быһыыта, (пизида, пизда, руск.) ол аата оҥоһуута.
  Ийэ  аанын быһыыта хайдаҕый даҕаны, биһиги быһыыбыт-таһаабыт оннук. Оннук таҥараттан  быһыллан оҥоһуллубуппут. Онтон ханна да барбаккын. Ийэҥ иһиттэн тахсаҕын.
  Одун быһыытыттан  оронон тахсыбыккынан Одун-уунуу майгыта буолар, киһи. Одун-уунуу майгытын биир өйдөбүл  гыннаххына саҥарыллыыта: Одуну диэн  буолар. Ийэ оҕото диэн. Эмиэ дьахтар  үөдэй майгытын сорҕото. Одуну ийэ уустара. Билигин Одуну диэн Горнай улууһугар  баар. Маҥырас нэһилиэгэ буолан турар.


Category: Саха биис уустара | Added by: uhhan1 (2009-10-09)
Views: 3086 | Rating: 0.0/0 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 3
Ыалдьыттар (гостей): 3
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024