Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Промышленность [4]
Спорт [2]
Экология [26]
Үөрэҕирии. Иитии [8]
Бэлиитикэ [16]
Быыбар [7]
Экономика [2]
Мегапроектар [0]
Социальнай эйгэ [2]
Доруобуйа харыстабыла [4]
Саламта [4]
Көҥүл санаа [3]
Main » Articles » Бэлиитикэ » Бэлиитикэ

Сиэр-майгы уларыйыыта

Сиэр. Сахалар айыы дьоно буолан айыы сиэрин тутуһаллара. Сүнньүнэн тутуһаллар даҕаны, тыа сиригэр.
Айыы хаан аймаҕа айыллыбыт сиэрин үгэскэ олоҕурдан, итэҕэл оҥостон, сиэрин туомун толорон, этэр тылын домноон кэллэҕэ. Ол барыта сахалыы, омук быһыытынан уратылаах майгыны биэрэр. Ол сиэр-майгы дэнэр. Сахалыы сиэрдээх, сахалыы майгылаах дииллэр. Ол аата сахалыы итэҕэл ис дьиҥин тутуһар, сахалыы санаалаах, толкуйдаах, быһыылаах-таһаалаах, дьүһүннээх бодолоох буолар.
Айыы сиэрэ – майгыга-сигилигэ, быһыыга-таһааҕа, туттууга-хаптыыга, өй-санаа хаамыытыгар төрүт, төрүөт буолар.
Майгы ханнык сиэри тутуһаргыттан тутулуктаах. “Моральный кодекс строителя коммунизма” диэн сиэри тутуһан 70-ча сыл олорбуппут. Бу коммунизм итэҕэлигэр иитиллэн, онон айан-тутан, үчүгэйи куһаҕаны сыаналаан, арааран кэлбиппит. Ону барытын коммунистическай идеология диэн ааттыыллара. Оттон билигин ханнык идеология биһиги сиэрбитин-майгыбытын иитэрий? Бу диэн этиэххэ уустук. Ол барыта, биһигини баһылааччы Россия, онно сөп түбэһээччи республикабыт идеологията иэмэ- дьаама биллибэтиттэн. Ити олоҕурбатах тутул ыарыыта буолар. Билигин Россия туохха дьулуһара, тугу ыраланара ол туһугар государство баһылыыр былааһын күүһүн туһанара омооно көстөр буолла.
ССРС, РСФСР, РФ, Россия. Билигин РФ-тан Россия империятыгар көһө сатааһын кэмэ. Биһигини национальнай республика таһымыттан, уобалас, губерния таһымыгар салгыы таҥнары түһүү күүтэр. Ол кэнниттэн резервацияҕа олоруу… Ити идэмирдээх Россия идеологията ырылхайдык көстөр, аһаҕастык этиллэр. Ол иһин М.Е.Николаев билиҥҥиттэн резервацияҕа олоруу “Үс Хочо” бырайыагын оҥорон олоххо киллэрэ сатыыр.
Биһиги республикабыт омук уратылаах тыынын харыстыыр программалара тохтообуттара. Россия быстыбат сорҕото, холуонньата буоларга сөп түбэһэр, Россия “сөп” диэбит программалара эрэ билигин олоххо киирэллэр. Саха сирин национальнай республика быһыытынан буолбакка элбэх сир баайдаах регион (холуонньа) быһыытынан көрүү, ол баайын барытын Россия бас билиитэ оҥоруу, төрүт олохтоохтору ол баайтан матарыы уонна сокуон өттүнэн хайа да хайысхаҕа өрө көрбөт кыныы бара турар. Үксэ, сүнньэ оннук оҥоһулунна. Сокуоннар сурулуннулар. Биһиги республикабыт саламтата барытын туран биэрдэ. Уонна хантан омук уратылаах тыынын идеологията кэлиэй?! Сирбит баайын политикатыгар төрүт олохтоохтор кыттыспатахпытын кэриэтэ.…
Саха республикатын национальнай идеологията диэн өйдөбүл, Россия национальнай политикатыгар утары турар, көҥүллэммэт, бобуулаах өйдөбүлгэ кубулуйда. Бэйэтин быраабын, көҥүлүн туруорсааччы Россия кыр өстөөҕө буолар, Россия сиэригэр сөп түбэспэт быһыы-майгы дэнэр буолла. Барытыгар сөп түбэһии, үөһэттэн оҥоһуллубут, көҥүллэммит программаларга үлэлээһин барар.
Духуобүнай эйгэҕэ, сир баайыгар курдук ымпыктаан-чымпыктаан сокуоннар, быраабылалар суруллубаттар эрээри, Россия провославнай, имперскэй нууччатымсытар идеологията биһиэхэ сокуон күүһэ күүстээх дииллэр. Омук уратыта самалык, экзотика таһымыгар түстэр түһэн иһэр.
Духуобунай да, материальнай да эйгэҕэ саха сирин аатын сүгэр саха төрүт олохтоох омугун национальнай идеята, идеологията сууралынна.

Култуурабыт дьылҕата.

Ырыынак биһиги олохпутугар бэйэтин сокуоннарын соҥнуур. Үөрэххэ, доруобуйа харыстабылыгар, наукаҕа, култуураҕа, искууствоҕа, литератуураҕа ырыынак киириитигэр биһиги төһө бэлэмнээх этибитий? Улахан уларыйыылар тахсыахтаахтара, нуучча стандаарта киириэхтээҕэ, элбэх киһи үлэтэ суох хаалыахтааҕа, тэрилтэлэр сабыллыахтаахтара, ол оннугар ырыынакка эппиэттиир саҥа тэрээһиннэр ыытыллыахтаахтара эрдэттэн биллэр этэ.
Култуура уонна наука эйгэтин үлэһиттэрэ инники хайдах дьаһанан олоруохтаахтарын быһаарар кэмнэр кэлбиттэрэ ыраатта. Уһуннук дьүүллэһэр, ырытыһар бириэмэлэрэ да суох курдук. Бэйэбит салайааччыларбыт омуктарын уратытын көмүскэһэр саҥалара иһиллибэт. Шоуннан иирдилэр, ис дьиҥнээх үлэни умуннулар. Дьаалаларынан усталлар. Барыта үөһэттэн туох соҥнонорунан.
Үөһэттэн соҥнонор баһылыыр култуура, итэҕэл да, үөрэхтээһин да тугу диирин үүт маас үтүктэн, тук курдук толорон истэхпитинэ омук быһыытынан эстэргэ барабыт. Ол чуолкай. Боростой холобур. Манна олорор кэлии омуктар (нуучча, украинец, беларус, армян, кытай, киргиз, татаар о.д.а) бары туспа ханна эрэ кинилэр тустарын көмүскүүр государственнай тэриллиилээх ийэ сирдээхтэр, омуктарын култууратын, итэҕэлин, тылын­ өһүн сүнньүн тутан олорор дойдулаахтар, дьонноохтор ­ сэргэлээхтэр. Кинилэр омуктарыгар суураллыы суоһаабат. Дойдулаах дьон биһиги, кинилэр култуураларыгар суураллабыт. Ол олохтоох омук быһыытынан көмүскэлэ суохтан.
Оттон биһиги сахалар туспутугар, хотугу сир төрүт олохтоохторун туһа диэн атын уобаластар, республикалар, омуктара кыһаныахтара дуо? Бэйэтин улаханыгар суурайа сатыыр баһылыыр омук, биһиги омук быһыытынан тыыннаах хаалар суолбутун ыйан, оҥорон биэриэ дуо?. Суох, өссө төгүл суох. Олорон биэриэ суохтаахпыт. Бары барыта, баай дуол, быраап, былаас киин диэкки кимиэллээхтик көһө турарын, киинтэн тутулуктаныы күүһүрэн иһэрин билэ олорон куппутун сүрбүтүн, тыыммытын, төрүт култуурабытын, үгэспитин, сиэрбитин, тылбытын ­ өспүтүн харыстыыр сүбэтэ төхтүрүйэн туран булунуоҕуҥ. Култуурабыт дьылҕата – омукпут дьылҕата.
Саатар култуурабыт көҥүлүн /автономиятын/ хаалларыахтаахпыт. Ити туһунан элбэхтик этиллибитэ эрээри, күн бүгүн быһаччы дьайыыны, толорууну ирдиир кэмнэр кэллилэр.
Билигин урут тэриллибит араас култуура тэрилтэлэрин, хайысхаларын бөлөхтүү түмэн, ыган саҥа тэрилтэлэри тэрийии баран эрэр. Маны сүрүннүүр санааҕа ким, туох туһа баһылыахтааҕый?
Ити туһунан ааспыт “Сиэркилэлэрбэр” эмиэ суруйбутум.

Быыһанар суол - үгэс култуура

Духовнай эйгэ, култуура киһи кутугар­ сүрүгэр, өйүгэр­ санаатыгар, тыыныгар уйаланар. Айылгыбыт көҥүлүн туран биэрэр сатаммат. Бу эйгэ төрүтүнэн үгэс култуурабыт буолар. Республикабытыгар идэлээх култуура сайдарыгар нуучча, саха театрдара, опера, балет театрдара, музыка үрдүк оскуолата, үөрэх тэрилтэлэрэ, араас кулууптар, кииннэр элбэхтэр.
Норуот уус уран айымньытынан, омук общиналарын түмүүннэн, самодеятельнай коллективтарынан, араас фестивааллары, күөн ­ күрэстэри, концертары ыытыыннан Кулаковскай аатынан култуура киинэ дьарыктанан кэллэ. Ырыынак култуураҕа “дьиикэйдик“ өтөн киириитигэр култуура ис туруга үптэн харчыттан быһаччы тутулуктанна.
Маны сүрүннүүргэ, омук үгэс култууратын, ол аата, омук тыынын харыстыырга, көмүскүүргэ государство быһаччы көмүскэлэ, харыстабыла, өйөбүлэ наада буолла. Төрүт, үгэс култуураны сайыннарабыт диэн ааттаан ис хоһооно, барыла, торума, сүнньэ , ньымата суох үлэлээччилэр, бюджет хаччытыгар олорооччулар элбэхтэр. Олору сөргүтэр, сөхсүтэр наада. Норуот айымньытын дьиэтэ сабыллыаҕыттан үгэс култуураҕа болҕомто намыраата. Култуурабыт сунньүн маассабай, көрүнньүк, самалык , киирии култуура, шоу төттөрү ылар куттала үөскээтэ. Ити култуурабыт, духуобунаспыт министиэристибэтэ дириҥ ис хоһооно суохтук үлэлиириттэн тахсар.
Култуура ырыыынагар үгэс култуура көстүүлээх атыыга барар эрэ өттө табаар быһыытынан тахсыылаах буолуон сөп. Табаар буолан атыыга турбатар да омукпут дьиҥ ис тыынын, ис хоһоонун биэрэр, түгэхтээх төрүттээх улаҕалаах уурумньутун харыстааһыҥҥа, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тийэрдиигэ култуура министиэристибэтэ государство иниституутун быһыытынан мэктиэ буолуохтаах. Үп харчы көрүөхтээх, күннээҕиннэн буолбакка кэскиллээхтик былааннаан үлэлиэхтээх.
Биһиги бэйэбит төрүт, үгэс култуурабытын ситэ билбэтэхпит, үөрэппэтэхпит, ырыппатахпыт, чинчийбэтэхпит, туһаҕа таһаарбатахпыт хара баһаам. Манна олох ситэ тыытыллыбатах эйгэ сытар. Манна омук уратылаах үйэлээх тыына сытар. Кэлэр көлүөнэҕэ ону ыстаан, үөрэтэн, ситимнээн биэрбэтэхпитинэ, барытын ыһа-тоҕо, атыылыы сырыттахпытына, омукпут кэскилигэр омсуоллаах оҥкулу охсуохпут.
Омук бэйэтин тыынын харыстанарыгар суолта биэриэхтээх, харчыны харыстыа суохтаах. Ырыынакка бэйэтэ бэйэтин дьаһанар, хааччынар кыахтаах маассабай уонна государство өйөбүлүнэн эрэ тыыннаах хаалар үгэс култуура эйгэлэрин арааран толкуйдаахтык торумнуохха, былааннаахтык барыллыахха, олохтоохтук оҥкул охсуохха.
Айыы сиэригэр, майгытыгар иитээччи – төрүт үгэс култуура. Духуобунаспыт эмиэ онтон. Арҕааҥҥы кута-сүрэ суох култуура биһиги ис турукпутун, куппут-сүрбүт чөлүн ыһар. Атын сыаннастары, атыннык үчүгэйи-куһаҕаны араарар анаарыыны соҥнуур. Сиэр- майгы сатарыйыыта онтон. Ыччат куһаҕан дьаллыкка, кыдьыкка ылларыыта, өйдөбүлэ тиэрэ уларыйыыта онтон. Арыгы, табаах, наркотик, содурдааһын, түөкүн, албын быһыы, суобас суураллыыта барыта киирии култуура дьайаана. Урут да, хойут да биһиги атын омуктартан ылбыт, ыла турар куһаҕан дьаллыктарбыт, кыдьыктарбыт, омсолоох быһыыбыт-майгыбыт, кэрээнэ суох буолуубут сутуйуутун тохтотор, ону сыымайдыыр, сыаналыыр үөрэхпит тугуй? Ол Айыы сиэригэр үөрэтэр Айыы үөрэҕэ- төрүт култуурабыт буолар.
Туохха барытыгар төрүт уонна төрүөт буолар омук аҕа-ийэ өйдөбүллэрэ, атыны ылынарга, үчүгэйин-куһаҕанын араарарга сөптөөх хайысханы биэрэллэр. Бу бэйэбит аан дойдуну анаарыыбыт (мировоззрение), олох олорорго, киһи буоларга тирэнэр тирэх, хайысха, өйөбүл буолар. Омукпут анаарыыта төрүт култууратыгар, айыы үөрэҕэр баар. Бу биһиги төрүт (базовай) үөрэхпит. Төрүтэ, төрүөтэ суох киһини киирии култуура кэбирэхтик хотор, атын сыаннастарга илдьэр. Сиэрэ-майгыта алдьанар Кытай, корей, нуучча, европеец, африканец майгытынан, сиэринэн үөрэнэн саха буолбаккын. Кини да курдук буолбаккын. Маргынаал буолаҕын..
Сайдыыны, цивлизацияны биһиги бэйэбит сиэрбитинэн сиидэлээн ылыныахтаахпыт. Маргынаал ону туох баарынан ылынар, тоҕо диэтэргин бэйэтигэр суох. Ол иһин биһиги маргынаал буолуо суохтаахпыт. Маргынаал буолуу – омук быһыытынан симэлийиигэр тийэр кыраныыссаҥ. Аан дойду үс гыммыт биирэ төрдө-ууһа, кимэ-туга биллибэт маргынаал. Олор кута-сүрэ суох култуураларын биһиги “сайдыы” дии-дии ылынабыт.
Саха сиригэр араас секталар эбии элбии тураллар. Үгүстэрэ олохсуйдулар, дьиэлэннилэр-уоттаннылар, элбэх төрүт олохтоох кутун-сүрүн куудьуйдулар. Улүүстарга, нэһилиэктэргэ элбээтилэр. Баһылыктар онно кыһамматтар. Култуура да үлэһиттэрэ ону аахайбаттар. Уопсайынан духуобунаска үлэлиибит дии-диилэр, мэрэппэрийээтийэ, шоу ыыппыта буолаллар. Духуобунаска үлэ - киһи кутугар-сүрүгэр үлэ буоллаҕа. Сэргэ-майгыга туһуламмыт дьаныардаах, унньуктаах иитэр-үөрэтэр, уһуйар-такайар үлэ. Саамай үчүгэйэ онтубут барыта бэйэбитигэр баар. Бу – бэйэни билии, бэйэни салайыныы.
Уулусса, тэлэбиисэр, киинэ, кэрийбэх кэлии дьон, эбэтэр ханна эрэ арҕаа, атын олоҕунан олорор дьон, секталар өйдөбүлүнэн бэйэни билинии, атыны сыаналааһын айыы киһитин киэбиттэн тахсыыга тийэрдэр. Култуура түмүктэрэ манна көстөллөр. Саханы консервативнай омук дииллэр. Ол үчүгэй, кырдьаҕас омук быһыытынан үгэстэрин, айыы киһитин сиэрин кэм да майгытыгар-сигилитигэр илдьэ сырыттаҕа. Онтубутун харыстаан, онон бөҕөргөөн, аныгы олох сиэригэр сөп түбэһиннэрэ дьүөрэлээн биэрэн иһии култуураҕа, духуобунаска үлэлээччилэр, үөрэтээччилэр, иитээччилэр, харайааччылар соруктара.
Төрдө-ууһа, туох да туокката, суолтата суох, харчы өлөрөр туһугар ыытыллар шоу хабааннаах тэрээһиннэр үксээтилэр. Оннугу анаан-минээн ыытар шоуменнар, режиссердар, продюссердар баар буоллулар. Бу аһаҕас ырыынак. Ким тугу баҕарар, хайдах баҕарар дьаабыланыан сөп. Ким да ону кыһаммат. Ааптардар бырааптара тутуһуллубат, айымньыта, үтүктүллүбүтэ, уоруллубута биллибэт, бас-баттах барыы. Тыл-өс баламат, уу-хааһы, саламаат. Ыччат ону ымыы оҥостор. Тыа сирдэригэр култуура үлэтэ көйгөтүлүннэ. Олохтоох бэйэни салайыныыга тыа сирдэригэр култуура үлэтэ-хамнаһа хайдах буолуохтааҕа салгыҥҥа ыйанна.
Сиэр-майгы уларыйыыта дьаалатынан бардаҕына, республикабыт саламтата, былааһа бу уларыйыылары өтө көрөн олохтоох омук сирэйдээх кэскиллээх үлэни ыыппат буоллаҕына, тастан киириигэ сотору кэминэн хотторуохпутун сөп.
Итэҕэл, тыл, төрүт култуура, олоҥхобут, оһуохайбыт, ыһыахпыт, олох араас эйгэтигэр омукпут уратылаах тэрээһиннэрэ, иэйэр куппут илэ сахалыыта барыта – омукпут тыына (духуобунаспыт). Куппут туурата –култуурабыт. Бу эйгэҕэ ис дьиҥнээх үлэ наада.

Category: Бэлиитикэ | Added by: uhhan (2007-09-17)
Views: 3758 | Comments: 2 | Rating: 5.0/1 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 9
Ыалдьыттар (гостей): 9
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024