Сүрэхтэнииттэн "сүрэхтэтии"
Саркаахтаах сатыыра
Бирисидиэн В.А.Штыров иккис болдьоххо олорор сүрэхтэниитин телевизорынан толору көрдөрдүлэр. Мин көрдүм. Ол көрө олорон элбэх санаалар киирдилэр. Онтон сатыырбынан сатыыралаан быктарыахпын баҕардым. Бэйэм санаабын этэр төрүт сокуонунан көрүллүбүт быраабым, ону ким бобуо буоллаҕай дии санаан туран. Быыбарга эмиэ кыттааччыбын. Дуома да буоллар сурук-анал-ыыспын. Көрө олордоххо көтөн кэлэр санаалар диэххэ. Муҥура суох элбэх үп бу тэрээһиҥҥэ кутуллубута көстөр. Быыбар буолбакка элбэх үп экэниэмийэлэммит буолуохтаах.
Сүрэхтэниини икки чааска араарыахха. Аһааһыннаах үһүс чааһын биһиги билбэппит. Бастакытынан өрөгөйдөөх өттө, иккиһэ саататыылаах өттө диэн.
Бастакытыгар, тойон-хотун, ыҥырыылаах ыалдьыт кэлэ сатаабыт. Киэһээ күөстээх киһи мээнэ алтыспат ойууттара кытта олороллоро көстөр. Олоҥхо тахсан эрэринэн ойууннааһыны судаарыстыба таһымыгар билинээри гыммыттар дуу дии санаатым. Дьон киһини сиэн түһэрэр курдук хайгыырга үөрэммит да эбит.
Урукку бирисидиэммитин Николаевы хайгыы да сатаабыттара. Кинитэ суох сатаан олоруо суохпутун курдук быһыы-майгы баара. Ол эрэн Николаев кытаанах киһи этэ. Кириитикэни, үөҕүүнү да тулуйан истэрэ. Хайгыылларыгар кини киэлитэ туолбатаҕа. Кини бэйэтин таһымыгар ситэ үлэлээбэтэх, ситэ туппатах, кыаҕын ситэ туһамматах майгы баара көстөр. Тыл этээччилэр бары нуучча уонна бааһынай буолан биэрдилэр. Сахалыы көрүҥээх хостуур промышленность киһитэ, үлэ геройа Тарас Десяткин, музей директора Егор Шишигин уонна Тамалыкаан нэһ. баһылыга З.И.Федорова эттилэр.
Бу күһүн, Ыстыырап АЛРОСА-ны биэрэн илии баттаан баран, бэйэтин өйөтөн илии баттааһыны тэрийбиттэрэ. Ол түмүгүн дарбатан үлүннэрэн таһааран нэһилиэнньэ 90-тан тахса бырыаһыан эйигин өйүүр, быыбар буолан эйиэхэ куоластаабыттарын кэриэтэ, "эн саҕалаан ис, биһиги ситэриэхпит” диэн буолла.
Хайҕабыл, ньымааттыыр, сөп түбэһэр этиилэри уус-уран литератураҕа туспа жанр быһыытынан киллэрэн, сыаналаан, сорох-сорох чунуобунньуктары суруйааччы чилиэнигэр ылаттыахха да баар эбит. Эбэтэр туспа үһүс сойуус тэрийиэххэ. Ити мин, хайҕабыл чааһыгар дьоҕурум кинилэргэ ырааҕынан тийбэтин билинэр буолан этэбин.
Сылтан сыл аайы харыыта суох хайҕабыл, ньымааттаһан ньылҕаарытыы, аллараа сыҥаах, бэрт буола, сөп түбэһэ охсуу сайыннар сайдан иһэр. Туспа хайысха, майгы, сиэр буолла. Култуура да диэххэ сөп. Сорохтор ол сайдыыттан хаалан култуурунайа суохтар быһылаах … Былыр эмирдэри, султааннары хоһоонунан хоһуйан куоталаһар майгыларыгар тийэн эрэбит быһылаах. Суоҕу баар, баары суох курдук эргитэн эгэлитэн аҕалан "кырдьык даҕаны!” диэххэр дылы ньылбаардан этэҕэлээн этии уонна ону барытын хайҕабылга иэҕэн таһаарыы үрдүк маастарыстыбатын эбэхтик көрөбүн.
Итини сатаабат буолан, тылым-өһүм тылбытыллар, суруйуум -этиим тахсыбат буолан "хара сону кэтэн” хара сору булбут эбиппин чопчу уонна дьэҥкэ өйдөөтүм. Ыстыырап болдьоҕун иннинэ , "төрдүс былаас” - бэчээт туһунан суруйбутум тахсыбатаҕа. Хайҕаабытым буоллар тахсыа этэ…Чиновниктар хайҕабыл үрдүк таһымын сиппиттэр, оннук дьон үлэлиир, бочуоттанар эбит. Ону чаҕылхайдык уустаан ураннаан көрдөрдүлэр.
Бу нууччалыы барбыт политическай испэктээкил исскуство үрдүк таһыма буолбатах дуо?
Ыстыырап сирэйин-хараҕын одуулаатым. Хайҕабылы сөбүлүүр эбит. Астынан манньыйбыт мичээр мөссүөнэ сотору-сотору уруһуйданан кэлэр. Ама ким сөбүлүө суоҕай, ол баа буолбат. Уонна баран киһи ороһуйа көрөрө диэн, итинник мынаһына суох ньымаат хайҕабылы сөбүлүүрүгэр, итэҕэйэригэр сытар.
Ыстыырап бэйэтин этиитин усталаах туоруотыгар биир көстүү харахпар кэлэн ыйанан турда. Ол, сүмэһинэ супту оборуллубут, урусхал буолбут, иччитэхсийбит сахам сирин айылҕата. Кини этэр этиитэ, саҥарар саҥата ону ыҥырар эбит.
Тимир суолу аҕалабын, аһаран Амыарыкаҕа тийэрдэбин, Арассыыйаны кытта быһа сылдьыһар суоллары тутан, Магадааҥҥа, Камчааткаҕа тийэрдэбин, аламааһы, көмүһү, гааһы (салы), ниэби (сир ньоҕорун), чоҕу, хорҕолдьуну, никэли (чаҥы), алтаны (дьэһи), полимеры (тимир болуо буккадаһык таастары), о.д.а хостооһуну күүһүрдэбин . Ону курдары тиэйэн атыылааһыны уонунан төгүл улаатыннаран үрүҥ хаччытын Арассыыйа ыан сииригэр биэрэбин, эһигини алдьаммыт хоруута аттыгар олордобун, улахан иһит салааһыннаах, биһиэхэ да тиксэр малааһыннаах буолуо диэн, эппит этиитэ миэхэ тийдэ.
Алта Гээһи тутан, алта байҕалы оҥоробун, ирбэт тоҥу иэдьэҥэй курдук илдьиритэ тэпсэн, үнтүрүтэ үктээн, ууннан чаалытан ириэрэбин, хотугу булууһу уулларан, Сир Сибиэт сиҥниитин оҥоробун диэбитигэр, отут да олоҥхо абааһыта кээпэрэтиип тэрийэн маннык быһыыны кыайыа суоҕун, онтон кини ордон тахсыбытын өйдөөтүм.
Ааспыт кэмнэр диэкки хайыһан туран, Адыаччы гээһин экологтар айдааран тохтоппуттара баара, абаккалааҕа эбитин аҕынна. Дьэ экологтар-мукологтар муоскут тостор кэмэ кэлбит быһылаах. Харыылаах хастааһыннаах, хоруулаах хостооһуннаах, ыстыыр туһугар ытырыылаах этии кэнниттэн саала ытыс тыаһынан ньиргийэ олордо. Арааһа Сир Сибиэт сиҥнэрин сөбүлүүр быһылаахтар…
Атын этиилэр "субьект, регион” дии-дии, ону бигэргэтэн аллараа сыҥаах буолар эбиттэр.
Харахпар кэлэ турар ол көстүүнү үүрэ сатаатым да сүппэтэ. Алдьатыы далааһына киэҥиттэн, сиир –алдьатар, хостуур-хоро таһар туһугар өргөстөөхтүк туруммуттара күүһүн илэ-көрөн итэҕэйдим. Ол туһугар төһөлөөх да үбү кутуохтарын билбэттэр эбит.
Сиэмэх да ойуун сиир-алдьатар туһугар кыырыыта-таныйыыта итинник идэмирдээх буолуон сатаан санаабатым. Саамай дьиктитэ саалаҕа кэлбит дьон бүтүннүү, тойоттору, артыыстары кытта бииргэ оонньоон үөрэ-көтө олордулар. Бу чахчы табыллыбыт испэктээкил курдук. Хас биирдии алдьатыылаах майгы этилиннэ да ытыс тыаһа хабылла түһэр. Тойон Кудрин саха сирэ Арассыыйаҕа донор буолуохтаах (хааҥҥытын супту оборуохпут, ыанар ынах гыныахпыт) уонна ону ситиһиэхпит диэн быһаччы эттэ. Үөрэн өлө сыстылар. Ол дуонарыстыбаҕа туохпут толук ууруллара биллэр эбээт…
Өлүү суола хаһан баҕарар, абынан-хомуһунунан илгийэн ыҥыра-угуйа турар буолар үһү. Олох суола буоллаҕына, кыһалҕаннан кыһайа, дьэбир хараҕынан көрөн турар буолар үһү. Өлүү, саха омук омук быһыытынан эстэр суолун абылаҥа саала иһигэр мустубут дьон кутун-сүрүн куудьуйа тилийэ көтө сырытта. Ол онтон үөрбүт сирэй-харах хайдаҕын көрдүм. Ханан да өрүһүлтэ суох курдук… Бу сүрэхтэнии дьоҥҥо тийиитэ "үчүгэйи баҕаран үлүгэргэ тийии” буолла.
Чахчы талааннаах режиссер туруоруута. Сүрэхтэнии нөҥүө дьиксинии үөскээбитин дьоҥҥо тийэртэ. М.Е.Николаев тыл эттэ, лаппа кырдьа тамнаабыт. Хаалларбыт нэһилиэнньиктэрин хайҕаата. Тыгын буолар бэйэтэ Лөгөй оруолун толордо. Мин бэйэм кэннибиттэн нууччаны олордубут муударайым кырдьыгын булла диэх курудук эттэ. "Эт ааккын – этиэм кимҥин!”, "Истина – в имени твоем!” диэн баар. Киһи аатыттан ханна да барбат. Сахаларга ыстыыр диэн балта атаҕа. Киһи миилэтигэр тутуһан турар бөҕөтүн көмөтүнэн ыстыыр. "Ыстыыр – тыырар санаабыт, ыстыык үөһүгэр Ыстыырап” диэн суруйбуттааҕым.
375 сыл анараа өттүгэр уобуллубут саха сирин ыстаан бүтэрэллэрэ биэс сыл хаалла. Онтон ыйысталлара сүүрбэччэ эрэ сыл буолуо. Саха омук төрүт олохтоох омук статуһун да ыла илик. Төрөөбүт дойдутугар кимэ-туга да биллибэт, бэйэтин быраабын ийэ сиригэр иҥэриммэтэх омук, маннык ыстыыр тэтиминэн бардахпытына ЮНЕСКО эппит 50 сыл болдьоҕор тийэрбит саарбах. Рим империята "Хлеба и зрилищ!” диэн үөгүлүү, сиэри таһынан оонньуу-көрүлүү олорон эстибитэ. Тоҕо эрэ ону эмиэ санаан кэллим.
Туруорааччы режиссеры хайҕаатым. Хайалара эбитэ буолла? "Сахалар эстэн бүттүгүт”- диэн санааны тийэрдэн сыалын-соругун ситистэ. Ыстыырап ыстаан бүтэрэн эрэрин өйдөөтүбүт. Сүллүгэһинэн саайар курдук кэтэх өйдөбүллээх туруоруу. Чахчы талааннаах туруоруу. Бэйэтин дьиҥнээх санаатын, исскуство нөҥүө "сахалар эһиги инники кэскилгит эстэр суолга киирдэ” диэн санааны эттэ. Бу ситиҺии, Чаҕылхай туруоруу!
Ол туохтан көстөрүй? "Сахалар кус хоролорго суураллан бүттүгүт” диэн домноох этии, олус чараастык, утумнаахтык уонна сиэрдээхтик саҕаланна. Өрөгөйдөөх концерт титульнай ньүөмэрэ, аан аһыыта эбээннэр үҥкүүлэринэн саҕаланна. Онтон комиксаҕа майгынныыр олоҥхо барда. Онтон аҕабыыттар тахсан саха тыынын ыйыстан кэбистилэр. Онтон араас омуктар тахсан,"биһиги эһигини маннык симэлитиэхпит”- диэн сахалыыттан саҕалаан нууччалыыга тийэрдэн симэлитэн кэбистилэр. Көрөн, истэн тулуйан олоруохха туох да дириҥ түгэхтээх, ааттаах мөкү майгы.
Бүтэһигэр Иван Степанов "Сахам сирэ барахсан” диэн ырыаны толоруута, аан ийэ дойдуттан, сахатыттан арахсан, килиэ муус ортотугар соҕотоҕун хаалан, сахатын сирин ахтыбыт тулаайах дорҕоон дуораһыйыыта буолан этим сааһын атытан киирдэ. Хайдах эрэ сахалар эстэн баран сулустар быыстарыттан туойалларын курдук иһилиннэ. Турааччы режиссер оҥорор да буолар эбит! Оҕоруктаах, таайтарыылаах этии күүһүн көрбүт дьон куттарынан-сүрдэринэн ылынан сөхтөхтөрө-махтайдахтара да буолуо.
"Ыстаабыккын эрэнимэ, ыйыстыбыккын эрэн”- диэн эмиэ баар этэ…
2007 с. 01 ы. 28 к. ("Кыымҥа” таһаарартан аккаастаннылар. Ол оннугар "Кыым " кыл. редактора Владимир Степанов бу бэйэтин үлэһитэ суруйбут сатиратын таһаарбакка гынан баран, мин санаабын соттук оҥостон"Кыым” 4-с №-гэр "Тыабыт, уубут – барылара биһиэнэ”диэн хаһыат "Сүрүн санаатыгар” : -"…тыл этиилэртэн дьон биир түгэни улаханнык сөбүлээбэтэх…, бүтэһик хааммытын супту оборон ылаары гыммыттар диэн өссө өһүргэммиттэр…, омнуолаабыттар…,Кудрин Саха сирин хаанын иһиэм диэн эппэтэҕэ чуолкай…” диэн "быһаарыы-эппиэт” суруйан, "сөп түбэһиннэрэр” сүрүн санаатын бооччойбут. Дуонар диэн тыл суолтатын билбэккэ суруйбут акаарыны өйдөтөр курдук иэҕэн… Дьон суругун хаһыакка таһаарбакка эрээри,ол суруктар идиэйэлэрин, сүрүн санааларын суйдаан ылан бэйэлэрин ааттарынан таһаарар "эрэдээктэрдэр”,” хаһыаччыттар” , бу түктэри, түөкүн майгыларын идэ оҥостор буоллулар. "Кыым” сөп түбэһэр туһугар көҥүл санааны күөмчүлүүр буолан иһэрэ, ыстатыйабын таһаарбакка эрээри, онон сиэттэрэн "сүрүн санаа” оҥостоллоро кэлэтэр. 2007с. 02. 03 к. Р: Бу ыстатыйа интернетка тахсыбытын кэнниттэн миигин "Кыымтан” уураттылар.
|