Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Промышленность [4]
Спорт [2]
Экология [26]
Үөрэҕирии. Иитии [8]
Бэлиитикэ [16]
Быыбар [7]
Экономика [2]
Мегапроектар [0]
Социальнай эйгэ [2]
Доруобуйа харыстабыла [4]
Саламта [4]
Көҥүл санаа [3]
Main » Articles » Бэлиитикэ » Бэлиитикэ

Төрдүс былаас баар дуо ?


Кэмҥэ кэрдиигэ тиириллэн,
сахам омугун дьылҕатын
ытык суруга ыйаммыт,
добун долоҕойго, өспөт өйгө,
өлбөт сүбэтин өйдөбүлэ
иҥэриллибит …
Бүгүҥҥү бүгүрү сахаҕа
Бүтэр уһук кэлбитинии
бүтэй оҥоһуулаах, бүлгүрү тутуулаах
Ыраахтааҕылаах сиртэн ыйыллыбыт
ыйылыннары баайыылаах
Ыстыырап ыйааҕа ыйаммыт…

Бирисидиэммит В.А. Штыров болдьоҕо бүттэ. Кэлэр болдьоххо кини хаалар үһү, Путин: " эйигиттэн ордук хандьытаат суох, сайабылыанньаҕын суруй” – диэбит үһү диэн суруйаллар. Бу республика баһылыга ким буолар бопуруоһун туһунан. "Үһү” да "үһү” үһү…


Штыров бэйэтэ Ил Түмэннэргэ:- Путин кими туруорар да ол иһин "…как миленькие проголосуете…” диирин быктараллар. Уруккута эбитэ буоллар кэм да эрдэттэн хайдах олоххо олорон кэллибит, тугу ситистибит, тугу сыыстыбыт, төһөнү ыһыгынныбыт, төһөнү эбиннибит, ким бирисидиэн буолар, бырабыыталыстыба уларыйар дуо диэн ырытыһыы, киэҥ кэпсэтии, быыбарга бэлэмнэнии барыахтааҕа…


ССРС ыһылларыгар, РФ иһигэр баар регионнартан Саха сирэ бэйэни дьаһаныыга, ырыынакка киириигэ саамай үчүгэй балаһыанньалаах, кыахтаах этэ, бары өттүнэн.
Саха сирэ сиртэн хостонор баайынан аан дойду кылаастаах дойдуга киирсэр. Ол биллэн турар бастакынан аламааспыт. Бүддьүөппүт 75% этэ буоллаҕа. Сувернитет кэнниттэн маны политика оҥостон балачча туһаммыппыт. 


Николаев саҕана элбэх политическай, экономическай, социальнай, култуураҕа көҥүл баара. Кумааҕыга да буоллар, приватизация ыытан акциялары таһааран, тэрилтэлэр дьыалаҕа тэриллиилэрин көрүҥүн уларытан, ырыынак экономикатыгар киирэргэ төрүт олохтоммута. Ол эрэн тыа сиригэр отуур сири, даача сирин туһаныыга биэрииттэн, квартира приватизациятыттан ырааппатахпыт. 


Бу көҥүлбүтүн, бырааппытын кэмигэр толору туһаныыга, бэйэни салайыныыны киллэрэ охсон, муниципальнай тэриллиилэри, норуоту кытта үллэстэн, төрүт олохтоох сиригэр - уотугар иҥэрбэтэхпит. Самоуправленияҕа Россияҕа саамай кэнникиннэн, хойутаан киирбиппит. Киирэрбитигэр иҥэриэхтээх көҥүлбүт көрүнньук көҥдөй көхсө эрэ хаалбыта. Билигин ону хагдаҥ отунан толорон чуучала (нууччала) оҥоробут. Ис дьиҥэ, ис хоһооно, баайа- дуола, бырааба, көҥүлэ суох бэйэни салайыныы…
Штыров саҕана бу экономическай политикабыт кыайтаран алмаастан ыларбыт аҥаарыттан аҕыйаабыта.

Ханнык политиканы талбыппытый?.Биһиги иннибитигэр сиртэн хостонор баайы туһаныыттан саха сирин туһатыгар рента ылыы боппуруоһа турара. 


Ил түмэн икки палататын тохтотон, биир "толоругас” палатаны хаалларан урут түһэрсиллибит дуогабардары Россия туһатыгар көннөрүү, СР төрүт сокуонун РФ төрүт сокуонугар сөп түбэһиннэрииттэн саҥа үйэ сатаҕай үлэтэ саҕаламмыта.


Сокуон , быраап уонна болномуочуйа өттүнэн тирэҕэ суох оҥорон баран барытын төттөрү ылыы, былдьааһын, атыылааһын барбыта. Атыыланыы уонна бэйэҕэ барыыһа суох атыылааһын. Ол барыта Россияттан соҥнонор диэн буолбута. СР уонна РФ икки ардыгар сир баайын бас билии, хостооһун, туһаныы, тииһинии боппуруостара хайдах быһаарылларыттан инники кэскилбит тутулуктаммыта.

СР сиртэн хостонор баайын хонтуруоллууругар олох кыра, "баһаарынай уонна санитаарынай” хонтуруоллар тобохторо хаалбыта. Маны барытын Штыров Россия былааһын кытта "сөп түбэһиннэрэн” оҥорбута. Элбэх уордьан, мэтээл, аат суол тиксибитэ. Ыра баҕа санаабытын ырыынакка ыган, ыччат кэлэр кэскилин ыстаана суох хаалларбытын иһин Россия биир туйгун менеджерэ аатырбыта. 


Саха сирин олохтоохторо тымныыны кытта охсуһарбытыгар олохпут үтүөтэ, күүспүт-уохпут баранар. Саха сирэ электроэнергияны, гааһы, неби,чоҕу, атын омук сирдэригэр атыылыырга тийэ оҥорор буолла. Ол эрэн олохтоохтор онтон туһаналларын иһин төлөбүрдэрэ эбии улааттар, улаатан иһэр, үгүстэр олох да туһамматтар. Ол баар, айылҕаны айгыратан сиртэн хостонуллар баайбыт биһиэхэ өҥөтө. Туркмен-баши олохтоохторугар энергияны төлөттөрбөт үһү диэни истэ-истэ сымыйа остуоруйа курдук саныыбыт. Татарстан, Башкорстан сиртэн хостонор баайдарыттан төһөнү туһаммыттарын киһи ымсыыра эрэ истэр.


Республика баайын- дуолун, көҥүлүн туран биэрии тактикатыгар; Россия барытын ылар буолла, тугу да кынар кыахпыт суох, суукка биэрэн ону туруорсабыт, маны киирсэбит диэн норуот хараҕар "оонньуу” саҕаламмыта.


Стратегиятигар; Аан дойду Азия Тиихэй акыйаанын регионугар Сибиир, Дальнай Восток сиртэн хостонор баайын атыылаан Россия хааһынатын хаҥаттар, энергетичэскэй, транспортнай политикатыгар киллэриллибиппит. Саха сириттэн тиэйэн ыларга тимир суола, супту оборорго газ, ниэп турбалара, электролиния тутуулара тэтимнээхтик саҕаламмыттара, салҕаммыттара. Мантан тииһинэр дохуоппутунан инники кэхтибэт кэскилбит түстэниэ диэн буолбута. Штыров кэмигэр, урукку бырааптарын, көҥүлүн күрүлүүр күнүс көрөн олордохторуна, бэйэтин үрдүкү былааһын "сөп түбэһэн биэрэр” кыһамньытынан былдьаппыт норуот политикаттан олох тэйбитэ, кэлэйбитэ. 


Партияларбыт, общественнай хамсааһыннарбыт, айар сойуустарбыт быыбарга эрэ тиллэн кэлэр ыарыылаахтара ити көстөр. Анааһын буолбутугар олох да саҥалара иһиллибэт. Бигэ туруктаах хамсааһын да баара көстүбэт. 


Айар сойуустар, ордук суруйааччылар идеологияҕа чугас буолаллара. Ол сойуустар сойбуттара ыраатта. Суруйааччылар омуктарын иннин туруулаһар саҥалара сүттэ. Тыһытыйыыбыт, хоротуйуубут холобурунан, табыллыбатах олохтоох дьахталлар ытааһыннара соҥооһуннара, эр киһи куһаҕана аныгы үйэ уус-уран чулуу айымньытын быһыытынан сыаналанар буолла. Онтон атынын сиэкис уонна абааһы аралдьытар. Култуурубут шоуга кубулуйда. Ким да туохха да кыһаммат. 


Иһитиннэрэр биллэрэр эйгэҕэ барыта үүт-тураан олох. Буолар буолбутун кэннэ иһитиннэрии -биллэрии, барыта үчүгэйин туһунан. Тиис-уос бараммыт, куолас иһиллибэт, СМИ сибигинэйэр эрэ. Дьоҥҥо тийэрдиллэр олох кырдьыга оннук. Дьиҥэ атын. Норуот эмиэ най барда. Барыта бүттэ, дьэ хайдах буолан иһэр, утаран да туһа суох, ким да саҥарбат дэһэллэр. Эмиэ да атын регионнарга холоотоххо олохпут таһыма ордук курдук диэн буолар.


Штыров олорор кэмигэр иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэҕэ (ИБЭ - СМИ) улугуруу диэбиккэ дылы дьиҥнээх улугуруу барда. ИБЭ бүтүннүү былаастан быһаччы тутулуктанна. Государственнай да кэтэх бас билии да өртүнэн. Кэтэх бас билиилээх хаһыат да араадьыйа да, сурунаал да буоллун барыта былаастан тутулуктаах. Былаас дьоно баайдар, кинилэр хаһыаттаналлар тойдоноллор. Биһиэхэ бэчээт тутулуга суох төрдүс былаас быһыытынан туох да саҥаны, баар кырдьыгы этэр суолтата сүттэ. Хоруупсуйа, атыыланыы, бэрт буолааһын, сөп түбэһии, билсии – көссүү барытын быһаарар.


Штыров бу болдьоххо олорбутун тухары саха сирин баайын дуолун, көҥүлүн сокуон да, бас билии да өртүнэн төрүттэрин, акылаатын барытын туран биэрдэ. Сувернитеттана сылдьыбыт кэммититтэн 90 кыраадыс туора эргилиннибит. Бары эйгэҕэ барытыгар. Дьэ ол саамай сөптөөх суолу тутустубут диэн буолар. Иннибитигэр туох баара биллибэт, хараҕы саба баанан баран "улахан убай” кэнниттэн тук курдук батыһыы…


АЛРОСА– ны биэрэн илии баттаан бүтэн баран, биэрбэтэх буолан, уоппускаҕа сылдьар аатыран, бэйэтин өйөтөн илии баттааһынын ыыттара турбута да баар. Бу холобур миигин улаханнык кэлэппитэ. Итинник сирэйэ-хараҕа суох дьону албынныыр, сэниир быһыы-майгы тугу оҥоруо суоҕай! Саха сирэ сырьены хоро таһан атыылыыр холуонньаҕа кубулуйда. Таас чоҕу, руданы атын да сир баайын таһарга тимир суол, газ, ниэп турбатын тардыы, электролинияны тардыы, ГЭС-тэри эбии оҥоруу, буортулаах собуоттары тутуу о.д.а. барыта сиртэн хостонор баайы супту оборуу политиката. Аны сиртэн хостонор баайдаах сирдэри бас билиилэригэр биэрии иһигэр, дириҥэр киирэн бара турар. 


Холобур: бастаан АЛРОСА- тан киирэр нолуогу былдьаспыттара, онтон акциятын, онтон баайын-дуолун, онтон сирин-уотун…Норуот сиртэн хостонор баайын политикатыгар кыттыспат буолла. Ол аата Былаас уонна норуот икки арда муннарар ыраахха кубулуйда. Бу муннарыыны, бу туманы төрдүс былаас -Бэчээт дьайҕардан тыалырдан, ырааһырдан, бэйэ-бэйэни кытта утарыта көрсөн олорон өйдөһүү туругар тийэрдэн, ыстаан, ситимнээн биэриэхтээҕэ. Биһиги ИБЭ-бит улугуруу, сөп түбэһэ сатааһын, бэрт буолуу туманыгар харааччы мунан хаалла.


Россиябыт Азия, Чуумпу акыйаан дойдуларын, ордук кытайы кытта куомуннаһыытыгар Дальнай Востогу, Сибиири туран биэриэхтээх. Сүүһүнэн мөлүйүөн кытай олоро үлэлии кэлиэхтээх. Биһиги биир да мөлүйүөн кытай кэллэҕинэ омук быһыытынан симэлийэ суураллыахпыт. Ханнык да олоҥхо бырагырааммата быыһыа суоҕа. 


Омукпут, дойдубут инники дьылҕатыгар түһээн да баттаппатах олохпут кэлэн иһэр. Ону билэр буолан урукку бирисидиэммит Николаев "Үс хочо” резервациятын тутарга этии киллэрэ сырытта. А.Томтосов 40 сылынан саха суох буолуо диэн хаһыакка эппитэ дииллэр. ЮНЕСКО эмиэ оччо кэминэн саха тыла өлөр диэн испиэһэккэ киллэрбитэ. Былаас, бэчээт тоҕо бу туһунан тугу да саҥарбат? Төрүт олохтоох омуктар бу уларыйыыларга хайдах буолабыт, хайдах тыыннаах хаалабыт дуу, дьүһүн кубулуйан устунан умуллар уһукпут кэлэр дуу…Былааспыт хайдах олоххо тийэрдэрин, ханна сирдээн иһэрин тоҕо чуолкайдык, чопчулаан, чахчылаан саҥарбатый?


Партиялар, общественнай хамсааһыннар туһунан эттэххэ, Эдиинэйдэр эбэтэр, " биир сомоҕо ньыгыллар” Путин олорор кэмигэр былааһы барытын түмэн, россиянин сырайдаан, РФ регионнарын "биир сомоҕо ньыгыл” оҥорорго үлэлээтилэр. Ол түмүктэрэ биһиги республикабытыгар хайдах көстөрүн ити үөһээ эттим. Бу партия бэйэтин кэмин империя хабааннаах, великорусскай шовнизм тыыннаах сыалын соругун сүнньүнэн ситистэ. Итэҕэстэрин оһорунарга "национальнай бырагырааммалар” киллэрилиннилэр. Норуот эмиэ тулуйар уонна кэтэһэр эрэлэ үөскээтэ. 


Путин бирисидьиэннээн бүтэн да баран, сүрүн быһаарар оруолу ыһыктыам суоҕа диэн "уоскутар”. Дьэ ол онно бэлэмнэнэн "Справедливая Россия” диэн саҥа партияны тэрийэр. Тойоттор, "сөп түбэһээччилэр”, бюджеттан тутулуктаах олохтоохтор партиялара буолуоҕа.


Аныгы сиэмэх үйэҕэ, сиртэн хостонор баайынан эрэ тыыннаах хаалар кыахтаах биһиги республикабыт төрүт олохтоохторугар, экологтар партиялара уонна ханан эмэ туһалыан сөп аграргниктар партиялара баар дии саныыбын. Ордук экология боппуруоһунан аҥардас айылҕа эрэ буолбакка, духуобунас, култуура, киһи, омук, төрүт олохтоох экологиятын киллэрэн кэҥэтэн биэрэн аан дойду таһымынан киирсэн туһаны аҕалыахпытын сөп дии саныыбын.


Аныгы үйэҕэ сурунаал, хаһыат, ТВ, радио таһынан интернет информацияны ылыыга, тийэрдиигэ оруола күн-түүн улаатан иһэр. Аҕыйах сылынан кини сүрүн буолуо.
"Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр…"

Хайдах туох буолабыт?

Бу буоллун ­ хааллын сыһыаннаах
бутуур ­ ытыыр кэмҥэ
Бу, мэлэкэ ­ тэлэкэ майгылаах
мэлдьэх мээнэ тутулга
Бу атыыланар албын
аҥаах ­ муҥаах турукка
Хайдах, туох буолабыт
хайа айан суолун тутабыт
Хайа харам хараан
хаһаас сүбэтин булабыт?

Мөҕүллэ ­ этиллэ, мөрөйдөнөр
мөлтөх ­ мөкү түгэннэргэ
Мөһүлгэ мөккүөрэ мөҥүрээтэ
көлүөнэ өлүөрэ көҕүрээтэ.
Ким кимэ, туох туга
туокката ­ суолтата тутахсыйда
Тулаайах ­ илээйэх санааҕа
тус туһа эрэ туругурда.
Дойдулаах, төрүт олохтоох
дьоһун суолтата түстэ
Омук уратыта, дьиктитэ
уталыйбакка эмиэ бүктэ.
Хаһыырар харчылаах харалтата
үөгүлүүр үптээх салалтата
Баһылыыр көһүлүүр балыыра
баламат бардам сабардама.
Эппитиҥ эппиэтэ иһиллибэт
саҥарбытыҥ да тиһиллибэт
Үөһээ көнө былааска
үөтэн тийбэккин ол ыраахха.
Бэйэҕин бэйэҥ дьаһанаргар
бэрсибиттэрэ кыракатын
Санааҕын сайа салайынаргар
сатамньыта суоҕа эбитин
Түүлээн тордоон сиэрилэр
Түүтэх сокуону суруйаллар
Барытын баһылаан бараннар
балыырдаах олоҕу түстүүллэр
Биири биэс кынар оннугар
бииртэн сэттэтин ылаллар
Олохпун оннук дэһэ­ дэһэлэр
онон ­ манан олуйаллар ыгаллар.
Оһорунар, эмтэнэр кыах биэрбэккэ
сүһүрдэн сэтэритэн иһэллэр.

Бу буоллун ­ хааллын сыһыаннаах
бутуур ­ ытыыр кэмҥэ
Бу, мэлэкэ ­ тэлэкэ майгылаах
мэлдьэх мээнэ тутулга
Бу атыыланар албын
аҥаах ­ муҥаах турукка
Хайдах, туох буолабыт
хайа айан суолун тутабыт
Хайа харам хараан
хаһаас сүбэтин булабыт?

(Бу ыстатыйаны "Кыым”, "Ил Түмэн”
хаһыаттарга биэрэн көрдүм, таһаарбатылар)

7-11-2006.

Category: Бэлиитикэ | Added by: uhhan (2007-09-17)
Views: 4965 | Rating: 3.0/2 |
Total comments: 0
Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 10
Ыалдьыттар (гостей): 10
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024