Уххан
Ы А Л. Ү С К У Т Т А П Т А Л А
КУТ. 1. Душа живых существ. \буор кут—земля душа.\,\салгын кут—движущиеся воздух душа.\,\ийэ кут—мать душа.\ 2. Душа, сущность вещи : жизненность\= кут—сүр\. Пекарскай тылдьыта.\
Кут, Кут-сүр туһунан өйдөбүл ис дьиҥэ саха омук, омук быһыытынан ураты өйдөбүллээҕин, атыннык аан дойдуну анаарарын, уратылаах философиялааҕын дьэҥкэтик кэрэһэлиир. Биһиги , 70-ча сыллар усталарыгар түҥ былыргыттан утумнанан, ситимнэнэн кэлбит өйдөбүллэрбитин умнбуппутун саҥалыы өйдөөн,санаан эрэбит. КУТ диэн сахалыы өйдөбүлү нууччалыы судургутук ДУША диэн өйдүүллэр, сорохтор ДУХ \тыын\ диэн өйдөбүлгэ тутталлар. Киһи кута, киһи дууһата диэн өйдөбүллэри билигин ким хайдах иитиллиилээҕинэн быһаарар, Сахалыы кут-сүр өйдөбүлүгэр иитиллибит киһи, кини кутун сүрүн өйдөбүлүн аҥардастыы ДУША диэн нууччалыы быһааралларыттан астыммата дьэҥкэ, Оттон нууччалыы ДУША өйдөбүлүгэр иитиллибит аныгы саха, кини ДУША--тын кут-сүр өйдөбүлүнэн быһааралларын ылыныа суоҕун,атыҥырыан сөп . Аны, АЙЫЫ ҮӨРЭҔЭ \Тэрис. *Ситим* КИФ. 1993 с.\ туох диэн быһаарарын кылгастык ырытан көрүөҕүҥ. Киһи – Айыы сорҕото.Киһи -- үүнээйи. ИЙЭ КУТ. Билээччилэр этэллэринэн, ийэ кут дьэп—дьэҥкир сымыыт курдук бөллөөт буолар эбит. Сороҕор кып—кыра киһи буолан эмиэ көстөр дииллэр.Ийэ куту Үрүҥ Айыы үөскэтэр уонна ханнык эрэ анныкы Айыы, иччи нөҥүө биэрэр.Кини ол биэрээччиттэн ордук тутулуктаах буолар.Ийэ кут тоҕус халлааны барытын \Айыылары\ кэрийэн түһэр онон кинилэртэн эмиэ тутулуктаах.Ийэ куту Айыы күүһүн аһарар аан курдук өйдүөххэ сөп.Бу аан тоҕус томторҕолоох \аартыктаах\.Томторҕо арыллыбыт аартыгынан ханнык эрэ чопчу майгы, дьоҕур, идэ киирэр. Төһөннөн элбэх томторҕо арыллар да соччоннон киһэхэ киирэр тыыннаах буолар күүс улаатар. Манна уруу суола суолталаах. Элбэх көлүөнэ уруу дьон дьулуурунан суоллар арыллаллар. Киһи ис сүүрээнэ мэлдьи уруу суолунан барар. Итини Дьылҕа Хаантан тутулуктаах суол дииллэр.Бу утум суол айылҕа эргиирдэрин суолун –Таҥханы кытта алтыһар. Ийэ куту иитии үөрэҕэ – уһуйуу үөрэҕэ дэнэр. Кэлэр көлүөнэ кыаҕа бу баар киһиттэн тутулуктаах. Киһи ыччатын суолун сарбыйыан сөп, эбэтэр кэҥэтиэн, уһатыан сөп. Сорох киһи уруу утумун туһаммат, бэйэтин иитиммэт, уһуйуллубат онон Ийэ кутун аана аһыллыбат. Маннык киһини ыччатын суолун бүөлээбит күтүр дииллэр. Сорох киһи төрөппүттэринээҕэр элбэх түмүгү арыйар. Маннык киһини – төрдүн көннөрбүт киһи дииллэр. Ийэ кут, биэрбит Айыытын этин—сиинин сорҕото буолар. Ол иһин ийэ куту ТӨРҮТ КУТ дииллэр.Ийэ кут киһи сүрэҕэр олорор.
БУОР КУТ. Бу эти—сиини оҥорор күүс. Кини Одунтан төрүттээх.Уу, Буор, Хайа, Дойду,Салгын,Уот иччилэрин кытта ситимнээх. Өҥө бороҥ. Сороҕор кып—кыра киһи эбэтэр быт буолан көстөр дииллэр. Буор куту Ийэ кут үөскэтэр.Кини—Ийэ кут иккис дьүһүнэ. Эккэ—сииҥҥэ тарҕана сылдьар. Эт—сиин үүнүүтүн салайар.Кини оҕо үөскүөҕүттэн ыла баар буолар. Ийэ кут—Айыы сүүрээнэ.Ити сүүрээн буор куттаннаҕына эрэ тохтуур уоннна биэс эйгэни бэйэтигэр түмэн көстөр—биллэр бодо буолар. Ити тохтооһун туругун ТУРУУ дииллэр.Буор кут ийэ куттан кэлбит билиини туһанан эти –сиини үүннэрэр, тэрийэр.Ийэ кут көттөҕүнэ буор кут үрэллэр. Ол аата Айыы күүһэ киирбэт буолар, ис тэрээһин үлэлээн тохтуур. Итини өлүү диэн ааттыыллар.
САЛГЫН КУТ . Салгын кут буор куттан төрүттээх.Чыҥыстан сибээстээх.Өҥө үрүҥ. Сороҕор кып—кыра киһи буолан көстөр. Ыйааһына чэпчэки ол иһин көтөр ,ыстанар дьоҕурдаах. Киһи кулгааҕар олорор дииллэр. Салгын кут киһи чараас эйгэтин үөскэтэр.Ити эйгэҕэ киһи туруга,баҕата.санаата, иэйиитэ иҥэ сылдьар.Ийэ кут Айыылартан аартыгы арыйан эт – сиин үүнэрин салайар буор куту үөскэтэр диэбиппит.Оттон буор кут киһи баҕатын,санаатын, иэйиитин салайар күүһү-- салгын куту үөдүтэр. Киһи ханнык Айыылартан сибээстээх да, ол Айыылар алгыстара салгын кукка киирэн чараас айылҕаны үөскэтэр.Айыылартан тэриллэн тахсыбыт санаа хаамыыта сөп буолар. Дьайдарга туттарыллыбыт санаа хаамыыта сыыһа буолар. Салгын кут санаа хаамыытын үөскэтэр.Билии саха өйдүүрүнэн киһиттэн тутулуга суох айылҕаҕа баар. Ол билииттэн ылыы салгын кут нөҥүө эрэ оҥоһуллар.Салгын кут атын киһи былытын иҥэрэр дьоҕурдаах.Киһи былытын биэрбит киһини үтүктэн барар. Үөрэтии , такайыы,уһуйуу салгын кут иҥэрэр дьоҕуругар олоҕурар.Урут олоро сылдьыбыт өбүгэ кута \иччи\ киһиэхэ түстэҕинэ, киһи ол түспүт кут майгытын , билиитин ылар,ыратын тутуһар.Салгын кут нөҥүө ылыллар үөрэх ,билии ,иитиллии,уһуллуу буор--кут саҥа тэрээһинин үөскэтэр, ийэ кукка тийэ дьайар. Салгын кут буор кут ыһылыннаҕына көтөр. Салгын кут киһи өлбүтүн кэннэ хаалар уонна ыччаттарга эргийэ турар. Ыраас салгын кут кэскили түстүүр.
ҮС КУТ. Киһи үс куттаах. Кыыллар. үүнээйилэр эмиэ куттаахтар ол гынан баран киһи куттарын курдук чопчу араарыллыбаттар. Кут чөл буолуохтаах.Чөл кут киһини өй—санаа, эт—сиин, киһи быһыытынан чэгиэн,чэбдик оҥорор. - АЙЫЫ ҮӨРЭЎЭ киһи кутун кытта ситимнээх ТЫЫН, СҮР, БЫЛЫТ, КҮЛҮК уо.д.а.төрүт өйдөбүллэри дьэҥкэтик быһаарар.
ҮС КУТ ТАПТАЛА.
Үс кут таптала кут—сүр өйдөбүлүгэр иитиллииттэн тутулуктаах. Ол аата сахалыы Айыы тыыныгар иитиллибит киһи, Айыы тапталын туһунан өйдөбүлэ, ирдэбилэ үс кут тапталын эрэйэр,Саха үгэстэргэ олоҕурбут Айыы итэҕэлэ киһини кыра эрдэҕиттэн үчүгэйи ,куһаҕаны араарарга, кэрэни кэрэхсииргэ мөкүнү сирэргэ үөрэтэр,иитэр. Бу барыта өбүгэлэрбит үйэлэртэн үйэлэргэ утумнаан кэлбит олох олорор үөрүйэхтэрэ, сиэрдэрэ—майгылара буолар. Ону судургутук маннык быһаарыахха сөп.
ИЙЭ КУТ ТАПТАЛА. /Человечность/
Ийэ кут хайдаҕа киһиэхэ тугунан көстөрүй ? Ийэ кут хайдаҕа кини быһыытыгар ,майгытыгар ,сигилитигэр, киһи быһыытынан хайдаҕар көстөр.Киһилии быһыы,киһи киһитэ буолуу—Айыыы киһитэ буолууну кэрэһэлиир. Нууччалыы ЧЕЛОВЕЧНОСТЬ диэн тылынан быһаараллар. Ийэ кут таптала киһини , иитиллиигиттэн ,итэҕэлгиттэн үөскээн тахсар ыра—баҕа санааҥ өйдөбүлүгэр киһи—киһи быһыытынан толору эппиэттиирин иһин таптыырыҥ буолар.’’Мин кинини киһи киһи быһыытынан таптыыбын’’—диэн этэллэрин элбэхтик истэбит. Киһини киһи быһыытынан таптааһын дьиҥнээх таптал үөскүүрүгэр төрүөт, тирэх,сүрүн буолар.Дьиэ—кэргэҥҥэ оҕону кыра эрдэҕиттэн киһилии быһыыны майгыны, сигилини сыаналыы, атын мөкү, омсолоох, кэр—дьэбэр быһыыттан –майгыттан араарар буоларыгар иитэллэр. Оччотугар бу оҕоҕо үчүгэи, куһаҕаны араарарыгар тирэх баар буолар.Маннык оҕо киһи киһилии быһыытын кэрэхсиир. Таптал туһунан өйдөбүлүгэр ийэ кут тапталын араара үөрэнэр.Киһини киһи быһыытынан таптаан баран атын өттүн, холобур быһыытын, таһаатын, дьүһүнүн, бодотун, сэбэрэтин,\буор кутун\сөбүлээмиэххин эмиэ сөп.
БУОР КУТ ТАПТАЛА. \физическая, материальная начало человека\
Буор кут киһи этин—сиинин тэрээһинин оҥорорунан, буор кут таптала киһи тас дьүһүнүн.,этин—сиинин, бодотун, дьүһүнүн, мөссүөнүн кэрэхсээһиҥҥэ олоҕурар.Эт—хаан, эт—сиин тугу ирдиирэ, туохха баҕарара, туохтан астынара буор кут тапталын--умсугуйууну,дьалыҥырыыны, имэҥириини үөскэтэр.Бу оҕо буутун этэ буһарыгар, сиһин этэ ситэригэр кэлэр.\половая зрелость\. Ийэ кутуҥ хайдах туруктааҕа буор кут ирдэбилин, баҕатын ханнараргар хайдах буолуохтааххын сүнньүнэн ыйан биэрэр.Киһи кыылтан—сүөлтэн уратыта кини киһилии быһыытыгар сытар. Ол аата иһигэр баар кыыллыы—сүөһүлүү баҕарыытын айыы сиэригэр—майгытыгар сөп түбэһиннэрэн толунар.Ийэ куппут иитиллиитэ суоҕа буоллар, сүөһү, кыыл—сүөл, ыт—кус курдук ким да көрөрүттэн кыбыстыбакка , сааппакка дьаабылана сылдьыа этибит. Онон ийэ кут таптала буор кут тапталын Айыы сиэригэр \мораль\ иитэр. Киһи киһини бастаан, көрөн кэрэхсиир, онон киһини сөбүлээһин тас көрүҥтэн, быһыыттан—таһааттан саҕаланыан сөп. Ол да иһин таҥна—сапта, тутта—хапта сылдьыыга олоххо улахан блҕомто ууруллар. Ол эрэн киһи таһа иһигэр, иһэ таһыгар эппиэттээбэт буолардааҕын умнуо суохтаахпыт.
САЛГЫН КУТ ТАПТАЛА. \информативная начало человека\.
Киһини киһи быһыытынан-- майгытын сигилитин—ийэ кутун, киһини тас көрүҥүнэн-- быһыытын,бодотун, таһаатын,мөссүөнүн , этин сиинин,этин хаанын туругунан—буор кутун таптаатыбыт. Аны бу киһи өйө--санаата, билиитэ көрүүтэ, онно дьоҕура,кыаҕа—салгын кута-- тапталга эмиэ сүрүн кэрэхсээһини эрэйэр.Киһи өйө- санаата, билиитэ көрүүтэ эмиэ туспа умсугуйууну ,сүгүрүйүүнү, тапталы үөскэтэр.Айыы киһитин сиэринэн сатаан сахалыы саныы,өйдүү, билиини—көрүүнү иҥэринэ кыра эрдэхтэн үөрэнээһин салгын кут тапталын араарарга, сыаналыырга иитэр. Киһи кэпсэтэн билсэр.Кэсэтиигэ киһи салгын кутун туруга, эйигин кытта төһө дьүөрэлэһэрэ биллэн тахсар.
КУТТАР ТАПТАЛЛАРЫН ДЬҮӨРЭЛЭҺИИТЭ.
Олохпутугар төһөннөн бэйэбит омукпут уратылаах өйдөбүллэрэ сүтэллэр до соччоннон биһиги, үйэлэргэ утумнанан кэлбит сатаан таптыыр, үчүгэйи куһаҕаны араарар дьоҕурбут, сатабылбыт, ньымабыт сүтэн иһэр.Омук ис туругун дьүөрэлэһиитэ ыһыллар.Сиэр—майгы сатарыйар, куппут сүрбут чөлө салыйар.Атын улахан баһылыыр омуктар итэҕэллэрэ, кинилэр тапталларын ирдэбилэ,үчүгэйи куһаҕаны араарар ньымалара үтүктээйи буолан киирэр. Омук онтон бэйэтин сирэйин—бодотун сүтэрэр. Атын омук сиэрин ылынааччыҥ ылынар, үгүстэр икки—саары икки ардыгар хаалаллар.Ол дьон араас дьаҥҥа, дьайыыга кэбэҕэстик түбэһэллэр, кэбирииллэр.Оннук ,төрдүттэн тэйбит эрэлэ итэҕэлэ суох дьону баһылыыр кэбэҕэс. Айыы сиэрин майгытын сүтэрбит киһини кыылга, сүөһүгэ холууллар. Кинилэр тапталлара эмиэ ол харамайдар ирдэбиллэригэр майгынныыр .Маныаха эбии киһи аймах таҕылын ханнарарга эрэ анаммыт содурдааһынын омсолоох, сааттаах үөрүйэхтэрэ иҥэллэр.Кэрэни кэрэхсээһин, сыаналааһын сатарыйар, сидьиҥирэр.Тапталга сыһыан маратыйар. Таптал олох сиэрин үрдүк таҥарата \мораль\.Олоҕу бэйэтин дьиҥнээхтик таптааһын төрөппүттэри, төрөөбүт дойдуну, айылҕаны,киһини бэйэтин уонна кини айбыт биһирэмнээх айыыларын кэрэхсиир буоллаххына кэлэр.Үс кут таптала киһини кэрэтитэр,толору дьолуур.Хайа да куттар дьүөрэлэһиилэрэ атын куттар итэҕэстэрин толорсон, ситэрсэн биэрэр аналлаах.Кут куту иитэр.Онон хайа эрэ биир куппут сөп түбэһиспэт эбит диэн санааны түһэрэр табыллыбат.Төһө да аныгы,Айыы сиэрэ—майгыта сатарыйбыт, атын омуктар итэҕэллэрэ, култууралара күүскэ соҥнонор кэмигэр олорбуппут иһин. Үс кут толору дьүөрэлэһэн таптаһыыта сэдэхтик да буоллар баар. Биһиги ити дьулуһар ыраланар тапталбыт көрүҥэ. Тапталлаахтар бэйэ бэйэлэриттэн бары өттүнэн астынсалларыттан ордук туох баар буолуой. Кинилэргэ олох бытархай кыһалҕалара, түбүктэрэ санааны түһэрбэт.Улахан да моһоллору тулуурдаахтык көрсөллөр, иниикигэ эрэллээхтэр. Тапталга дьүөрэлэһэн өйдөһүү суох буоллаҕына кыра да моһол улаатар, дарбайар түмүгэр кыайан быһаарыллыбат кыһалҕаҕа, өскө --сааска кубулуйар.Ыал олоҕо сатарыйар. Үс кут тапталын сатаан дьүөрэлэһиннэрэн иитии дьиэ-кэргэнтэн саҕаланар. Дьиэ—кэргэҥҥэ таптал акылаата ууруллар.Дьиэ--кэргэн иһинээҕи сыһыан барыларын уһуйар.Таптаһан холбоспут ыал бэйэлэрин истэригэр уратылаах тапталларын сиэрин, майгытын туомун оҥостуохтаахтар, атын куһаҕан дьайыы киирбэтин курдук тэриниэхтээхтэр.Ыал буолуу ыралаах алгыһа оччоҕо туолар. Туругурдун үс кут таптала.
|