Уххан
Ы А Л Т Ы Ы Н А
(Салгыыта. Иннин ,”Үс кут таптала” уонна “Ыал сүрэ “диэн ыст. - N-гэр көр.)
ТЫЫН. Дыхание, дух, жизнь, душа.
- Дыхание, дуновение,жизнь,душа, дух присущая как животному, так и растению.
(1-миф. Дух: куһаҕан тыын.2- жизнь: душа: бэйэ тыына бэйэҕэ, тыын тыыҥҥа харбас, тыынын кэтэнэр.3- дыхание: оҕо сылаас тыына, тыына бурҕачыйар, кыл тыынынан,тыына эрэ баар, тыын киллэр. як.-руск. словарь.)
- Дух, видимое дыхание. Пар от земли, от теплого строения.
- Отдушина, отдушник для прохода воздуха.
ТЫЫН. Дышать, дыхать,вздыхать,воздыхать.
ТЫЫННЬА. Болшая семья. ТЫЫННЬАЛААХ, многосемейный. (Тыынньалаах киһи—многодетный человек. я-р.с.)
ТЫЫННАА. Даровать дыхание (жизнь, душу) ,оживлять, одушевлять. Тырым уоту тыыннаабыт.1.Иметь дыхание,делаться одушевленным, оживленным.2. Стать вдохновленным.
ТЫЫННАР. Живить, оживлять, оживотворять.
ТЫЫННААХ.Имеющий дыхание,жизнь, с жизнью, одушевленный,живой, жизненный, существо одаренное жизнью. ( Пекарскай тылдьыта)
ТЫЫН. Суолтата –көхтөөх күүс. Тыынан киһи көҕү ылар. Тыын үтүө уонна куһаҕан диэн көрүҥнээх. Үтүө тыыны Айыылар биэрэллэр, куһаҕан тыыны Дьайдар үөскэтэллэр. Киһи ханнык тыыны ылара кини этин-сиинин, өйүн-санаатын тэриллиититтэн тутулуктаах. Салгынынан тыыныы- муннунан эбэтэр айаҕынан тыҥаҕа киирэр,онтон туһаныллан баран таһаарыллар.Эҕирийэр салгын үрүҥ тыын дэнэр, таһаарар салгын хара тыын дэнэр. Ол иһин алгыска-- Үрүҥ тыыммын өллөйдөө, хара тыыммын харыстаа… -дииллэр. Тыын уһун эбэтэр кылгас буолар. Айыы тыынын дэлэйдик ылар уһун тыынаах киһи чэгиэн буолар, өйө-санаата дьэҥкэ, сылайбат, тулуурдаах. дьуккүөрдээх. Кылгас тыыннаах киһи этигэр- сиинигэр эмсэҕэлээбиттээх буолар, туора санааланар, тулуура суох, сылайымтыа. Киһи айылҕаны кытта толору сөп түбэстэҕинэ, тыына муҥура суох уһуур. Тыын кыараҕас эбэтэр киэҥ буолуон сөп. Киһи тыына ыйааһыннаах. Ыарахан ,чэпчэки тыыннаахтар диэн бааллар. Салгынынан тыыныы таһынан ҮӨТҮҮЛЭЭХ ТЫЫНЫЫ (дириҥтэн тыыныы) диэн баар. Манна үтүө тыын уонна куһаҕан тыын биллэллэр.Бу тыыныы эт-сиин нөҥүө оҥоһуллар. Оннук сирдэринэн—тыын киллэрэр сирдэр, ойбоннор, киһи этин сааһа буолаллар. Ойбоннор—киһи дилэй этин аһаҕас сирдэрэ.Тыл эмиэ тыын. Эт сааһа арылыннаҕына үчүгэй даҕаны, куһаҕан даҕаны тыын киириэн сөп. Тыын сылдьар сирдэрэ тыын эттэргэ түмүллэллэр. Сис тоноҕоһун тоҕус кэрдииһин аайы үүммүт тоҕус ытык эт баар. Үөтүүлээх тыын диэн иччилээх тыын. Айыылар күүстэрин ылыы үөтүүлээх тыын дэнэр.Сахаҕа тыыны араастаан ылыы, тыыны таһаарыы үөрэҕэ баар. Айыы Үөрэҕэ. Тэрис.
ОМУК ТЫЫНА
ТЫЫН диэн өйдөбүл төһөлөөх киэҥэ, олох олорууга кырдьык да тыын суолталааҕа бу кылгас, көтүмэх быһаарыыга көстөр. Кут, Сүр, Тыын, Алгыс,Айыы, Аньыы,Иччи, Сиэр,Сэт,Сэлээн уо.д.а. саханы саха оҥорбут, уратылаах үйэлээх үгэһи, итэҕэли, эрэли,тапталы,ыал буолуу ыралаах алгыһын бэйэтигэр иҥэринэн бүтүн омук олоҕун сиэрин торумнаан, барҕалаан үйэттэн үйэҕэ утумнанан кэлбит Ытык Үөтүүлээх Өйдөбүллэрбитин, итэҕэли утары охсуһуу ,коммунизм, убаизм кэмнэригэр садаҕалаан,умнан баран саныы сатыыбыт. Билиҥҥи ыччат үгүс өттө итини билбэт.Киниттэн : эн тоҕо тыыннааххыный? – диэн ыйыттахха, --Аһыыр буолан- диэнтэн ордугу күттүөннээҕи эппиэттиэ биллибэт. Үөрэхтээх өттө атын омуктар өйдөбүллэринэн, кинигэттэн аахпытынан, киинэҕэ көрбүтүнэн бэйэтин тыынын быһаарынарга холонон көрүө эбитэ буолуо. Ийэ Өйдөбүллэр тыыннара кылгаабыт кэмнэригэр олордохпут. Омук ийэ өйдөбүллэри иҥэринэ сылдьар тыла-өһө суураллан,симэлийэн иһиитэ омук тыынын кылгатар, кыаратар, хабахха тыыннарар. Омук быһыытынан уһун тыыннаныан баҕарар омук Ийэ Тылын, Ытык Өйдөбүлүн, Итэҕэлин иһин тыын харбас турунуохтаах. Чэпчэки, ырахан тыыннаах киһи, ыал, омук диэн баар. Элбэх ахсааннаах баһылыыр- көһүлүүр баай омуктар тыыннара, кинилэр урукку да билиҥҥи да сабыдыаллара,дьайааннара биһиэхэ тугунан диэлийэн тахсарын толкуйдаан ыраҥалаан көрөн билэҕит. Бэйэлэрин билиммит омуктар, улахан сайдыылаах Иллэр, түмсүүлэр,араас хабааннаах куомуннаһыылар,религиялар,идиэйэлэр дьайыыларыгар бастатан туран чэпчэки, тыыннара кылгаабыт омуктар түбэһэллэр. Омук тыына ахсаанынан эрэ буолбатах. Элбэх да ахсааннаах кылгас тыыннаныан сөп, өскөтүн бэйэтин тыынын харыстанар өйү, ньыманы булбатаҕына. Өксөкүлээх эһэбит нууччалара кытта олорор табыгастааҕын, өссө муннуларыттан сиэтэ сылдьыахха сөптөөҕүн эппитэ. Кини омугун тыынын уһатар туһунан дириҥтэн санаабыт киһи. Кини, нуучча эппитин барытын, итэҕэлин култууратын, тылын, тыынын ылынан нуучча буолуҥ, бэйэҕит киэнин умнуҥ диэбэтэҕэ. Кини, бэйэҕит үйэлээх үгэскитин,итэҕэлгитин, тылгытын-өскүтүн,сиэргитин- майгыгытын,бары уратыгытын энчирэппэккэ, суурайтарбакка туран кинилэр МИН-нэрин өйдөрүн-санааларын, култуураларын баһылаан , кинилэрдээҕэр икки бүк үрдээн тахсан уһун тыыннаныҥ диэбитэ.Бэйэҕит тирэххит таһынан нуучча тирэҕин баһылаан икки тирэхтэнэн атааннаах- мөҥүөннээх аан ийэ дойду олоҕор түҥнэстибэт төлкөлөнүҥ,кэхтибэт кэскиллэниҥ, самнабат саргыланыҥ диэтэҕэ. Сахаларын умнан атын омукка суураллыбыт маргинал саха сайыннын диэбэтэҕэ.Өксөкүлээх үөтүүлээх этиитин ханалытан, сахалыыны умнан туран нууччалыыны киллэрэ сатааччылар араастаан туһаммыттара, туһаналлар.Билигин былааска бэйэтин омук быһыытынан кимин тугун билиммэн үгүс дьон таҕыста. Омук быһыытынан эстии, атыыланыы, суураллыы таҕыстаҕына кинилэртэн тахсыаҕа. Аан дойду улуу өйдөөхтөрө бары эппит кэс тыллара: Бэйэҕин билин, (познай самого себя)- диэн.Бэйэни билэн истэх аайы атыны билэр кыаҕыҥ улаатар. Туох барыта бэйэттэн саҕаланар. Өбүгэлэрбит: хааныҥ хантаный, кииниҥ кимтэний ?- диэн ыйытыгынан билсиһиини саҕалыылларын да санаан көрүҥ.Кырдьыга да бэйэтэ кимин- тугун билбэт киһи атыны билэн ,онно умньанан уһун тыыннаммат. Атын ыал олоҕо эн олоҕуҥ буолбатах.Атын омук олоҕо эн омугуҥ олоҕо буолбатах.Атын тыын эн тыыныҥ буолбатах.
Саха омук быһыытынан тыынын уһатар ханнык өрүттэрдээҕий?
- Саха омуга- кырдьаҕас, уһун тыыннаах омук. Кини тыйыс,дьиҥ олоҕун историята киһи аймах үөскээһинин биир кэрэһитэ. Олорбут олоҕу мэлдьэһии, баһылыыр эдэр омук историятыгар кыттыһан онно сөп буола сатааһын утумнаах уһун тыыны быстан, атын омук тыынынан салҕана сатааһын буолар. Олоҕун историятын атыылаабыт омук, омук быһыытынан тыына быстар дьылҕалаах.
Омук бэйэтин дьиҥ историята-- кини государстволаах буолуутун мэктиэтэ уонна омук быһыытынан ыытар политикатын сүнньэ .
- Саха омук олорор сирин тыынын уһатыы.. Эмиэ тыйыс айылҕалаах, ылбычча омук дойду оҥостубат сирэ. Саха сирэ—киһи аймах кэлэр кэскилин кэрэһитэ буолар, унньуктаах былдьаһыкка да түбэһэр кыахтаах баай сир .Уһуҥҥа тийэр тыыннаах сир. Орто туруу бараан дойду үгүс сирин тыына тахсан кылгаан турар. Бу тыйыс, ирбэт тоҥ дойдуга саха омук аата, кини тыына иҥэ сытар, ону атыылаамыахха наада. Биир баһылыыр омук буолбакка, аан дойду харыстабылыгар киириэхтээх киһи аймах Ытык сирэ.
- Саха омук дириҥтэн удьуордаах, киэҥинэн аймахтаах омук. Удьуор-хаан долоҕойо(генетическая, кровная память) тугу этэрин сатаан туһаныы, харастааһын, көрүҥ быһыытынан уһун тыыннаныы.Удьуор, хаан уруу, аймах омуктар тыыннара.
- Омук төрүт култуурата, тыла-өһө, итэҕэлэ, олох олорор үгэһэ, сиэрэ-майгыта, сигилитэ .Омук уратылаах дьиҥ тыынын ис хоһооно.
- Ыалтан саҕалаан Илгэ тийэ тэрээһинэ, дьаһала, дьаһааҕа, олоҕун уйгута, харысхала. Тыын тэрээһинэ.
- Тастан дьайыыга, таска дьайыыга, бэйэҕэ, атыҥҥа сыһыана, сайдыыны сатаан ылыныыта, киһи аймах сомоҕор, айылҕаҕа тыын табан дьүөрэлэһиитэ. Омук тыынын дьайар күүһэ.
- Удьуор умсуйан туран кэлэр уйгулаах кэскили сөпкө торумнааһын,
барыллааһын,барҕалааһын,
ЫАЛ ТЫЫНА
Биир киҺи тыына биир. Ыал—Ытык тэрээһин. Государстволаах буолуу тэриллиилээх сороҕо (субъега). Ыал – тапталга олоҕурбут тэрээһиннээх тыын. Урут соҕотох бэйэтин тыынын толуна сылдьыбыт киһи ыал буолан баран толунар тыына элбиир .Ол да иһин өбүгэлэрбит эбэх оҕолоох ыалы,дьиэ-кэргэни , элбэх тыын холбоспутун ТЫЫННЬА диэтэхтэрэ. Элбэх оҕоҕо тыын биэрэн дьиэ-кэргэн, аҕа ууһун баһылыга буолан, элбэх киһи тыыныгар эппиэттэһэр киһини ТЫЫННЬАЛААХ диэтэхтэрэ. Ыал аҕа баһылыга, нэһилиэк, улуус ,Ил аҕа баһылыга буолуу бастатан туран элбэх киһи тыынын туһугар толук буолууну эрэйэр. Билиҥҥи үгүс салайааччыларга элбэх тыыҥҥа толук буолалларын иһин бэриллибит быраабы, эппиэтинэһи сорох-сорохторо, бэйэлэрин тус бэйэлэрин тыыннарын уһатар эрэ туһатыгар эргитэн туһанар буоллулар. Дьон кыһалҕатын харчы оҥостор ньыма курдук туттуу да үгүс, оттон ол олох араас кыһалҕаларыгар дьон тыынын хайа эмэ тутулуга баар. Биһиги тыйыс айылҕалаах республикабытыгар тыын кыһалҕа уһулуччу элбэх . Республика бигэ туруктаныыта—ыал, туруктаах ыал буоларыттан тутулуктаах. Ыал туруга—республика сиэркилэтэ.
Ыал тыына сүрүннээн эттэххэ туохтан тутулуктааҕый?
1.Эппиппит курдук ыал тыына тапталга, бэйэ-бэйэни харайсыыга,иитиигэ, аһынсыыга, көмүскэһиигэ истиҥ-иһирэх эрэллээх, амарах сыһыаҥҥа олоҕурар. Этэр сыһыаммыт итээһинэ ыал, ыал буолар тыынын кылгатар. Ыал иһинээҕилэр куттарын- сүрдэрин туруга.(Үс кут таптала диэн ыст. Көр) 2. Ыал иһинээҕилэр сыһыаннарыттан тутулуга суох үөһээҥҥи тэрээһин (былаас, саламта.) ыалга сыһыана хайдаҕа улахан быһаарар оруоллаах. Бу государство политиката. Государство ыал хайдах олоруон баҕарарын билэр уонна кини туруктаах олоҕун тэрийэр, харыстыыр, бүөбэйдиир аналаах. Үрдүкү тэрээһин сатарыйыыта, ыал тыынын иһин кыһаммат буолуута ыалы эрэ буолбакка бүтүн Или ыһыан, омугу эһиэн сөп.( Үрдүкү саламталар үлэлиир барагырааммаларын көр) 3.Ыал бэйэтин иһинээҕи уонна үрдүкү тэрээһинтэн тыыннанарын таһынан, кини тыына айылҕаттан тутулуктаах. Айылҕа, киэҥ, дириҥ төрүттүүр, төрөтөр үөтүүлээх өйдөбүл. Айылҕаттан тэйии, айылҕаны утары барыы ыал тыыныгар куһаҕанынан дьайар. Айылҕа абыраллаах тыынын сатаан туһаныы эмиэ киэҥ, муҥура биллибэт үөрэх. (Айыы Үөрэҕин көр)
Онон ыал тыынын тутулугун сүрүннээн ити үс тутулукка сомоҕолоон дьүөрэлэһиннэриэххэ сөп. Киһи тыына , ыал тыына, омук тыына бэйэ бэйэлэрин кытта быстыспат ситимнээх ис, тас тэрээһиннээхтэр, тутулуктаахтар. Киһи , ыал, омук быраабын, көҥүлүн харыстыыр суруллубут сокуоннары таһынан, киһи ыал, омук бэйэтин уратылаах харыстанар ньымаларын суруллубатах сокуоннара диэн бааллар. Олор хас биирдии омук уратылаах олоҕун үгэстэригэр, сиэригэр, майгытыгар, тылыгар-өһүгэр, аан дойдуну анаарыытыгар анаарыытыгар таҥылла сылдьаллар. Ити икки сокуоннар Айылҕа сокуонун кытта дьүөрэлэһиэхтээхтэр. Бу үс сокуон дьүөрэлэһиитэ тыыны уһатар.
Ыал тыына --трээһиннээх Ытык Тыын. Ытык тыынын уһун тыыннаабыт ИЛ туругура сайдар. Туругурдун, Ыал Ытык Тыына!
|