Григорьева Александра Михайловна, Торонто университетын аан дойдутааҕы бырайыагын медицинаҕа, антропологияҕа доктора, РАН Сибирдээҕэ салаатын штаты таһынан профессор сотруднига, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыраныысса таһынааҕы бирэстэбиитэллэрэ, ХНТ аан дойдутааҕы төрүт олохтоохтор 4с форумнарын делегаата, Канадатааҕы “Эйэ Ураһатын“ бирисидиэнэ, Я.Гальперин аатынан бириэмийэ лауриата (1995 с. Москва), үс научнай монография автора. Дьяконова Варвара Ильинична “Эйэ ураһатын“ саха сиринээҕи бирисидиэнэ буолаллар. Александра Михайловналыын мин ааспыт үйэ 90с сылларыгар билсибитим. Оччолорго “Саха кэскилин“ иһинэн, итэҕэлгэ сыһыаннаах “Кут сүр“ түмсүүнү тэрийэн , араас идэлээхтэри, норуот эмчиттэрин кытта үлэлиирбит. Олортон билигин биллэр көстөр, омук киэн туттар дьоно буолбуттар аҕыйаҕа суохтар. Ханна да сылдьыбытын иһин төрөөбүт дойдум, омугум туһа диэн умсатэннэ түспүт, үгүс моһоллору, мэһэйдэри ааспыт, ахсаана суох мөккүөрдэри ааһан, аан дойду таһымыгар дойдутугар туһаны аҕалар кыахтаммыт, хоту дойду хоһуун дьахтара А.М.Григорьева буолар дии саныыбын. А.М.Григорьева ЭбээнБытантайтан, эбээнсаха төрүттээх. Ийэтэ остуорас, сүөһү көрөөччү этэ. Кини түүлүнэн битинэн билгэлиир, ичээнимсийэр, отунаанмаһынан эмтиир айалҕаны кытта ыксэ ситимнээх эмээхсин эбитэ үһү. Александра, ийэтэ хайдах хаанныырын, эмтээх оту хайдах туттарын көрөистэ улаатан, кэлин бэйэтэ биллэр норуот эмчитэ буолбута. Эбэтэ аата улаханнык ааттаммат удаҕан. Эһэтэ кулаактаммыт. Аҕата Ньурба Чаппандатыттан төрүттээх киһи. Сэрии кэмигэр Чаппандаҕа бурдук ыскылаатын сэб. үлэлии сылдьан элбэх киһини хоргуйууттан быыһаабыт “буруйугар“ Эһэ Хайаҕа хаайыыга укпуттар. Онтон Саккырыырга тийэн Александра ийэтин кытта холбоһор. Бииргэ төрөөбүттэр биэс оҕоттон билигин иккиэ буолан хаалбыттар. Александра интернаакка иитиллэн бэрт кырыымчык олоххо оҕо сааһын аһарбыта. Оҕо сылдьан, 14-15 саастааҕар, ийэтэ почтаҕа остуорастыыр кэмигэр, онно сахалыы нууччалыы хаһыаттары ааҕан сайдыбытым диир. Араадьыйаны холбоон, биллэрии ааҕар киһи буолар. Ордугухоһу, эбэнсабан, санаабар эбии тупсаран саҥаран ардыгар мөҕүллэрим диэн сонньуйар. 1974 с. СГУ ИФФтын бүтэрэр. “Саха дьахталлара, государствоны салайыыга кыттыылара“ диэн дипломнай үлэ суруйар. Онно С.П.Сидорова, М.П.Нартахова, И.Д.Олесова, Д.П.Новикова уо.д.а. тустарынан суруйар. Нам Хатырыгар тийэн учууталлыыр, баспытааталлыыр. Онтон Дьокуускайга кэлэн гострахха үлэлии сылдьан, айылҕата да таайан буолуо, медик буолар баҕаттан Москубаҕа медучилищеҕа үөрэнэ барар. Ону бүтэрэн баран Москватааҕы Вавилов аатынан иниститутка соискатель буолар. “Саха сиригэр 17-19 үйэтээҕи норуот эмчиттэрин медикобиологическай аспектара “ диэн теманы Микалуха Махлай аатынан иниститутка көмүскээн, монография таһаартаран антрополог идэтигэр историческай наука кандидаата буолар. Саха сиригэр кэлэн үлэ көрдөһөр. Үлэ көстүбэт. Ханна да үлэҕэ ылбаттар.. Арай, академик В.В.Филиппов уонна доктор, профессор А.А Попов өйөбүлллэринэн докторантураны бүтэрэр.. Бу үтүө дьоҥҥо Александра Михайловна махтала улахан. Ити үөрэнэ сылдьан араас симфозиумнарга, конференцияларга, сьезтэргэ кыттар. Азияннан, Европаннан, Американнан сылдьыталыыр 1997с Австрияҕа “мир психотерарии“ диэн симфозиумҥа сылдьан Канадатттан сылдьар профессоры кытта билсэр. Канадаҕа ыҥырыллар. 2000 с. Канадаҕа уиверситетыгар ыҥырыллан саха сирин норуотун эмчиттэрин, кинилэр ньымаларын туһунан лексия ааҕар. Ону олус сэргииллэр. Онтон ылата Канадаҕа , Торонто уневерситетыгар интернациональнай программаҕа киирсэн грант ыларга научнайчинчийэр үлэни ыыта сылдьар. Сибиир уонна Канада норуоттарын эмтиир ньымаларын тэҥнээн чинчийиигэ үлэлиир. 2003 с. ХНТ рабочай комиссията Монериалга экология боппуруостарыгар үлэтигэр кыттар. Манна аҕыйах ахсааннаах норуоттар экологияларыгар этии киллэрэн тыл этэр. 2005 с. ыам ыйын 15 к. НьюЙорк к. төрүт олохтоохтор 4 с форумнарыгар Торонто университетын аатыттан кыттар. Улахан трибунаттан аҕыйах ахсааннаах омуктары харыстыыр , өйүүр этиини оҥорор. Ону 102 араас омук бирэстэбиитэллэрэ кини этиитин өйөөн илии баттыыллар. Манна Алексанра Михайловна уруккуттан үлэлии сылдьар хайысхатын сайыннараары, кэҥэтээри ХНТ иһинэн “Эйэ Ураһата“ тобщественнай тэрилтэни тэрийии бырайыагын киллэрэр. Бу эмиэ өйөнөр. Бу тэрилтэ аҕыйах ахсааннаах уонна төрүт олохтоохтор кыһалҕаларын, кинилэр туруорсууларын түмэн, аан дойду таһымыгар туруорсарга анаан үлэлиэхтээх. Ордук, чуолаан хотугу эргимтэ омуктарын интэриэстэрин көмүскэһэргэ туһуланар. Үлэ бастакы саҕаланыытынан, эбэҥки кыыһа Настя Диодорованы имбэлииттэр Афинаҕа буолбут олимпийскай ооннььууларыгар кыттарыгар, аан дойду имбэлииттэр олимпийскай комитеттарын бэрэссэдээтэлиттэн эбии квота ылан кытыннарыы буолбута. Бу олимпиадаҕа Настя, харбааһыҥҥа 4 с миэстэни ылан Россия сборнайыгар киирэр. Аныгыскы, Кытайга буолар олимпиадаҕа Россия аатыттан кыттарга бэлэмнэнэ сылдьар. Интернетка “Саха диаспора“ сайтка Вашингтоҥҥа олрор Вера Соловьева күүскэ үлэлэһэн омук сиригэр тахсыбыт биир дойдулаахтарбытын кытта быстыспат сибээс олохтонно. Бу сайтка саха сириттэн Бэрт Дьикти–Яков Александров ыкса үлэлэһэр. (ЯКТ. РУ. Иммиграционный отд. “Саха диаспора“) Манна тахсан билсиэххитин сөп. Канада ,Америка провинцияларын аборигеннарын фестивалыгар кыттан “Эйэ Ураһата“ улахан болҕомтону тардыбыт. Хотугу омуктары барыларын саба быраҕан “сибиирдэр“ дии сылдьыбыттар. Билигин, маннык омуктар саха сиригэр бааллар эбит диэн билбиттэр. Дьокуускайга кэлээри турдахтарына олоҥхо аан дойду чулуу сиэдэрэйигэр киирбитин истэн, Канадалар, бэйэлэрин федеральнай программаларыгар олоҥхону киллэрбиттэр. Онон сибээстээн саха олоҥхотун, “Ньургун Боотур“ Д.В.Кривошапкин эбээннии тылбааһын, Орто Халыма Березовкатааҕы “Нөлтөк“ ансамбылын илдьэ барыахтаахтар. Онно бэлэмнэнии үлэтэ бара турар. В.И.Дьяконова Орто Халыма Налимскайыттан төрүттээх. Идэтинэн бухгалтер. Александра Михайловнаны кытта 30 сыл билсэр, дьүөгэлиилэр, онон туохханнык хайысхалаах үлэ барарын кытта билсэ турар буолан кини идеятын өйүүр. Быйыл, А.М.Григорьева саха дьахталларын сьеһигэр ыҥырыллан кэлбитигэр “Эйэ ураһатын“ саха сиринээҕи салаатын тэрийдилэр. Манна Варвара Ильинична бирисидиэн буолла. В.И. Дьяконова тэрилтэтин үлэтин маннык кэпсиир: Уон киһилээх делегацияны салайан Канадаҕа Торонто к. сыл ахсын ыытыллар аборигеннар фестивалларыгар Россияттан аан бастакыннан кыттыыны ылбыппыт. . Бу фестиваль аҕыйах ахсааннаах норуоттар ырыаларын тойуктарын, үҥкүүлэрин тэҥнээн, чинчийэр соруктаах эбит. Биһиги Абыйтан эбэҥки оҕолорун ансаблын илдьэ баран, саха сирин норуота баарын биллэрэн, дьон хараҕын арыйан ситиһиилээхтик сылдьыбыппыт. Инньэ гынан быйылгы прпограммаларыгар киирдибит. Манна саха сирин аата ааттанар. Ити бириэмэҕэ РФ госдуматын бэрэссэдээтэлэ С.М.Миронов Россия Канада ыччаттарын икки ардыгар политикаҕа дуогабар түһэрсэ кэлбитэ. Онно биһиги сибээһи олохтоон “Эйэ ураһатын“ үлэтин ыыта сылдьыбыппыт. Ол үлэбит хайҕанан Канадатааҕы Россия консула Н.Смирнов махтал суругун ылбыппыт. Торонтонтан Москваҕа төннөн кэлиибитигэр, поспредствоҕа, саха олоҥхото аан дойду сиэдэрэйигэр киирбит үөрүүтүгэр түбэспиппит. Онно Саха сирин Канаданы кытта ситими олохтообут ситиһиилээх сырыыбыт сөп түбэһэн үөрүүбүт өссө улааппыта. Саҥа тэриллибит буолан үлэлиир хоспут, тэрилбит, хамнас туох да суох. Правительство өйүүрэ буоллар диэн көрдөһүүлээхпит. Салгыы биһиги аҕыйах ахсааннаах омуктар ассоциацияларын, култуура министерствотын, сахаканадскай оскуоланы, аҕыйах ахсааннах омуктар иниституттарын кытта кыттыһан үлэлииргэ дуогабардастыбыт. “Кыым“ хаһыат хотугу ахсааннаах омуктарга анаан “Эйэ Ураһата“ рубрика аһар буолбуккутугар улаханнык махтанабыт уонна салгыы бииргэ үлэлиэхпит диэн эрэнэбит.
16-03-06.
|