- “Сиэркилэ“ уонна ГУП “Мастер ТВ“
Мин “Сиэркилэбин“ суруйбатаҕым ыраатта. Бу 1989 с. ыла саҕалаабыт анал рубрикам этэ. Маннык аатынан кинигэм тахсыбыта, маннык аатынан ГУП “Мастер ТВ“га анал авторскай биэриилээх этим. Онтубун куорат баайын үллэстиигэ ГУПтары МУПка көһөрөбүт диэн ааттаан, мээрийэ радиотын, телевидениятын, ырыынактарын о.д.а суолталаах тэримтэлэрин былдьаспыттара. Ити 2003 с. ыам ыйыгар этэ. Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин 481 №дээх дьаһалынан ГУП “Мастер ТВ“ уонна “МиксМастер“ радиокомпанияны мээрийэттэн былдьаан ылан Бэчээт Департаменын (Павлова Л.В)“ведениетыгар“ (отнести к ведению) биэрбиттэрэ. Биир күн иһигэр 56 киһи үлэтэ суох хаалбыппыт. Сорохтор “Столица ТВ“га , сорохтор НВКҕа киирбиттэрэ, уоннааҕылар бу дьаһал быһыытынан 2003 с. ыам ыйын 26 к. хоһуттан тэриллиэхтээх тэрилтэ хаһан үлэлиирин кэтэһэр буолбуппут. Сылы быһа кэтэспиппит. Үлэһиттэр, Үлэ Инспексиятыгар, арбитражнай суукка тийэ туруорсан тугу да ситиспэтэхтэрэ. Бэчээт департамена саҥа директор буллахпытына, саҥа устаап оҥордохпутуна диэн уһатан испитэ. Сыл кэриҥэ буолан баран, СР минимущуествотын кытта саҥа ГУП “ТК Мастер ТВ “ тэрийдибит диэн буолта. Рыбалко С.Г диэн саҥа дириэктэр миэхэ: “эн былырыын “по собственному желанию“ уурайбыккын бирикээс тахсыбыт трудовойгун кэлэн ыл“ диэн соһутта. Мин сайабылыанньа суруйбатаҕым, уурайар санаам суоҕа, бирикээстэрин да булбатылар. Онтон ыла саҕаламмыта икки сылтан ордук уһун унньуктаах сууттаһыы. Дьыалам, төһө да үлэ сокуонун кэһии баарын Үлэ Инспексията, прокуратура бигэргэппитин иһин куорат суутугар ( судьуйалар Шадрина Л.Е., Оконешникова М.М. Осипова А.А.) киирдэ да тоҕо эрэ мин иискэбин аккаастыырга диэн буолан испитэ. Бу сымыйа тэрилтэлэри тэрийбит Бэчээт Департаменын, госминимуществоны кыттыгастаах эппиэккэ тарда сатаабытым. Дьиҥ буруйдаахтар кинилэр этилэр. Прокуратураҕа бырабыыталыстыбаҕа тийэ суруйбутум. Е.А. Борисов дьоно сурукпун мин сууттаһа сылдьар киһибэр Бэчээт Департаменыгар Павловаҕа быһаартара биэрэллэр. Күлүү гыммыт курдук. Саҥа тэриллибит ГУП “Мастер ТВ“ кумааҕыга эрэ баар фиктивнай тэрилтэ буоларын бары билэллэрэ. Урукку оборудуванияларын, баайдарын дуолларын саҥа тэриллэр “Алмаз ТВ“ уонна “Столица ТВ“ үллэстибиттэрэ. Сороҕо ханна тиийбитин ким да билбэт. СР гражданскай дьыалаларга Үрдүкү Суута, Никитина М.Н бэрэссэдээтэллээх суута бастаан саҥаттан көрүүгэ, онтон мин кырдьыкпын таһааран үлэбэр төттөрү киллэрэргэ уураахтыыр. Фикивнэй, сымыйа тэрилтэни тэрийбит СР Бэчээтин Департамена уонна СР Минимуществота надзорнай жалоба суруйар. Ону СР ҮС судьуйата Александрова Р.С. үҥсүүлэрин аккаастаан, мин туһабар ҮС уурааҕын оннунан хаалларар Хамнаспын кытта моральнайбын Осипова А.А. бэрэссэдээтэллээх куорат суута көрөр, тэрийээччилэри Департамены, госминимуществоны эппиэтинэстэн таһааран куоттаран баран, ханна баара биллибэт, кэлиҥҥи сууттарга сылдьыбатах, билигин олох да суох, “Мастер ТВга“ онтон “Алмаз ТВ“га бииргэ үлэлээбит, Суханов уонна Серкин диэн өрөттөрү кытта Москва диэкки күрээбит Е.Н.Зуева диэн дириэктирдээх, ГУП ТК “Мастер ТВ“ сымыйа тэрилтэҕэ, 108 тыһ. төлүүргэ уурар. Бу суукка Департамен бэрэстэбиитэлэ, юриһа А.Р Фадеева эрэ кыттар. Департамен бэйэтэ анаабыт дириэктэрин көрдөөн булан биэрэр ини. Күн бүгүн икки суут уурааҕа туола илик. Трудовойбун да ыла иликпин, “Мастер ТВ“га эмиэ да үлэлиир курдукпун, хамнаспын да кыайан ылар кыаҕым суох. Суут бириистэбэ хантан тугу булан ыларын билбэккэ олорор. Дьэ итинник түктэри быһыы, барыта . Билэбилэ түөкэйдээһин. Мин интэриэспин көмүскүөхтээх Бэчээтим Департамена бэйэбин албынныы, түөкэйдии сылдьара, бырабыыталыстыба бэйэтинэн киһиэхэ итинник сыһыана сүөргү. Уонна хантан саламтаҕа эрэл, итэҕэл кэлиэй…Куорат суутун бэркэ илиилэригэр ылбыттар. Суут бириистэптэрэ суут уурааҕын сатаан толорботохторуна салгыы сууттаһарбытыгар тийэр буоллубут быһылаах. Суукка киһи кырдьыгын булара өссө уустугурбут. Бу дойду үрдүнэн буола турар коррупциялаах быһыы майгы содула.
- Хайдах буоллубут, ханна баран иһэбит…
Биһиги республикабыт саламтата сатарыйда. Бэйэбэйэлэрин тининиктэһии, самнарсыы, түөкүннээһин, бэрик, ньымаат, үбү сиэһин үгэннээтэ. РФ Счетнай палататын бэрэбиэркэтин түмүгүнэн 3 млрд. 350 мөл. солк. бюджет сокуонун кэһии тахсыбыт, ол иһигэр угаайык (подставной) тэрилтэлэри туһаныы. Бастакы бирисидиэммит саҕанааҕы кэмнэри хаһыаттарга, “Сиэркилэ“ кинигэбэр суруйбутум. 2000 сылтан олоҕу “Санаа буолардаах, буолбаттаах“ кинигэбэр киллэрбитим. В.А.Штыров төрүт сокуону РФ киэнигэр сөп түбэһиннэриэх, сиртэн хостонор баай промышленноһын атаҕар туруоран баран, Путиҥҥа туран биэрэх буолан бирисидиэн буолбута диэн тус бэйэм саныыбын. Тимир суол кэлиитэ, массыына суолларын сөргүтүү, ниэп, гаас турбатын тардыы, үс сүрүн энергоисточниктары холбоон электролинияны соҕуруу тардыы барыта сир баайын супту оборорго анаммыт киинтэн кэлэр оботтоох былаан олоххо киирэн эрэрин кэрэһэлиир. Сотору бирисидиэннэнэн таймаланан бүтэрбит буолуо оҥоробун… Мантан төһөнү төттөрү өҕүйэн ылабыт диэн сыалсорук биһиги саламтабыт иннигэр турар. Бу үллэһик кэмигэр элбэх үпхарчы, сыаналаах кумааҕы, дуоһунас, бэрикньымаат хамсаата, хамсыы турар. Саламта, чонуобунньуктар, бу, бүгүҥҥү дуоһунастарын кыаҕын бэйэлэрин тустарыгар күүскэ туһанарга үөрэннилэр. Үүнэтэһиинэ суох бардылар. Бэрик, ньымаат, былаат, откаат үгэннээтэ. Оннооҕор бэйэбит дьоммут бэйэлэрин төрөөбүт дойдуларын харчы оҥорор эйгэ курдук көрөллөр. Олохтоохтор кыһалҕаларын быһаарбыта буолан харчы көрөн ону сииллэр. Тыа хаһаайытыбатыгар көрүллүбүт харчы аҥаара аадырыһыгар тийбэккэ аара сөҥөрүн Ил Түмэн хонтуруоллуур кэмитиэтэ дакылааттаабыта. Аҥардас нуучча омугун уһулуччу, ураты тутар Москуба бэлиитикэтин олоххо киллэриигэ биһиги дьоммут умсатэннэ түстүлэр. Арай Татарстан саламтата, депутааттара утары тыл көтөхтүлэр. (Неделя Якутии 10-03-06) Республика саламтата чопчуламмыт национальнай бэлиитикэтэ суох. Төрүт олохтоохтору харыстыыр кэскиллээх хамсааһына суох. Күннээҕи мэрэппэрийээтийэннэн үлүһүйэллэр. Ыыраарда биллибэт ыйаахтар, ууга суруллубут уураахтар. Бирисидиэммит бырагырааммата олоххо кыайан киирбэт. Киһибит, АЛРОСА ны биэрэргэ боротокуолу илии баттаан баран, онтун норуоттан кистии сылдьан бэйэтин өйөтөргө илии баттааһын ыыта охсор. Дьэ “өрүөл“ диэтэҕиҥ… Хайдах, туох олоххо баран иһэрбитин ыраҥалаабат. Үчүгэй да, үчүгэй үлүгэринэн үлүһүйдүлэр. Кириитикэни тулуйан истибэттэр. Дьиҥнээх информация, ырытыылаах санаа тахсыбат. СМИ уксэ эмиэ үллэһиллэн хонтуруолланар. Тыа сиригэр олохдьаһах, быһыымайгы көйгөрөн, омсолоох өртө элбээн иһэр. Кииҥҥэ бэйэ бэйэлэрин сиэһэллэр. Илин эҥээр, Бүлүү улуустара диэн арахсыы дириҥээн иһэр. “…положение в улусах очень тревожное. С ростом пьянства и тунеядства растет и преступность, следовательно, увеличивается число осужденных“ предс. ВС РС. Л.Т.Горева. Неделя Якутии 10-03-06. Үлэтэ суох буолуу, аргылааһын, олох таһыма түһүүтэ, тийиммэт буолуу, итэҕэл, эрэл эстиитэ тыа сиригэр ырылхайдык көстөр. Норуот улугурда, най барда, туохха да кыһаммат буолла. Сотору кэминэн хас иккис республика олохтооҕо сууттаммыттар ахсааннарыгар киириэ диэн сабаҕалыыллар. Тойотторбут онтон хаалсыбаттар. Бэйэлэрин иннигэр бэрэбинэ сытарын көрбөт буола харахтарын үүтэ бүлэммит саламтабыт, мээр Мэхэлчуугу сиэри аһаары, “корруупсуйаны арыйбыта“ бэйэтин “бэрдэ“ эмиэ тахсан кэллэ. Итинник буолуохтааҕа, үчэһэлэрэ туолара чугаһаатаҕа. Тумууһабы самнаралларыгар хайдах кэбилэммиттэрин бу баардыы өйдүүбүн. Алтан Харах диэн кимэ биллибэт интернет автор “Якутская власть обналичила бюджет“ диэн айдааннаах матырыйаала таҕыста. Онно хаайыллыбыт мээрийэ чиновиктарын кытта бииргэ бюджет харчытын СР минфинин нөҥүө Иван Яныгин диэн түөкүн киһи биир хонуктаах албын фирмаларын нөҥүө элбэҕи аһарбыттар. (урут Сергей Яныгин диэн түөкүн министр финансов баар буола сылдьыбыттааҕа ол амыдайа дуу, аймаҕа дуу…) Барыта 126 араас тэрилтэ, ол иһигэр улуустар ФКУлара, УКСтара, араас МУПтар, ГУПтар ,КБлар, ОАОар,ЗАОлар, фондалар эмиэ тыыннаах харчы оҥотторон ылбыттар, бу түөкүннүү өҥөнү туһаммыттар. 40 ча мөл. сууммалаах нолуоктан куоппуттар. Билигин прокуратура бэрэбиэркэлии сылдьар Тумсуларын дулҕаҕа соттуналлар. Куорат таһынааҕы дулҕа баранарыгар тийдэ. Ону үтүктэн улуустар баһылыктара , тэрилтэлэр тойотторо сөптөөх дулҕаны көрдүүр аакка түспүттэр. “Бил баһыттан сытыйар“, Эстэр ыал ынаҕа кэйиик буолар“ , “Суор, суор хараҕын оҥсубат“ диэн саха өһүн хоһооннорун ис өйдөбүлэ тийэн кэлэр. Бу барыта буолбатаҕына, үксэ откаат, бэрик, ньымаат, көннөрү уоруу да харчыта буолуон сөп диэн хаһыаттарга сабаҕалыыллар . Ол эрэн ону дакаастыыр ыарахан. Ол наадатыгар хас суумма хас бырыһыаҥҥа тыыннаах харчыга кубулутуллубутун, ханнык дуогабырынан туох үлэ дьиҥнээхтик оҥоһуллубутун, төһөтө сымыйатын, ханнык банкекка төһө аһы сиэбиттэрин, төһө арыгыны испиттэрин, ханнык табаар атыылаһыллан ханна , кимиэхэ тиксибитин, харчыны кимиэхэ тоҕо биэрбиттэрин о.д. а. барытын бэрэбиэркэлиэхтэрин наада. Аны бу испиэһэк ситэтэ суох дииллэр. Урукку сыллар, сорох тэрилтэлэр толору испиэһэктэрэ прокуратураҕа баар буолуон сөп курдук. Туох да диэн куотуммуттарын иһин, саатар нолуоктан куотууга түбэһиэхтэрин сөп. Бу бырабыыталыстыбабыт, үрдүкү саламтабыт көрөр истэр хонтуруоллуур тэрилтэлэрэ төһө сатарыйбыттарын туоһута. Мээрийэни кытта сирэйдэрэ тэҥнэһиэх бадахтаах. Алтан Харах таһаарбыт информацията, мээнэ киһи булбат дьыалата. Бу үрдүк өһүөлээхтэртэн тахсыбыт дьыала. Иһэ истээх , таһа тастаах. Ол эрэн билиҥҥи туругунан бу албын фирмалары туһаммыт уонна тыыннаах харчыны ылбыт дьон кимнээхтэрэ биллибэт. Кинилэр харчыны түөкэйдээбит суолларын омооно эрэ көһүннэ. Силиэстийэ хайдаҕа быһаарыа. Суукка тийэрэ саарбах. Тоҕо диэтэргит мээрийэ, да бу “обналичка“ да дьыалата бүтүн Россия, СР иһиниэн буола турар, илэ баар көстүү. Ол улуустарга, нэһилиэктэргэ тийэ киирдэ. Киһи куһаҕаҥҥа түргэнник үөрэнэр. Бу, “обналичка“ туһунан матырыйааллары ааҕан, үп миниистирин, прокурор Шпаков эппиэттэрин ааҕан баран, миниистир А.С.Николаевтан, Ил Түмэн бүддьуөткэ, нолуокка уона сыана бэлиитикэтигэр кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ А.С.Уаровтан, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ Нь.С.Тимофеевтан бу дьыалаҕа санааларын этэллэригэр маннык биир ис хоһоонноох ыйытыктары барыларыгар бэлэмнээбитим. Ону хайдах баарынан биэрэбин. Нь.С. Тимофеевы эрэ кыайан таба туппатым, солото суоҕа бэрт эбит. Кэлин кэпсэтиэх буолла. Маннык ыйтыктары биэрбитим: Уххан: Бюджет, нолуок кэмитиэтин бэрэсс. буоларгынан, нолуок, бюджет сокуонун, үпхарчы эргиирин бэрээдэгин билэр киһи буоларгынан, “Якутская власть обналичили бюджет“ диэн интернет сайт иһитиннэриитин туох диэн быһаарыаҥ этэй? Уххан: Прокуратура, (А.Шпаков) манныкка майгынныыр испииһэк кинилэргэ баарын билинэр, дааталарыгар, суммаларыгар бэрэбиэркэ барыа диэбитэ (Наше Время хаһыат 10 №рэ) Ол аата бу матырыйаал чахчылааҕа көстөн турар. Сиппэтэх буолуон сөп, урукку сыллар, эбии тэрилтэлэр , араас сууммалар эбиллэн биэриэхтэрин сөп дии саныыбын. Маны барытын үрдүкү саламта, ол иһигэр Ил Түмэн, инньэ Э.Березкин, баҕар ол да инниттэн, билэн, туһана олорбут буолан тахсаллар. Бу тугуй, хайдах сыаналыахха сөбүй? Уххан: Уопсайынан ыллахха “биир хонуктаах“, “угаайык“ тэрилтэлэр нөҥүө тыыннаах харчыны оҥорууну, нолуоктан куотууну сокуон хараҕа туох диирий? Уххан: Биллэн турар төлөбүрдэр сорохторо фиктивнэй үлэ оҥоһуллубут дуогабардарыгар олоҕурбуттара сэрэйиллэр, этэллэрин курдук бу үксэ, “откаат“, бэрик, ньымаат, бюджет харчытын уоруу буолуон эмиэ сөп. Маны эн туох диэн сыаналыыгын? Уххан: Хас тутуу, өрөмүөн, матырыйаал, араас банкеттар, ас, мал атыылаһааһынын, бюджетка көрүллүбүт үбүн 10-30 % тийэ чиновниктар, бу үлэни эбэтэр өҥөнү оҥорбуттарын иһин ылар “ бырааптаахтар“ диэн суруллубатах сокуон харчылара буолуохтарын сөп дуо? Уххан: Бу барыта Иван Яныгин эрэ тэрилтэлэрэ дуо? Кини кимий, ханнааҕы киһиний? Урукку түөкүн министр финансов Сергей Яныгин быраата дииллэрэ кырдьык дуо? Маннык өҥөтүн иһин, “Харчыны тилиннэрээччилэр“ төһө % ылалларый? Хаһыакка суруйбуттарынан 50% кытта тийиэн сөп диэбиттэр. Уххан: Минфин төһө да элбэх порученияны аһардар, хас эмэ сыллар тухары ревизиялыыр управленията, араас кэтэбиллэрэ, манабыллара, уонна нолуок управленията баччааҥҥа диэри ити быһыыны майгыны билбэккэ олорбуттара буолуо диэҕи ким да итэҕэйбэт дьыалата. Минфин, хонуруолун, ревизиялыыр кэмитиэтэ бэйэтин иһинэн баарын омсолоох өртө көстөн таҕыста буолбаат? Ил Түмэн хонтуруоллуур кэмитиэтэ тоҕо маны арыйбатаҕай? Бу испиэһэккэ киирбит тэрилтэлэр, улуустар баһылыктарын сорохторун кытта кэпсэтэн көрдүм. Кинилэр Минфин туох диэбитин үтүктэ олороллор. Биһиги билбэтэхпит диэн. Маны хайдах сыаналыыгын? Уххан: Аны, хайдах эрэ бюджет эрэ тэрилтэлэрэ итинник “ обналичканнан“ дьарыктаналлара бобулларын курдук хаһыакка быһаараллар, “ГУП уонна ГУ“ диэни буккуйумаҥ диэн. “Неделя Якутии“ диэн хаһыакка. Мин санаабар нолуоктан куотан түөкүннээбит буоллахтарына кэтэҕиттэн, бюджет киэнэ буоларыттан тутулуга суох бары сокуон иннигэр эппиэттиэхтээхтэр буолбатах дуо? Маны хайдах быһаарыаҥ этэй? Уххан: Биһиги саламтабытыгар утарыта турсуу, бэйэбэйэни сиэһин “сфера влияния“ үллэстии уруккуттан баара. Ол ордук Штыров олоруоҕуттан үгэннээтэ, үүнэтэһиинэ суох барда. Ити барыта республика хостонор баайын туран биэриини кытта ситимнээх. Тумууһабы самнарыыны санаа. Онтон Михальчук үрдүгэр түһүү, “чымыдаанынан компроматы“ хомуйдубут диэн аһаҕастык суоһурҕаныы эрдэттэн иһиллибитэ. Ол эрэн биир сиртэн, биир ситимнэнэн таҕыстылар буолбатах дуо? Үрдүкү салалта көрөристэр, хонтуруоллуур тэрилтэлэрэ бу испиэһэккэ бааллар. Кинилэр сокуон быһыытынан эппиэккэ тардыллыахтарын сөп дуо? Сирэйдэрэ тэҥнэһэн таҕыста буолбат дуо? Уххан: Дойдубутугар айдаан иирсээн буола турарын көрөн истэн “бүөбэйдээн“ ситэрэнхоторон биэрэр үһүс күүс баарын этэллэр, ол кимнээх буолуой? Семен Назаров хаһыакка интервьютугар: “Якутия ввергнута полосу непрекращающихся политических скандалов. Еще немного, и обьективно только внешнее “хирургическое“ вмешательство может остановит эти негативные процессы.“ ЯВ. №10. Манна эн туох диэҥ этэй? Уххан: Бирисидиэн да мээр да дуоһунаһа сотору суох буолуо, республика статуһа уларыйан бөдөҥсүтүүгэ барыахпыт дииллэрэ кырдьык дуо? Ыйытыктары биэрдэ “Кыым“ хаһыат корр. Уххан. 2006с. 3 ый. 10 к. Миниистир А.С.Николаев Москубаҕа сылдьан төлөппүөнүнэн саба быраҕан маннык хоруйдаата: Мин нууччалыы хаһыаттарга быһаарбытым. Минфин баан курдук үлэлиир. Биһиги 450 тыһ. порученияны сылга аһардабыт. Ити испиэһэккэ уонча киирбит. Хас бырыһыана буоларый? Ити харчылары уорбуттар диэн суох. Биһиги бэрэбиэркэлээһиммитинэн дуогабар оҥоһуллан сөптөөх үлэни, сөптөөх табаары ылбыттар. Аактар, табаардар бааллар. Яныгин тэрилтэлэрэ хайдахтарын мин билбэппин, ону прокуратуура быһаарыа. Бу тэрилтэлэргэ харчыны ыыппыт тэрилтэ нолуоктан куоппут диэн буолбатах , баҕар харчыны ылар тэрилтэ нолуоктан куоппута буолуо, ону дакаастыахха наада. Салаппаан бакыакка харчыны аҕалан биэрэллэр диэннэрин дакаастыахтарын наада, бюджет тэрилтэлэригэр оннук суох курдук көрөбүн. Хаһыакка суруйалларыгар маны барытын минфин оҥоро олорорун курдук таһаарбыттар, бу сымыйа. Биһиги онно туох да сыһыана суохпут, ол иһин сууттаһабыт. Чааһынай тэрилтэлэр нолуоктан куоппуттарын, куоппатахтарын силиэстийэ быһаарыа. Тэрилтэлэр сымыйа үлэҕэ аакта, дөкүмүөн оҥорон харчыны ылбытттара дакаастаннаҕына салайааччылара эппиэттиэхтэрэ. Барыта откаат, бэрик, ньымаат, уоруу харчыта буолуо дииллэрин силиэстийэ дакаастыыр буоллаҕана, дакаастыа. Ол Иван Яныгиннарын харахтаан көрбөтөх киһим. Кини ЕРКЦны кытта ситимнээҕэ көстөр. Конкеретнай обналичевание баар буоллаҕына сыыһа буоллаҕа. Ол эрэн билигин дьыала дакаастана илигинэ ол киһи, бу киһи буруйдаах диир эмиэ сыыһа буолуо. Пруговалаах дыалалара атын, ол эрэн кинилэр Яныгин тэрилтэлэрин кытта ыкса сыһыаннара манна эмиэ көстөр. Силиэстийэ ЕРКЦ дьыалатынан бу “обналичка“ дьыалатыгар таҕыстаҕа дии. Ол аата сокуону кэһии өттүгэр туох эрэ баар буолан таҕыстахтара. Ону быһаарыахтара. Биһиги силиэстийэ түргэнник барарыгар, ким тугу оҥорбутун быһаара охсоругар баҕарабыт. Ити Алтан Харах сайтын кытта тиһэҕэр тийэ сууттаһыахпыт. Итинник сымыйаннан былааһы холуннарааһын сыыһа. А.С.Уаров хас биирдии ыйытыкка чопчулаан буолбакка, сүнньүнэн, бүддьүөккэ, нолуокка сыһыаннаах өрүтүн быһаарабын диэтэ: Мин маны мээрийэ дьыалаларын кытта сибээстииибин. Яныгин угаайык тэрилтэлэрэ уонна Пругова тэрилтэтэ 5 сыл устата 150 ча мөл. солк. “обналичи“ гыммыттар уонна 40ча мөл. солк. нолуоктан куотуу баар диэн суруйаллар. Прокуратуура дьарыктана сылдьар. Өскөтүн бу барыта кырдьык буоллаҕына, манна көннөрү үпхарчы махинацията, үбү сыаласоруга суох туттуу эрэ буолбакка, финансовай сокуоннары куруубайдык кэһии, криминал баар. УК ыстатыйаларынан барар дьыалалар. Онтон бу ыстатыйа тахсыбытыгар мин интэриэһиргээн, токкуйдаан көрдүм. Прокурор Шпаков бу испиэһэк баарын бигэргэппитэ. Ол эрэн минфини буруйдааһыҥҥа мин сөбүлэспэппин. Мин бүддьүөт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэбин. Бүгүн бддьүөтү кылаастарга араарыы диэн саҥа сокуон киирэн турар. Ол быһыытынан харчы хайдах барарый? Туох баар харчыны ылар бүддьүөт тэрилтэлэрэ ханнык да бааҥҥа счет аһар бырааптара суох. Минфин бүддьуөккэ илии баттааһын (роспись) диэни оҥорор, ол аата кинилэр харчыны ханна ороскуоттууллара бүддьүөккэ суруллубут эрэ буоллаҕына федеральнай казначействоҕа счет аһыллар. Казначейство эмиэ барытын көрөн олорор. Салгыы бу харчытын тэрилтэҕэ ыытар. Онтон салгыы ханнык баҕарар схеманы үлэлэтиэххэ сөп. Тутуу, өрөмүөн үлэлэрин ыыттаралларыгар араас ньыма элбэх. Харчыны обналичи гынааһын, бэрик, откаат ылааһын уо.д.а. Холобура; Бүддьүөттэн үбүлэнэр ханнык эрэ иниститут өрөмүөн ыытар. Армяннар тэрилтэлэрин булан дуогабар түһэрсэр. Ороскуота бүддьүөккэ көрүллэ сылдьар. Холобура, ол көрүллүбүтүн быһыытынан минфин 4 мөл. ыытар. Армян тэрилтэтэ харчыны маннык счетка ыыт диир. Нолуоктан куотарга үгүс элбэх ньыма баар. Онон үлэлииллэр уонна тэрилтэ салайааччытыгар харчы ууран биэрэллэр. Тэрилтэ салайааччыта минфиҥҥэ суруйар, өрөмүөҥҥэ харчы көрүллүбүтэ, барыта бэрэбиэркэлэммитэ, харчыны маннык счетка ыытыҥ диэн. Харчы баран хаалар. Ол иһин прокурор Шпаков саамай сөпкө этэр: “… билигин, эрдэ түмүктэри оҥорумаҥ, барыта биллиэҕэ“ диэн. Суоллара барыта көстө сылдьар, быһаарыахтара. Минфин харчыны туора ыытыан да баҕарбыты иһин хайдах да ыытар кыаҕа суох. Барыта бүддьүөт илии баттааһыныгар суруллубут буолуохтах. Маны таһынан РФ казначействота кинини хонтуруоллуу олорор. Тутууга эҥин тендер ыыттарааһын урут 200 тыһ. буоллаҕына барара. Билигин 60 тыһ. тендер барар. Онон дөссө буккуур, дөссө харчыны буккуйарга кыах элбиир. Эрдэттэн кэпсэтиилээхтэригэр тутуу, өрөмүөн ыыттарыахтара, ону эн хайдах да дакаастыыр кыаҕыҥ суох. Харыларыттан харбаатаххына эрэ. Бэрик ылыы ыстатыйата УКка саамай уустук ыстатыйа дииллэр. Даккаастыыр олус уустук. Харытыттан харбаатаххына биирдэ дакаастанар. Холобур губернатор Аясковка бүддьүөт сокуонун кэһээһиҥҥэ холуобунай дьыала тэрийбиттэрэ. Бүгүн, бүддьүөт сокуонун , кылаастааһыны кэстиҥ да прокуратуура холуобунай дьыаланы тэрийэр кыахтаах. Мин Иван Яныгины отой билбэппин. Сергей Яныгин диэни билэр этим. Кини миниистирдии сылдьан 5 млрд. харчыны республикаттан уоран турар. Мээрийэ дьыалатын кытта бу дьыаланы эн тэҥнээмэ. Кинилэр олох харыларыттан харбатын тураллар. Минфин биир да чиновнига кинилэр курдук кытай суумкатыгар харчы хаалаан илдьэ сылдьыбытын дакаастыыр кыаҕыҥ суох. Оннук суох. Шпаков эппитинии бэрэбиэркэ бара турар, ол барытын дьэҥкэрдиэ, кыратык тулуйа түһүҥ. Дьэ ,күн бүгүн, итинник эппиэттэри ыллым. А.С Уаровка, А.С.Николаевка махтанабын, ыйытыыбар хоруй биэрбиттэрин иһин. Сарсын дьыала хайа өттүнэн эргийэн тахсыа биллибэт. Тохтотон кэбиспэтэхтэринэ салгыытын ааҕаарыҥ. Кулун тутар 15 к. 2006 с. (Ханна да таһаарбатылар)
|