Саха дьахтара Саха дьахтарын саппаҕырбат сайдам санаата, Санаа тийбэт салбырҕастаах сатабыла, Күннээҕи олох күлүк буолар түбүгүттэн Күлүм чаҕыл, күлэр-үөрэр күнүскүнү түмэн, Кэлэр киэһэҕэ кэтэһиилээх киһи кини буолар. Кининнэн эрэ кэрэ эйгэтэ кэбэҕэстик кэлэр. Киһи киһилиитин киинэ - ийэ буолар.
* * *
Быстах остох да үлэннэн былдьаһыктаах олоҕу толорон Аччыктаабыты аһатан тохтообуту тоторон Буолар буолбат сырыыннан киэҥ хардыыны оһорон Иһили таһылы сылдьыыны иһигэр киллэрэн буһаран Олох оһуорун мандарын олус кэрэтик таҥар Тийбэти тэнитэн, сиппэти ситэрэр бүтэрэр-оһорор. Дьолу-соргуну түстүүр дьоһун саха дьахтара,
* * *
Саха дьахтара санаатын уурдаҕына сатаабата суох курдук, Иэрэҥ-саараҥ, илбиргэстээх,иэччэхтээх, иэҕиилээх, иэйиилээх Уурбут-туппут курдук уһун өрүүлээх санаалаах. Сатабыллаахтык салайтара, дьаныардаахтык дьаһайтара Бэриммит курдуга да билиэҥҥэ ылбыта баар, Барыта киниэнинэн буолар, санаабыта бары туолар. Ол курдук ордон тахсар оһуордаах оҥоһуулаах саха дьахтара.
* * *
Ийэ киһиэхэ иҥэр эбит дьикти дьоҕур, сайаҕас сатабыл. Барытын харыстыыр, араҥаччылыыр, Барыны бары аһынар, харайар талаан. Ааспыты ахтар, кэлбити кэрэхсиир Тулатын барытын тулаайахсыппат туһугар Оҕотун курдук саныыр, дьону барытын таптыыр. Иэримэ дьиэбит Иэйиэхситэ - ийэ буолар. Бары да, аҕалаах ийэттэн кэллэхпит, Атынтан кэлбит баарын билбэппин, Иһирэхпитин, истиҥмитин ирдэһиэҕиҥ Ийэҕэ эргиллиэҕиҥ - киһилиибитигэр киириэҕиҥ! Ийэ кут өйдөбүлэ иллэһиннэриэ иэгэйэр икки атахтааҕы! Ийэ айылҕа, Ийэ дойду, Ийэ тыл, Ийэ өйдөбүл, Ийэ итэҕэл - Иэйэр-куойар ис дьиҥмит, ис чиҥмит - Ийэ куппут!
2000 с. Уххан
Ґс
кутуІ таптала
(ийэ±э
махтал) Кµндµ тіріппµт ийэбиэт Бµгµн эйигин айхаллыы Айыы санааны угуттуу Алгыс µтµітµн аныыбыт.
Ґс кутуІ таптала
Тіріппµт о±оІ махтала
Кµн кµбэй ийээбит
Ахтар Айыыґыт эбээбит!
Киґи киґитэ
буоламмыт
О±о уруу
туоламмыт
Омук тірдµн
оІороммут
Олоробут биґи
дьоллоохтук.
Ґс кутуІ таптала
Тіріппµт о±оІ махтала
Кµн кµбэй ийээбит
Ахтар Айыыґыт эбээбит!
Эдэрдии эрчим
бэйэлээх
Элэккэй эйэ±эс эбээ±ин
Этэр сµбэлээх,
эрэл сµрэхтээх
Эн эрэ биґиги
ийээбит.
Ґс кутуІ таптала
Тіріппµт о±оІ махтала
Кµн кµбэй ийээбит
Ахтар Айыыґыт эбээбит!
Тула эргийэр
кииммит
Туллубат тутаах
киґибит
Ґірµµбµт µтµітэ
эйигиннэн Дьолбут биґиэнэ эйигиттэн.
Ґс кутуІ таптала
Тіріппµт о±оІ махтала
Кµн кµбэй ийээбит
Ахтар Айыыґыт эбээбит!
Тула іттµгэр µірµµ
туойда
Дьыл±а Хаан
ыйаа±а таайда
Тілкілііх
тµірэх олордун
Удьуор аймах
ууґаатын.
Ґс кутуІ таптала
Тіріппµт о±оІ махтала
Кµн кµбэй ийээбит
Ахтар Айыыґыт эбээбит!
Айыы сааскар
арчылан
Санаа
буоларынан саргылан
Амарах ахтар
киґибит
Ґтµікэн,
мааны ийэбит!
2005 с.
Өссө манна баар хоһоону ааҕыҥ
|