http://kut-sur.e-sakha.ru/
9А1--57
Ытык эт алгыһа
Аан Айыы Тойон, Бэттэх көрөн Мичик гын! Айхал! 1 Үрүҥ Айыы Тойон Аартыга аһылыннын. 2 Ытык этим Арылыннын. 3 Айыыларым саҥарбыттарын Саҥарыым, Иэйэхситтэрим эппиттэрин Этиим. 5 Сүнньүм көннүн, Сүргэм көтөҕүлүннүн. 6 Дьиҥи итэҕэйиим, Кырдьыгы кылбатыым. 7 Самныбат саргыланыым, Кэхтибэт кэскиллэниим. 8 Ырааҕы көрүүм, Үйэлээҕи өйдүүм. 9 Эргэрбэт Эрчимнээх буолуум. Дом!
9А2--58
Көх алгыһа
Көх Айыы Тойон, Бэттэх көрөн Мичик гын! Айхал! 1 Айыы саҥнаныым, Күн көхтөнүүм. 2 Аҕа Айыыларым, Дьээ диэтэхпинэ Дьээ диэтиннэр. 3 Ийэ Иэйэхситтэрим, Буо диэтэхпинэ Буо диэтиннэр. 4 Тылым төбөтүгэр Олордуннар, Санаам тамаҕар Сырыттыннар. 5 Тылбын тэһииннээтиннэр, Саҥабын салайдыннар. 6 Сыыһабын көннөрдүннэр, Алҕаспын араардыннар. 7 Күн утаҕын туттардыннар, Сырдык суолу анаатыннар. 8 Атахпар үктэннэрдиннэр, Сүһүөхпэр туруордуннар. 9 Сымнаҕас ытыстарыгар Олортуннар. Дом!
9А3--59
Алгыс алгыһа
Алгыс Айыы Тойон, Бэттэх көрөн Мичик гын! Айхал! 1 Алгыс баһа Арыылаах. 2 Ийэ куппар иҥмит Ийэ алгыһым Этэр тылбар киирдин. 3 Буор куппар олорор Оҕо алгыһым Тойукпар холбостун. 4 Эҕэрдэнэн эргиллиим, Алгыһынан хайыһыым. 5 Үөрүүнү-көтүүнү Олохтуум, Оту-маһы Көҕөрдүүм. 6 Сүбэни булуум, Сүргэни көтөҕүүм. 7 Этэр тылым Үүннээх-ыҥыырдаах буоллун. 8 Айыылар эппиттэрин курдук Саҥарыым. 9 Күн санааланыым, Сырдык суолланыым. Дом!
9А4--60
Туом алгыһа
Туом Айыы Тойон, Бэттэх көрөн Мичик гын! Айхал! 1 Алгыһынан суолланыым, Туому толоруум. 2 Айылҕа эргиирин Батыһыым, Айыылар этиилэрин Салгыым. 3 Өбүгэ үгэһин үтүктүүм, Үтүө тылы үүннэриим. 4 Туомунан бааллыым, Силигинэн ситимнэниим. 5 Көнө сүрүннэниим, Көрсүө мэйиилэниим. 6 Оҥорорбун Оҥорон иһиим, Ылыммыппын Ыпсаран иһиим. 7 Кэмигэр ситэриим, Тоҕооһугар толоруум. 8 Төлкөнү төрүттүүм, Кэскили кэҥэтиим. 9 Үрүҥ күн үтүөтүн тутуум. Дом!
9А5--61
Майгы алгыһа
Майгы Айыы Тойон, Бэттэх көрөн Мичик гын! Айхал! 1 Киһилии быһыыланыым, Айыы майгыланыым. 2 Сыылба буолумуум, Дааргытыйан биэримиим. 3 Түҥнэри сүргүөхтэнимиим, Таҥнары хайыыланымыым. 4 Күҥҥэ хөхсүбүнэн Эргиллимиим. 5 Үөрэн-көтөн, Өрөйөн-чөрөйөн Биэриим. 6 Оҥорорбун оҥоро туруум, Үлэбин үмүрүтэн иһиим. 7 Күөх отунан хаамыым, Күнү кытта аргыстаһыым. 8 Барҕа майгыланыым, Айыы тыыннаныым. 9 Көнө өттүнэн сылдьыым, Сөп өттүн тутуһуум. Дом!
9А6--62
Сиэр алгыһа
Сиэр Айыы Тойон, Бэттэх көрөн Мичик гын! Айхал! 1 Сиэри тутуһуум, Силиги ситэриим. 2 Айыы айбытын Батыһыым Одун оҥорбутун Утумнуум. 3 Аан дойду Тэһиинин ылыым, Күн сирин Көнтөһүн тутуум. 4 Кутум тутулугун Уларытымыым, Сүрүм сүнньүн Сүтэримиим. 5 Айыы дьонун кытта Амарах буолуум, Күн дьонун кытта Көмүскэс буолуум. 6 Хараҕым сырдык буоллун, Өйүм ыраас буоллун. 7 Чахчыга тирэниим, Баары барҕардыым. 8 Кыһалҕаны кыайыым, Тутурҕаны хотуум. 9 Алгыһым оройо Аһаҕас буоллун. Дом!
9А7--63
Дом алгыһа
Дом Айыы Тойон, Бэттэх көрөн Мичик гын! Айхал! 1 Тулхадыйбат толору Домноох буолуум. 2 Өбүгэлэрим Үгүс үйэлэр тухары биэрбит Өҥнөрүн үксэтиим. 3 Аймахтарым Элбэх үйэлэр тухары биэрбит Сыраларын салҕыым. 4 Утуммун быһымыым, Ситиммин ситэриим. 5 Ааспыттан Алгыһын тутуһуум, Бүгүҥҥүбүн Бүгүн оҥоруум. 6 Сарсыҥҥыны кытта Бааллыым, Кэлэри кытта Ситимнэниим. 7 Айыы Суолунан сылдьыым, Күн суолунан көстүүм. 8 Айыыны Абааһы хоппута суох. 9 Тоҕус доммун толоруум! Дом!
|