8А1--50
Дьоһун алгыһа
Аан Турук Айыы, Бэттэх көрөн Мичик гын! Муундара! 1 Ыйааҕым аартыга аһылыннын, Оҥоһуум суола тобулуннун. 2 Удьуордарым сыыспыттарын Хатылаамыым, Төрүттэрим таппыттарын Тутуһуум. 3 Айылгым Алгыһын салгыым, Өбүгэм Үтүөтүн үрдэтиим. 4 Төбөм иһигэр Төлкөлөөх санаа Төрүттэннин. 5 Баһым иһигэр Бастыҥ санаа Барҕардын. 6 Ыйаахпын ыллыктыым, Оҥоһуубун тупсарыым 7 Итэҕэс этинимиим, Быһаҕас туттумуум. 8 Бэйэ бодобун тардыныым, Илэ өйбүн булуум. 9 Дьоһуннук сананыым, Турукпун ыһыктымыым. Дом!
8А2--51
Ортоку буолуу алгыһа
Ортоку Айыы, Бэттэх көрөн Мичик гын! Муундара! 1 Орто Дойду Ортотугар буолуум. 2 Кутум-сүрүм Күн сиригэр тохтоотун. 3 Уйулҕам хамсаабатын. Санаам түспэтин. 4 Сылдьар сирим Аан дойду киинэ буоллун. 5 Көлдьүнү кытта Көтүмүүм, Ардаҕы кытта Ааһымыым. 6 Кутурукка соһуллумуум, Кытыыга кыбыллымыым. 7 Киэҥ киэннэниим, Көнө сүрүннэниим. 8 Түгэҕим көстүбэтин, Улаҕам биллибэтин. 9 Тииттэн тирэниим, Таастан тайаныым. Дом!
8А3--52
Туруу буолуу алгыһа
Туруу Айыы, Бэттэх көрөн Мичик гын! Муyндара! 1 Тургутуулары туоруур Туруу туруктаныым. 2 Үөһэттэн киирээччилэргэ Өйбүн сүүйтэримиим. 3 Аларааттан тахсааччыларга Санаабын сайҕатымыым. 4 Ойоҕостон орооһооччуларга Отуорбун оҕустарымыым. 5 Бэйэбин албыннанымыым, Киммин сүтэримиим. 6 Минньигэс тылга Дьиҥи биэримиим, Албаҕа тылга Кырдьыгы атастаһымыым. 7 Төбөм эргийбэтин, Хараҕым иирбэтин. 8 Эрэх-турах буолуум, Үрүк-түрүк сылдьыым. 9 Сылдьыбытым кырдьык буоллун, Эппитим экчи буоллун. Дом!
8А4--53
Бөҕөргүүр алгыс
Бөҕө Айыы, Бэттэх көрөн Мичик гын! Муундара! 1 Туруу туруктаныым, Бөҕө үүдэһиннэниим. 2 Кэлтэҕэй хамыйахтааҕы Киллэримиим, Такыр тарбахтааҕы Чугаһытымыым. 3 Эриэн ыкка ситтэримиим, Күөрт ыкка күөйтэримиим. 4 Туора муостааҕы тойорҕотумуум, Атын саҥнааҕы ааҥнатымыым. 5 Иннибин быһа хаамтарымыым, Кэннибин кэрбэтимиим. 6 Үтэн-анньан көрүүгэ бэринимиим, Үктэтиигэ түбэһимиим. 7 Кыраттан кыйаханымыым, Улахантан уолуйумуум. 8 Муора далай санаам Муҥурдамматын. 9 Өйүм-санаам Бөҕөх буоллун. Дом!
8А5--54
Бигэ буолуу алгыһа
Бигэ Айыы, Бэттэх көрөн Мичик гын! Муундара! 1 Бөҕө туруктаныым, Бигэ айыыланыым. 2 Иһим иирбэтин, Таһым дьалкыйбатын. 3 Ытык тылбын алдьатымыым, Кэс тылбын кэһимиим. 4 Муорга-туорга Буккулумуум. Халы-мааргы Буолумуум. 5 Ылбат-биэрбэт Ыккардынан сылдьымыым. 6 Уу курдук Уйманымыым. 7 Айыыларбын итэҕэйиим, Иэйэхсиппэр эрэниим. 8 Отуорум хамсаабатын, Туругум уларыйбатын. 9 Аар баҕах буолан Барҕарыым. Дом!
8А6--55
Ситэри буолар алгыс
Ситэри Айыы, Бэттэх көрөн Мичик гын! Муундара! 1 Бигэ айыыланыым, Силикпин ситэриим. 2 Туппуппун ыһыктымыым, Булбуппун сүтэримиим. 3 Суолум оспотун, Ыллыгым бүөлэммэтин. 4 Онно-манна Улдьаарымыым, Итиннэ-манна Умньанымыым. 5 Тутах туттумуум, Быстах быһыыланымыым, 6 Итэҕэскэ кииримиим, Быһаҕаска быстымыым. 7 Сырыым Ситиһиилээх буоллун, Оҥорбутум Хотуулаах буоллун. 8 Сөрү-сөп түбэһиим, Бэри-бэрт түмүктэниим. 9 Ылыммыт дьарыкпын Ситэрэн-хоторон иһиим. Дом!
8А7--56
Толору буолар алгыс
Толору Айыы, Бэттэх көрөн Мичик гын! Муундара! 1 Аналбын ситэриим, Доммун толоруум. 2 Күнтэн быабын Төлөрүтүмүүм, Ыйтан быабын Ыһыктымыым. 3 Уһун санаам Кылгаабатын, Киэҥ көхсүм Кыараабатын. 4 Төлкө төргүүлэниим, Ыра ындыыланыым. 5 Санаабытым Алгыс хоту Сайда турдун. 6 Толкуйдаабытым Уруй хоту Туола турдун. 7 Ылсыбытым быһаҕас хаалбатын, Үлэм сиппэххэ хаалбатын. 8 Айбытым таба буоллун, Оҥорбутум сөп буоллун. 9 Ситэри ыйаахтаныым, Толору оҥорууланыым. Дом!
|