7А1--43 Билии алгыһа
Аан Билгэ, Бэттэх көрөн Мичик гын! Лах! 1 Өй суола арылыннын, Билии суола тэлэлиннин. 2 Икки тэргэн кулгааҕым Истэрэ кэҥээтин. 3 Икки уу хараҕым Көрөрө үксээтин. 5 Эт мэйиим Билэрэ элбээтин. 6 Орто дойдум Суолларын тобулуум, Айыы сирин Аартыктарын арыйыым. 6 Өйдүүрүм Үксээн истин, Билэрим Дириҥээн истин. 7 Санаам сабаҕаланнын, Тылым тамахтаннын. 8 Өҥсүүм устун Үөтүүм уһугуннун. 9 Түөрт дойду Түөргүтэ буолуум. Дом!
7А2--44 Бэлиэни таба көрөр алгыс
Бэлиэһит Билгэ, Бэттэх көрөн Мичик гын! Лах! 1 Бэлиэлэри билиим, Этэр көстүүлэри сэрэйиим. 2 Мээнэнэн көрүмүүм, Таах истэн кэбиһимиим. 3 Дьүлэй куҥ буолумуум, Чой орой буолумуум. 4 Этэр көстүүлэри Таба тутуум, Бэлиэлэри Билэр буолуум. 5 Харахпар хатыым, Кулгаахпар хаалларыым. 6 Өйбөр тутуум, Долоҕойбор тохтотуум. 7 Ырааҕы Ыйдаҥардар кыахтаныым, Дириҥи Тургутар дьоҕурданыым. 8 Кыраҕы харахтаныым, Чуор кулгаахтаныым. 9 Айыылартан Айдарыылаах буолуум. Дом!
7А3--45 Билгэ Алгыһа
Билгэһит Билгэ, Бэттэх көрөн Мичик гын! Лах! 1 Бэлиэни таба көрөн Билгэлиир буолуум. 2 Айылҕа хаамыытын Таайыым, Күн-дьыл хаамыытын Өйдүүм. 3 Сиэттиһэр көстүүлэри Сибикилиим, Атахтаһар көстүүлэри Аахайыым. 4 Уруккуну удумаҕалыым, Кэлэри кэтиим. 5 Көстүү этэрин Өтө билиим, Бэлиэ этэрин Билгэлиим. 6 Таба тутан Сабаҕалыым, Утары тутан Удумаҕалыым. 7 Ыйыллыбыт түмүктэри Төлөрүтүүм, Ииччэхтэри-бааччахтары Сүөрүүм. 8 Үөрэҕим үксээтин, Сатыырым хаҥаатын. 9 Өйдүүр өйдөнүүм, Билэр мэйиилэниим. Дом!
7А4--46 Бит алгыһа
Бит Таҥха, Бэттэх көрөн Мичик гын! Лах! 1 Бити Бэлиэ оҥостуум 2 Көстөр иһигэр Көстүбэти көрүүм, Биллэр иһигэр Биллибэти билиим. 3 Барыта Улаҕалааҕын удумардыым Түөрэтэ Түгэхтээҕин төлкөлүүм. 4 Уҥа өттүбэр мустубут Уолдьахтары ундаардыым. 5 Хаҥас өттүбэр мустубут Халахайдары сылыктыым. 6 Уһун күлүкпүн Быһа хаамтарымыым 7 Кэтэхпинэн көрүүм, Көхсүбүнэн сэрэйиим. 8 Битим тардыытынан Билэр идэлэниим. 9 Тоҕус долоҕойум Суола тобулуннун. Дом!
7А5--47 Тойоннуур алгыс
Тойонньут Таҥха, Бэттэх көрөн Мичик гын! Лах! 1 Хараҕым аһылыннын, Бити бэлиэ гыныым. 2 Этим саастаннын, Уҥуоҕум куодаланнын. 3 Өттүгүм үүттэннин, Санным хайаҕастаннын. 4 Үөтүүлээх Өһүк эттэниим, Этитиилээх Ичээн эттэниим. 5 Төбөм оройо төлөрүйдүн, Кэтэҕим уоллаҕаһа аһылыннын. 6 Этээччилэрим элбээтиннэр, Кэпсээччилэрим кэлэҕэйдээбэтиннэр. 7 Тылбар киирдиннэр, Саҥабын салайдыннар 8 Үтүөнү үөтүүм, Кэрэни кэпсиим. 9 Тойоннуурум Толору буоллун, Түөргүлүүрүм Сөптөөх буоллун. Дом!
7А6--48 Көрүү алгыһа
Көрбүөччү Дьылҕа, Бэттэх көрөн Мичик гын! Лах! 1 Ичээн эттэниим, Көрбүөччү харахтаныым. 2 Хараҕым баайыыта Сөлүөннүн, Өйүм баайыыта Өһүлүннүн. 3 Албыны араарыым, Көлдьүнү көтүтүүм. 4 Ытык этим арылыннын, Буомча этим уһугуннун. 5 Былыкка олорсуум, Күлүккэ сөрүөстүүм. 6 Хараҕым уотун быраҕан Ырааҕы чугуулуум. 7 Ааспыты анаарыым, Кэлэри кэпсиим. 8 Өйбүнэн өтө көрүүм, Тылбынан таба этиим 9 Сээркээн Сэһэн Этэрин истиим. Дом!
7А7--49 Этиттэрэр алгыс
Сэһэн Дьылҕа, Бэттэх көрөн Мичик гын! Лах! 1 Этэр тылым Үүннээх-тэһииннээх буоллун. 2 Айыылар мин нөҥүө Саҥардыннар. 3 Иччилэр мииҥиннэн Эттиннэр. 4 Айылҕам мииҥиннэн Айдын. 5 Күн сирэ мииҥиннэн Көрөр харахтаннын. 6 Орто дойду мин нөҥүө Истэр кулгаахтаннын. 7 Сэһэним ситэри буоллун, Толкуйум толору буоллун. 8 Быстыбыты салҕыым, Алдьаммыты абырыым. 9 Этэр тылым Иччилэннин. Дом!
|