6А1--36 Нэм алгыһа
Аан Хаан, Бэттэх көрөн Мичик гын! Алыас! 1 Сүҥ Хаан аартыга Аһылыннын, Аан арчы буолун. 2 Тардар тымырбынан Табы таайыым, Оонньуур хааммынан Тобу тойоннуум. 3 Сүрэҕим сөбүлүүрүн Сүһүөҕэр туруоруум, Санаам ылынарын Сайыннарыым. 4 Атын суолга аралдьыйымыым, Туора суолга буккулумуум. 5 Инним аһаҕас буоллун, Аартыгым сырдык буоллун. 6 Кырдьыктан туораамыым Дьинтэн тэйимиим. 7 Турукпун ыһыктымыым Отуорбун хамсатымыым. 8 Нэммин сүтэримиим, Кэрээммин кэһимиим. 9 Айыы Суолун Арыйан иһиим. Дом!
6А2--37 Айыы ситимин алгыһа
Ситим Хаан, Бэттэх көрөн Мичик гын! Алыас! 1 Күнтэн быаланыым, Ыйтан ситимнэниим. 2 Амарах санаалаах Айыы киһитэ буолуум, Көмүскэс санаалаах Күн киһитэ буолуум. 3 Тутулукпун уларытымыым, Туймуубун төлөрүтүмүүм 4 Аан дойдум Алгыһын ылыым, Ийэ сирим Эҕэрдэтин ылыым. 5 Үтүөнү үрдэтэ туруум, Кэскили кэтирэтэн иһиим. 6 Аналбын толоруум, Айылҕабын батыһыым, 7 Табылларбын булуум, Сатанарбын оҥостуум. 8 Сиртэн ситимнэниим, Халлаантан тутулуктаныым. 9 Үрүҥ Айыы Тойонтон Өрүһүлтэбин булуум. Дом!
6А3--38 Тыыны уһатар алгыс
Тыын Хаан, Бэттэх көрөн Мичик гын! Алыас! 1 Айыылартан ситимим Бигэ буоллун, Тыыным уһаан истин. 2 Быстах суолга Быланымыым, Тутах суолга Туораамыым. 3 Олус туттумуум, Аһара дайбаамыым. 4 Кэннэ кэтинчэ да буоллун Диэмиим, Иннибин быһа Этимиим. 5 Сайдар иһин Сырабын ыытыым 6 Ыра ындыыланыым, Кэскил кэһиилэниим. 7 Алгыһым үрдэ Аһаҕас буоллун. 8 Тыыным кылгаабатын, Кыаҕым кыччаабатын. 9 Быстыбат бырдыланыым, Сынтарыйбат сындааһыннаныым. Дом!
6А4--39 Киэҥ көҕүстэнэр алгыс
Киэҥ Хаан, Бэттэх көрөн Мичик гын! Алыас! 1 Тыыным уһаатын, Көхсүм кэҥээтин. 2 Күннээҕиннэн Мугурданымыым, Сарсыҥҥыны Сабаҕалыым. 3 Кыыһырардааҕар Киэҥ буолуум, Өһүргэнэрдээҕэр Үрдүк буолуум. 4 Киэҥ көрүүлэниим, Дэлэй санааланыым. 5 Кыраҕа хаайтарымыым Муннукка симиллимиим. 6 Күн сиригэр талаһыым, Айыы алааһыгар тахсыым. 7 Олох үөһүгэр олорсуум, Түбүк үөһүгэр түбэһиим. 8 Барытын сылыктаан Барҕалыым, Түөрэтин төрүттээн Төгүрүтүүм. 9 Кэскиллээх санаа Киирэ турдун. Дом!
6А5--40 Хараҕы сырдатар алгыс
Сырдык Хаан, Бэттэх көрөн Мичик гын! Алыас! 1 Көхсүм кэҥээтин, Хараҕым сырдаатын. 2 Көрөрбүнэн эрэ Муҥурданымыым, Билэрбинэн эрэ Уоскуйумуум. 3 Күлүгү харбаамыым, Туманы кууһумуум. 4 Хара балыкка хаххалатымыым, Көлдьүн былыкка күлүктэтимиим. 5 Үктэтиигэ түбэһимиим, Уһун кутурукка охсуллумуум. 6 Үрүҥү - хараны Араарыым, Үтүөнү - мөкүнү Өйдүүм. 7 Иннибин ыйдыҥардыым, Кэлэрбин сэрэйиим. 8 Бигэ итэҕэллээх буолуум, Бөҕө өйдөбүллээх буолуум. 9 Үс-түөрт харахтаах Үтүө киһи буолуум. Дом!
6А6--41 Чэпчиир алгыс
Ыраас Хаан, Бэттэх көрөн Мичик гын! Дом! 1 Кир сыстыбатын, Хох хоммотун. 2 Сүрэҕим этэрин оҥоруум, Санаам хайгыырын батыһыым 3 Дьон хараҕын кыбыстыбакка Утары көрүүм. 4 Кэмсинэргэ кииримиим, Тиһэххэ тэбиллимиим. 4 Сыыһаны хайҕаан Санаабын ыаратымыым, Мөкүнү көмүскээн Өйбүн күлүгүрдүмүүм 5 Санаам чэпчэки буоллун, Тылым дьэҥкэ буоллун! 6 Ыарахантан көҕүс түһүмүүм, Кытаанахтан кылгаан биэримиим. 7 Дьэллэм майгыланыым, Элэккэй быһыыланыым. 9 Үрүҥ күн сырдыгыттан Үөрэ-көтө сылдьыым. Дом!
6А7--42 Кырдьык алгыһа
Күөгэл Хаан, Бэттэх көрөн Мичик гын! Алыас! 1 Үрүҥ тыыным Үрүҥ былыт буолан Көтөҕүлүннүн. 2 Аныгыны Айыы айбытын Сабаҕалыым. 3 Кырдьыгы кылбатыым, Дьиҥи килбэтиим. 4 Көлдьүнү кыайыым, Албыны арыйыым. 5 Мөкүнү Үчүгэй диэмиим, Куһаҕаны Хайҕаамыым. 6 Санаам ыраас буоллун, Өйүм дьайҕа буоллун. 7 Киргэ биһиллимиим, Хоххо холбоһумуум. 8 Сырдыгы батыһыым, Саргыны саныым. 9 Саҥарабытым Илэ буоллун, Сылдьыбытым Кырдьык буоллун. Дом!
|