5А1--29 Дьоҕур алгыһа
Аан Суорун, Бэттэх көрөн Мичик гын! Сүлгүр! 1 Улуу Суорун Аартыга аһылыннын. 2 Бохсуруйан Бохсуллуубуттан Босхолонуум. 3 Тыҥабар Айыы тыына киирдин. 4 Түмүгүм сөлүннүн, Ийэ кутум Этитиитэ тилиннин. 5 Киһи биирдээх дииллэр, Биирим билиннин. 6 Санаам салалталаннын, Сүрүм сүрүннэннин. 7 Айар өттүгэр Саҥым тартын. 8 Испэр иҥмит Идэким билиннин. 9 Дьоҕур суола Тобулуннун. Дом!
5А2--30 Батыһыы алгыһа
Төрүт Суорун, Бэттэх көрөн Мичик гын! Сүлгүр! 1 Батыһыыбын батыһыым, Утумнуурбун булуум. 2 Тыҥабар киирбит тыын Тымырым устун тарҕаатын. 3 Аймахтарым Айымньылаах өттүлэрин Батан сылдьыым. 4 Урууларым Чулуу дьоҕурдарын Умсуйан уһуйуллуум. 5 Өбүгэм үтүөтүн Үксэтиим. 6 Ийэ айылҕам Испэр иҥэрбитин Тилиннэриим. 7 Аҕа айылҕам Анаан кэбиспитин Сайыннарыым. 8 Удьуорум этэрин Устун сылдьыым. 9 Бэйэбин булан Бэрт киһи буолуум. Дом!
5А3--31 Арыллыы алгыһа
Түһэр Суорун, Бэттэх көрөн Мичик гын! Сүлгүр! 1 Түспүтүм түс буоллун, Ылбытым алгыс буоллун. 2 Үтүө тылы Үчүгэйдик өйдүүр Өйдөөх буолуум. 3 Сайаҕас тылы Сатаан истэр Сайда буолуум. 4 Үүннээх-тэһииннээх Тылы батыһыым, Үрүҥ күн Үтүөтүн тутуһуум. 5 Оройум аһыллан истин, Этим саастанан истин. 6 Суолбун-ииспин Булан иһиим. 7 Көнөнү өйдүүр Көрсүө мэйиилэниим. 8 Дьоҕуру сайыннарар Суолу тутуһуум. 9 Идэ диэки Эргиллиим. Дом!
5А4--32 Куулаттарыы алгыһа
Куулаттарар Суорун, Бэттэх көрөн Мичик гын! Сүлгүр! 1 Куулаттарыым холбостун, Төрүттэниим түмүлүннүн. 2 Испэр иччилэниим, Таспар дьалыҥнаныым. 3 Томторҕом арылыннын, Түмүгүм сөлүннүн, 4 Ытык дьонум Ыйаахтаах тыллара Ыксаластын. 5 Төрүт дьонум Төрүт тыллара Төбөбөр түстүн. 6 Ааттаммат аймахтарым Харахтарын хатаатыннар. 7 Сурахтаммат урууларым Санааларын уурдуннар. 8 Этим-сииним Илбистэннин. 9 Киирэрим киирдин, Таарыйарым таарыйдын. Дом!
5А5--33 Салайыныы алгыһа
Үөрэх Суорун, Бэттэх көрөн Мичик гын! Сүлгүр! 1 Мэлдьи үөрэниим, Мэлдьи эрчиллиим. 2 Ыраахтан төрүттэниим, Дириҥтэн силистэниим. 3 Этиллиим эттин, Үөтүллүүм өттүн. 4 Дьүһүйбүттэрин курдук Дьүһүйүүм, Үһүйбүттэрин курдук Үһүйүүм. 5 Эппиттэрин хатылаан Этэн иһиим, Саҥарбыттарын хатылаан Саҥаран иһиим. 6 Үөрэҕи өйбөр түһэриим, Билиини испэр иҥэриим. 7 Куулаттарыым суолланнын, Айар илбиһим аартыктаннын. 8 Утумнаан удумаҕалыым, Ситимнээн өйдүүм. 9 Үөрэҕи баһылаан Күүстэниим. Дом!
5А6--34 Уһуйуу алгыһа
Уһуйар Суорун, Бэттэх көрөн Мичик гын! Сүлгүр! 1 Уһуйууну ылыым, Идэни иҥэриим. 2 Санаам хааччаҕа аһылыннын, Өйүм күөйүүтэ өһүлүннүн. 3 Майгым барҕаланнын, Быһыым сабаҕаланнын. 4 Испэр иҥмит күүһүм Суолун буллун, Хаабар хаайтарбыт кыаҕым Аартыгын арыйдын. 5 Билээччи этэрин Хоту буоллун, Үөрэхтээх үөтэрин Хоту буоллун. 6 Ийэ кутум Иитиитэ тилиннин. 7 Салгын кутум Салалтатын буллун. 8 Буор кутум Бодолоннун. 9 Киһи буолбут Кэскилим ситтин. Дом!
5А7--35 Идэ алгыһа
Идэ Суорун, Бэттэх көрөн Мичик гын! Сүлгүр! 1 Биирбин булуум, Идэбин ылыым. 2 Айар албастаныым, Тутар сатабылланыым. 3 Олоҕу оҥорор Дьоҕурданыым. 4 Аан дойдуну Тупсарар талааннаныым. 5 Идэбин Айыы өттүнэн туһаныым. 6 Куһаҕаҥҥа кубулутумуум, Мөкүгэ дьүһүйүмүүм. 7 Тарбаҕым алгыстаннын, Илиим эҕэрдэлэннин. 8 Айбытым үйэлээх буоллун, Оҥорбутум олохтоох буоллун. 9 Күнүм сирин Көҕөрдүүм. Дом!
|