Тэрис Барҕа алгыстараБарҕа алгыстара хайдах суруллубутун туһунанБу алгыстары "Кут-сүр” сэһэнэ Тэрис 1995 сыллаахха оҥорбута. Алгыс оҥоһуллубут төрдө маннык. Аан бастаан алгыс олуктара хомуллубуттара. Архыыпка фольклорист В. В. Илларионов хомуйбут алгыстара баара. Урут "Саха норуодунай ыарыалара” диэн түөрт туомнаах үлэ тахсан турар. Маны таһынан 10-тан тахса олоҥхо кинигэлэрин олук хоһоонноро туһаныллыбыттара. Ордук кичэйэн П. А. Ойуунускай "Дьлуруйар Ньругун Боотур” олоҥхото көрүллүбүтэ. А. Е. Кулаковскай, А. И. Софронов, Сергей Зверев—Кыыл Уолун хоһооннорун олуга бу үлэҕэ сүрүн буолбуттара. Ити хомуллубут алгыстарга олоҕуран 1990 сыллаахха "Күннээҕи олох алгыстара” диэн кыракый алгыс кинигэтэ тахсан турар. "Кут-сүр” кыһа Айыылары үөрэтэн баран айыылар тоҕус халлааҥҥа олороллорун быһаарбыта. Этнографияны уонна фольклору үөрэтии түмүгэр хас биирдии айыы халлааныгар сэттэлии ыал баара биллибитэ. Дьэ, ити түмүгэр киһи барҕата 63 өйдөбүлтэн, ол аата ыалтан турар эбит диэн өйдөөһүн үөскээбитэ. Аан Бастаан бу санаа "Айыы Үөрэҕэ” кинигэҕэ дьэҥкэтик этиллибитэ. Саха өйө-санаата алгыстарга түмүллэ сылдьара уруккуттан биллэрэ. Холобур, билиҥҥи кэмҥэ саамай улахан икки алгыс баар: Өксөкүлээх Өлөксөй "Сайын кэлиитэ” диэн бэйээмэтигэр Үрүҥ Айыы Тойоҥҥо анаммыт алгыс уонна И. В. Худяков кинигэтигэр суруллубут "Ыһыах алгыһа”. Бу алгыстарга Айыы үөрэҕин ис хоһооно түмүллэн киирэ сылдьар. Дьэ, бу мантан саҕалаан үтүмэн үгүс алгыстар кэлэллэр. Оннооҕор "Утуйа сытар кулуну уһугуннарар алгыс” диэн баар. Бу алгыстар сиэргэ-туомҥа эбэтэр ханнык эрэ чопчу түгэннэргэ анаан айылаллаллар. Биһиги бу үтүмэн элбэх баайга олоҕуран киһи олоҕун барҕатын көрдөрөр 63 алгыһы айыахтаах этибит. Барҕа киһи олоҕун барытын хабар. Онон барҕа 63 өйдөбүлэ олох 63 көстүүтүн түмүөхтээҕэ. Тоҕус айыыларга олоҕуран толкуйдааһын уонна ханнык алгыстар, олук алгыстар ханнык айыыларга чугастарын быһаарыы барбыта. Дьэ, ити түмүгэр 63 алгыс идиэйэтэ баар буолбута; Алгыһы суруйуу диэн тугуй? Алгыстар олук хоһооннорго олоҕуран эрэ айыахха сөп. Оттон олук хоһооннору ким эрэ айбыт буолбатах. Бу быдан былыргыттан айыллыбыт хоһооннор, былыргылар этэллэринэн, Таҥара тыллара. Онон олук хоһооннору сөптөөх суолтатыгар таҥыллыахтаах эрэ. Ол гынан баран бу иһигэр бэйэттэн айыы эмиэ баар буолар. Алгыстары туһанан хоһооннору суруйуу холобурун биһиги А. И. Софронов айымньыларыгар көрөбүт. Кини итиннэ алгыһы алдьаппакка алгыс киэбин туһанан хоһоону айыахха сөбүн көрдөрөр. Манна тоһоҕос өйдөбүллэр суолталара улахан. Холобур, көхсүҥ кэҥээтин, эркиннээх буол, күн өркөнүн тут эҥин диэннэр тоһоҕос өйдөбүллэр. Бу эмиэ саха итэҕэлин илдьэ сылдьар тыллар. Маннык тоһоҕос өйдөбүллэри сааһылаан олук хоһоону оҥоруохха сөп буолар. Холобур, Күөх отунан хаамп, Күн өттүнэн сырыт. Маннык үлэ ыытыллыбыт буолан 1995 сыллаахха "Барҕа алгыстара” оҥоһуллубуттара уонна Айыы Дьиэтигэр туһаныллан барбыттара. Барҕа алгыстарын туһаныыБу алгыстар көннөрү хоһоон буолбатахтар. Айыы Дьиэтигэр сиэргэ-туомҥа туһаныллаллар, оттон көннөрү киһи тус бэйэтин өйүн-санаатын сааһылыырыгар аналлаахтар. Барҕа алгыстарын ааҕыы туом курдук ыытыллыахтаах. Биллэн турар, алгыстары көннөрү ааҕан билсиһиллэр. Бу көннөрү ааҕыы таһынан алгыһы бэйэҕэ туһанар иһин ааҕыахха сөп. Ол туһунан суруйабыт. Алгыһы ааҕар киһи бастаан ханнык алгыһы ааҕарын быһаарар. Кини үс соруктаах буолуон сөп: 1) сөп санааны ылыы, 2) дьоҕуру арыйыы, 3) ыарыыны тэйитии. Алгыстар нүөмэрдээхтэр. Бастакы сыыппара духуобунай халлааны бэлиэтиир: 1) Айыыһыт, 2) Иэйэхсит, 3) Дьөһөгөй, 4) Хотой Айыы, 5) Улуу Суорун, 6) Аан Дьааһын, 7) билии айыылара, 8) турук айыылара, 9) Үрүҥ Айыы Тойон. Оттон А диэн буукуба кэлэр. Бу буукуба айыы диэн тылы көрдөрөр. А кэнниттэн эмиэ сыыппара кэлэр. Бу сыыппара духуобунайхалаан хаһыс ыала (хоһооно) буоларын ыйар. Холобур, 3А4—үһүс духуобнай халлаан айыытын (Дьөһөгөй) төрдүс хоһооно (быар—түөс тыла). Оттон тириэ кэнниттэн кэлэр сыыппара хоһооннор уопсай нүөмэрдэрин көрдөрөр. Хоһооннор ис күүстээхтэр. Бу алгыс тыллара айыылартан тыыннаах буолар күүһү—сүрү—тардан ылаллар. Ити сүр туһааннаах эккэ мустар. Сабыдыала үс буолар: 1) сөп санааны үөскэтии, 2) дьоҕуру арыйыы, 3) туһааннаах эттэн-сиинтэн ыарыыны тэйитии. Алгыстары ааҕарга аан бастаан уҥа ытыһы туһааннаах эт туһунан тутуллар (эти таарыйыллыбат, эт чугаһыгар тутуллар) : Айыыһыт—төрүүр-ууһуур эт, Иэйэхсит—киин, Дьөһөгөй—быар, Хотой Айыы—түөс тыла (өрөһө), Улуу Суорун—түөс (тыҥа), Аан Дьааһын—түөс үөһээ өттө (сүрэх), билии айыылара—харах, турук айыылара—сүүс, Үрүҥ Айыы Тойон—орой. Ити туран ханнык сэттэ алгыстан биирдэрэ ааҕыллар. Бу сэттэ алгыстар ити туһааннаах эт атын эттэри кытта ситимин көрдөрөллөр. Холобур, Иэйэхсит 6-с хоһоонун аахтахха, илиини киин таһынан тутуллар. 6-с хоһоон киин сүрэҕи кытта ситимин көрдөрөр.
Айыыһыт сэттэ алгыһа маннык: Бастакы алгыс—Айыыһыт+Айыыһыт, Икки алгыс—Айыыһыт+Иэйэхсит, Үһүс алгыс—Айыыһыт+Дьөһөгөй, Төрдүс алгыс—Айыыһыт+Хотой Айыы, Бэһис алгыс—Айыыһыт+Улуу Суорун, Алтыс алгыс—Айыыһыт+ Аан Дьааһын, Сэттис алгыс—Аҥыыһыт+билии айыылара, турук айыылара уонна Үрүҥ Айыы Тойон. Иэйэхсит сэттэ алгыһа: Бастакы алгыс—Иэйэхсит+Айыыһыт, Иккис алгыс—Иэйэхсит+Иэйэхсит, Үһүс алгыс—Иэйэхсит+Дьөһөгөй, Төрдүс алгыс—Иэйэхсит+Хотой айыы, Бэһис алгыс—Иэйэхсит+Улуу Суорун, Алтыс алгыс—Иэйэхсит+Аан Дьааһын, Сэттиc алгыс—Иэйэхсит+билии айыылара, турук айыылара уонна Үрүҥ Айыы Тойон. Дьөһөгөй сэттэ алгыһа: Бастакы алгыс—Дьөһөгөй+ Айыыһыт, Иккис алгыс— Дьөһөгөй+ Иэйэхсит, Үһүс алгыс— Дьөһөгөй+ Дьөһөгөй, Төрдүс алгыс— Дьөһөгөй+ Хотой айыы, Бэһис алгыс— Дьөһөгөй+ Улуу Суорун, Алтыс алгыс— Дьөһөгөй+ Аан Дьааһын, Сэттис алгыс— Дьөһөгөй+ билии айыылара, турук айыылара уонна Үрүҥ Айыы Тойон. Хотой Айыы сэттэ алгыһа: Бастакы алгыс—Хотой Айыы+ Айыыһыт, Иккис алгыс— Хотой Айыы+ Иэйэхсит, Үһүс алгыс— Хотой Айыы+ Дьөһөгөй, Төрдүс алгыс— Хотой Айыы+ Хотой айыы, Бэһис алгыс— Хотой Айыы+ Улуу Суорун, Алтыс алгыс— Хотой Айыы+ Аан Дьааһын, Сэттис алгыс— Хотой Айыы+ билии айыылара, турук айыылара уонна Үрүҥ Айыы Тойон. Улуу Суорун сэттэ алгыһа: Бастакы алгыс—Улуу Суорун+ Айыыһыт, Иккис алгыс— Улуу Суорун+ Иэйэхсит, Үһүс алгыс— Улуу Суорун+ Дьөһөгөй, Төрдүс алгыс— Улуу Суорун+ Хотой айыы, Бэһис алгыс— Улуу Суорун+ Улуу Суорун, Алтыс алгыс— Улуу Суорун+ Аан Дьааһын, Сэттис алгыс— Улуу Суорун+ билии айыылара, турук айыылара уонна Үрүҥ Айыы Тойон. Аан Дьааһын сэттэ алгыһа: Бастакы алгыс—Аан Дьааһын+ Айыыһыт, Иккис алгыс— Аан Дьааһын+ Иэйэхсит, Үһүс алгыс— Аан Дьааһын+ Дьөһөгөй, Төрдүс алгыс— Аан Дьааһын+ Хотой айыы, Бэһис алгыс— Аан Дьааһын+ Улуу Суорун, Алтыс алгыс— Аан Дьааһын+ Аан Дьааһын, Сэттис алгыс— Аан Дьааһын+ билии айыылара, турук айыылара уонна Үрүҥ Айыы Тойон. Билии айыыларын сэттэ алгыһа: Бастакы алгыс—билии айыылара+ Айыыһыт, Иккис алгыс— билии айыылара+ Иэйэхсит, Үһүс алгыс— билии айыылара+ Дьөһөгөй, Төрдүс алгыс— билии айыылара+ Хотой айыы, Бэһис алгыс— билии айыылара+ Улуу Суорун, Алтыс алгыс— билии айыылара+ Аан Дьааһын, Сэттис алгыс— билии айыылара+ билии айыылара, турук айыылара уонна Үрүҥ Айыы Тойон. Турук айыыларын сэттэ алгыһа: Бастакы алгыс—турук айыылара+ Айыыһыт, Иккис алгыс— турук айыылара+ Иэйэхсит, Үһүс алгыс— турук айыылара+ Дьөһөгөй, Төрдүс алгыс— турук айыылара+ Хотой айыы, Бэһис алгыс— турук айыылара+ Улуу Суорун, Алтыс алгыс— турук айыылара+ Аан Дьааһын, Сэттис алгыс— турук айыылара+ билии айыылара, турук айыылара уонна Үрүҥ Айыы Тойон. Үрүҥ Айыы Тойон сэттэ алгыһа: Бастакы алгыс— Үрүҥ Айыы Тойон+ Айыыһыт, Иккис алгыс—Үрүҥ Айыы Тойон+ Иэйэхсит, Үһүс алгыс—Үрүҥ Айыы Тойон+ Дьөһөгөй, Төрдүс алгыс—Үрүҥ Айыы Тойон+ Хотой айыы, Бэһис алгыс—Үрүҥ Айыы Тойон+ Улуу Суорун, Алтыс алгыс—Үрүҥ Айыы Тойон+ Аан Дьааһын, Сэттис алгыс—Үрүҥ Айыы Тойон+ билии айыылара, турук айыылара уонна Үрүҥ Айыы Тойон. Дьокуускай—2005
|