Билбэт тылларгын манна көрөөр: Э.К. Пекарскай тылдьыта
Барҕа алгыстара
1А1--1 Төрүт алгыһа
Аан Айыыһыт, Бэттэх көрөн Мичик гын! Дьаралык! 1 Айыыһытым аартыга Арылыннын, Иэйэхситим суола Тэлэлиннин. 2 Айар көҕүм Аана арылыннын, Оҥорор көҕүм Суола тобулуннун. 3 Айылҕам биэрбитин Курдук буоллун. 4 Айыыларым эппиттэрин Курдук буоллун. 5 Оҕо кута Оонньоотун. 6 Төрүт уотум Төлкөлөннүн. 7 Аҕа кутум алгыһа Ала чахчы туоллун. 8 Ийэ кутум эҕэрдэтэ Илэ чахчы ситтин. 9 Сүүспэр Сүппэт-оспот Өркөн түстүн. Дом!
1А2--2 Имэҥ алгыһа
Имэҥ уонна Дьалыҥ Айыыһыттар, Бэттэх көрөн Мичик гыныҥ! 1 Имэҥ Айыыһытым Эҥэрдэстин, Дьалыҥ Айыыһытым Аргыстастын. 2 Үрүт күүһүм үксээтин, Алын күүһүм элбээтин. 3 Иһим имэҥнэннин, Таһым дьалыҥнаннын. 4 Иэним ирдин, Самыым сылыйдын. 5 Аан дойдум Айар күүһүн ылан Чалларыйыым. 6 Орто Дойдум Өҥүн-талатын ылан Өҥсүйүүм. 7 Баҕарар ыралаах, Умсугуйар суоллаах буолуум. 8 Көҕүлүүр күүстэниим, Угуйар уохтаныым. 9 Киһи киһи буолар Кэскиллээх суолун батыһыым. Дом!
1А3--3 Күтүөт эбэтэр кийиит буолар алгыс
Хороҥ Айыым (Ньэлбэҥ Айыым), Бэттэх көрөн Мичик гын! Дьаралык! 1 Хороҥ Айыым Холбостун (Ньэлбэҥ Айыым Эҥэрдэстин). 2 Күтүөт буолан Күҥҥэ көстүүм (Кийиит буолан Киэҥҥэ тахсыым) 3 Айыылартан Аҥаарбар хайыһыым, Айылҕаттан Аналбын булуум. 4 Олоҕум доҕоро тоҕоостун, Күндү киһим көһүннүн. 5 Харахпынан хайҕыым, Сүрэхпинэн сөбүлүүм. 6 Таптыырым таба таарыйдын, Сөбүлүүрүм түбэһэ түстүн. 7 Үрүт өттүбүнэн Үтүөтүк өйдүүм. 8 Алын өттүбүнэн Алыстык ылыныым. 9 Окко түспүт Оҥоһуум буоллун. Дом!
1А4--4 Уруу алгыһа
Ахтар Айыыһыт, Бэттэх көрөн Мичик гын! Дьаралык! 1 Саха төрдө буолан Сандаарыым, Киһи төрдө буолан Килбэйиим. 2 Аал уоппун оттуум, Алаһа дьиэбин тэриниим, Алтан сэргэбин анньыым. 3 Көмүс ньээкэ уйабын Иччилиим. 4 Элбэх баайданыым, Үгүс үптэниим, Толору тоттонуум. 5 Бэйэ бэйэбитин өйдөһөр буолуум, Тыл тылбытыгар киирсэр буолуум. 6 Элбэх киһини кытта Эйэбин холбуум, Үгүс киһини кытта Сүбэбин түмүүм. 7 Кир-хох хоммотун, Дьаҥ-дьаһах булбатын, Ыарыы-сөтөл ыксаласпатын. 8 Иннибэр ибири билимиим, Кэннибэр кэбири билимиим. 9 Аҕа ууһа буолан тарҕаныым (Ийэ ууһа буолан тэнийиим). Дом!
1А5--5 Оҕо уйатын алгыһа
Хан Айыыһыт, Бэттэх көрөн Мичик гын! Дьаралык! 1 Уол оҕонон уруйданыым, Кыыс оҕонон айхалланыым. 2 Оҕом уйата Уруйу кытта оҥоһулуннун. 3 Ыччатым утума Алгыһы кытта айылыннын. 4 Аньыылаах-харалаах буоллахпына, Аньыым-харам Ыччаппар сыстыбатын. 5 Сэттээх-сэлээннээх буоллахпына, Сэтим-сэлээним Кэскилбэр киирбэтин. 6 Дьөһөгөйтөн анаммыт Үрүҥ суругум көһүннүн. 7 Өбүгэлэртэн кэлбит Үтүө бэлиэм Үрдээн биэрдин. 8 Айыылартан туттарыым Улааттын. 9 Иэйэхситим Эҕэрдэлии турдун. Дом!
1А6--6 Оҕону иитэр алгыс
Күбэй Айыыһыт, Бэттэх көрөн Мичик гын! Дьаралык! 1 Төрөппүт оҕобун уйалыым, Атаҕар бигэтик туруоруум. 2 Оҕобор Урааҥхай саха буолар Уруйу олохтуум. 3 Кэнчээрибэр Киһилии буолар Кэби киллэриим. 4 Ыччаппар Айыы киһитэ буолар Алгыһы биэриим. 5 Инникигэ баайан Иитиим, Кэскилгэ баайан Улаатыннарыым. 6 Олох олорорго Уһуйан таһаарыым. 7 Үлэни сатыырга Үөрэтэн үүннэриим. Иннин көрүнэр Идэни иҥэриим. 8 Бэйэтин баһын Бэйэтэ билинэр гына Бэлэмниим. 9 Аҕа баһын Тосту олордун. Дом!
1А7--7 Кэскил алгыһа
Эдьэн Айыыһыт, Бэттэх көрөн Мичик гын! Дьаралык! 1 Алтан сэргэм Аҕыс үйэ тухары Айгыраабатын, 2 Тойон сэргэм Тоҕус үйэ тухары Толугураабатын. 3 Оҕом Оҕотун оҕотун устун Уруйум бара турдун. 4 Ыччатым Ыччатын ыччатын устун Алгыһым бара турдун. 5 Хааным салҕана турдун, Удьуорум уһуу турдун. 6 Ийэ кутум Чэчирээн истин. 7 Өбүгэм үйэлээх Үгэһэ мөлтөөбөтүн. 8 Инники күлүгүм Кэтирээн истин. 9 Айыы суола Мин туспар Арылла турдун.
Дом!
|