Барҕа алгыстара
2А1--8 Өҥсүйэр алгыс
Аан Иэйэхсит Хотун, Бэттэх көрөн Мичик гын! Күөгэл-нусхал! 1 Айыыһыт суола арылыннын, Иэйэхсит суола тэлэлиннин. 2 Аан дойдубар Аһаҕас буолуум, Күн сиригэр Көҥдөй буолуум. 3 Аҕыс айыыһыттарым Аргыстаһыҥ, Сэттэ иэйэхситтэрим Эҥэрдэһиҥ. 4 Аан дойдум Алгыһын ылыым. 5 Орто дойдум Уйгутун сомсуум. 6 Ийэ сирим Илгэтин иҥэриниим. 7 Аһаабытым уох буоллун, Сиэбитим сэниэ буоллун. 8 Амтан тубустун, Өҥ- тала буоллун. 9 Иһим иҥэрсийдин, Таһым ньалҕарыйдын. Дом!
2А2--9 Айылҕа алгыһа
Иһэгэй Иэйэхсит, Бэттэх көрөн Мичик гын! Күөгэл-нусхал! 1 Киһи от-мас Сүрэ сүрдээх. 2 Салгын иччитэ, Тыыммын уһат. 3 Уу иччитэ, Испин-үөспүн өҥсүт. 4 Сир иччитэ, Эппин-сииммин эрчимнээ. 5 Тыа иччитэ, Уҥуохпун-иҥиэхпин кытаатыннар. 6 Уот иччитэ, Уохта-күүстэ биэр. 7 Сири бааһырдымыым, Оту-маһы алдьатымыым, Ууну киртитимиим, Тыынар-тыыннааҕы харыстыым. 8 От-мас иччилэрэ оҕолор Уруйу суруйдуннар. 9 Күн өттүнэн сылдьыым, Күөх отунан хаамыым. Дом!
2А3--10 Кут алгыһа
Күн Иэйэхсит, Бэттэх көрөн Мичик гын! Күөгэл-нусхал! 1 Ийэ кутум эҥэрдэстин, Салгын кутум салыйбатын, Буор кутум куоппатын. 2 Айыылартан кэлбит Ийэ кутум Ис кыаҕа арылыннын. 3 Сүргэбин көтөҕөр Салгын кутум Үрдүк буоллун. 4 Буор кутум Бу буор сиргэ Бигэтик олордун. 5 Түмүктэрим Сөллөн истиннэр. 6 Ийэ киэлилэрим Илгэлэнэ турдуннар. 7 Айыы тыынын кытта Арахсыспат ситимнэниим. 8 Сүнньүм устун Сүр сүүрэ турдун. 9 Эргэ эстэ турдун, Саҥа сандааран истин. Дом!
2А4--11 Күлүк алгыһа
Мичил Иэйэхсит, Бэттэх көрөн Мичик гын! Күөгэл-нусхал! 1 Инники күлүгүм Ибири билбэтин. 2 Ортоку күлүгүм Очурга охсуллубатын. 3 Кэннэки күлүгүм Кэбири көрбөтүн. 4 Ааспыт тоҕус үйэҕэ Олоҕуруум. 5 Кэлэр тоҕус үйэни кытта Баайыылаах буолуум. 6 Аныгы кэмҥэ Айан-тутан сылдьыым. 7 Күлүгүм уһаатын, Былытым чэпчээтин. 8 Уһун санааҕа олоҕуруум, Быстах санааны кыайыым. 9 Турууласпытым Томторго буоллун. Дом!
2А5--12 Күрүө алгыһа
Налыгыр Иэйэхсит, Бэттэх көрөн Мичик гын! Күөгэл-нусхал! 1 Үрүҥ Айыы Тойон, Үрүҥ тыыҥҥын түһэрэн Күрүөлүү тур. 2 Илин өттүбүттэн Эҕэрдэ эҥэрдэстин. 3 Соҕуруу өттүбүттэн Содуом охсубатын. 4 Арҕаа өттүбүттэн Алдьархай киирбэтин. 5 Хоту өттүбүттэн Ыарыы ыкпатын. 6 Күрүөм кэҥээтин, Сүргэм үрдээтин. 7 Айыы алгыһынан Арчыланыым, Күн сүлгүөрүнэн Көмүскэниим. 8 Көнчүөнү көтүрэн иһиим, Сиби тэйитэн иһиим. 9 Айыы сырдыгынан Сыдьаайыым. Дом!
2А6--13 Чэпчиир алгыс
Күөгэл Иэйэхсит, Бэттэх көрөн Мичик гын! Күөгэл-нусхал! 1 Өйүм-санаам Үрүҥ былыт буолан Үөһэттэн туттардын. 2 Куһаҕан санаа Хоммотун, Ыарахан санаа Ыалласпатын. 3 Төттөрү санаа үөрдүспэтин, Туора санаа булбатын. 4 Сырдыкка талаһыым, Киэҥҥэ тахсыым. 6 Быһа этиилэри Бысталаан иһиим, Кырыыс тыллары Кыйдаан иһиим. 7 Сыта сыҥсаар буолумуум, Хоно хоҥсоор буолумуум. 8 Дьэллэм өттүнэн сылдьыым, Сайда өттүнэн тутуһуум. 9 Ат үрдүгэр буолуум. Дом!
2А7--14 Чөл буолуу алгыһа
Эдьэн Иэйэхсит, Бэттэх көрөн Мичик гын! Күөгэл-нусхал! 1 Кир хоммотун, Дьай дьалбарыйдын, Ыарыы булбатын. 2 Куһаҕаҥҥа умньанымыым, Киргэ сыстымыым. 3 Дьайга дьалбаарымыым, Мөкүгэ кииримиим. 4 Чэгиэн буолар Өттүн тутуһуум, Чөл буолар Өттүнэн сылдьыым. 5 Илиим илгэлэннин, Атаҕым алгыстаннын. 6 Айылҕабын батыһыым, Айыыларбын саныым. 7 Сайдар диэки салаллыым, Чэбдик диэки эргиллиим. 8 Айыы өттүн хамсатыым, Үтүө өттүн үрдэтиим. 9 Үктэммит сирбиттэн Күөх от үүннүн.
Дом!
|