Барҕа алгыстара
3А1--15 Чэгиэн буолар алгыс.
Аан Дьөһөгөй, Бэттэх көрөн Мичик гын! Хоруу! 1 Дьөһөгөй Аартыга Тэлэлиннин, Дорҕоон суол Тобулуннун. 2 Ийэ сирим Илгэтин иҥэриим, Күнүм сирин Көҕүн тутуһуум. 3 Элбэх сэниэни Эҥсэн ылыым, Үгүс сүрү Өҥсөн сүлгүйүүм. 4 Толору быарданыым, Ситэри силиилэниим. 5 Үрэллибэт үүдэһиннэниим, Уйадыйбат уҥуохтаныым. 6 Быччыҥым Быыппастар кыахтаннын, Силгэм Силбиир күүстэннин. 7 Өркөн өйдөнүүм, Сайаҕас санааланыым, 8 Эстибэт сэниэлэниим, Быстыбат бырдыланыым. Дом!
3А2--16 Күүс алгыһа
Күүс Дьөһөгөй, Бэттэх көрөн Мичик гын! Хоруу! 1 Өһүллүбэт күүстэниим, Эстибэт сэниэлэниим. 2 Үгдэрийбэт Үрүт күүстэниим, Алларыйбат Алын күүстэниим. 3 Тирэҕим хамсаабатын, Сүһүөҕүм мөхсүбэтин. 4 Түргэн атахтаныым, Сыыдам сырыыланыым. 5 Матайдар тостумуум, Чырбайдар бастымыым. 6 Үөл талах курдук Эриллиим, Ыаммыт талах курдук Имигэс буолуум. 7 Уҥмат Уһун тыыннаныым, Сынтарыйбат Сындааһыннаныым. 8 Бэттибэт Бигэ бииллэниим, Өҕүллүбэт Бөҕө өттүктэниим. 9 Ат бөҕө буолуум, Кус быһый буолуум. Дом!
3А3--17 Тулуур алгыһа
Тулуур Дьөһөгөй, Бэттэх көрөн Мичик гын! Хоруу! 1 Булгуруйбат тулуурданыым, Тостубат сүргэлэниим. 2 Тэппит атахпын Кубулутумуум, Үктэммит улуҥахпын Уларытымыым. 3 Тымныы диэн чаҕыймыым, Тоҥ диэн толлумуум. 4 Эрэйдээх диэн Кэхтимиим, Ыарахан диэн Куттанымыым. 5 Саҕалаан баран Ыһыктымыым, Суол ортотугар Туораамыым. 6 Тоҕоостоох кэми Куоттарымыым, Табыгастаах түгэни Аһарымыым. 7 Уһун диэн уурайымыым, Ыраах диэн ыксаамыым. 8 Үүнэри өйдүүм, Сайдары сабаҕалыым. 9 Өһүллүбэт дьүккүөрдэниим, Туруулаһар дьоҕурданыым. Дом!
3А4--18 Албас алгыһа
Албас Дьөһөгөй, Бэттэх көрөн Мичик гын! Хоруу! 1 Албаска алкыллыым, Кубулҕахха уһуйуллуум. 2 Аҕыс уон аҕыс Албастаныым, Тоҕус уон тоҕус Кубулҕаттаныым, 3 Үлэни Өйдүүр буолуум, Дьыаланы Дьалайар буолуум. 4 Бары өттүнэн Баардылыым, Толору өттүнэн Томооннуум. 5 Көрүүм кэҥээтин, Билиим бигэргээтин. 6 Муннукка хаайтарымыым, Эркиҥҥэ кэтиллимиим. 7 Араас өттүнэн өйдүүм, Эгэлгэ өттүнэн киириим. 8 Билэр туһугар дьулуһуум, Өйдүүр туһугар дьүккүһүүм. 9 Эрчиллэн Эбии тэптэн иһиим, Үөрэнэнэн Өрө баран иһиим. Дом!
3А5--19 Сатабыл алгыһа
Сатабыл Дьөһөгөй, Бэттэх көрөн Мичик гын! Хоруу! 1 Сатабыллаах өйдөнүүм, Дьолуолаахтык туттунуум. 2 Албаһынан аартыктаныым, Ньыманан суолланыым. 3 Олохтоохтук быһаарыныым, Кэскиллээхтик дьаһаныым. 4 Ылсыбыт үлэбин Ыпсаран иһиим, Туппут сорукпун Толорон иһиим. 5 Айар өттүн тутуһуум, Сайдар өттүн хамсатыым. 6 Оҥорон Олохтоон иһииим, Айан Сайыннаран иһиим. 7 Муҥурбун булларымыым, Мэнньиэбин биллэримиим. 8 Үлэни сатыым, Дьыаланы баһылыым 9 Ньымса Ньымаланыым, Имигэс Идэлэниим. Дом!
3А6--20 Үлэ алгыһа
Күрүө Дьөһөгөй, Бэттэх көрөн Мичик гын! Хоруу! 1 Үлэһит киһи Үтүөтэ буолуум. 2 Үлэм түмүктээх буоллун, Сырам ситиһиилээх буоллун. 3 Ситиһиибин Чиҥэтэн иһиим, Табыллыыбын Бигэргэтэн иһиим. 4 Инникилээх өттүн хамсатыым, Кэскиллээх өттүн кэҥэтиим, 5 Үйэлээх өттүн Үксэтиим, Утумнаах өттүн Тутуһуум 6 Ыыппыт сырабын ытыктыым Биэрбит көлөһүммүн өйдүүм. 7 Сыыһабын аҕыйатан иһиим, Итэҕэспин кыччатан иһиим. 8 Туһа диэки туһаайыллыым, Көдьүүс диэки сылдьыым. 9 Оҥорбут үлэм Туругурдун, Айбыт айымньым Айхалланнын. Дом!
3А7--21 Тойон (хотун) буолар алгыс
Күрүө Дьөһөгөй, Бэттэх көрөн Мичик гын! Хоруу! 1 Тойон буолан туолуйуум, (Хотун буолан нуолуйуум). 2 Үлэни баһылаан Төбөлөнүүм, Сатабылы баһылаан Бастаныым. 3 Туораттан Тутулуга суох буолуум, Атынтан Тардылыга суох сылдьыым. 4 Көҥүлбүн күөйтэримиим, Босхобун бохсуттарымыым. 5 Аналбын булунуум. Дьылҕабын оҥостуум. 6 Санаабыппын сайыннарыым, Толкуйдаабыппын толоруум. 7 Кэскиллээх санаам Иннибин сырдаттын. 8 Күрүөм кэҥээтин, Эркиним бигэ буоллун. 9 Бэйэм кыахпар тирэниим, Бэйэм күүспэр эрэниим. Дом!
|