Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Кэпсээн [8]
Сиэркилэ [4]
Сэһэн [0]
Ырытыы [0]
Кириитикэ [1]
Үгэ [1]
Хоһооннор [30]
Остуоруйа [0]
Анаарыылар [6]
Үтүө дьон [4]
Санаа буолардаах, буолбаттах [16]
Main » Articles » Анаарыы » Санаа буолардаах, буолбаттах

Бэчимэ санаа
bech02

bech03



Б ЭЧИМЭХ САНАА

(XXI үйэ саҕаланыыта олох оллурун туһунан остуоруйа)

Олох оннук буолбатаҕы
Оҥорон көрө олоҥхолуу омуолааһын.
Эйэлээх олоххо эҥэрдэспэтэҕи
Этэн көрө эҕэлээх эридьиэстээһин.

bech4

Көҥүл үйэ көнтөһүн
Көлөһүннээх илиитигэр туппут

Көмүс аламаас күлүмүттэн
Көрөр хараҕа сааппыт

Тэлгэһэтин иһигэр муммут
Тэһиинин ыһыкта туттуммут

Көмүстэн, аламаастан күндү
Көҥүлү алаһаттан тэйиппит

Бааһынай баһылык туһунан
Ааспыт сырыыга анаарбытым

Үтүө быһыытын тумна
Үтүмэх санааларбар үөлбүтүм.

Үтүмэх кэнниттэн бэчимэ
Санаалары хотоҕостуу субуйабын

Саҥа үйэ салайааччыларын
Саралыыр санаалаах суруйабын,

Бааһынай кэнниттэн нуучча
Саханы салайбытын санатабын.

Сатаммат диир санааларбын
Сарсыҥҥыга анатабын.



bech5



bech6



Ыстыыр-тыырар санаабыт
Ыстыык үөһүгэр Ыстыырап.

Аакый-маакый санаабыт
Алаҕара тэтэгэрэ Аакыымап.

Биэрэр-ситэрэр санаабыт
Биэтэһэ тимэҕэ Бэрииһэп.

Соттук-иттик санаабыт
Солото соломото Солуомап

Мэхэлээх-ихэлээх санаабыт
Мээритэ мэлдьэһигэ Мэхэлчуук.

Туустаах-тумалаах санаабыт
Тумсута туурата Тумууһап.

bech7




bech8


bech9

Ынчык тийбэт ыннарааттан
Ыытыллыбыт ЫНКБД-ылаах,
Ыраах тэйэ сиртэн
Ыҥырыллыбыт ЫМЧС-таах,

Ыраахтааҕылаах сиртэн
Ыйаахтаммыт ЫМБЫД-лаах,
Киинниир куоракка кэлбит
Кимэ биллибэт милииссийэлээх,

Бохсор сиртэн кэлбит
Боломуочунай борокуруордаах,
Антах сиртэн анаммыт
Арааран өйдүүр аппарааттаах,

Үүтү-хайаҕаһы бүөлүүр
Үрдүк үгүс сололоох,
Үрүт үөһэ дуоһунастаах
Үллэ турар хамнастаах,

Иннэ-кэннэ биллибэт
Инньэ үүтэ бырааптаах
Көнтөс-өтүү көмөтүнэн
Көлөттүгэс көҥүллээх,

Хостуур-таһар туһугар
Холуонньалыы өйдөбүллээх
Хоту дойду туһунан
Хоһооннорукпун ааҕыҥ.

Үрүҥ Айыы таҥаралаах
Үллүк хаар олбохтоох
Үллэһиккэ барбыт олохтоох
Үтүө дойду туһунан

Үөрдүбэт итэҕэһи хомуйан,
Үгүс быһаҕаһы холбуйан
Үтүмэх санааҕа тиһэн
Үһүктүүрбүн истиҥ.





bech11

bech10

Бэккэ бэлэм бэчээт
Бэлэһэ кууруор диэри
Бэрт буолар бэлиитикэни
Бэчээттээбитэ бэрт.

Хааһынаттан хааһыланар
Харамааннай хаһыаттар
Хамаанданы эрэ арбыыр
Хаһыылара элбэҕэ бэрт.

Тэллэх ыта тэлэбиисэр
Тэлгэһэтиттэн ырааппакка
Тиэргэн иһин тиниктээн
Тиэрэни эрдэрэ бэрт.

Аҥаабыллаах араадьыйа
Айхалтан-уруйтан атыны
Аһарбат саҥарбат буолбута
Абата-сатата бэрт.

Ис дьиҥнээх санаа
Иһийдэххэ да иһиллибэт
Таска тахсар санаа
Талымастаннаҕына сатанар.

Байбыт бардам баҕайы
Баһааҕырдара элбээтэ
Кэлэн топпут кэмэлдьи
Кэҕэрдэрэ сүрдэннэ.
Көҥүл кырдьык санаа
Көмүллүөхтээх дэһэллэр,




bech11

Күрүөмүл эрэ көҥүлэ
Көмүллэниэн сөп дииллэр.

Көмүскэһиэхтээх дьоммут
Көрүҥнүүн уларыйдылар,
Абырыахтаах аналлаахтар
Айахтарын хам хатаннылар.

Хайдах оннук буолуохтааҕый
Хайаан саҥам бүөлэниэхтээҕий?
Үүтү хайаҕаһы булан
Үгэ хоһоон тахсыа суохтааҕый?!
Сүүлүк Сүүрбэ биирис үйэ
Сүүйтэрбит уонна сүүйбүт
Сүбэлэрэ сүгүн холбоспот
Сүпсүлгэннэрин сүгэн кэлбит.
Сүрэх сүрэхтиин сөбүлэспэт
Сүргэлэрэ да сөпсөспөт
Сүүнэ мөккүөр үйэкэтин
Сүөргүлэрэ салҕаммыта.

Итэҕэлинэн иэстэһиилээх
Эрэлиигийэннэн эриһиилээх
Үрүҥ-хара субалаах
Ким кыччаҕар харахтаах.

Ол барыта ахсааннаһар
Арахса аахса атааннаһар
Улахан кыраны баттыыр
Күүстээх мөлтөҕү буруйдуур.

Ньуура суох ньууччатыйыы
Көрдөрөн туран чуучалатыйыы
ИмпэрийэлИИЗМа, тэррорИИЗМа
РоссИИЗМауонна руссИИЗМа.

ИИЗМ-нэрбит төннөннөр
Иитэн такайан бардылар,
Арыый атын аатынан
Албыннаан алкыйан эрэллэр.

Дьикти дьиикэй үйэ
Дьиэктэрин туһунан этэбин
Үүммүт үнүгэс үйэ
Үчүгэйдэрин тумнабын.





bech13

bech14

Тоҕус уонус сыллар
Тоҕолоругар хоруйдуу
Токкуй бөҕөтө буола
Тоҕуоруспут кэмнэрбит.

Саа-саадах туппакка
Санаалары сааһылаабыт
Саха көҥүл омук дэнэр
Саргылардаах кэмнэрбит.

Сатанар-сатаммат дэһэ
Саамыланан салайынан
Саарбах да буоллар
Салайааччылары талбыт.

Итэҕэспитин толуна,
Итэҕэлбитин булуна,
Төрүт үгэһи төрүттүү
Төрөөбүт тылы угуттуу.

Үөрүү-көтүү үктэллэнэн
Үйэни үрдүнэн көрө
Ґйэчиэппэринэн Ґлүһүйбүт
Үптээх-харчылаах үйэбит.

Хотуулаахтык сананан
Хосудаарыстыба тэринэн
Хоро таһа үөрэнэн
Хоруупсуйаласпыт сылларбыт.

Мара-маадьаҕар бэйэбит
Мааныларбытын билинэн
Маапыйалаһан матайдаһан
Малааһыннаабыт дьылларбыт.

Быыс кэм диэн быраабынан
Быыһана саптынан кэбиспит
Көтөх муҥунан көҥүлү
Көрүлэппит көччөх кэммит.

Бэдэрээссийэни кытта
Бэйэ киэнин арааран
Бэлиитикэ дуогабар оҥорон
Бэдэрээттэспит күннэрбит.






Көнө сүнньэ көллүбүтэ
Көпсөркөй көнтөс сөллүбүтэ
Киксии түмүгэр киин диэкки
Кимиэллээхтик төннүбүтэ.
Саҥа Ыраах тааҕы
Саҥалыы дьаһайбыта
Көҥүл иһигэр көҥүлү
Көтүртэриини көрбүтэ.
Импиэрийэни тэрийэргэ
Илиитин өрө ууммута
Уруус ураты улуутун
Уһугуннарабын диэбитэ.

bech15






Икки тыһыынча туолуута
Ириэнэх сыһыан тоҥмута,
Иллээх олох бүтэр бэлиэтэ
Импиэрийэ түмэ «идэлээх» кэлтэ.

Бааһынайбыт барахханы
Балыыҥкарбытын санаппыттара,
Хааһынаҥ хара мааны хаччытын
Ханна гынныҥ диэбиттэрэ

Туораан, туран биэриэхтээҕин
Туорайдаһар туһата суоҕун
Туоһахталаах киһи кэлиэхтээҕин
Туоһу кини буоларын эппиттэрэ.

Чугастааҕыбыт быыбарын
Чуолҕан нөҥүө манаабыттара
Бэйэлэригэр сөптөөҕү
Бэрт дэтэн анаабыттара.

bech16

Ньуурунан, саҥаннан арааран
Ньуура суох кэбилэммиттэрэ
Тумус туттар киһибитин
Тутан туран балыйбыттара.





bech_18

bech17

«Ситэри сиэһиҥ, тэпсиҥ» - диэн
Киксэрэн тэптэрэн биэртэрэ
Саахырга ымсыы саахыйдар
Сахсырҕа курдук түспүттэрэ.

Икки муостаах Ил Түмэммит
Истигэн буола түспүтэ
Илэ-сала көтөрүгэр
Иккис муоһун тоһуппута.

Биир муостаах бирисидиэнискэй
Эппэт кэлэҕэй эрэллээҕискэй
Аата-суола аларосовскай
«Норуот былааһа» туругурбута.

Бэлэм бэлэстээх бэлиитикэбит
Бэрткэ бэрт, бэригэс буолбута
Быраабын барытын атыылаан
Бырыһыаннаах хараҕа уолбута.





bech19

bech20

Сокуонун, ыйааҕын, суолтатын
Соттук кумааҕыга кубулуппута
Солотун, долотун, болотун
Солбук, самалык туттубута.

Уһуннук күүттэрэ барбакка
Убай укулаата киирбитэ,
Уруккуну-хойуккуну барытын
«Уорбуккут, төннөрүҥ» диэбитэ.

Ньууһунньукка сытыйыан
Ньуучча да, саха да баҕарбат,
Өйүүҥҥүлээх эрэ буолуон
Өйдөппүттэрэ кытаанаҕыан...

Олохтоох санаа ороһуйан
Оройго бэрдэрбит курдуга
Кэлии санаа кэскиллэнэригэр
Кэлэҕэйдээбэт буола эрэммитэ.

Тумус туттар дьоммутун
Туура мэлдьэһэн турбуттара
Туоһахтаҕа туһата суохтары
Туораталаабытынан барбыта.

Бэрткэ бэрди бэтиннэрэн
Бэйэ-бэйэни сиэһиннэрбиттэрэ
Саханы-сахаҕа киксэрэн
Саамылаан салайан биэртэрэ.

Чугастааҕыбытын таларбытыгар
Чугас, ыраах, ыалдьыт дэһэ
Аана суох аатынан арахсыһан
Ахсааннаһан хотторбуппут.

Ыстыыр-астыыр идэлээх
Ырыынак атар атамааннара
Ситэриэхтээх сиикэрик былаас
Сиилэтин сиэпкэ симнибиттэрэ

Хаччы хамсыыр ханаалын
Хара мааныга туһаайбыттара,
Үөскүүр үп үллэһиктээх күөһүн
Хоторон хостоон барбыттара.

Бэттэх-антах биэтэҥниир
Бэрэссэдээтэл анаммыта,
Испирдиэнниин иллэспит
Испиикэр Илгэ олорбута.




bech21


bech22

Биссиилээхтэри эрэ билсиһэр
Бииссэ баар буолбута,
Иссиилээхтэрин эрэ иитиһэн
Иилиҥкэйдэһэн барбыта.

Хоро саха хоһуун уола
Хотойу куһугар буккуйбута,
Хонук аайы хотуталаан
Хоруонаны ыраламмыта.

Ысталыыссабыт сайдан
Ыллар хардыы оҥорбута,
Ыстыыр ыаска кубулуйан
Ыыстаныллар буолбута

Мээрдэрикпит дьаһалларын
Мэһэйдэһэн барбыттара,
Мэхэлэрдээх санааларын
Мэлдьэһиэхпит дэспиттэрэ.

Айыы дьоно туруорсан
Арчы дьиэтин туппута,
Атыыламмыттар аараттан
Арааран аатын түҥэппиттэрэ.

Иччилээх тыыннаах идиэйэлэр
Ис дьиҥнэрин итэттилэр,





BECH23

bech24

Чахчылаах чаҕылхай санаалары
Чалбыыр чабыланыыга чачаттылар.

Култуура, духуобунас, суобас
Кууччата атыылана куотар
Хаалбыта бачча, баара бастыҥа,
Харахпыт туолар - онтон астына.

Бэрт буолуу, ньылаҥнаһыы,
Бэйэ эрэ киһитин өрө тутуу
Барытыгар бастыын атыыланыы
Бар дьону балыйа умнуу.

Илэ-сала көтө эккэлээччилэр
Илэ тиллэн кэлбиттэрэ,
Толоругас эрэ буолары сатыы
Толкуйдара тобуллар буолбута.

Иһитиннэрэр-биллэрэр эйгэни
Иэдьэгэйдээх иһиккэ укпуттара,
Бөрүөлээх өрүөллээх бөтөстөрү
Бөлөнөхтөрүгэр бөтөрбүттэрэ.

bech25

Бэчээт дьиэтин иһигэр
Бэйэ эрэ дьонун муспуттара,
Үйэлэригэр үлэлээбиттэри
Үүртэлээн кэбиспиттэрэ.






bech26

Дэпэртээмэн диэннэринэн
Дэмэкирээтийэни дэҥнээбиттэрэ,
Кылааккайдаммыт суруйуулар
Кылаасынаһы тэҥнээбиттэрэ.

Көҥүл бэчээт дьоһун дьонун
Көмүллэллэригэр даҕаны
Көрсүһүннэрэртэн көҥөммүттэрэ,
Көрүөхтэн сүөргүнү көбүппүттэрэ.

Аҕыйах һаха һаламта адаарыһан
Атааннара баппат үлүгэрэ
Аакый-маакый, бэттэх-ынтах дэһэ
Ахчарыҥнаһан турбуттара.

Саха туһунан санааччыны
Самнаран иһэр идэлээхпит,
Төрүт олохтооҕу көмүскээччини
Түҥнэрэн иһэр кэмэлдьилээхпит.

Ынах кутуруга ыралаах
Сылгы сиэлэ сыһыаннаах
Алаас-хочо, ача күөҕэ алгыстаах
Айыы дьоно эмиэ, албыннаппыта.

Уонча сылга мунньуммут
Уохпут-кылыммыт, уорбут
Уостан уолан хаалбыта
Уостан уоска барбыта.





bech27
bech28
bech29

Дойдулаах уонна аламаас
Ыыра арда ырааппыта
Кэлэр кэскил - көмүс кэһиитэ
Кэлэр барар - көҥүл кэһиитэ.

Муокас ЮКАС, Гаас, Гээс,
Үллэһик түмүгэр - мэлиһээс.
Баай-дуол, барҕарыы-хаһаас
Барыта барар дьылҕалаах.

Олохтоохтор суоттарыгар
Отут төгүл сыаналаах
Ороскуоттарын саптынар
Оскуолалары туттулар.

Кыыбаҕа өйдөөх кытайга
Кыыс уол хамначчыттыыр
Һудаарыстыба һуотугар олорооччу
Һуоҕуттан, һулумаҕыттан ытыыр.

Хоролуу майгы хотон
Хоромньубут олустаата
Хоруупсуйабыт туругуран
Хоро таһыы баһылаата.

Көмүспүт көлөһүнүгэр
Көйгөтүллэн иһэбит,
Аламааспыт холоҥсотугар
Аҥаарыйан хааллыбыт.

Дойду баайа, кэскилэ
Күннээҕи түбүккэ атыыланар,
Албын быыбар ампаалыгар
Айыы дьоно аналын умнар.

Сэлээркэ тэллэҕэ тэлээрдэ,
Бэнсиин кэскилэ бэбээрдэ,
Сыана сытан иһэн турда,
Сымыйа сыаната туругурда

Сир баайын - кэлии баайга
Хоро таһа хостоммута - хоохулга
Таһа ыһа таҥастаммыта - таайга
Уора туора уобуллубута – убайга

Таҥнарыылаах тас тардыы
Түүлээн сиир түөкүн түһээн
Ночоотурдар ньоҕой нолуок
Иэччэҕэ суох ирдэммэт иэһээн.




bech30


bech31

Утарытынан уолар хааһына,
Айаҕын аппыт датаассыйа
Бүтсүөт бүппүт ыйааһына
Кыһалҕалаахха онтон быыкаайыга.

Былдьаммыт быраап тобоҕо
Бытыктаах былдьыры бырыһыан
Суолтатыгар аатыгар киирбитэ
Сууттаһыылаах сулумах ссууда

* * *

Айахпытын аппытынан аппараҥнаһа,
Аппытын миинньэ ахчаараҥнаһа,
Аптаныамыйа диэккэ алаарыҥнаһа
Айанныы турдубут, арааһата.

Күлбүтэ-үөрбүтэ буола
Көҥүлбүтүн бэйэттэн күрэтинэ,
Күбүөрүнүйэ диэкки төкүнүйэ,
Көлбөрүйэн иһэбит бөкүнүйэ.

Уобаласка уонна буоласка
Уодьуганныахтара турдаҕа
Оройуоммутугар төннөрөн
Олордуохтара сыттаҕа.

Утары көнө былааска
Унаарар буруобут тийиэҕэ
Биэрэрэ бэрсэрэ суох
Бэйэбитин дьаһайыахтара.

Баайы-дуолу ыскайдыы
Баспытын бас билиэхпит биллибэт,
Балыыҥкарбатахпытына, баҕар,
Барыларыттан «ордуохпут».

Ол эрэн, оло хоҥсоор омуктар
Отоойколоругар олорсон,
Орпукка тобоххо тиксэн
Отуордуохпутун билбэтим.

Туоһахталаах тутаах киһибит
Туох диэбиттэрин толороот
Итэҕэй-итэҕэйимэ, иһит,
Барыаҕа болдьоҕор олороот.





bech33

bech32

* * *

Чөл олох туһугар иһэ-иһэ
Чөнөҥөлөһөллөр чүөчэлэр,
Көнө олох туһугар көрүлүү
Көнтөрөҥнөһөллөр токур тойоттор.

Айыы дьонун албан аатын
Арыгынан суурайдылар,
Биһирэмнээх төрүттэрбитин
Биибэннэн сайҕаатылар.

Кэскилбитин кириэстээн
«Кэскил» арыгынан кэриэстээтилэр,
Санаабытын сайҕаары
«Сайсары» буокка туттардылар.

Тыыммытын кылгатаарылар
«Тыгын» арыгыннан тыыннардылар,
Эдэр ыччаты эпсэри эһээри
«Эллэй» биибэ эмсэхтээтилэр.

Оннук кылгас өйдөөх саламта
Олох омсолоох оҥоһуутун оҥордо,
Күннээҕи бэйэтин көрүнэ
Күлүгэр имнэнэ күлүм аллайда.

Кытаанах олох кыһарҕанын
Кырааскалаан кылбаталлар
Кыһаммыта буола кыҥастаһан
Кыһалҕаттан хаччы оҥостоллор.

Арыгыһыт, табахсыт, эчэйбит
Аҕыйыахтааҕар биллэ элбиир





bech34

Хаайыылаахтар, сууттаммыттар.
Халыҥаатар халыҥыыллар.

Үлэтэ суох, идэтэ суох
Кумалааннар, умнаһыттар
Ханна да бар бааллар
Харахха хатана быраҕыллар.

Чиччиктэр, дьэгээрбэлэр
Чиҥээн элбээн иһэллэр
Сэлээрчэхтэр, сидьиҥнэр
Сиэри-майгыны итэтэллэр.

Ол да буоллар олуһун,
Онно-манна ситиһии
Арассыыйаны аһара көтүү
Аан дойдуга тиийэ аатырыы.

Омук кыаҕын тобоҕун
Ордон хаалбыт талаанын
Ороскуоттаахтык туһаныы
Омуолааһын омуннурааһын.

Сайдыы диэбит сараһыннара
Сахаҕа сатаммата диэн суох
Саҥа диэн саҥарбыт санаалара
Сахаттан тахсыбыт биллэр суол.

Бэйэ омугун сэнээһин
Атын омугу сэргээһин
Аттыгар баарга аахайбакка
Ыраахха ымсыырааһын.

Үнтү бутуйа хааһылаан
Үөр дьону маанылаан
Үөһээҥҥилэрбит үөтэллэр
Үчүгэйи куһаҕаҥҥа үөрэтэллэр.

Баай дойду баардаахтара
Баар баай дойдулаахтара
Баарбыт-суохпут биллибэт
Барыбыт туһа иһиллибэт.

Баартыйа үөһэ хаартыйа
Балыыҥката баһыйда
Баһылыыр баламат баартыйа
Баакас бөҕөтүн ытыйда.






bech35

Биэһи биир диэрилэр
Биэтэстээх бэлиитикэлээхтэр
Улахаҥҥа суурайаарылар
Угаайылаах санаалаахтар.

Тиэрэ-маара эрдэннэр
Тийэрдэр сирдэрэ биллибэт,
Тилиэс былас дайбааннар
Тиэтэйэр олохторо тиллибэт.

Үтүмэх кэнниттэн бэчимэ,
Бэчимэ кэнниттэн кынат,
Кынат кэнниттэн ийэ санаалар
Иитиллэллэр мин сүрэхпэр.

Муҥнаах эрэйдээх дьоннор
Муҥхалаан көрүөхпүт буоллаҕа,
Мунаах, мэнээк кэмнэр
Муунтуйдара бүтүө суоҕа...

Ыстыыр-тыырар санаабыт
Ыстыык үөһүгэр Ыстыырап.








Аакый-маакый санаабыт
Алаҕара тэтэгэрэ Аакыымап.

Биэрэр-ситэрэр санаабыт
Биэтэһэ тимэҕэ Бэрииһэп.
Соттук-иттик санаабыт
Солото соломото Солуомап.
Мэхэлээх-ихэлээх санаабыт
Мээритэ мэлдьэһигэ Мэхэлчуук.
Туустаах тумалаах санаабыт
Тумсута туурата Тумууһап.
(Санаа буолардаах буолбаттаах диэн кинигэттэн)

Уххан
2003 сыл.
Сиэһиилээх сэттинньи,
аахсыылаах ахсынньы,
торҕон тохсунньу.
2004 с.


Дьокуускай к.

иуср36

Сµрэхтэнииттэн сµрэхтэтии  http://uhhan.ru/publ/86-1-0-52
Category: Санаа буолардаах, буолбаттах | Added by: uhhan (2007-11-14)
Views: 6286 | Comments: 2 | Rating: 4.0/4 |
Total comments: 2
2 25235  
мин эмиэ биьирээтим, адьас ете керуу

1 БиЬирээтим  
Уххан олус сепке ете керен суруйбут эбит.
Барыта уот харахха

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 41
Ыалдьыттар (гостей): 41
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024