Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Промышленность [4]
Спорт [2]
Экология [26]
Үөрэҕирии. Иитии [8]
Бэлиитикэ [16]
Быыбар [7]
Экономика [2]
Мегапроектар [0]
Социальнай эйгэ [2]
Доруобуйа харыстабыла [4]
Саламта [4]
Көҥүл санаа [3]
Main » Articles » Бэлиитикэ » Бэлиитикэ

Уххан. "Ил Түмэн Или түмүө дуо?"

Ил Түмэн Или түмүө дуо?

Ил Түмэн Илтэгинэ (спикэрэ) ким буолуой?

Ньургун Тимофеев? Виталий Басыгысов?

(Ил. Эйэ. Ил (государство) тэринии. Или-эйэни тэрийии. Иллээх олох. Түм. Түмэн. Илтэгин –спикер. Күнтэгин – президент. Ыйтэгин –премьер.)

Ил Түмэн депутааттара талылыннылар. Эдинэйдэр аграрийдары бэйэлэригэр сурунан туран «конституционнай большинствоны» ыллыбыт диэтилэр. Уһата барбакка Виталий Басыгысовы СР Ил Түмэн Гоосударственнай Мунньаҕын бэрэссэдээтэлинэн (спикэринэн) уонна Ил Түмэҥҥэ эдинэй фракциятын тойонунан Геннадий Вадюхин кандидатураларын манна талан баран үөһээ бигэргэттэрэ ыыппыттара, бигэргэммит диэн буолла.
Атын да кэмитиэттэр бартыбыалларын бэйэлэрэ билэллэринэн үллэстэн бүппүттэ𠵴µ диэтилэр. Ама тоҕо да бэрдэй, тоҕо да сүрэй диэх курдук. Туох ааттаах хаардыы хаамыытай? Эдинэйдэр да истэригэр В.Басыгысов кандидатуратын утарааччы элбэҕин этэллэр. Аны аграрийдары олох да туспа куолаһа суохтарга холуйан эдинэйдэр бэйэлэригэр быһа суруммуттарын сөбүлээбэттэр эбит. Коммунистар, сиэрдээхтэр эмиэ этэрдээхтэр буоллаҕа.
Ньургун Тимофеев саха сирин атыылыылларын утарсыбытын, республика интэриэһин көрөр сокуоннары айыыга күүскэ үлэлээбитин иһин, улаханнык саҥарбакка эрэ туоратыыга барбыта. («Атыыланыы» ыст. көр.)
Билиҥҥитэ Ньургун Тимофеев спикэргэ турара билиннэ. Сүнньүнэн Ньургун Тимофеевы кытта эдинэйдэр туруорар киһилэрэ спикэргэ киирсэллэрэ сэрэйиллэр этэ. Куолас хайытаары атыттары туруоруу буолара буолуо.
Ити аграрийдар эдинэйдэргэ «атыыланыыларын» остуоруйата ааспыт партиялар быыбардарыгар буолбута. Егор Борисов дьиҥинэн аграрнай партия этэ буоллаҕа. Онтон эдинэйдэргэ киирбитэ. Быыбарга аграрийдарын тойотторун А.Жиркову, А.Поисееваны эдинэйдэр тустарыгар куоластарын биэрэллэригэр ыҥырыы оҥотторбута. Бу, быыбарга тыаҕа сырыттахха, аграрийдарга ыалдьааччылар бары,- "тоҕо аграрийдар тойотторо «куукула» буолбуттарын" ыйыталлар. Ону республикаттан Госдумаҕа депутат ахсаана элбиирин туһугар «политическай маневр» оҥоһуллубута диэн быһаараллар эбит. Туох да кистэлэ суох аграрийдары син биир, тойон уонна хаччылаах киһи быһыытынан Егор Борисов дьаһайа сылдьар. Икки партиялаах киһи. Үсүһэ, кистэлэҥэ «олигархтар партиялара» буолуон сөп. Аграрийдарга барыта кини эппитинэн буолар, «отец ородунуой» буоллаҕа. Онон бу туспа сирэйэ суох буолбут партия. Ол да иһин эдинэйдэр кинилэри самалык оҥостоллор.
Айсен Николаевы спикергэ барыа диэбиттэрэ, онтулара эдинэй тойоно, бирисидиэн аппараатын тойоно онно эбии спикэр буоллаҕына сүрэ бэрт. Тийиниэ да суоҕа. Булгу толоругас, тойон тылыттан тахсыбат, ыга тутулуктаах, утары тугу да оҥорор кыаҕа суох, бэйэ киһитин Басыгысовы олордон баран Ил Түмэни таптаабыппытынан дьаһайар кыахтаахпыт диэн билинэн Айсен Николаевы тохтотоллор. Бу дуоһунастарыгар олорон эрэ Айсен Николаев Басыгысовы дьаһайа сылдьара уон төгүл ордуга биллэр буоллаҕа диэтэхтэрэ.
Айсен Николаев бэйэтин кэтэх «Алмазэргиэнбанын» республика ис, тас бюджетыгар уган олорор. Маны таһынан мегапроектар, араас инвестициялар сүүһүнэн миллиардынан үтүмэн үптэрин бу баан тымырдарын нөҥүө уһаарыахтаахтар, суурайыахтаахтар уонна сүмэтин иҥэриниэхтээхтэр. Манна Штыров кэнниттэн ким кэлиэй, ону кытта ханнык баан кэлиэй диэн боппуруос эмиэ турар.
Ньургун Тимофеев ааспыт быыбарга Ил Түмэн урукку спикэрин Егор Ларионовы элбэх куолаґынан кыайан, республикаҕа бэйэтин уокуругар биир саамай элбэх куолаһы ылбыт депутаат буолбута. Урукку спикердэр Василий Филиппов, Егор Ларионов Ньургун Тимофеевка салайар үлэтигэр күүс –көмө, сүбэ –ама буолбуттара биллэр.
Спикэр – сахалыы эттэххэ Ил Түмэн Илтэгинэ буолан баран Ньургун Тимофеев былаас бу уорганын үлэтин тосту уларыппыта. Ил Түмэн суолтата, быһаарар оруола улааппыта, норуокка чугаһаабыта. Саха сирин бары баайын, бырааптарын төттөрү суйдааһын кэмигэр бэйэни көмүскэнэргэ элбэх сокуоннар айыллыбыттара. Элбэх сокуоннары ол иһигэр коррупцияны утары охсуһуу сокуонун ситэриилээх былаас сорох депутааттар нөҥүө утараннар ыллаттарбатахтара.
Бу манна Ил Түмэн икки аҥыы хайдыспыта. Былаас партиятынан куоһурданан промышленнай корпорациялар, компаниялар, олигархтар тустарыгар Саха сирин туран биэрээччилэр уонна саха сирин төрүт олохтоохторун интэриэһин, республика экономическай, политическай суверинитетын туруулаһааччылар диэҥҥэ. («Атыыланыы» диэн ыст. көр.)
Ньургун Тимофеев үлэтин Россияҕа кытта сыаналыырга тийбиттэрэ. Киниэхэ 2007 с. түмүгүнэн Россия чулуу спикерин үрдүк аатын биэрбиттэрэ.
Бу да сырыыга кини төрөөбүт улууһугар быыбардааччыларын 89,8% итэҕэлин ылла. Куорат кытыытын холбоон – 85,64%. Ким манна тэҥнэһиэй?
Республикабытын губернияҕа, уобаласка кубулута сатыыр кэмнэригэр Виталий Басыгысов курдук бигэ сүнньэ, туруулаґар буолата суох, АЛРОСА курдук барытын бэйэтигэр тардынар, кэтэххэ баран эрэр хампаанньа киһитэ Ил Түмэни салайар кыаҕа суох. Ил Түмэн ситэриилээх былаас тугу эппитин тук курдук толорор «уоргаҥҥа» кубулуйарыгар тийэр. Өскөтүн кыайдаҕына да кини салайбат. Кинини Айсен Николаев нөҥүө, Вадюхинынан дьэбэлэйдэтэн Штыров, Борисов салайыахтара. Кинилэр ахсааннарынан да үгүстэр. Кинилэргэ ситэриилээх былаас саламтата да баар.
Ил Түмэн депутааттара норуот былааһын саламтатын туран биэрдэхтэринэ бүтэһиктээх кыайтарыы буолар. Ханан да бу губернизацияҕа - приватизацияҕа утарылаһар, көмүскэнэр кыах хаалбат.
Эдинэйдэр кыра да аҥаардара, коммунистар, сиэрдээхтэр, аграрийдар Ньургун Тимофеев тула сахабыт сирин туґа диэн тумсэн, биир тылы булан , партиянан хайдыспакка куоластаатахтарына кыайар кыахтаахтар. Хайдыстылар даҕаны - булгу кыайтарыы буолар. Бу Ил Түмэн иһигэр Басыгысов – Тимофеев диэн куоластааһыҥҥа ким кимэ, туох туга ырылхайдык көстөн тахсыаҕа.
Илтэгин дойдутун туһугар партиятыттан тутулуга суох туруулаһар, бигэ көрүүлээх, халбаҥнаабат хайысхалаах Ньургун Тимофеев курдук уопутурбут, бэйэтин кыаҕын көрдөрбүт киһи буолуохтаах.

Штыровтаах Борисов дойдуларын туран биэрэн, бэйэлэрин иннилэрин көрөн баран халбарыйан биэриэхтэрэ. Атыттар кэлиэхтэрэ…

Күн ууһун аймаҕын Күнтэгинэ, Ийэ дойдубутугар Илбитин түмээччи Илтэгинэ, Ый ыйааҕын ыытааччыта Ыйтэгинэ кимнээхтэр буолуохтарай?


Category: Бэлиитикэ | Added by: uhhan (2008-03-11)
Views: 3460 | Comments: 1 | Rating: 5.0/4 |
Total comments: 1
1 Саха  
Басыгысов спикер буолла5ына, Ил Тумэн олох да суолтата суох кыра бе5е-са5ы уллэстэр лавка5а кубулуйар буолла5а дии. Ама Басыгысовтан атын киьи суох буолла5ай?

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 47
Ыалдьыттар (гостей): 47
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024