Уххан
Атыыланыы
Суверенитеты ылыы кэнниттэн 2000 с. дылы, Ельцин – Николаев кэмэ этэ диэххэ. Кэлиҥҥитин, Путин – Штыров кэмэ диэххэ. Тутулбут сойууһу аахтахха үһүс уларыйыыта буолла. ЯАССР-сувереннай СР - Губернияҕа кубулуйуу. Күн бүгүн дьиҥнээхтик сырьевой колонияҕа кубулуйдубут. Ааппытын эрэ уларыта иликтэр. Николаев кэмигэр «барытын бэйэбитигэр» диэн этэ, сокуоммут бэйэбит туһугар үлэлиирэ. Штыров кэмигэр «барытын бэйэбититтэн» диэн буолбута. Сокуоммутун Россия туһатыгар көннөрүү барда. «Эдиинэйдэр» диэн партия былааска кэлбитэ. Туруору көнө дьаһаллаах империя былаастаах тутулланныбыт. Бастатан туран конституциябыт РФ конститутциятыгар сөп түбэһиннэрии диэн ааттаан көннөрүлүннэ. Иккиһинэн сувереннай республика быһыытынан түһэрсибит федеративнай дуогабардарбыт тохтоотулар. Үсүһүнэн РФ уонна СР икки ардыларыгар боломуочуйалары үллэстиигэ түһэрсиллибит сөбүлэһиилэр уларыйдылар. Барыта Россия киэнинэн буоллулар.
122-с уонна 131-с федеративнай сокуоннары ылыыннан СР бэйэтэ быһаарар, дьаһайар кыахтарын сүтэрдэ. Былаас, дьаһайыы, ыйаах, уураах барыта Москваттан кииннэннэ, сүрүннэннэ. Түмүгэр губерния бырааба бырааптанныбыт. Алларааттан ол аата биһиги республикабытыттан тахсар инициатива үөһэттэн быһаччы тохтотуллар механизма оҥоһулунна.
Россияҕа сиртэн хостонор баайы хонтуруоллааһын федерацияҕа көһөр. Маны хостооччулар, туһанааччылар - олигархтар структуралара буолар. Кинилэр ситэриилээх былааһы ылан олороллор. Сокуон оҥорор норуот былааһыгар үгүс депутааттарданнылар. Сокуоннары көннөрөн, көннөттөрөн баран, аны сирбитин, сирбит баайын, сир баайын дьаһайыыны барытын бэйэлэрин илиилэригэр ыллылар. Билигин олохтоох былаастан, нэһилиэнньэттэн эн сиргэр кэлэн сир баайын хостуулларыгар, лицензия ылалларыгар көҥүл да көрдөөбөт буоллулар. Ол-бу компенсация, төлөбүр да көрүллүбэт.
Конкурс тохтоон аукциону Роснедра бэйэтэ ыытар. АЛРОСА-Ньурбаны тэрийэллэригэр лицензия иһин 10% акцияны улуус олохтоохторугар диэн ылбыттарын курдук, ол билигин суох буолла. Билигин Саха сирин баайын атыылааһын, үллэстии бүтэн эрэр. Ханна илдьэн, хайдах атыылыыллара быһаарыллан, ону таһарга тимир суол, нефть, гаас турбата, уоту атыылыырга электролиния тардыыта саҕаланна. Ону мегапроектар диэн ааттаатылар.
СИР.
Сири ким бас билэр, ол хаһаайын.
Государство буоларга төрдө сиргэ сытар. Сирдээх буолуохтааххын. Бас билэр сирэ суох государсво, суверенитет диэн суох. 2000 с. дылы Ельцин-Николаев саҕана сирбит барыта биһиэнэ этэ. Сир баайа эмиэ, сороҕо стратегическай диэн өртө РФ кытта биир бас билии этэ. Сир баайын хостооһуҥҥа, дьаһайыыга «икки күлүүс» диэн, ол аата иккиэн кыттыһан, сүбэлэһэн, сөбүлэһэн быһаарыыбыт баара. Президеммит хостоммут алмаас 20% бэйэтэ атыылыыр бырааптааҕа. АЛРОСА акциятын улахан өртө биһиэхэ этэ. Онон республикабыт саламтата республика туһатыгар туга баҕарар оҥотторор кыахтааҕа. Улуустарга 8% Алроса акцията, Алмазы Анабара 46% акцията, АЛРОСА-Ньурба -10%, көмүс, чох, нефть, гаас, тимир суол о.д.а сиртэн хостонор баайдар аакцияларын үгүс өртүн республикабыт бэйэтин илиитигэр тутан олорбута.
Бу балаһыанньа биһиги экономическай сувернитеппыт төрдө этэ. Күн бүгүн бу барыта атыыланна, республика сиртэн хостонор баайыгар, ону атыылаһан ылан хостуур улахан, кыра хампаанньаларга бэйэтин услуобуйатын этэр, дьаһайар, дьарыйар да кыаҕын сүтэрдэ. Үгүс сири, сир баайын саппааһын «стратегическай суолталаах» диэн босхо ыла тураллар. Ол «стратегия» критерия дьиҥинэн чопчулана да илик буоллар. РФ бары сирин 2006 с. кадастрынан сыанатын 23,6 трлн солк. диэн быспыттара.(манна сир баайа ахсааҥҥа киирбэт) СР 3 мөл. 103 тыһ. кв. км сирбит услуобунай кадаастрынан сыанатын 4,2 трлн. солк. диэн быспыттара. Маны таһынан «саппаас сирдэр» диэннэр бааллар олор сыаналара биллибэт. 2001 с. биһиги сиргэ уонна сир баайыгар сыһыаммытын тосту уларытар Федеральнай сокуоннар ылыллаллар. Уонна Москваттан ананан кэлбит прокурордар ыйыыларынан СР сокуоннарын РФ сокуоннарыгар сөп түбэһиннэрии ыытыллар.
Айдааннаах, хас сүүстэ көннөһүллэр «закон о недрах», «Сир», «Ойуур», «Уу» кодекстарын саҥа варианнара, «Сири туһаныы» саҥа редакцията, «Сири бас билиини тыырыы» уо.д.а сокуоннар тахсыбыттара. Ил Түмэн депутаттара манна үлэлээтилэр, өссө да киирсиэхтэрэ. Бу республика тыын боппуруостара быһаарыллар кэмигэр ким кимэ, туох туга ырылхайдык көһүннэ.
Ил Түмэҥҥэ икки аҥыы хайдыһыы үөскээтэ. Партиятыттан тутулуга суох. Судургутук быһаардахха, саха сирин төрүт олохтоохторун туһатыгар, сокуону, баайы, быраабы хааллара сатааччылар уонна промышленнай капиталтан, былаастан, эдинэй партияттан тутулуктаах барытын биэрэ, атыылыы сатааччылар диэҥҥэ.
АЛРОСА республиканы барытын бас билэн, ыйыстан бүтэн эрэр. Ситэриилээх былаас, эдиинэй партия киниэхэ үлэлиир, норуот былааһын Ил Түмэни бу сырыыга өссө эбии баһыйар үксүн ыларга күүскэ туруннулар. Бүгүҥҥү туругунан саха сирин 99,8% киин бас билиитигэр барда диэн этиэххэ сөп. Ол аата саха сирэ государственностаах диирбит кураанах тыл буолан таҕыста. Биһиэхэ «поселениелар» - бөһүөлэктэрбит турар сирдэрэ уонна «селхозугодия» - оттууур, мэччирэҥ сирдэрбит эрэ уруккутааҕар өссө сарбыллан хааллылар. Онтубут барыта 637,2 тыһ га эрэ буолар. (уруккута бу анал сирдэр иэннэрэ 308 352,3 тыһ.га этэ) Ол аата сирбититтэн 0,2 % эрэ! Ол сирбит кадастрынан сыаната 8,4 эрэ млрд.солк. буолар.
Атыылаан кэбиспит «Якутуголь» диэн тэрилтэбит 2006 с. выручката 15,43 млрд.солк этэ. Тэҥнээн көрүҥ, тэрилтэ сыл аҥаардааҕы чоҕун сыаната. Сарбыллыбыт сирдэргэ туох баара буолуой, сир баайа буоллаҕа. Бүлүү түөрт улууһун баһылыктара болдьохторун иннинэ тоҕо бары министр дуоһунаһыгар кэлбиттэрэ буолуой?... Хаалбыт 0,2 % сирбит биһиэхэ саамай күндү баайбыт буолла. Атына барыта РФ эрэ бас билиитэ диэн. Онно иккиэн кыттыһан дьаһайыы, бас билии, «икки күлүүс» эҥин диэннэр тохтоотулар. Биһиги республикабыт саламтата дьаһайар сирэ суох хаалан 2006 с. бэс ыйыгар муниципальнай сирдэри дьаһайыыга кыттаары анал ыйаах таһааран киин куорат сирдэрин дьаһайар быраабы бэйэтигэр сурунар. Онто 103 тыһ. га эрэ сир. Кини маны 4,3 трлн. солк. сыаналыыр. Ол аата урукку саха сирин барытын кадастрынан сыанатыгар тэҥнэһэр. Куоракка сир сыаната күн-түүн үрдээбитинэн барар, өссө да 3-5 төгүл үрдүүрэ күүтүллэр. Татарстан, Башкортостан курдуктар сирдэрин 18% уонна 12%-рын хаалларыммыттара. Кинилэр сирдэрин арендалаан, атыылаан сылга 10-ча млрд.солк бюджеттарыгар киллэринэллэр (Онтон олохтоох бюджеттарыгар 3-гыммыт 1-рэ киирбит). Биһиэнэ ааспыт сылга 116 эрэ мөл. солк. Хайдах бэйэлэрин турууласпыттара мантан көстөр. Сир актива барда.
СИР БААЙА
Аны сир баайын актива хайдах барбытын көрүөҕүҥ.
Сир баайыгар саамай сүрүммүт алмаас актива этэ. АЛРОСА контрольнай пакета 37%-тан 51% буолан федерацияҕа барда. Алроса сотору кэминэн аһыллыахтаах. Государствоҕа 51% хаалларан баран аһаҕастык атыыланыахтаах. Онно биһиги республикабыт өлүүтүн кытта да атыылыыр инилэр... Республикабыт, улуустар, компания үлэһиттэрин өлүүлэрэ көҥүл атыыланыа. АЛРОСА депутааттара ону оҥоруохтарын сөп. Айдааннаах 69,688 млрд солк. сыаналаах алмааска имущественнай комплекспыт барда. Онтон 10,5 млрд солк эрэ төттөрү өҕүтэн ылары ситистибит. Ол да депутаттарбыт улахан киирсиилэринэн ситиһилиннэ. 10%-наах АЛРОСА-Ньурба 87,25% Алросаҕа баар. АЛРОСА-Ньурбаны улахан АЛРОСА-ҕа холбууллара быһаарыллыбыт.
Ньурбалар 10% акцияны ылан баран кэмигэр дьоҥҥо түҥэппэтэхтэрэ. Муниципальнай тэриллии оччолорго суоҕа. Тута сытан баран баһылыктара государствоҕа туттаран кэбиспит. Ону приватизацияҕа – атыылааһыҥҥа ыытан эрдэхтэринэ Ньурбаттан депутат А.Антонов көрөн айдаан тардан киирсэнннэр стратегическай баайга киллэтэрэн бакаа хаалларбыттар. Ону Штыров быһаччы дьаһалынан эрэ атыыланыахтаах дииллэр. Ньурбалар бу 10% ханна да тийбитин үчүгэйдик билбэттэр. Быыбарга ону төттөрү ылан биэриэхпит, өссө республика өлүүтүн 50% тийэ улаатыннарыахпыт диэн «лапса бөҕөтүн ыйыы» сылдьалларын бу көрөн-истэн кэллим. Баһылыктара сотору Алроса диэки үлэлии барыахтаах. Итиччэ үлүгэр улахан дуоһунаска үлэлии олорон тоҕо Ньурбаҕа, туох кэпсэтиилээх кэлбитэ буолуой?… АЛРОСА – Ньурба холбоноругар үлэтэ суох хаалар тойону депутат оҥорорго, кининнэн өссө биир куолаһы АЛРОСА-ҕа эбэргэ күүстээх үлэ оргуйар. Улуус баһылыга бэйэтин да быыбарынааҕар АЛРОСА туһатыгар күүскэ үлэлии олорор. Ааспыт быыбарга Алябиевка үлэлээбиттэрин курдук. Дивиденнэрэ бюджетка түстэҕинэ бюджет дохуотун - ороскуотун охсуһуутугар сүтэн хааларынан 260 эрэ мөл солкуобайга сөбүлэһии түһэрсибиттэр. Бу 260 мөл. АЛРОСА бэйэтэ көрөн дьаһайар эбит. Ити хаччыга 3-4 төгүл сыаналаах оскуолалары туппуттар, сороҕор кыттыспыттар. 100-чэни кыайбат үөрэнээччилээх сиргэ сүүһүнэн мөл-х таас оскуола тутуллар эбит. Нэһилиэк сыллааҕы бюджета 3 мөл кэриҥэ. Оскуолаларын ороскуота 6 мөл. тахса. Бу сөбүлэһиилэрэ сотору тохтуур, ол кэннэ хайдах буолаллара биллибэт. 10%-рын Штыровка былдьатан олороллор. «Стратегическай сыалга туттулла сылдьар» диэн ааттыыллар. Маны АЛРОСА аһыллыытыгар кыра сыанаҕа атыылаһан ылаллара буолуо. Аны кэлэн акция Ньурбаҕа төннөрө ыарахан. АЛМАЗЫ АНАБАРА 2,278 млрд солк атыылаан кэбиспиттэрэ. Онтуларын бюджет дефицитыгар ыыппыттара. КӨМҮС актива. Республика 1150 тонна саппаастаах көмүһүн активын 1,2 млрд $ -га 2003 с . АЛРОСА ИГ-ҕа көннөрү биэрэн кэбиспиттэрэ. (переданы на безвозмездной основе. кэтэх тэрилтэ±э). Кэлин бу тэрилтэ тойоно Выборнов АЛРОСА тойоно буолла. Маны АЛРОСА ИГ 2005 с. «ПОЛЮС» диэн тэрилтэҕэ 285 мөл. $ -га атыылаан кэбиспитэ. Иннньэ гынан республика мантан тугу да тииспэтэҕэ! Республика баайын итинник куоттараллар. Барытын кистииллэр. манна кор 2005-2007 сс. республика телекоммуниканиционнай активтара атыыланнылар. «Горизонт РТ» - 1,49 млрд. солк. «Сахателеком» - 2,295 млрд. солк. Бу харчыны эмиэ бюджет итэҕэһигэр ыыппыттара. Элбэх бырааһынньыктар, араас мэрэппирийээтийэлэр ыытыллыбыттара. 2005 с. бюджет итэҕэһэ 12,53 млрд. тийбитэ. Маны сабаарылар атыылаабыттара (онтуларыгар холуобунай дьыала тэрилиннэ, манна көр). «Сахателеком» хаалбыт тобох акцияларын атыылаан «Дети Азии» ыытаары олороллор. Оттон тыа сирин газтааһын, АПК атын да тыын боппуруостары быһаарыы элбэх бырыһыаннаах баанннар кредиттэринэн ыытыллыбыттара. Оннук холобур элбэх. ЧОХ промышленноһа. 2005 с. « ЯКУТУГОЛЬ» сүрүн баһыйар активын 11,58 млрд солк. атыылаабыттара. Сороҕун уонна аан дойдуга улахан саппаастаах «ЭЛЬГАУГОЛЬ» сүрүн активын 58,196 млрд солк. атыылаан баран Дьокуускайга дылы тимир суолу тутууга ыыттылар! манна кір
Тимир суол Россия киэнэ. Ол харчыттан кып - кыра сумманы тыа хаһаайыстыбатыгар, гаастааһыҥҥа, атын да кыһалҕаларга көрдөһө сатыыллар. Москваҕа «сахалар — чукчалар акаарыларын» туһунан күлүү бөҕөтө үһү. Баайдарын тастаралларыгар бэйэлэрин хаччыларыгар өссө тимир суол туттара сылдьаллар диэн. 22 млрд. солк. сүрүн фондалаах ТИМИР СУОЛ активын республика 2006 с. ыһыктыбыта. Бу Эльганы атыылаабыт 53 млрд. солкуобайга туундараҕа тийэ гаас тардыахпытын, уот линиятын тардыахпытын, эбэтэр, ааҕан көрүүлэринэн 30 тыһ. икки хостоох таас дьиэни куоракка, 25 тыһ дьиэни тыа сиригэр тутан кэбиһиэхпитин сөптөөҕө. Биһиги призидеммит уонна правительствобыт бэрэссэдээтэлэ Россия тимир суолун тутарга харчыны ыытары ордорбуттара. манна кір
ГААС. НЕФТЬ. Инньэ 1998 с. республика бас билиититтэн нефкэ, гаазка сүрүн активын АЛРОСА «босхо доверительнай управленияҕа» диэн ылбыта. Онон нефть, гаас эмиэ АЛРОСА киэнэ. Уопсайынан сир баайын үгүс сүрүн активтарын үксүн АЛРОСА ылла. Штыров АЛРОСА –тан тахсыбыт киһи. Кини ол интэриэһигэр үлэлиир. манна кор 2001 с. күһүн Штыров ол акциялары «Саханефтегаһы» онно эбии «Якутгазпром акцияларын «ЮКОС»-ка М.Ходорковскай диэн баайга атыылаабыта. Республика онтон тугу да тииспэтэҕэ. Алроса онтон 30 мөл $ ылбыт да ол ханна тийбитэ биллибэт. Уопсайынан, «Саханефтегаз» сүрүн акциялара кимиэхэ тийбиттэрэ биллибэт. Кэлин «Якутгазпрому» былдьаһыы буолар.
Түмүктээн көрдөххө;
Бу сүҥкэн, аан дойдуга улахан, саха сирин баайын атыылааһынтан бюджетка 6,03 эрэ млрд. солк. киирэн бюджет итэҕэһин сабыыга барбыт. Бюджет таһынан 131 млрд. 243 мөл.солк барбыт!!! Төһөтө босхо , дьиҥнээх сыанатын кыччатан бэриллибитин ааҕан көрбүт суох. 2007 с. саҕаланыытыгар республика государствоҕа иэһэ 12,454 млрд. солк. этэ. Бу республика бэйэтэ киллэрэр дохуотун аҥаара буолар. Саатар маны саппатахтар. Республикаҕа киирэр, эргийэр харчы кырата бюджетка киирэр. Ол сороҕун быһаарыыга, дьаһайыыга биһигини кытыннарбат буолан иһэллэр. Манна сүрүн эрэ баайы атыылааһыны киллэрдибит. Атына элбэх, киһи ааҕан сиппэт. Нолуогунан байан олоруоххут дииллэр.
Нолуогунан байбыт дойду РФ суох.
Сир баайын хостооһунтан нолуок ылан сахалар байыаххыт дииллэр. Эдинэйдэр Госдумаҕа 2017 с. дылы Илин Сибииргэ сир баайын хостооччулары нолуоктан босхолообуттара. Неби хостооһун нолуогуттан республика НДПИ 5% эрэ ылар кыахтаах. Хостуур тэрилтэлэр «Сургутнефтегаз» курдуктар атын сиргэ регистрациялаахтар. Билиҥҥи нолуок кодексыгар гаас хостооһунуттан НДПИ регионнар тугу да ылбаттар диэн сурулла сылдьар. Чайаҥда гааһын 2016 с. диэкки хостуохтаахтар. Чох хостооһунуттан эмиэ матар кыахтаахпыт. Мечел былаанынан Якутугол-ы, Эльгауголы, уонна Соҕуруу Кузбаһы холбуохтаахтар. Регистрацията Кемеровскайга буолуохтаах. Оччотугар чохтон ылар нолуокпутуттан эмиэ матарбытыгар тийэбит. АЛРОСА-ны кытта Норильскай Никэли холбооһун туһунан кэпсэтии бара турар. АЛРОСА 2006 сылга 2,865 млрд. доллары, Норильскай никель 11,65 млрд. доллары атыылаабыт. Ким кылаабынай буоларын, тэрилтэ ханна регистрацияланыахтааҕын санааҥ. Хлопонин + Штыров = Хлопонин. манна кір СР РФ дотациятыттан тутулуга Красноярскай кыраайга холоотоххо 9 төгүл улахан. РФ -ҕа Дагестан кэнниттэн иккис саамай элбэх дотацияны ылааччылар буоллубут. АРОСА-ттан Ил Түмэн 10-ча млрд ылбатаҕа буоллар олох да «внешнай управление» киллэрэргэ сөпсөһө сыһыа этэ. Кинилэрдээҕэр биһиги государствоҕа иэспит 2,65 төгүл улахан. Кинилэр экономическай активтарын биһиги курдук маассабайдык атыылаабаттар. Ордук киллэрбит дохуоттарын государствоҕа иэстэрин кыччатарга ыыталлар.
Татарстан, Башкорстан РФ -ҕа донор буола олороллор. Кинилэр нефтэрин, сиртэн хостонор баайдарыгар федеративнай дуогабарынан аахса олороллор. Оннооҕор омуктарын аатын пааспарга киллэрэргэ дуогабарынан илии баттаабыттара. Саҥа ГЭС-тэри 2015 с. тутан бүтэрэллэрин кэтэһэбит, кинилэртэн дохуот киириэ ыраах.
Уран хостооһуна 2018 с. толору бородууксуйа биэриэхтээх. НДПИ ураҥҥа -- 8%. Син харчы киириэн сөп. Маны стратегическай категорияҕа киллэрдэхтэринэ нолуоктан эмиэ матабыт. Онон республика баайын барытын ыһан-тоҕон, атыылаан баран нолуогунан байыахпыт диэһин албын. Көстөрүн курдук, республика бюджеты оҥорор бөдөҥ тэрилтэлэрин, сирин сүтэрдэ. Бюджет таһынан киирэр харчыны үксүн федерация дьаһайар. Сирбит баайын бас билэр, хостуур, хоро таһан атыылыыр улахан да кыра да корпорациялар саха сирин баһылаатылар. Биһиги инникибит кинилэр ыытар политикаларыттан быһаччы тутулуктанна.
Республика сүрүн активын атыылаан баран кинилэртэн, (АЛРОСА курдук монстрдартан) тутулуктанна. Биһиги АЛРОСА бас билэр подсобнай хаһаайыстыбатыгар кубулуйдубут. Республика сиригэр, сиртэн хостонор баайыгар бэйэтэ политика ыытар кыаҕын сүтэрдэ. Республика экономикатын төрдүн сүтэрдэ. Сырьевой холуонньаҕа, губернияҕа кубулуйда! Россияттан ыытыллыбыт неоколониальнай политика түмүгэ итинник. Сахаттан чаҕылхай уолаттары: Александр Акимовы, Ньургун Тимофеевы, Эрнест Березкины, Василий Филипповы билиҥҥи былаас хайдах туораталаан эрэрин көрө сылдьабыт. Акимовы – «сыылкаҕа», Тимофеевы – аны спикер оҥорбот туһугар, Березкины үлэтэ суох хааллардылар, куоракка кандидатынан турбутугар «памятник таһыгар, бу памятник авторыттан көҥүлэ суох хаартыскаҕа түспүккүн таһаарбыккын»- диэн устан кэбистилэр. Эдинэйдэр кандидаттара үгүстэрэ Штыровы кытта куустуһан түспүт хааттыскалара хойуутун сөхтүм. Барыларыгар суругунан бэчээттээх көҥүл биэрдэҕэ. Филипповы былаас күүскэ утаран мэринэн талларбата. Тумусовы, Михальчугу хайдах туораппыттара элбэх остуоруйалаах. Неоколониальнай политиканы утарааччылар, Саха сирин интэриэһин өрө тутааччылар бары былаас быһаарар салаатыттан туоратыллаллар. Үөһэттэн күүстээх күһэйии, дьаһайыы баарын үрдүнэн, Саха сирин туһугар үлэлиир аҕыйах политиктардаах, депутааттардаах буолан син бэйэ туһун көмүскүүр, харыстыыр сокуоннары ылына сатаатыбыт. Туохтан барытыттан кытаахтаһан, төһөтүн эмэ төттөрү өҕүтэн ыла сатааһын барар.
АЛРОСА-ҕа Республика интэриэһин көмүскүүр туһуттан саха сирин төрүт олохтоохторун туһугар ыалдьар депутааттар көмөлөрүнэн хас да сокуон ылылынна. Биһиэхэ саха сирин төрүт олохтоохторун интэриэһин АЛРОСА курдук барытын баһылаан эрэр компаниялартан көмүскүүр чахчы уопуттаах. Зоя Корнилова, Федот Тумусов, Александр Уаров, Филипп Охлопков, Ким-Кимэн, Ньургун Тимофеев, Василий Власов, Анатолий Антонов, Дмирий Горохов, Борис Бубякин, Семен Березин, Юрий Николаев, Андрей Кривошапкин курдук бэйэлэрин көрдөрбүт чахчы норуот депутааттара наадалар. Кинилэр төрүт олохтоох интэриэһин сокуон быһыытынан туруулаһыахтара. Президеммит, премьербит ону таһынан үгүс депутааттарбыт АЛРОСА-тан тутулуктаах, корпоративнай интэриэстэрин көрөр дьоннор буоллулар. Былаас бу дьону өйүүргэ административнай ресурсатын бары туһана олорор. Эбэтэр бу дьонуҥ олус баайдар, тус интэриэстэрин көрөр баай өйөөччүлэрдээхтэр. Бу быыбарга Ил Түмэҥҥэ бу хамаанда дьоно өссө үгүс миэстэни ыллахтарына барытыгар бүтэһиктээх хотторуу буолар. Кандидаттар сымыйаны, туолбаты, бэрик курдук ону биэриэхпит, маны тутуохпут, газ тардыахпыт, акцияҕытын төннөрүөхпүт дииллэрин бу Сунтаарга, Ньурбаҕа сылдьан истэн кэллим. Тыа дьонун олоҕун уйгутун таһыма өссө эбии түспүт. Олохтоох былааска, бырабыыталыстыбаҕа итэҕэйии, эрэнии таһыма олох намыһах. Отчуоттарыгар да дьон олох кэлбэт эбит. Аҕыйах киһини мунньан «үчүгэй» сыананы үлэлэригэр туруоруналлар. Үүт харчыта уонна пенсия харчыта, бюджет хамнаһа. Онтон атын туох да суох. Үгүс нэһилиэктэр сыллааҕы бюджеттара АЛРОСА, энергетика тойотторун биир ыйдааҕы хамнастарыгар тэҥнэспит. Бу тойоттор ыйдааҕы дохуоттара 500 тыһ.- 4 мөл. солк. тийэр эбит. Бүтүн улуус бюджета кэтэх бас билэр кэтэх бюджеттаах тойоттор саха сиригэр элбээтилэр. Тыа хаһаайыстыбатыгар, оннооҕор били аатырбыт ыанньыксыт аграрийдар кандидаттара Павел Шарин, тыа сиригэр кредитнэй кооперативтары тарҕатар «респ. информ. консульт. центр» тэрилтэ кыл. специалиһа сыллааҕы дохуота 21 мөл. 184 тыһ солк. эбит. Тойотторун киэнэ төһө буолуой? Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ тэриллиилээх хаһаайыстыбалары эрэ өйүүбүт диэн элбэх үбү бу кредитнэй, потребительскай, производственнай кооперативтары тэрийиигэ ыыппыта. Оннук АПК политикатын олохтообута. манна кір http://sakhalife.ru/article.aspx?id=4878http://sakhalife.ru/article.aspx?id=4878
Илин эҥээрдэргэ бу киирбитэ 4-с сыла. Лизинг киирбитэ 10-ча сыл буолла. Техника оттуга быһаарыллыбыта, МТС-тар тэриллибиттэрэ быданнаата. Бүлүү бөлөххө бу бары көрүҥнэр саҥа тэриллэ сатыыллар. Е.А.Борисов эҥээрдэһиини, хайдыһыыны, кадр да өттүттүнэн кэлтэйдии өйөөһүнү күүскэ ыытта. Бу дириҥээн иһэр. «Эстэр ыал ынаҕа кэйиик буолар» дииллэрэ кэлиэх муҥа дуу… Төрөөбүт дойдубар Түбэй Дьаархаҥҥа билигин да КП-нан олороллор. КП үлэһитэ уол 70-ча бороону соҕотоҕун көрөр, иигин-сааҕын ыраастаан, аһатан, уулатан. Ыйдааҕы хамнаһа 1 тыһ. 200 солк! Атыттара да биир оннук. Үлэ суох. Арыгылааһын бэйэҕэ тийинии наһаалаабыт. Ыгыаттаҕа аҕыйах оҕо үөрэнэр икки учуутал миэстэтэ, С.А.Зверев музейыгар үс хас үлэһит миэстэтэ тахсыбыт. Сунтаар улууһа «оптимизациятын» бу үлэ миэстэлэрин сабыыттан, Зверевтэрин бөһүөлэгин эһииттэн саҕалаары олорор диэн олохтоохтор куттаналлар. Мантан атын туох да суох. Түбэйгэ, Түбэй Дьаархаҥҥа, Шеяҕа саҥа эдэр баһылыктар талыллан, кыттыһан, сүбэлэһэн саҥа программа ылынан үлэлэрин саҕалаан эрэллэр. Уларыйыы киириэх курдук. Олохтоохтор баһылыктарын өйүөхтэрин наада. Салгыыта...
|