Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Промышленность [4]
Спорт [2]
Экология [26]
Үөрэҕирии. Иитии [8]
Бэлиитикэ [16]
Быыбар [7]
Экономика [2]
Мегапроектар [0]
Социальнай эйгэ [2]
Доруобуйа харыстабыла [4]
Саламта [4]
Көҥүл санаа [3]
Main » Articles » Бэлиитикэ » Быыбар

Уххан. "Атыыланыы" 2

Быыбардар.
Ааспыт быыбарга мин Үөһээ Бүлүү-Ньурба быыстарынан Мархатааҕы уокурукка Ил Түмэҥҥэ депутаакка кандидатынан тура сылдьыбытым. Алтыа этибит. Сахалар сиэһэн куоласпыт хайдыбыта, соҕотох нуучча Накыын алмааһы хостуур комбинатын директора Сергей Алябьев кыайбыта. Кини курдук промышленностан элбэх кандидат туран депутат буолбута. Быйыл Ил Түмэҥҥэ 61 «генерал» ол аата промышленность араас салааларыттан улахан тойоттор турдулар.
Элбэх хостонор баайдаах Бүлүү улуустарыгар; Ньурбаҕа – «АЛРОСА-Ньурба» тойоно Валерий Колодезников, Сунтаарга — «Ленанефтегазстрой» салайааччыта Игорь Пахомов, Бүлүүгэ — АЛРОСА вице-президенэ Юрий Дойников, Үөһээ Бүлүүгэ — «Алмазэргиэнбанк» сал. Александр Миронов уо.д.а.
Бу турбут промышленность, атын да баай структуралар кандидаттара баһыйар үгүстэрэ «эдинэйдэр». Штыров «добро биэрбит» дьоно буолаллар.
Кинилэр норуот былааһын бирэстэбиитэлэ буоларга уонна олохтоохор ааттарыттан бу промышленнай капитал туһатыгар сокуон ылынарга, саха сирин салгыы атыылыырга, үллэстэргэ күн баҕалаах дьоннор. Кинилэр корпоративнай, партийнай интэриэстэрин иһин, үөһэттэн туох дииллэрин иһин «консилидированно» куоластыыллар. Оннук да куоластаан бу үлүгэрдээх саха сирин баайа төрүт олохтоохторго иҥмэккэ олигархтар структураларыгар барда.
Кинилэр 70 депутааттан 3/2 ол аата, «конституционнай большинство» ылыахтаахтар. Оччотугар ханнык баҕарар боппуруос туох да утарсыыта суох ааһар. Конституцияны да талбыттарынан уларытыахтарын сөп буолар. http://sakhalife.ru/article.aspx?id=4608
Көрөргүт курдук РФ национальнай проектарга тыа хаһ. киллэрбит курдук эрээри, «эдинэйдэр» ыытар политикаларынан РФ бюджетыттан 1% кыайбат үбүлээһини эрэ бу салааҕа аныы олорор. Россияҕа 1,5 тыһ. тыа сиригэр нэһилиэнньэлээх пуункт эһиннэ.
СР биһиэннэрэ, т/х бюджет 7% тиэртилэр. АПК -ҕа 4,5 млрд. солк. Саха сиригэр арыгыны атыылааһын сылга 5 млрд. солк. тийдэ. Табааҕы атыылаһыы - 1 млрд. солк. Бэйэҕэ тийинии сылга — 500, дэҥҥэ оһолго өлүү — 600, киһи киһини өлөрсүүтэ — 250-300. Сэрии буола турарын курдук. Афганистан сэриитигэр сойуус сылга 1,5 тыһ. саллааты сүтэрэрэ. Онно тэҥнэстибит. Тыа сирэ сайдарыгар эрэммэттэр.
Системэлээх кризис таҥнары сатыылаан төттөрү түһүү салҕанан бара турар.
Европа дойдулара, Белорусия эҥин тыа хаһаайыстыбатыгар бюджеттарын 25%-гар тийэ биэрэллэр. Ол иһин кинилэр тыаларын сирэ сайынна.
РФ табаарын улахан аҥаара кинилэр киэннэрэ. Ас-таҥас сыанатын кинилэр «диктуйдуу» олороллор. Биһиги уйгубут, ырыынакпыт кинилэр ырыынактарыттан тутулуктанна. Хаар ууллуута, чалбах тахсыыта «тоҥоруллубут» сыана босхо баран үрдүүрэ күүтүллэр. «Сыана халаана» буолбатар ханнык…
Биһиги аграрнай партиябыт бюджет 10% -тан итэҕэһэ суоҕу көрөр сокуону ылыныахха диэн этиилээх. Бу партия лидердара А.Антонов, А.Уаров этиилэрэ. Бу да кыра. 2020 с. дылы республика бюджета үс төгүл улаатара күүтүллэр. Ол аата билиҥҥи бюджет 65 млрд. буоллаҕына 200-чэ млрд буолар. 10%= 20-чэ млрд. солк тыа сиригэр көрүллүөн сөп.
Биһиги «Сиэрдээхтэрбит» (Тумусов) тыа сиригэр 6 млрд. ситиһиэхпит диэн (фикцированнай) лозуннаахтар этэ. 2020 с. тийэн эмиэ 6 млрд. буоллаҕына олох да эстэр инибит.
Тыа хаһ. бородууксуйатын госзакуп быһыытынан тутан өйөөһүн ырыынак сыанатыттан ырааҕынан хаалан иһэр. Кэтэх хаһаайыстыбалары эһэр суолга киирдилэр. Кооперацияҕа күһэйии ыытыллар.
Тыа сиригэр эдиинэйдэр ыытар нацпроектарын политиката биэ төбөтүгэр 156 солк, табаҕа 260 солк эрэ биэрдэ. Үүт сыанатын үрдэппэтилэр. Эти туппаттар. Сыана үрдүү турар. Тыа сирин олоҕо быйыл өссө эбии ыарыыра күүтүллэр. Федеральнай киин олохтоох бэйэни салайыныы сайдыытыгар барыта 26 эрэ мөл. солк. биэрдэ. Ону барыларыгар үллэрдэххэ 620 солк. буолар. Онон «сайдыбатыҥ» чуоккай.

Гаас – Накаас.

Депутаакка кандидаатка накаас быһыытынан гааста киллэрээр диэн сакаастыахха сөп дуо? Депутакка кандидат гаас киллэриэҕим, онон миэхэ куоластааҥ диирэ хайдаҕый? Саарбах саадьаҕай. Саарбах сакаас, накаас - накаас. Бастатан туран, депутат буолуо эрэ буолумуо, иккиһинэн ол депутаат боломуочуйата буолбатах. Депутаат буоллаҕына туруорсуон сөп.
Киниэхэ дылы итини туруорсубатахтара буолуо дуо? Туруорсан бөҕө буоллаҕа. Государство программата кытта ылыллан турар. Онно Сунтаары гаастааһын сотору кэминэн 2012 с. дылы суох. Сунтаарга 220 в. линияны тардан ититтинии боппуруоһун быһаарыы төһө эмэ баар. Ол олоххо киириитэ саҕаланна. Үгүс кандидаттар, ситэриилээх былаас, баһылыктар үлэлэрин сыалын –соругун, улуустар сайдар программаларын сурунан баран хатылыы сылдьаллар.
Үөһээ эппитим курдук, «Саханефтегаһы» Штыров АЛРОСА-ҕа босхо биэрэр. Алросаттан ЮКОС-ка, ЮКОС-тан төттөрү Алросаҕа онтон араас бааннарынан эргийэн ханна тийбитэ биллибэт. Атыылаабыт харчыларын илдьэ Кипргэ куоппуттар эрэ диэн биллэр. Мантан сылтаан буолуо оҥоробун, АЛРОСА газка, нефкэ боппуруостарын көрөн олорбут Ничипорук, Березкин уурайбыттара. ЮКОС Таалакааны сүтэрээтин кытта Якутгазпром сыаната үрдүүр. Былдьаґыктаах "бырта сыата" буолар.
«Саханефтегаз» 36% -наах СР өлүүтэ «Сахатранснефтегазка» баара биллэр. «Якол» тойоно Максимов ЮКОС-тан Саханефтегаз акциятын төһөтүн эмэ төннөрбүт өҥөлөөх дииллэр.Билигин кини састаабыгар «Якутгазпром» ААО, «Ленанефтегаз» ААО, «Ленагаз» ААО, «Сахагазпроект» ААО, «Витимский НПЗ» ААО, «Якутскгеофизика» ААО уонна «Саханефтегазтрансснаб» ТЭО баар. АЛРОСА интэриэһигэр, кини туһатыгар политика ыытааччы үчүгэй үйэтэ үүнэн турар.
АЛРОСА - искэр үөскээбит үөн туох баар ис буотараккын сиэн таскар тахсан эрэрин курдугун өйдөөбөт үгүһүн сөхтүм. Дьоҥҥо ону тийэрдибэттэр. СМИ олох атыны тийэрдэр. Тойон саҥарыан куттанар.
Саханефтегазка Якутгазпром 24 % акцията баар. Якутгазпром 75%+1 акциятын Дагестантан кэлбит саарбах структураларга атыылаабыттар. Онон Якутгазпром — «Кавказгазпром» буолан турар. «Саха…» диэн самалыктаах ааттаах атын дойдулар баайдара бас билэр тэрилтэлэрэ алыс элбээтэ.
Манна барытыгар «хаһаайынныы» сылдьар Ил Түмэн депутаата Якол, Илин АК диэн кэтэх тэрилтэлэрдээх «олохтоох олигарх» Афанасий Максимов буолар. (кэлэр өттүгэр призидент- губернатор буоларга баҕалааҕын суруйаллар. Ааспыкка эмиэ киирсибитэ.)
Максимов кэтэх Яколун Якутгазпром, Саханефтегаз акцияларыгар (государство, тус кэтэх, корпорация интэриэстэрин) буккуйан-таккыйан, туустаан- тумалаан улахан «ас-таҥас» оҥостубута биллэр. Саханефтегаз АЛРОСА биир салаатын курдук буоларыгар үлэлэһэр.
Билигин онтунан Шанхай биржатыгар таҕыста. Кытайдары кытта кыттыһан республика нефкэ, гааска проектарын уонна саҥа проектары олоххо киллэрэргэ үлэ ыыта сылдьар. Кытайдар Кыһыл Сыырга кэлиэхтэрин сөп. Улаханнык ымсыырбыттар. Сунтаарга Өлүөхүмэҕэ да кэлиэхтэрэ. Максимов хайдах кэпсэтэриттэн буоллаҕа.
А. Максимов 100% гостэрилтэ «Сахатранснефтегаз» тойоно И.Корневтыын аҥаар аҥаарга 2006 с. кэтэх бас билэр «Сунтарнефтегаһы» тэрийэллэр, соҕуруу. Итинник кэтэх тэрилтэ элбэх. Ити дьыл Өлүөхүмэҕэ разведкаҕа, хостооһуҥҥа лицензия ылан 200-чэ мөл солк. үлэ саҕалыыллар.
Сунтаарга биир Өлүөхүмэҕэ үс инникилээх «перспективнай» диэн сири разведкаҕа ыллылар. Сыл кэриҥэ лицензияларын оформляйдыахтара, онтон сири үүттээһиҥҥэ киириэхтэрэ. Онтон тугу эмэ буллахтарына, манна саппаас баар диэн госкомиссияҕа дакаастыы барыахтара, онтон биирдэ 25 сылга туһаныыга киириэхтэрэ.
Кинилэр билигин аукционнарын бастакы төлөбүрүн 5 мөл. төлөөбүттэр.Сороҕун 400-чэ мөл. төлүүргэ инвестор көрдүүллэр. Инвестор көстөрө буолуо. Кытайдар, французтар, атын омуктар, россиялар даҕаны 75% иһин барытын төлүөхтэрэ. Оччоҕо Максимовтааххха 25 % хаалыа. Аукцион төлөбүрэ Россияҕа барар.
«Сунтарнефтегаз» ген. дир. И.А.Чикачев. Дир.сэб. предс. К.Е.Иванов. Оттон Игорь Пахомов сэбиэт чилиэнэ. Бу тэрилтэлэрин Дьокуускайга көһөрбүттэр. Ыраас, минустан саҕалыыр, биир да хаччы ааһа илик устав эрэ баар, 100 тыһ. солк. уставной хапытааллаах тэрилтэ дииллэр.
Ленанефтегазстрой Сургутнефтегазка скважиналары үүттүүр. И.Пахомов — бу тэрилтэ салайааччыта. Промышленноска сахалартан тахсан эрэр биир чаҕылхай киһиннэн ааҕыллар.
Гос. тэрилтэ барыыс ыларга буолбакка дьон, норуот олоҕо тупсарыгар үлэлиир. Кини барыыһа норуот олоҕо тупсуута буолар. Кэтэх тэрилтэ бэйэтигэр барыыс ылар туһугар. Биллэн турар тыа сирин гаазтааһын гос.программанан барара ордук буоллаҕа. Кэтэх тэрилтэ госсакааһы ылан үлэлиирэ да ханна барыай. Ол эрэн, дьон, норуот кыһалҕатынан туһанан, кини ыра-баҕа санаатынан быыбарга сүүлүктээн, туга- ханныга быһаарылла илик, түҥ хааһах дьыаланнан дьону түөкэйдиир табыллыбат.
«Сунтарнефтегаз» аукционун да харчытын ситэ төлүү илик кэтэх тэрилтэ туох кыахтааҕын, хаһан картаҕа уруһуйдаммыт туга да биллибэт сиртэн Сунтаарга гаас киллэриэҕин, онно туох төрүттэр, кыахтар баалларын, гаастааһын гос. программатын, нац. проегы кытта хайдах алтыһарын барытын, бас билээччилэр Максимов, Корнев, үлэтин тэрийээччилэр Чикачев, Иванов быһааран биэриэхтэрин сөптөөҕө. Ону билигин быһаарар кыахтара суох. Суоҕу хантан ылан быһаарыахтарай. Киһилэрин быыбарга ыытан баран бэйэлэрэ тоҕо эрэ кыттыспаттар. К.Е.Иванов С.М.Березин кандидатуратын өйүүр эбит.
Сунтаарга «гаас – накаас» буолан олороллор. «Сунтарнефтегаас – накаас» Сунтаарга быыбарга кыттар. Биэс сылынан дуу, уон сылынан дуу, хаһан дуу улууһу гаазтыах курдук буолар... Максимовтаах Корнев атын улуустарга быыбарга кытта сылдьаллар. Онно эмиэ гаас, нефть бөҕөтө киирдэҕэ буолуохтаах…
Онто да суох Газпром дир. сэб. предс. президеҥҥэ кандидат Медведев Мирнэйгэ кэлэ сылдьан Чайаҥда гааһын хостуурга үлэни саҕалыырга сорудахтаата. Үс сыл эрдэлиир курдук буолла. Биһиэннэрэ Газпром нөҥүө гаастааһыҥҥа нацпроегынан Сунтаары, атын да турбопровод таһынааҕы улуустары гаастааһыны түргэтэтиэхтэрин сөп курдук.
Ньурбалар Липпэлээхтэн Ньурбаҕа диэри газопровод тардыытын улуус баһылыга В.Прокопьев туруорсан Газпром газтааһыҥҥа дуогабарыгар бу сылга киллэттэрээри кыһалла сылдьаллар.
Сунтаарга оннооҕор буолуох, оччолорго-хаччаларга саха сирин небин, гааһын барытын дьаһайар, алмааһы хостооһуну да, кырыылааһыны да баһылаабыт тойоттордоно, депутааттана да сылдьыбыппыт баара дии. Тугу оҥоруох, тутуох буолбуттарын ама умуннахтарай. Гаас киирбэтэҕэ, нефт хостоммотоҕо, онооҕор оттор брикет да кыаллыбатаҕа. Аламааһы кырыылааһын Сунтаарга саҕаланан баран тохтообута. Улуус баһылыга алмааһын армяннарга «олордон биэрэн» дьыала бөҕө тэриллэн, кинини Мирнэйгэ куоттарбыттара баара.
Арай кэлин стадион тутуллубута. Ол государство, Президент программатын быһыытынан, депутаат накааһынан буолбатах. Онно А.К.Акимов дойдутун туһугар кыһаллыбыт буолуон сөп. Ол эрэн туундараҕа да стадион тутабыт диэн быһаарбыттара буоллар, эппиэттээх дуоһунастаах киһи быһыытынан онно да туттарарга кыһаллан-мүһэллэн кини үлэлэһиэ этэ.
Сунтаардарга э/энергиянан, онтон син биир госпрограмманан гаас киириэхтээх. Ол энергия икки көрүҥэ киириитэ хайа да өттүнэн үчүгэй буолаары турар. Арай сыана үрдүөхтээх. Сотору РФ ВТО-ҕа киирдэҕинэ аан дойду сыанатын тутуһуохтаах. Оччотугар государство эрэ тыа сиригэр чэпчэтиини оҥоруон сөп. Кэтэх тэрилтэлэр ону оҥорботтор. Ол чуолкай.

Ил Түмэн депутаата диэн кимий
, тугуй?
Уопсайынан Ил Түмэн туох боломуочуйалардааҕый?

Сүнньүнэн үс боломуочуйа:
Бастакыта, сокуону айыы, көннөрүү, ылыныы. Эппитим курдук РФ СР икки ардыгар сыһыан тосту уларыйан элбэх саҥа сокуоннары ылыныы барда. Урукку дуогабардар оннуларыгар РФ саҥа сокуоннара киирдилэр. СР сокуоннара уларыйарын ирдииллэр. Прокурорунан хонтуруоллатан, суутунан ирдииллэр.
Төрүт Сокуоҥҥа, РФ ГД, ФС кытта бииргэ үлэлээһин. Республика баайын, бас билиитин тыырыы, атыылааһын үллэрии, сөптөөхтүк туһаныыны, дьаһайыыны сокуон быһыытынан оҥоруу.
Ил Түмэн үлэтэ, суолтата, быһаарар оруола спиикер этиитинэн саҥалыы сокуонунан сыһыаҥҥа сөп түбэһиннэрэн элбэхтик уларыйда. Кини этиитинэн, тэрээһининэн элбэх саҥа сокуоннары айдылар. Ґлэтэ-хамнаґа тірдµттэн уларыйда.
Ил Түмэн бу үс боломуочуйатын кэҥэтиигэ, СР интэриэһин бу баһылаан эрэр корпорациялартан, компаниялартан көмүскэнэр, харыстанар сокуоннары айыыга, ылыныыга элбэх тэрээґин үлэ ыытылынна. Олохтоох дьаһаныыны кытта үлэлиир саҥа отдел кытта баар буолла.
Бэйэбит ситэриилээх былааспыт утаран ылыллыахтаах сокуоннар ылыллыбатахтара да элбэх. Манна өссө элбэх үлэ күүтэр. Холобур АЛРОСА компанияттан СР интэриэһин көрүүгэ саҥа сокуоннар ылылыннылар. Ол көмөтүнэн бюджетка 10 млрд. солк АЛРОСА –тан киирэрин ситистибит.
Госбюджет эмиэ сокуон. РФ уонна СР икки ардыларыгар, госбылаас олохтоох дьаһаныы уоргаттарын икки ардыгар бас билии уонна ону дьаһайыы боломуочуйалара уларыйыыларынан, бюджеты толоруу көрүҥнэрэ эмиэ тосту уларыйан бюджеты таҥыыга тосту уларытыылары киллэрдилэр, ол саҕаланыыта эрэ.
Бэйэни салайыныы уоргаттарын, быыбардар сокуоннарын ылыныы, СР оҥорон таһаарар күүстэрин 2020 с. дылы сайдыытын программатын, СР тыа хаһ. 2007-2011 сс. дылы сайдар программатын курдуктары дьүүллэһии, ылыныы, РФ ГД ылыллар «закон о недрах» курдук сиртэн хостонор баайдаах региоҥҥа улахан охсуулаах сокуоннарга ыга киирсии, республика интэриэһин көрөн бииргэ үлэлэһии о.д а. Быһата күннээҕи, кэскиллээх олох олорор сокуоммутун көрөр истэр, айар. Ол сокуоннарынан биһиги инникибит, кэскилбит быһаарыллар.
Иккиһэ, бирэстэбиитэлискэй боломуочуйа. Олохпут кыһалҕалаах өрүттэригэр правительство үлэтин Парламеҥҥа истии дьүүллэһии, правительственнай чаастары, төгүрүк остуоллары ыытыы, обществоны кытта санаа атастаһыы. Холобур, Ил Түмэн урут буола илик СР госбюджетын туолуутун отчуотун ааспыт сыл ыам ыйыгар профсоюһу, общественноһы ыҥыран туран парламенскай истиини ыыппыта, парламент улуустарынан сылдьан истиитэ о.д.а. Быыбардааччы накааһын толоруу механизмата (кэлэр өттүгэр партиялар накаастарын), депутааты тіттірµ ыІырыы механизма оҥорулла илик. Спикер бу сокуон оҥорууну саҕалаабыта.
Үсүһэ, хонтуруолунай. Сокуоннар туолууларын, государство үбүн, харчытын, бас билиитин ороскуоттааһыны хонтуруоллааһын. Бюджет иһинэн эрэ буолбакка, бюджет таһынан республикаҕа киирэр, инвистиционнай, правительство фондаларын эмиэ хонтуруоллуур сорук турар. (Коррупцияны утары охсуґуу сокуона ылыллыахтаах. Атын регионнарга ылыммыттар.)
Урут улуус барыта депутааттаах буолара. Икки палаталаах Ил Түмэннээх этибит. Онтон быыбардааччытын ахсаанынан көрүү киирбитэ. Саха ахсаана аҕыйаабыта. Быйылгы талыллар Ил Түмэн аҥаара ол 35 эрэ улуустартан талыллар. Ону даҕаны быыбардааччы ахсаанынан хааччахтаан сорох 2, сорох хоту 3-4 улуус холбоһон биир депутааты талар. Кэлэр быыбартан ол барыта тохтуур, барыта партияннан талыы буолар. Быйыл ону-маны бары туттарыах, булан биэриэх буолбут депутааттартан кэлэр быыбарга ыйытарыҥ суох буолуоҕа. Сокуону айар былааска төрүт олохтоохтор, улууһунан интэриэстэр хотторор балаһыанньабыт үөскээн иһэр.
Ол аата биһиги чахчы саха сирин төрүт олохтоохторун интэриэстэрин көрөр партияны талыахтаахпыт. Оннук партия биһиэхэ баар дуо? Бары эдинэй самалыктара дуу...
Улуустан депутааты бүтэһик талыыбыт. Ил Түмэҥҥэ спикер ким буоларыттан эмиэ улахан тутулуктаныа. Президент, примьер диэкки аҥардастыы кэтэҕин таттара сылдьыбат, депутатскай корпус патриот-лидера наада. Саха сирин туһун киирсии кытаанаҕа күүтэр.
Төрүт сокуону төрдүттэн көннөттөрүүнү, устаапка кубулутууну, республика үрдүк дуоһунастаахтарын суукка да биэрэн туран оҥотторуохтарын сөп. Онно саха сирин туһун кыһаллар уопуттаах политик, бэйэлэрин көрдөрбүт бигэ дьону таларбыт ордук буолуо этэ.
Саха туһа санааннан салайтаран, хоту -соҕуруу дэспэккэ холбоһон, илин - арҕаа дэспэккэ или түмэн, үөрэ - дьүөрэ буолуоҕуҥ, сүүс сүбэни сүрүннээн, өркөн өй күүһүнэн өлбөт - сүппэт туһугар сомоҕолоһуоҕуҥ!

Уххан. 22,02,08

Жители эвенкийского села Сюльдюкар обратились к вице-президенту АК «АЛРОСА» «как к отцу родному»

ИА SakhaNews. Выросшие за последние годы многократно доходы представителей высшего менеджмента АК «АЛРОСА» лишили покоя многих простых якутян. Судя по откликам, приходящим на портал из Мирного, сведения о доходах кандидатов в народные депутаты республики – вице-президентов компании стали в последнее время главной темой жителей алмазного края. При бедственном положении одних стремительно растущие доходы других работников компании являются отражением обострившихся социальным проблем внутри коллектива некогда благополучной в социальном плане АК «АЛРОСА».

Можно представить, какое потрясение испытали и жители единственного в Мирнинском районе небольшого эвенкийского села Сюльдюкар, узнав, сколько зарабатывают главные управленцы компании. Ведь, если в компании так дела хороши, то почему в селе, где проживают коренные жители алмазной земли, нет денег даже на обыкновенную водовозку?! Компания отчитывается о своей многогранной благотворительности, а под боком располагается село, за состояние которого богатым алмазникам должно быть просто стыдно.

В отличие от чеховского Ваньки Жукова, жители села Сюльдюкар написали не на «деревню дедушке», а вице-президенту АК «АЛРОСА» Ивану Демьянову, но письмо, правда, направили не лично ему, а в редакцию «Моей газеты в Мирном». Текст его приводится без изменений.

«От жителей села Сюльдюкар Мирнинского района - депутату Мирнинского районного совета по Совхозному округу №12, председателю Ассамблеи народов Республики Саха (Якутия), вице-президенту АК «АЛРОСА» И.К. ДЕМЬЯНОВУ

Уважаемый Иван Кириллович!

Вы являетесь депутатом Мирнинского районного совета по нашему Совхозному округу №12 и председателем Ассамблеи народов Республики Саха (Якутия), а это по нашему разумению Отец всех народов Республики Саха (Якутия). Скорее всего, с этими обязанностями Вы справляетесь хорошо. Это даже заметил Президент России В.В. Путин, который совсем недавно наградил Вас в Кремле орденом Дружбы. Это мы видели по телевизору и искренне радовались за Вас.

Мы с 2005 года считаемся самостоятельным муниципальным образованием с собственным бюджетом в 3 миллиона рублей в год. Других источников доходов у нас нет. А вопросов, требующих безотлагательного решения, накопилось много. Самые главные из них – это строительство нового совмещенного национального эвенкийского культурно-образовательного центра, чистая питьевая вода, транспортное сообщение с городом Мирным.

Общеизвестно, что село Сюльдюкар, это единственный населенный пункт в Мирнинском районе, который не имеет круглогодичного транспортного сообщения с городом Мирным. А исторически в селе Сюльдюкар в настоящее время проживают исконные, коренные жители современного Мирнинского района (бывшего Садынского). Давно требует замены и единственный автомобиль-водовоз (1975 года выпуска).

Из декларации о доходах, опубликованных избирательной комиссией по выборам депутатов Государственного Собрания (Ил Тумэн) Республики Саха (Якутия) мы узнали правду о размерах реальной заработной платы руководства АК «АЛРОСА». К примеру, доход 1-го вице-президента, исполнительного директора Дойникова Ю.А. и вице-президента Потрубейко В.А. составляют 24 миллиона и 40 миллионов рублей в год. В месяц получается от 2 до 3,4 миллионов рублей.

Поскольку Вы, Иван Кириллович, являетесь одним из старейших вице-президентов и занимаете свою должность с 1995 года, то и Ваша заработная плата должна быть не меньше этих цифр. Для нас, выживающих в основном за счет пенсий наших стариков, поскольку в нашем селе уже давно нет работы в отделении совхоза «Новый» АК «АЛРОСА», такие заработные платы кажутся нереальными. Рабочие отделения совхоза «Новый», работая от зари до зари, и за 20 лет не заработают Вашу месячную заработную плату в размере 2 миллионов рублей.

К нашему великому сожалению, руководство АК «АЛРОСА» уже давно отвернулось от нужд нашего Садынского национального эвенкийского наслега. Особенно сильно нас унижает насаждаемое руководством АК «АЛРОСА» мнение о якобы неспособности эвенков к труду вообще и к промышленному в частности. Чего греха таить – напрямую обзываете иждивенцами, пьяницами и круглогодично пропадающими в тайге в погоне за дичью. У Мирнинского района тоже много не выпросишь. А до Якутска далеко.

В такой почти безвыходной ситуации мы, жители Садынского национального эвенкийского наслега (село Сюльдюкар), исконные, коренные жители земель Мирнинского района, представители малочисленной народности эвенков, просим Вас, Иван Кириллович, ежегодно, начиная с 2007 года, перечислять двухмесячную заработную плату в размере 4 млн. рублей в бюджет Садынского национального эвенкийского наслега (село Сюльдюкар). Мы со своей стороны обязуемся эти деньги направлять на приобретение в первую очередь нового автомобиля-водовозки, а далее на обустройство внутрипоселковых дорог и обеспечение жителей села Сюльдюкар чистой питьевой водой.

Уважаемый Иван Кириллович! Мы обращаемся к Вам, как к последней надежде, как к отцу родному. Не откажите в нашей просьбе и покажите личный пример своим очень высокооплачиваемым коллегам, перечислив двухмесячную заработную плату в размере 4 млн. рублей в бюджет Садынского национального эвенкийского наслега (село Сюльдюкар). Ведь кому-то надо возродить добрую российскую традицию меценатства Саввы Морозова и других.

С уважением и надеждой, жители села Сюльдюкар (26 подписей)».


Category: Быыбар | Added by: uhhan (2008-02-22)
Views: 3159 | Comments: 1 | Rating: 5.0/5 |
Total comments: 1
1 Атын-саха  
Муннукка хаайтарбыт бере бутэьик ойуутун ойн кэбиьиэххэйин!!! Сутэрэрбит суох!!! Анныларыгар баттыы иликтэринэ!!!

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 6
Ыалдьыттар (гостей): 6
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024