Бу сир талбата (меню)
Catalog categories
Промышленность [4]
Спорт [2]
Экология [26]
Үөрэҕирии. Иитии [8]
Бэлиитикэ [16]
Быыбар [7]
Экономика [2]
Мегапроектар [0]
Социальнай эйгэ [2]
Доруобуйа харыстабыла [4]
Саламта [4]
Көҥүл санаа [3]
Main » Articles » Бэлиитикэ » Бэлиитикэ

Тумус Мэхээлэ. "Ыстыырап уонна кини хамаандатын туһунан туох санаа хаалыай?"
Ыстыырап уонна кини хамаандатын туһунан
туох санаа хаалыай?


Киһи үлэтэ биир тылынан сыаналанан норуот өйүгэр-санаатыгар хаалар. Ураты буолбат. Урукку тойоммут М. Николаев үлэлээн ааспыт өйдөбүлэ суос-соҕотох:
«Бааһынайдаабыта»...
«Кутуругун кыамматаҕа». Саха сиригэр былааһы нуучча илиитигэр туттарбыта.
Онон бүтэр.
Тугу барытын түмүк быһаарар.
Түмүгүн түмпэтэх түҥнэриттэн атыны түстэммэт, таҥнарыттан атыны табыламмат.
«Кутуругу кыаммат» оннуктаах. Былыргы сахалартан саллабын. Биирдэ этэн кэбиһэллэр. М. Николаев тугу оҥорбутун барытын биир, кып-кыра майгыннан тоҕо сотон таһаарбыта. Билигин дьон санаатыгар ол « тоҕо сотуммута» эрэ хаалан сылдьар.
В. Штыров былааска кэлэн иккис болдьоҕор үлэлии олорор.
Үлэлээбит кэмигэр оҥорорун оҥордо, түстүүрүн түстээтэ.
Собус-соҕотох иэдээннээх ыйытыылаах санаа дьон-сэргэ хараҕын иннигэр турар.
«Атыылаата!?!?!?»
«Дойдутун атыылаата!» диэн сорохтор эбэн биэриэхтэрэ.
Бүттэ. Уонна туох да суох.
Атына туга да ахсааҥҥа киирбэт. Киһи өйүн-санаатын быһыыта итинник. Айылҕата оннук. Биири уонна дьиҥнээҕи эрэ өйдөөн хаалар.
Тугу барытын туску быһаарар.
Туһаайыы - тускулу оҥорор. Оттон тускула көстөн турар. Омук «алдьаммыт хорууда» иннигэр олорон хаалыыта.

Штыров хамаандатын киһитэ буолан «соттукка» сылдьыбыт дьон дьылҕатыгар баҕарыах баара биллибэт. Ааттарын да ааттаабаппын. Кэнэҕэс кинилэр киһи үөҕүүтүгэр, «санаа хоноругар» хаалыахтара.
Бэйэлэрэ талбыт талыылара. Онтуларыгар сырыттахтара ээ.
Ким тугу талара - үтүө көҥүлэ!
Ыыһы -кырыыһы да тардынан ылыыны, үтүөнү да үөтүүнү - ким да боппот. Киһи санаатыгар тугу баҕарарын түстэнэр. Кэнэҕэскилэрин бэйэлэрэ түстэннэхтэрэ.
Тардыылаах татаар майгы таҥара табылын таайыы, төлө түһүүлээх төлөй быһыы төлкө түөрэҕин түҥнэрии, диэн сиэринэн баран иһэр барыта.

Айыллыбыт анал.
Айылҕаттан айыллыбыт анал эр киһи, дьахтар-аймах буолуу. Хаҥыл айылҕаны аһан ийэ-аҕа буолуу. Омугу салҕааһын, төрөөһүн-ууһааһын.

Таҥара тардыыта туохханый?

Былыыр-былыр хотугу олохтоох сахалар олоххо омук быһыытынан таҥараттан тардыыларын билээри ойуун кыырдарбыттар, көрүү көрүүлэммиттэр үһү. Ойууннара Үрдүк Айыылартан үҥэ-сүктэ кыырбыт. Онуоха таҥара киниэхэ үс тылы этиттэрбит. Мэҥэ-Хаҥалас-Таатырба.
Онтон ыла саха дьоно бу дойдуга кэлбит тардыыларын билбиттэр.
Мэҥэ диэн мэҥэ халлаан тардыыта. (Нууччалыыта: менге, мега, вечный, абсолютный).
Хаҥалас - хас да төрүт суолталаах. Айылҕаҕа: Мэҥэ хаҥыл алаас - вечная нетронутая природа. Киһиэхэ: Хаҥыл-ас - раскрой природу. Хаҥаа-ал-ас - раскрой нижняк - умножайся.
Таатырба - татарва. Былыргыга таҥара арыыннан аҕаан ыал аҕатын, эр киһини сиргэ түһэрбит аҕа, бастакы майгыта. Уол оҕо аҕатын - Аҕа (агн, старший) диир. Аҕа уол оҕотун - оҕом диир. Кыыс оҕо аҕатын - тээтэ (тятя, дядя) диир. (Тээтэ - задавала ритма. Тот, кто задает ритм.)
Ону сэргэ, Аар Тат айыы таҥара эр киһиэхэ 19 бүтэй атыыр дорҕоонноох тэтимнэрин биэрбит. Эр киһи ону сиргэ илдьэ кэлбит. Аар Тат таҥара биэрбит төрүт, бастакы тыла диэн Аар Тат таҥара чиэһигэр тылларын Тат-аар (татар, язык Тота) диэн ааттаабыттар. Татаар тыла эр киһи тыла. Аҥаардас бүтэй атыыр 19 дорҕооннортон турар. Аһаҕас тыһы дорҕооно суох. Бууккуматын аата урууна диэн. Ол аата Татаар өһүгэ диэн. Былыргы аата. Эр киһи өһүк тыла.
Онтон кэлин сирдээҕи өс 8 аһаҕас, тыһы дорҕоонноро уруунаҕа холбоспуттар. Тыһы-атыыр дорҕооннор эр-ойох буолбуттар. Оҕо оҥорсубуттар. Сүһүөх көлүөнэ тыллары үөскэппиттэр. Онтон үөскээбит буккумах дорҕоонноох Буккумай тыл (смешанный язык). Бууккума диэн ити буккумах дорҕоонноох тылтан тахсар. Тыһы дорҕоон кыттыһан Сир Ийэҕэ саҥа айыллыбыт тылы Ийэ тыл диэн ааттаабыттар.
Татаар тыла саҥа тылга саҕа, олох тыл буолбут. Саҕыллан саҕа буолбут чиэһигэр Саха тыла (изначальный язык) диэн ааттанан билиҥҥэ диэри баар.

Дьон-сэргэ икки аҥыы арахсар. Эр киһи уонна дьахтар диэҥҥэ. Онон таҥара анабылларын аҥыы-аҥыы арааран олохтообуттар.

Эр киһи таҥараттан тардыыта

Эр киһи айылҕатын алааһын харыстыыр эбээстэммит. Хотугу хаҥыл айылҕа алдьаммакка туруутун харыстыыр харабыл буолбут. Наада буоллаҕына саа-саадах да тутан туран.
Ийэ дойдуну көмүскүүр эбии иэс онтон кэлбит. Айылҕаны алдьатар киһини буойар буойун буолбут.
Хотугу сир уу хонон үөскэппит хонуулара хайаҕа буолбакка алын, алаар, алыы, алаас буола арахсан биир тылынан аллар уу ааһан алааһыран үөскээбит сирдэр буолаллар. Ол иһин уопсай аата Алаас диэн буолар. Алаас айылҕатын араҥаччылаары саха биистэрэ алааһынан бытанан тарҕаспыттар.
Биир ыал - биир алааһы харыстыыр. Уонунан ыал - уонунан алааһы араҥаччылыыр, нэһилиэк түбэтин түөлбэлиир. Сүүс ыал - сүүһүнэн алааһы харыстыыр. Улуус түбэтин түстүүр. Тыһыычча ыал - тыһыынчаннан алааһы харыстыыр, дойду тыс иэнин сабардыыр.
Билиҥҥэ диэри өбүгэ кэриэһэ буолан кэнчээри ыччакка этигэр-хааныгар кэрэһэ дом буолан сылдьар. Айылгыгыттан ханна да барбаккын.
Саха эр киһитин таҥараттан тардыы анала - мэҥэ хаҥыл алаас.

Дьахтар-аймах тардыыта

Оттон дьахталларбыт, барахсаттар, аналлара - таатырба.
Таатырба майгы икки аҥыы арахсар.
Аҕа майгытын өрө тутуу. Ийэ майгыннан иилэнии. Тээтэ тэтимин тэбилик оҥостуу, аҕа аҕаан майгытын оҕо гына кубулутуу, аҕанаат сиэри тутуһуу. Онтон тэптэн олох олоруу. Дьолго кыттыһыы, дьылҕа ыйааһын чааһа буолуу.
Аар Тат таҥара биэрбит аҕа татаар тылын харыһа. Ийэ тыл харыһа ийэннэн иилэнэр. Татаар тыл - саҕа тыл (изначальный язык). Саха тыла ийэ тылга кубулуйан аныга диэри тыыннаах. Татаар тыллаах таба эппэтин, хоро тыллаах хото эппэтин. Өс хоһооно.
Тылы-өһү дьахтар-аймах харыстыыр, оҕотугар тиэрдэр.

Таҥара тардыытын төһө толоробутуй?

Эр киһи

Дьэ эрэ, таҥара тардыыта мэҥэ-хаҥалас айылгыбытын, алаас харабыла аналбытын саха эр дьоно төһө толоробутуй?
В. Штыров уонна кини «соттуктара» аҕалан иһэр тимир суоллара, уонунан гидроэлектро станциялара, мегапроектара, хоту сири кус-хоролорунан толоруута тугу аҕаларын бары билэ сылдьабыт.
Ирбэт тоҥ ириитин, хотугу булуус ууллуутун, хотугу кээһинимтиэ айылҕа алдьаныан, сир сиҥниитэ саҕаланыан алдьархай ааҥныан бары өтө көрөн олоробут. Иэдээн иһэрин илэ билэ сылдьабыт.
Алааһы харыстыыр айылгыбыт сүгүн олордубат. Искэ баар. Батарбат. Бэйэ икки ардыгар кэпсэтии туһа ол эрэ туһунан.
Дьикти баҕайы. Биир да киһи тойоттор диэкки туһаайан «мыык» да диэбэт. Бары туохтан эрэ куттаммыта буолан ньим баран сылдьаллар. Саатар «үтүлүк нөҥүө кокуоска» биэрбэттэр.
Бары төлөй уонна лөгөй буолан бүппүттэр. (Төлөй диэн былыргыта өбүгэ үгэһин кэһэн төлө туттаран түөрэҕи түҥнэрэр өнүйбэт майгы аата. Лөгөй диэн аныгылыы таҥнарааччы диэн суолталаах.
Ис хоһооно: икки аҥыы оонньооһун. Бииригэр да бэрт, атыныгар да алыс, диэн сиэринэн. Оннук оонньуу сылдьан иккиттэн биирин таҥнаран биэрэр. Ол аата былыргыга лөгөй диэн. Аныгыга бааһынайдааһын диэн солбуйда. Биир күүстээх өттүгэр охтуу, мөлтөх өрүтүн таҥнаран биэрии.)

Дьахтар-аймах

Дьахталлар эр киһини ыал аҕатын төһө өрө тутаҕытый?
Саха ийэ тылын төһө харыстаан илдьэ иһэҕитий?
Эппиэт да, хоруй да суох.
Бэйэ-бэйэни көрсөн эрэ кэбиһии.
Өссө сорохтор: «Ити тугу ыйытарый?» диэбит курдук тутталлар.

Барыта бэйэни таҥнарыныы. Бэйэтин таҥнаран үтүөнү булбут баара буолуо дуо?
Баарын истибэппин. Баара буоллар иһиллиэ этэ.

«Ыстыыраптаах айылҕаны илдьи ыстыыр, сири сиҥнэрэр сүрүн төрүөттэрэ тугуй?

Бэйи эрэ, бу биһиги тойотторбут туох ааттааҕын хотугу ирбэт тоҥу ириэрэргэ, айылҕаны алдьатыыга туруннулар? диэн сирийэн көрдөххө төрүөтэ собус-соҕотох биир эрэ эбит.
Ол тугуй?!
Халыҥ харчы.
Кумах курдук элбэх кумааҕы харчы!
Ити буолар төлө туттуу кытаанаҕа, лөгөй лөкө өлүүкэтэ.
Тыыннаах айылҕа оннугар харчыны талыы.
Тыыннаах олох оннугар өлүүнү өлүүлэнии.
Харчы ымсыыта, кумааҕы кубулҕата, хор, оннук күүстээх.
Ымсыы оннооҕор омугу имниин эһэр.
Иҥсэ инникини иилии идэмэр туттар, идэһэ оҥостор.
Сиир-аһыыр бүтүн сүөһүттэн сэймэги да хаалларбат.
Билбэппин кумааҕы харчыны мунньан ханна гыныахтарын. Сорохтор кумааҕы харчыны тууһаан баран, хаппыыста курдук сииллэр үһү, диэх курдук этээри гыналлар.
Баҕар, тойоттор атын оҥоһуулаахтара буолуо. Харчыны анараа дойдуга ыһык-өйүө гынан илдьэ бараллара буолуо.
Киһи билэринэн анараа дойдуттан киһи тугу да тутан кэлбэт, орто дойдуттан тугу да илдьэ барбат, диэн этэ. Ол уурайбыт быһыылаах.
Тугу гыныахха?

Тугу да гынымыахха.
Тимир суолу аҕалымыахха. (Томмот, Томпо. Томмот анараа соҕуруу өттүгэр ирбэт тоҥ балаһата бүтэр. Аллантан анараа алла сытар уу дойдута буолар. Тимир суол онно кэлбит да турдун. Ирбэт тоҥ түбэтигэр киирбэтин.)
ГЭС-тэри тутумуохха. (Сири ууга ыытыы. Ууну тоҥорбокко буккуйуу мууһу ириэрэр.
Ууга ыытар.)
Мэҥэ тутуулары тохтотуохха. (Сир уйбат. Муус ирэр күөрэ-лаҥкы барар).
Бэйэбит үгэспитинэн хотугу сиэринэн олоруохха, өбүгэ үгэһин салҕыахха.

Тоҥ Муус тирээттээх түбэтэ турдун турбутун курдук. Алдьамматах хотугу айылҕа. Ыраас тымныы салгын тыына муус дойду этэҥин оҥорор.
Хотугу булуус мууһа баар түбэтигэр ирбэт тоҥ харабыллара, маныыһыттара эрэ олоруохтаахтар. Киһи түбүлээтэ да тоҥ ирбитинэн барар. Салгын киртийэр. Кирдээх салгын мууһу уулларар. Кус-хоро биистэринэн хоту сири толорумаҥ. Кинилэр итийиини бэйэлэрин кытары илдьэ кэлэллэр.
Хотугу булуус баарын, этэҥэ кэһиллибэтин туххары биһиги баарбыт.

Билиҥҥитэ туох да улаханнык саҕалана илик. Саҕаланна да - хойутааһын буолуо.
Күүһүнэн киирсэн туһа суох.
Өркөн өй суоҕу тобулар, өһү өһөрөр.

Киһи, бу дойдуга хонор-хоноһо, сылдьар ыалдьыт кэриэтэ. Бүгүн бааргын, сарсын суоххун. Бэйэҕэр наадалааҕы эрэ тутун.
Муус дойдуга кэннигэр төһөннөн суол хаалбат даҕаны, соччоннон ордук.
Айылҕа алдьаныыны оһорунара уһун.
Аар айылҕа эн иннигэр баар этэ. Кэннигэр чэлгийэ суугунуу хаалыаҕа.
Кини алдьаммата-кээһэммэтэ, этэҥэ кэһиллибэтэ саамай тыын дьыала.
Ханнык эрэ Ыстыырап Саха сирин баайын «тэбэн» биэрбит табаарыһын, Москуба нууччатын харчыга иҥсэтэ айылҕаны сууһарар сокуон буолбатах.
Таҥара тардыыта билиэҕэ.

Тумус Мэхээлэ


Таарыйа маны ааҕыҥ: Уххан. "Атыыланыы"
Category: Бэлиитикэ | Added by: uhhan (2008-04-30)
Views: 3177 | Comments: 9 | Rating: 2.2/5 |
Total comments: 9
9 Лэгэнтэй  
Мэхээлэ,
Нькулаайап туЬунан "кутуругун кыаммата" дииргин 10.000 сахаттан биир эрэ киЬи ылыныа. Атыттар бары утарыахтара.
Оттон Ыстыырап туЬунан "барытын атыылаата" диэн этэргин 10.000 сахаттан биир эрэ киЬи себулэЬиэ суо5а. Атыттар бары оннук диэхтэрэ.
Ол аата?
Сахалары сиэЬэн бутуех.
"Бу саха - куЬа5ан, ити саха - киЬийдэх, ол саха - уоруйах" диири тохтотуох.
Маннык ыарахан, былдьаЬыктаах кэмнэ сахалар бэйэ-бэйэбитин кыдыйсарбыт сатаммат.
Бука бары туЬунан нууччалар итэ5эстэрин, уоруйахтарын, ньэгэйдэрин ордук тоЬо5олоон суруйуох баара.
Сеп?

8 Ньукулай  
Бу ыстатыйа сүрүн санаата, өйдөбүлэ тугуй?
Ньукулаайабы муодунай тиэмэннэн туһанан хаарыйыы буолаарай? Бөлөһүөк дьон тоҕо нууччалыы эттэххэ "над схваткой" буолбаттара буолла...
Бастаан итинник санаан баран, кэлин арааһа өйдөөтүм быһылаах. Сэрэниҥ, биир куһаҕан/мөлтөх дьайыыгыт олоххутун барытын хараардыа, - диэн суолталаах ыстатыйа эбит диэн түмүккэ кэллим.
Ньукулаайабы ол да буоллар көннөрү саха киһитэ ытыктаабытын курдук ытыктыыр быһыылаах. Мунньахтарга, ыһыахтарга кинини көрсөллөрүттэн уонна тылын истэллэриттэн сылыктаатахха.

7 Юрий  
дьегуер,
ха...киьини куллэримэ эрэ))))

6 дьегуер  
Анардас Ыстыырабы ыыстыыр сыыьа. Манна сурун оруолу сирэй салаьааччылар ылаллар. Айсен Николаев курдук кыра ычалаах дьон куннуур кэмнэрэ. Бу ей -санаа еттунэн олох мелтех уолу, норуотун таннаран биэриэн септеех эбит диэн эрдэттэн билэн Ыстыыраптаах иитэ сылдьаллар. Ессе таьаара сатыахтара. Уол ФСБ кытта ыкса сибээстээ5ин сорохтор ессе сэрэйбэттэрэ да буолуо. Бу маннык дьон еруу баар буолаллар буолуохтара да5аны.

5 КУБЭЙЭ  
утуе кунунэн!

маннык ыстатыйа баарын хата сана керебун...

мин саныахпар эр дьонно "сомо5олоьуу" диэн суох... эдэрдэр саастаахтар хоту-со5уруу ейдеехтер.... дэриэбнэ5э улахан етте барыта арыгыьыт... арыгылыырга эрэ мусталлар.... атыны кэпсэппэттэр.... оннук дьон уолаттары туохха уерэтэллэр.... билигин эр киьи иитии () еттун дьахтарга сэлээнниирэ кэллэ.... билигин эр дьонно учугэй туруктаах "ген" диэн суох буолан эрэр... бары табах, пиибэ иьэллэр.... ити тугу да гыммат дьыалаттан тахсара буолуо... онтон дьахтар етте барыта улаханныын кыралыын бары "стресс" дьоно буоллулар...
билигин тыа5а улахан, бааьына, алаас улэтэ турар .... ким тугу да5аны олордубат... техника баьаам .... харчы суох диэн буолар.... ебугэ угэьинэн илии улэтэ суох дии саныыбын.... бары най бардыбыт.... хаьан пенсия хамнас харчыта кэллэ5инэ тиллэбит....
тимир суол кэлиитигэр сурэхтээх азиат итини барытын бэйэтин илиитигэр киллэрдэ5инэ биьи матабыт.... дьахтар етте бары ол азиаты "маладьыас" диэхпит, оччо5о биьи эр дьоммут психологическай удар ылаллара буолуо дии саныыбын....
уонна ким туох этиилээ5ий?


4 М Тумус  
Ким тугу сатыырынан. Инники хаамыылаах буолла да - бэрт. Тиийиитэ эрэ наада.
Куолу да куґа±ан буолбатах. Кµн сырдыга тардара кµµстээх.
Арай, "тілі тутар тілійдіргі" тірµібµт тірµт дойду тардар кµµґэ суох. Саамай санааІ кырыы уґугун "тілійдір" диэкки туґаай. Оттон кэлэр, кэлэр буолла±ына кэллин. Биґигиттэн тутулуга суох.

3 Qwer  
"Тугу да гынымыахха." - итак тугу да гыммаппыт. Гыналларын барытын гыммыттара. Билигин Саха омуга Саха сиригэр биир да5аны бас билэр баайа суох.
"Мэҥэ тутуулары тохтотуохха. Бэйэбит үгэспитинэн хотугу сиэринэн олоруохха, өбүгэ үгэһин салҕыахха." - хайдах то5тотобут? Суолга тахсан туора сытынан кэбисэбит дуо? Бу тутуу бутун Россия былааныгар киирэн харчыта тыыйыллан улэтэ бара турар дьыала бары билэрбит курдук. Биси онно тугу гынар кыахтаахпытый? Бэйэбит угэспитинэн куолулуу куолулуу олоробут дуо?))

2 uhhan  
"ТаІараны манаабакка" "истиэххин ба±арар" майгыгын суруй ээ. Ким, туох бобуой? Аан дойду аґа±ас, кµн сирэ кіІдій.

1 Qwer  
Танарабытын манаан баран "биэтэк тэнниэ5э" диэн уоскутунан олоробут дуо оччо5о? Туох баар тулалыыр баайбытын барытын атын омуктарга былдьатан баран маннык ытана сырыттахпыт. Атыны истиэхпин ба5арбытым Эйиигиттэн...чэ хааллын.

Only registered users can add comments.
[ Registration | Login ]
Login form
Көрдөө (поиск)
Атын сирдэр
Ааҕыылар

Баар бары (online): 43
Ыалдьыттар (гостей): 43
Кыттааччылар (пользователей): 0
Copyright Uhhan © 2024